Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"
Оценка 4.7

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Оценка 4.7
Исследовательские работы
docx
искусство
9 кл
31.01.2017
Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"
Олонхо — (по якутски оло хо) древнейшее эпическое искусство якутов (саха). Занимает центральное место в системе якутского фольклора. Термином «олонхо» обозначают как эпическую традицию в целом, так и отдельные сказания. Поэмы, длина которых в среднем составляет 10 000 — 15 000 стихотворных строк, исполняются народными сказителями (олонхосутами). Путём контаминации различных сюжетов якутские олонхосуты в прошлом создавали еще более крупные олонхо, но они остались не записанными. Талант сказителя должен отличаться многогранностью. Помимо актерского и певческого мастерства сказители должны обладать даром импровизации и ораторским искусством. Олонхо исполняется без музыкального сопровождения. Речи персонажей поются для каждого в особой тональности, остальной текст сказывается говорком. По словам олонхосутов, самые крупные олонхо пелись в течение семи ночей. «Нюргун Боотур Стремительный» — наиболее известный из якутских олонхо, состоит из 36 000 тысяч стихотворных строк.
олонхо доклад.docx
Үөһээ Бүлүүтээҕи М.Т.Егоров аатынан 2№-х орто оскуола «Киил мас курдук чиркэйэн, ыстаал тимир курдук тыйыьыран..» республиканскай кэтэхтэн научнай-практическай конференция хайысха: Саха саарыннара С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотугар тэҥнээһиннэр көстүүлэрэ     Толордо: Лазарев Мичил  Үөһээ Бүлүүтээҕи М.Т.Егоров аатынан  2№­х орто оскуола Салайда: Лазарева Чээнэ Анатольевна,                                                               саха тылын уонна  литературатын учуутала Үөһээ Бүлүү, 2017 с. Үлэм оҥоһуллубут биричиинэтэ, тоҕоостооҕо. Билиҥҥи кэмҥэ уу сахалыы тылынан санаатын сайа этэр уус тыллаах оскуола саастаах оҕо да, орто саастаах да дьоҥҥо бэрт а5ыйахтар. Тылбыт саппааһа тоҕо аҕыйаата, дьадайда, салгыы маннык бардаҕына аҕыйах үйэнэн сахабыт тыла эстэр-сүтэр турукка киириэ дуо диэн төрөөбүт тыл туһунан саныыр дьон ыалдьар боппуруостара буолла. Көннөрү күннээҕигэ туттар тылбыт таһынан уус-уран, ойуулуур-дьүһүннүүр тыл - сахабыт тылын сүрүн баайа. Маннык биир уус-уран ньыманан тэҥнээьин буолар. Олоҥхоҕо төрөөбүт тылбыт барҕа баайа, кэрэтэ сөҥөн сытарын үгүс үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Мин ол иһин тэҥнээһиннэр олоҥхо5о хайдах туһаныллалларын Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотун холобуругар чинчийэн, ырытан көрөргө холоннум. Үлэм сыала: Тэҥнээһин уус-уран ньыма быһыытынан олоҥхоҕо хайдах туттулларын Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотунан чинчийии. Сыалбын ситиһэргэ турар соруктар: - тэҥнээһин өйдөбүлүн, кинини туттуу ньымаларын туһунан эбии литератураны ааҕыы; - олоҥхоҕо тэҥнээһини туттуу ньымаларын холобурдарга олоҕуран ырытыы; олоҥхоҕо тэҥнэбиллэр туттуллар түгэннэрин, - дьүөрэлэнэллэрин чинчийии. туохха Үлэм тутула: Үлэм киирииттэн, сүрүн чаастан, түмүктэн турар. Былаан: 1. Киириитэ. С.Васильев уонна кини «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхото. 2. Сүрүн чааһа. 2.1.Тэҥнээһин – уус-уран ньыма быһыытынан. 2.2.Олоҥхоҕо тэҥнэбил тыллары туттуу ньымалара. 2.3.Тэҥнэбил туттуллубут түгэннэрэ уонна ньымалара. 2.4.Тэҥнэбиллэр туохха дьүөрэлэнэллэрэ. 3. Түмүк. 1. Сергей Васильев уонна кини «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхото. Сергей Степанович Васильев –Борогонскай поэт эрэ буолбакка, олоҥхоьут- суруйааччы быһыытынан эмиэ биллэр. Кини төрөөбүт дойдутугар Суоттуга 10-тан тахса олоҥхоһут уутуйан олохсуйбуттара, кинилэр ортолоругар Васильев Тихон Иванович (Олонхоьут Тиэхээн), Охлопков Петр Аммосович –Наара Суох, Васильев Василий Гаврильевич-Быыкаайык Баһылай, Васильев Устин Саввич-Тирээп бааллара. Кинилэр толорор «Үөлэн Хардааччы», «Эр Соҕотох», «Бэриэт Бэргэн», «Дьура Бөҕө», «Ала Туйгун» о.д.а. олоҥхолорун Сергей Васильев оҕо эрдэҕиттэн истэн улааппыта, кини кэлин уран тыл ууһа, биллиилээх поэт буола үүнэн тахсыбытыгар кырата суох оруоллаах буолуохтаах. Кини поэзията фольклор айымньыларыгар олоҕурар. Олоҥхо норуокка дьайыытын күүһүрдүүгэ, норуот муудараһын үйэтитиигэ бэйэтин кылаатын киллэрбит улахан үтүөлээх киһинэн буолар. Биллиилээх поэт П.А.Ойуунускай кэнниттэн биир бастакынан олоҥхону үйэтитиигэ, ыччакка олоҥхо уус-уран тылын тиэрдиигэ, иҥэриигэ үлэлэспитэ. Ол курдук саха суруйааччыларыттан суос-соҕотоҕун кыһанан- мүһэнэн, күүһүн-уоҕун, дьоҕурун биэрэн туран оҕолорго аналлаах «Эрчимэн Бэргэн», «Айыы Дьураҕастай», «Күн Эрили», «Батастаан Баатыр», «Үөлэн Хардааччы» олоҥхолору айбыта. Бу олоҥхолор бары бэчээттэнэн тахсыбыттара. Маны таһынан суруйааччы архыыбыгар кини бэчээттэнэ илик «Мөҥүрүүр Бөҕө», «Батыйалаах Баатыр», «Хаадыат Бэргэн» диэн оҕолорго аналлаах олоҥҥҥхолорун рукописьтара бааллар эбит. Бу олоҥхолору Г.П.Башарин «ис хоһооннорунан бэйэ-бэйэлэригэр хатыласпаттар уонна бэчээттэммит да атын олоҥхолоруттан бары өттүнэн уратылаахтар», - диэн бэлиэтээбит. Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхото 1971 сыллаахха «Үс бухатыыр» диэн кинигэҕэ киирэн бэчээттэммитэ. Нууччалыы тылбааһын поэт, тылбаасчыт Леонид Михайлович Коноплянко оҥорбута. Олоҥхо уопсайа 1661 поэтическай строкаттан турар. Айымньы тэттик буолан, сюжета түргэнник сайдар, онон оҕо ааҕарыгар чэпчэки. Олоҥхо тылын-өһүн баайа ойуулуур- дьүһүннүүр ньымалар көмөлөрүнэн бэриллэр. Сергей Васильев –Борогонскай оҕолор бэйэлэрин омуктарын фольклорун, ордук олоҥхону билиэхтээхтэр, ааҕыахтаахтар диэн соруктааҕа. Ол иьин олоҥхолорун оҕолор таһымнарыгар сөп түбэһэр гына кылгатан, эргэрбит тыллары оҕоҕо өйдөнөр гына уларытан, тылын-өһүн чочуйан оҥорбута. 2.1. Тэҥнээьин –уус уран ньыма. Биир предмет, көстүү эбэтэр хайааһын туһунан өйдөбүлү ордук тиийимтиэ, чуолкай, чаҕылхай оҥороору атыҥҥа уус-ураннык тэҥнээн, холоон этии тэҥнээьин диэн ааттанар. Тэҥнээһин үксүн курдук, дылы, маарыннаах диэн эбиискэлэр эбэтэр –лыы, -тааҕы диэн сыһыарыылар көмөлөрүнэн бэриллэр. Тэҥнээһин хоһоонунан да, кэпсээнинэн да айымньыларга үгүстүк туттуллар ойуулуур-дьүһүннүүр уус –уран ньымалартан биирдэстэрэ. 2.2. Олоҥхоҕо тэҥнээһиннэри туттуу ньымалара. Олоҥхо- саха духовнай культуратын чулуу айымньыта, кини саха фольклорун уус-уран баайын барытын түмэр.Кини уус –уран тыл, дириҥ далай саҥа, сэһэн, музыка, өҥнөөн-дьүһүннээн дьүһүйэн көрөр дьоҕур үйэлэргэ чочуллан кэлбит биир сүдү айымньытынан буолар. Саха тылын баайа, күндүтэ олоҥхоҕо сөҥөн сытар. Олоҥхо араас ойуулуур – дьүһүннүүр тэҥнэбиллэринэн муҥура суох баай. Тулалыыр эйгэттэн ылыллыбыт эҥин эгэлгэ тэҥнээһиннэр олоҥхоҕо баар сонун метафоралары, үгүс дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тыллары уонна эгэлгэ эпитеттэри сэргэ олоҥхо тылын-өһүн киэргэтэллэр, баай кырааскалыыллар. Олоҥхолорго көстөр тэҥнэбиллэр үксүн тэҥнэбил туттуллар ньымаларыттан туораабакка, ол аата, курдук, дылы диэн эбиискэлэр, - лыы, -тааҕы сыһыарыылар көмөлөрүнэн бэриллэллэр. Холобур, бухатыыр атын ыҥыырыгар «харалдьыктан көппүт хара улар курдук хап гына туһэр», эбэтэр айаныгар «сууллар сулус курдук субурус гынан хаалар». Маны таһынан олоҥхоҕо үгүстүк көстөр маарыннаах, холобурдаах диэн тыллары кытта туттуллуон сөп. 2.3.Тэннэбил туттуллубут тугэннэрэ уонна ньымалара. «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоҕо тэҥнэбил уус –уран ойуулуур- дьүһүннүүр ньыма быһыытынан үгүс түгэннэргэ туһаныллыбыт. Барыта 71 араас тэҥнэбил туттуллубут. Тэҥнэбиллэр үгүстэрэ «курдук» диэн эбиискэ көмөтүнэн бэриллибиттэр. Маны таһынан «дылы» диэн эбиискэ көмөтүнэн туттуллуутун маннык холобурдара бааллар: «муннуктаахха дылы дараҕар сарыннаммыт, кырыылаахха дылы мөтөгөр түөстэммит»,  –тааҕар сыһыарыы көмөтүнэн: «утуйан турбуттаа5ар ордук чэбдигирдэ, былыргы бэйэтинээ5эр быдан күүһүрдэ»  -лыы сыьыарыы көмөтүнэн: «ол кыыл обургу киһилии дьаҥсайа, кэс туона олорбут», «күөрчэхтии ытыйан таһааран сиҥнэри быраҕан түһэрдэ». Маны таһынан ааптар тэҥнэбиллэри маннык көрүҥнээн туттубут: -«Эрчимэн Бэргэн кыайбыт-хоппут киьи быһыытынан айаннатан түһэн истэ». -«быһыйга былааннаах, модьуга моһуоннаах, күүстээх көрүҥнээх киһи эбиккин» -«ат сылгы быһыта тэппитэ быраан сэнньэкэлэрэ буолан хааллылар, көҥүтэ тэппитэ күөл оруннара буолан чөҥөрүстүлэр» -«орто дойдуну от-ходуул гыныам диэн оҥостон иһэр үһү» 1. Олоҥхо сирин-дойдутун ойуулааһыҥҥа: Алаас сыһыы ортотугар аҕыс салаалаах аал кудук маска киирэн, анды сымыытын курдук, алла-таммалыы турар араҥас илгэтиттэн…, өлбөт мэҥэ уутун курдук үрүҥ сөлөгөйүттэн …» 2. Олоҥхо геройдарын тас көстүүлэрин: Ааптар олоҥхоҕо тэҥнэбиллэри араас түгэннэргэ туттубут: Ол курдук, сүрүн герой Эрчимэн Бэргэн тас дьүһүнүн ойуулааһыҥҥа атын бары олоҥхолорго курдук халбаҥнаабат тэҥнэбил туһаныллыбыт: Куртуйах нуоҕайын курдук Куударалаах бэскилээх эбит, Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук Эрилкэй харахтардаах эбит, Хара саһыл кутуругун Харсыһыннара уурбут курдук, Халыҥ хаастардаах эбит, Кыһыл саһыл уорҕатын Сахсыйа оонньообут курдук Кытархай иҥнэрдээх эбит, Улуу тайах уллугун уҥуоҕун Умса туппут курдук, Уһун сыыйыллаҕас муруннаах эбит, Таба кыыл акымалын силиитинэн Нарылаан оҥорбут курдук Чараас уостаах эбит…» Чункунуур Чуура бухатыыр «илбистээх үҥүү курдук икки салаа тыллаах, анньыы тимир курдук аалыы-кырыы аһыылаах киьи » эбит. Үөһээ өлөр бииһин Өксөкү кыыла «чааскы саҕа харахтаах, чаан алгый саҕа бастаах». 3. Олоҥхо быһыыларын-таһааларын геройдарын ойуулааһыҥҥа: Онтон абааһы бухатыыра маннык ойууланар: Ол курдук, Эрчимэн Бэргэн Муннуктаахха дылы Дараҕар сарыннаммыт Кырыылаахха дылы Мөтөгөр түөстэммит эбит. Алын көҕүстээххэ дылы, Аллараа өттө Айгыгыр быһыылаах, Урут куустээххэ дылы, Дүлүҥ курдук мөчөкө, Түҥ-түү, эт чаллах көрүҥнээх. 4. Геройдар майгыларын-сигилилэрин ойуулааһыҥҥа: Эрчимэн Бэргэн «уоругар уһуутаан ылла, хабырыгар хабырынан кэбистэ, быччыҥын иҥиирэ дьорохой балык курдук түллэҥнии оонньоото, түөһүн этэ сорокобуой буочука уобуруччутун курдук төлүтэ мөхтө.» 5. Герой күүһүн-уоҕун, кыаҕын көрдөрөргө: Эрчимэн Бэргэн «орто тииттэри от курдук тоноон, эргэнэ тииттэри эрбэһин курдук үргээн, тиэргэн тэриннэ, дьиэ тутунна» 6. Бухатыыр атын ойуулааһыҥҥа: Эрчимэн Бэргэн ата айанныырын омунугар «ириэнэх мас иэн иҥиирин курдук сыыйылынна, о5о мас от сыппытын курдук буутайданна», очуртан охсунан ойоругар «эмэх мастары эмтэритэ тэбэн кээспитэ, эмээн эмээхситтэр курдук энэлиһэ хааллылар, хара сыгынахтары хайыта тэбэн кээспитэ, хардан эһэлэр курдук, хаһыытаһа хааллылар, сыгынах мастары сыыйыта тэбэн кээспитэ сырҕан эһэлэр курдук сыналыһа хааллылар». Атын туйаҕын тыаһа «хатарыылаах анньыы тыаһын курдук» хабырҕаччы сиэлэр. 7. Бухатыырдар охсуһууларыгар: «хассыылаах атыыр оҕус курдук, Хап-сабар эккирэтэн тиийэн… Күөччэхтии ытыйан таһааран баран, Дүлүҥ курдук төкүнүттэ, Эриҥэх курдук эргиттэ» 8. Хайааһыннары ойуулуурга: «Эрчимэн Бэргэн оонньуу сылдьан «биллибэккэ-көстүбэккэ мэлийэн- сутэн хаалбыт», ону «тумаҥҥа ууллубут курдук туоһута суох мэлийбит, ууга устубут курдук олуга суох барбыт» диэн тэҥнэбил туһаныллыбыт. 9. Көрдөһүүгэ: «сыалыһар быарын курдук сылаанньый, үүс тириитин курдук мөлбөй.» 10. Хайааһын хайааһыҥҥа тэҥнэниитэ баар: «Өксөкү, соһуйбут курдук, үгүрэлии-үгүрэлии, өрө көтөн таҕыста», бухатыырдар иккиэн «өлбүт курдук, тыыллан сыттылар». көстөрүн курдук, олоҥхо дойдутун, Бу олоҥхоҕо тэҥнэбиллэр, үгүстүк ойуулааһыҥҥа, ол курдук олоҥхо геройдарын тас көстүүлэрин, быһыыларын-таһааларын, бухатыыр атын, бухатыырдар охсуһууларын уус-ураннык киьи хараҕар көрөн олорор курдук тииийимтиэтик ойуулуурга туһаныллыбыттар. Маны сэргэ тэҥнэбил геройдар кэпсэтэр саҥаларыгар эмиэ киирбит холобура баар. Ол курдук, Өксөкү кыыл Араат Мохсоҕолго «Быһыйга былааннаах, модьуга моһуоннаах, күүстээх көрүҥнээх киһи эбиккин» диэн сөҕөрүн тиэрдэр. Хаачылаан Куо Эрчимэн Бэргэнтэн «сыалыһар быарын курдук сылаанньый, үүс тириитин курдук мөлбөй» диэн көрдөһөр. 2.4.Тэҥнэбиллэр туохха дьүөрэлэнэллэрэ. Тэҥнээһиҥҥэ предмет, көстүү, хайааһын туохха эмэ тэҥнэнэрин быһыытынан олонхо5о көстөр тэҥнээһиннэр туохха дьүөрэлэммиттэрэ маннык наарданна: 1. Айылҕа көстүүлэригэр: Араат Мохсо5ол Саар булгунньах курдук Сарайа үллэн таҕыста, Дуул булгунньах курдук, Томтойо үллэн таҕыста. Араат Мохсоҕол содуомнаах Суорба таас курдук сутуругун Өрө ууммутунан… 2. Тыыммат предметтэргэ: Эрчимэн Бэргэн Араат Мохсоҕолу кытта охсуһалларыгар: Аал курдук анньыһа тустулэр, Килиин курдук кэтиһэ тустулэр. Эрчимэн Бэргэн уордайбытын омунугар «түөһүн этэ сорокобуой буочука уобуруччутун курдук төлүтэ мөхтө». 3. Кыылга-көтөргө, хамсыыр-харамайга: Эрчимэн Бэргэн Чуура бухатыыры Харсыылаах оҕус курдук, Хап-сабар эккирэтэн тиийэн Сиҥнэри быраҕан түһэрдэ. Хара сыгынахтары Хайыта тэбэн кээспитэ, Хардаҥ эһэлэр курдук Хаһыытаһа хааллылар. Хатан кырыыҥкай үҥүүлэрэ халты ыстанан, Собо балык ойоҕоһун уҥуоҕун курдук Туора сойуодуйан тахсыбытын, Илиилэрин таһынан эһэн кэбистилэр. Эрчимэн Бэргэн кыыһырбытын омунугар Быччыҥын иҥиирэ дьорохой балык курдук түллэҥнии оонньоото. Ойон тахсаат,- Харалдьыктан көппүт Хара улар курдук, Хап гына ыстанан тахсан Ат сылгытын миинэн кэбистэ. 4. Үүнээйигэ, окко-маска: Эрчимэн Бэргэн Араат Мохсоҕол тимир ханаат кэлгиэтин быта от курдук быһыта сынньан үрүҥ тыынын өрүһүйэн ылар. Эриэн тойон оҕонньор уонна Эбириэлдьин хотун эмээхсин баай хара тыа курдук бар дьоннорун ыҥыран, киҥкир хара тыа курдук киэҥ урууларын түмэн уолларын Эрчимэн Бэргэни, кийииттэрин Хаачылаан Куону көрсөргө бэлэмнэнэллэр. Манан ааптар Эрчимэн Бэргэн ийэлээх аҕата элбэх билсэр бар дьонноохторун туһунан этэр. Эрчимэн Бэргэн ата айанныырын омунугар: Оҕо мас-от сыппытын курдук буутайданна. Эрчимэн Бэргэн Араат Мохсоҕолу кытта охсуһалларыгар: Суорба таас хайалары, Субуулаах от курдук, тоҕо кэстилэр. 5. Туттар малга-салга: Чыҥкыныыр чыҥыс халлаан уола Чуҥкунуур Чуура бухатыыр: Илбистээх үҥүү курдук Икки салаа тыллаах киьи эбит. Анньыы тимир курдук, Аалыы-кырыы аһыылаах киьи эбит. 6. Аска-үөлгэ: Хас эмэ хоно-хоно Хаахтыйбыт күөс курдук Хардырҕаччы тыынан ылар буоллулар. 7. Танаска-сапка: Эрчимэн Бэргэн уонна Араат Мохсоҕол охсуһууларыгар Саҕынньах курдук Саҥата суох Саптыһа түстүлэр, Сон курдук Суулаһа түстүлэр. Оҕонньордоох эмээхсин уолларын куйах таҥаһа хомуйуолка сон курдук курдастыар диэри кууһан туран уоһуттан уурууллар, сүүһүттэн сыллыыллар. 8. Иһиккэ-хомуоска: Ойон тиийэн Уот Урбалдьыны Көхсүн хараҕын Бөх чабычаҕын курдук, Дьөлө үктээн кэбистэ. 3. Түмүк. Холобурдартан көстөрүн курдук, ааптар олоҥхоҕо ойуулааһыннарын айылҕаҕа баар араас көстүүлэргэ, кыылга- көтөргө, араас хамсыыр-харамайдарга, оннооҕор дьиэҕэ-уокка туттуллар малга-салга, аска-үөлгэ, таҥаска –сапка тэҥнээн көрдөрбүт. Мантан көстөрүнэн, тэҥнээһиннэри туттууга устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах, уус кыраҕы харахтаах олоҥхону толорооччу да, олоҥхону суруйар ааптар да төрөөбүт тылбыт баайын туһанан, эҥин эгэлгэ тэҥнэбиллэри туттан айымньы ис хоһоонун киэргэтиэхтэрин, истээччигэ, ааҕааччыга тииийимтиэ гына айан, олоҥхо эйгэтигэр умсугутуохтарын , угуйуохтарын сеп эбит. С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотугар тэҥнээһиннэри булан, ырытан баран маннык түмүктэри оҥоруохха сөп: 1. Ааптар тэҥнэбиллэри туттарыгар ордук үгүстүк «курдук» диэн көмө тылы туттубута көстөр. Халыып буолбут ньымалары таһынан маарыннаах, быһыылаах, көрүҥнээх диэн тыллар көмөлөрүнэн эмиэ туһаммыт эбит. 2. Тэҥнэбиллэри олоҥхо уобарастарын быһыыларын-таһааларын, майгыларын дириҥэтэн көрдөрөрүгэр, олоҥхо сирин-дойдутун, бухатыыр атын ойуулааһыныгар туһаммыт. хамсыыр-харамайга дьүөрэлэнэллэр. 3. Ааптар тэҥнэбиллэрэ айылҕаҕа баар көстүүлэргэ уонна кыылга- көтөргө, Маны таһынан ойуулааһыннары дьиэҕэ-уокка баар туттар малга-салга, аска-үөлгэ, таҥаска-сапка тэҥнээн көрдөрбүт. 4. Олоҥхоҕо тэҥнэбиллэр ойуулуур-дьүһүннүүр уус-уран ньыма быһыытынан киэҥник туттуллаллар эбит диэн бэлиэтиэххэ сөп. 5. Сергей Васильев олоҥхо сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар дьаныһан үлэлээбитэ, оҕолор олоҥхо тылын күүһүн-кэрэтин дириҥник иҥэринэн ийэ тылларын билэллэрин туһугар улахан үтүөлээх суруйааччы буолар. Туһаныллыбыт литература. 1. Төрөөбүт литературабыт.6 кылаас. Дьокуускай, Бичик, 2006с. 2. Сергей Васильев –Борогонскай «Олоҥхолор», Дьокуускай, Бичик, 2007с. 3. Олоҥхо о5ону, ыччаты иитиигэ, сайыннарыыга суолтата. Научнай улэлэр хомуурунньуктара, Дьокуускай, 2007с. 4. Писатели земли Олонхо. 5. Олоҥхо: өбүгэ үөрэҕэ уонна билиҥҥи кэм. Дьокуускай, 2006с.

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"

Доклад ученика на тему "Олонхо5о тэннээьиннэр"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
31.01.2017