Ахсаан аат-саҥа чааһа
Оценка 4.7

Ахсаан аат-саҥа чааһа

Оценка 4.7
docx
09.05.2023
Ахсаан аат-саҥа чааһа
аһаҕас уруок 6 кылаас.docx

Саха тыла  6 кылаас

Темата: Ахсаан  аат  –  саҥа  чааьа

Сыала: 

1.Ахсаан аат өйдөбүлүн, тутулунан, суолтатынан арааhын үөрэтии;

2.Толкуйдуур, ырытар, айар дьоҕуру сайыннарыы;

3.Ахсаан аат арааhа күннээҕи  олоххо  үгүстүк  көстөрүн, туттулларын   өйдөөһүн уонна саңарар саңаҕа сөпкө туттарга  үөрэнии.

Туттуллар  тэрил: Компьютер, проектор, карточкалар, презентация матырыйаала, метровка

1 Тэрээһин

Үтүө күнүнэн, оҕолоор!

Уруокпутун саҕалыаҕыҥ. Бу уруокка бары сүбэлэһэн үлэлиэхпит.

2. Саҥа темаҕа киирии, оҕолорунан быһаартарыы

1.Дуоскаҕа хартыына ыйанар, аахтарабын, садаача суоттууллар

1 слайд  (2 мүн) оҕолор презентацияны көрөн

2.Ыйытыыга биир тылынан эппиэттээһин, эппиэтин иннигитигэр сытар кумааҕыга сурунан иһэҕит.

- Бүгүн хаһыс чыыһыла буоларый?

-Кылааскытыгар хас  оҕо баарый?

-Сарсын хас уруоктааххытый?

-Хаһыс кылааска үөрэнэҕиний?

-Сүүрбэни  биэскэ төгүллээтэххэ хас буоларый?

  Оҕолор  суруммут тылларгыт  ханнык  ыйытыыларга  эппиэттииллэрий?

-Хас? Хаһыс?

-Бу  тыллар  тугу  бэлиэтииллэрий?

-Ахсааны,  сыыппараны.

Ол  аата  биһиги  бүгүн  морфология ханнык саҥа чааһын  үөрэтэр  эбиппитий?

- Ахсаан  аат

2 слайд ( тэтэрээккэ  чыыһыланы  уонна  теманы  суруттарыы) (2 мүн)

Муус устар 14 күнэ Ахсаан аат – саҥа чааһа

3. Саҥа теманы   үөрэтии

Быраабыланы  таһаарыы:

-Ол аата ахсаан аат тугу бэлиэтиир эбитий?

- Ханнык  ыйытыыларга  эппиэттиирий?  (оҕолор эппиэттэрин  истии)  Барамай ахсаанын  уонна чыыһыланы бэлиэтиир тылы ахсаан  аат  дэнэр.    Хас? Төһө? Хаһыс? диэн ыйытыыларга  хоруйдуур.

1 сорудах (текси түҥэтэбин)

Тиэкиһи болҕойон ааҕыҥ.

Түбэй нэhилиэгэр 200-чэ киhи олорор.  Бастакы оскуола биир кылаастаах Тирэҕэ училищета диэн ааттанан, 1919 сыл күһүнүгэр аһыллыбыта. Быйыл 35 оҕо үөрэнэр. Кылааска ортотунан 3-түү үөрэнээччи баар. Саамай элбэх үөрэнээччи 7-ис кылааска үөрэнэр. Нэһилиэк  1/5 оскуола үөрэнээччитэ.

Ааҕан баран, ахсаан ааты тэтэрээттэригэр суругунан усталлар.

200-чэ          (икки сүүсчэ)

1919             (тыһыынча тоҕус сүүс уон тоҕус)

35                 (отут биэс)

З-түү            (үстүү)

7-ис              (сэттис)

1/5                ( биэс гыммыт биирэ)

 

2 сорудах

Ахсаан ааты саҥа чааһын быһыытынан тутулун, арааһын биһиги билбэппит. Билигин ону билэргэ чинчийии ыытыахпыт.

Бастаан таблицаны түҥэтэбин, ол кэннэ карточкалары

                                                               Ахсаан аат арааһа

Төһө

(төһө? Хас?)

 

Кэрискэ

(хаһыс?)

Үллэһик

(Хастыы?Төһөлүү?)

-лыы

Сүүрбэ түөрт, икки, тыһыынча отут биэс

Маҥнайгы, алтыс, уон тохсус, отутус

Аҕыстыы, тоҕус уоннуу, сүүрбэ иккилии

Хомуур

(Хаһыа? Хаһыан?)

-ыа, -ыан,-ыайах

Барыллааһын

-ча,-чака

 

Бытархай

(Хас гыммыт хаһа?)

Төрдүө, үһүөн, иккиэйэх

Биэс-алта, уонча, сүүсчэкэ

Биэрэстэ аҥаара, чаас чиэппэрэ, үс гыммыт биирэ, уон гыммыт иккитэ

«Ахсаан аат арааһа» оҥкулу (таблицаны) үчүгэйдик үөрэт уонна ыйытыыларга хоруйдаа.

1.Ахсаан аат хас араастааҕын биллиҥ?............................................................

2.Араастарын ханнык уратыларынан быһаараҕын?.......................................

3.Ханнык араастара сыһыарыынан үөскээбиттэрий?.....................................

4.Сэрэйэн көрөн этэр арааһа ханныгый?.........................................................

5.Чуолкай ахсааны этэр ахсаан аат араастарын ааттаа..................................

 

3 сорудах. Сынньалаҥ мүнүүтэ (5 мун)  Метровка биэрэбин.Кылаас устатын, туоратын кээмэйдииллэр уонна лиискэ суруналлар.

4 сорудах. Карточка түҥэтэбин.

Сорудах. Ахсаан ааты булан, аннынан тарт, ыйытыытын туруор.

Былыр уон алтыс үйэ саҕана, Бороҕон улууһугар Эбирикээн эмээхсин диэн бэрт дьадаҥы эмээхсин олорбута үһү.

Сорудах. Ахсаан ааты булан, аннынан тарт, ыйытыытын туруор.

Хоргуйары билбэккэ, хонук хонон, күн өрөөн, алта суукка былаһыгар аптаах таас атыытыгар туйгуннук олорбуттар.

Сорудах. Ахсаан ааты булан, аннынан тарт, ыйытыытын туруор.

Аҥар илиитинэн чабычахтаах бурдугун сиксийэн көрбүтэ-билигин даҕаны алта уон  биэс кутуу бурдуга  баар эбит.

Сорудах. Ахсаан ааты булан, аннынан тарт, ыйытыытын туруор.

Куйуурун ылбыта – уончака  соболоох, үгүһэ  төттөрү тахсыбыт.

Сорудах. Ахсаан ааты булан, аннынан тарт, ыйытыытын туруор.

Арай хотон иһиттэн сэттэ кутуйах субуруһан тахсан кэллилэр.

5 сорудах.

Бэриллибит ахсаан ааттары, тутулунан арааран, оҥкулга (таблицаҕа) суруй.

Сүүрбэ биэс, тыһыынча, икки-үс, түөрт уонча, биэс, алталыы, уон икки

Ахсаан аат тутулунан арааһа

Судургу

Уустук

Ханыыласпыт

 

 

 

 

6 сорудах. Презентациянан көрдөрүү

Ахсаан аат норуот тылынан уус-уран айымньытыгар

7. Түмүктээһин.

Билигин  уруокпут  түмүгэр  кэлэбит

Арай ахсаан ааты күннээҕи олохпутугар туттубат  буолуох  хайдах  буолуо  этэй?  Кыратык өйбүтүгэр оҥорон көрүөҕүҥ. ( 2 мун)

-телефон суох  буолуо

- дьиэ  аадырыһа биллибэт

-араас бэлиэ күннэр суох буолуохтара (төрөөбүт күн...)

-араас  наадалаах  докуменнар

Бу барыта ахсаан аат тула оноһуллар.

 

-Кэлэр уруоктарга ахсаан ааты салгыы үөрэтиэххит.

Сыана туруорунуу, оҕолор бэйэлэрэ сыана туруор.

7. Дьиэҕэ үлэ.

Оҕолоор, уруокка көхтөөхтүк кыттыбыккыт иһин махтанабын!

 

 

 

 

 

 

 

 


 

Саха тыла 6 кылаас Темата:

Саха тыла 6 кылаас Темата:

Ол аата ахсаан аат тугу бэлиэтиир эбитий? -

Ол аата ахсаан аат тугу бэлиэтиир эбитий? -

Чуолкай ахсааны этэр ахсаан аат араастарын ааттаа

Чуолкай ахсааны этэр ахсаан аат араастарын ааттаа

Дьиэҕэ үлэ. Оҕолоор, уруокка көхтөөхтүк кыттыбыккыт иһин махтанабын!

Дьиэҕэ үлэ. Оҕолоор, уруокка көхтөөхтүк кыттыбыккыт иһин махтанабын!
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
09.05.2023