Хомустаах оскуолатын оҕолорун икки ардыларыгар
«Сахалыы фольклор көрүҥнэригэр толоруу» күрэс балаһыанньата
Сыала-соруга:
1. Норуот уус – уран айымньытыгар интэриэһи үөскэтии; фольклор жанрдарын оҕо истэн араара үөрэнэрин ситиһии
2. Фольклор араас көрүҥүн туһанан тылынан дьүһүйүү, ойуулаан – дьүһүннээ, уобарастаан толоруу дьоҕурун сайыннарыы;
3. Норуот айымньытын геройдарын үтүө холобурдарын сиэр – майгы өттүнэн иитиигэ көдьүүстээхтик туһаныы
Кыттар көрүҥнэрэ: оһуохай, тойук, чабырҕах, олоҥхо, норуот ырыата
Курэс балаһыанньата:
l Толоруу бириэмэтэ 2 мүнүүтэттэн кылгаһа суох буолуохтаах (аҥардас чабырҕаҕы толоруу 1 мүнүүтэттэн)
l Толоруу -фольклор биир көрүҥэ эбэтэр көрүҥнэриттэн холбоон монтаж буолуон сөп
l Кыттааччы соҕотох эбэтэр кылаастан бөлөх буолуон сөп
Толоруу сыанабыла
l Балаһыанньаны, бириэмэни тутуһуу
l Оҥостуу (туттар матырыйаал, таҥас- сап, хамсаныы)
l Толоруу хаачыстыбата
l Фольклор көрүҥүн судургута
l Сценаҕа туттуу - хаптыы
Түмүк кылаастарынан тахсар, грамота5а кыттааччылар ааттара суруллар. Хас биирдии кыттыбыт оҕоҕо грамота (цветной копияланан) бэриллэр.
1 бөлөх (1-4 кл) - 1,2,3 м
2 бөлөх (5-9 кл)- 1,2,3 м
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.