Сценарий новогоднего праздника на якутском языке
Оценка 4.9

Сценарий новогоднего праздника на якутском языке

Оценка 4.9
docx
23.03.2023
Сценарий новогоднего праздника на якутском языке
Сценарий Нового года.docx

Саҥа Дьыл 2022 сылы көрсүү

Ведущайдар – Илья Артамонов, Игнат Никифоров.

(муз.фон, ведущайдар тахсаллар)


Вед 1–Үүммут дьоро күнүнэн, саргылаах саҥа дьылынан күндү үөрэнээччилэр, учууталлар!

Вед 2- Тиийэн кэллэ кэтэспит куммут,

ууннэ уеруулээх киэьэбит!

Сана дьылбыт кэлэн иьэр,

Сана саргы уунэн иьэр!

Саҥа дьыл салаллан кэлиитэ

Саргылаах санаа сатыылыыр

Ким эрэ дьиктини кэтэһэр

Ким эрэ соһуччу үөрүүгэ эрэнэр. 

 

Вед 1- О5олоор, бүгүн биhиэхэ Харыйа киэргэллээх – Саңа Дьыл бырааьынньыкпыт ууннэ! Харыйабыт тугун бэрдэй, араас оонньуурунан киэргэммит, симэммит. Онтон

уоттара то5о күлүмнүү умайбаттар? Бары тэннэ харыйаттан көрдөhүөххэйиң – «1,2,3,

харыйабыт уота ча5ылый!» Ессе! (о5олор хатылыыллар, харыйа уота умайар)

 

Вед 2- Эргичийдэ хоровод,

Чуор ырыа дьиэрэйдэ,

Сана дьылбыт сандаарда,

Харыйабыт киэркэйдэ!

Кэрэчээн харыйа

Налыччы киэргэммит

Араас да уотунан

Күлүмнүү умайбыт.

Чаҕылый, чаҕылый

Баай харыйа умайыый

Оҕолор көрдөрүн

Эн үөрдэ сырдатыый\

 

Вед 1 - Саргы дьаалы салаллар, саҥа сыл үүнэр күнүгэр итии истиҥ тылынан эҕэрдэлиир Хомустаах сүрүн оскуолатын директора Руслан Лукич Попов.

 

Вед 2 - Биһиги дед морозтан бэлэх ыларбытын наһаа сөбүлүүбүт ди. Өссө билэр, чугас дьоҥҥуттан истиҥ тыллардаах эҕэрдэ тутар олус долгутуулаах буолааччы.

Билигин биһиги почтальон  курдук саҥа дьыллааҕы почтабыт дьааһыгар Тайнай Сантаттан кэлбит подароктары түҥэтэрбитигэр көҥүллээҥ!

(Подароктары түҥэтэллэр)

 

Вед 1- Сана дьыл, сана дьыл

Сагаланна уорууннэн,

Ырыа, ункуу аргыстаах,

Кэрэ кэьии бэлэхтээх!


Вед
2 - Быйыл догордоьуу сылын  тумуктууу, ырыа – тойук бэлэхтии, көрү – нары кө5үлүү, кэллилэр биьиэхэ араас дойдулартан ыалдьыттар

 

Вед 1- Маҥнайгы кылаас о5олорун дохсун ытыс тыаһынан көрсүөххэйиҥ, кинилэр Грузинскай ункуу толоруутунан биһиги эҕэрдэ концербытын саҕалыыллар.

 

Вед 2 Таһырдьа хаар бөҕөтө. Хаартан маҥан туох да суох буолуо. Үктүүр сир ордубат. Үп-үрүн барыта. Үрүмэччи буолбатах. Ити хаар түһэр эбит. Сахабыт сириттэн эмиэ кэллилэр. Керсун 2 кылаас толоруутугар Саха норуота

 

Вед 1 Оҕолор бары бырааһынньыгы кэтэһэллэр. Ол иһин бүгүн манна мустан олороҕут.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ Бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэьэбит. Нууччалыы ункуунэн эгэрдэлиэхтэрэ 3 кылаас коллектива

 

Вед 2  Биир сылбыт көтөн ааста

Ол аата биһиэхэ

Үөрүүлээх күммүт үүннэ

Саҥа дьылга үөрүүбүтүн

Чугас дьоннуун үллэстиэххэ

Саҥа сылга сырдык дьолу

Бары эрэнэ күүтүөххэ

Эьигини Африкаттан Чунга чанга ункуунэн эгэрдэлии кэллилэр 4 кылаас оголоро.

 

Вед 1 Эьиэхэ анаан 8 кылаас оголоро ункуу бэлэхтииллэр

 

Вед 1Тыынарым буруолаах

Тымныыкаан омуннаах.

Иэдэспин ытырар,

Илиибин аһытар. Керсун 5 кылаас уолаттарын толоруутугар Хотугу  ункуу

Вед 2 - Сана дьыл киэьээтэ туох эрэ туспа иэйиилээх буолааччы, кини аптаах, сананы тустуур дьоллоох кун буолар, онон мин эмиэ эьиэхэ аптаах палочкабын илдьэ кэлэн фокус кердеруехпун багарабын. Бары харахпытын симтибит. А-бра ка-та-бра! Билигин бары Кытай сиригэр тиийдибит. Манна 6с уонна 7с кылаас оголоро биьигини керсе эгэрдэ номер бэлэмнээбиттэр.

 

Вед 2 - Оголоор мин эьигиттэн  биир боппуруостаахпын. Ханнык норуот бэйэтэ бас билэр сирэ суогуй, ол да буоллар Республика Романистан диэн ааттанарый?Цыгаттар. Чэ таайдыгыт (Чэ этиим. Бу цыгаттар). 8 кылаас оголорун толоруутугар Цыганскай ункуу

 

Ольга Алекс - Утуе киэьээнэн. Чэ эрэ аны оонньуоххайын. Оголор мин эьиэхэ билигин агыйах таабырын таайтарыахпын багарабын. Таайбыт киьиэхэ тутаны приз биэрэбин. Илиибитин уунан баран эппиэт биэрэбит. Миэхэ манна кемелеьееччулэр наадалар. Оголор быыстарыгар турун.

 

Уоттаах огуруонан киэргэммит улуу хотун баар уьу (Харыйа)

Таьырдьа хайа буолар, дьиэгэ уу буолар баар уьу. (Хаар)

Хонууга да хоройдорбун, сааьыттан саьабын. Ойуурга да олордорбун. Саьылтан саллабын. (куобах)

Сайын симэнэр, кыьын сыгынньахтанар баар уьу (Тыа)

Балаган урдугэр барча тохто сытар уьу. (Халаан сулустара)

Илиитэ - атага суох эрээри ойууьут баар уьу (Тымныы)

Кыьыл муруннаах, торуоскалаах огонньор (Дед Мороз)

 

Саҥа дьыл үөрүүтүгэр.

Саҥа дьыл бэлиэтигэр

Чээлэй күөх харыйаны

Лаглаччы киэргэттибит! Керсун улахан кылаас оголорун уопсай туруорууларынан Сана Дьыллаагы представление.

 

Манан бырааьынньыкпыт 1 чааьын эгэрдэ кэнсиэрбитин тумуктуубут. Барыгытын буфетка Сана Дьыллаагы остуолбутугар ынырабыт. Жюри баьаалыста билигин кылаастарынан сылдьан фотозона,

 

Вед 2 - Ааспыт сыллыын барыстын
Ыарыы, санньыар, хомолто!
Сана дьыллыын кэлистин 
Үөрүү - көтүү, дьол – Саргы,
Ба5а санаа туолуута!

Үргэл сулус илдьиттэнэн
Араҥас сулус аргыстанан
Үрүҥ күдэн миҥэлэнэн
Кыыдаан дьыбар кымньыыланан 
Саҥа дьылбыт кэлэн иһэр,
Сана дьолбут үүнэн эрэр.

 

Вед 1Киммит ата тыбыырталыырКим сыар5ата сырылыыр

Киммит хааман хаачыр5аата Киммит ааны тонсуйар?

Таһырдьа сүр хатаннык

Чысхаан тыал иһиирэр

Айаннаан ол истэҕэ Тымныы Моруос елкаҕа

 

Вед 2  - Оҕолоор, биһиги бүгүҥҥү бырааһынньыкпытыгар Тымныы Моруос оҕонньор Хаарчаана кыыһынаан, Саҥа Дьыл уолунаан айаннаан иһэллэр. Аҕыйах мүнүүтэнэн кэлиэхтэрэ, онон кинилэри көрсөргө бэлэмнэниэххэ, маскарадтары кэтиэххэ.

 

Вед 1 -  Кэрэтиэн саҥа дьыл киэьэтэ

Сандааран салаллан кэлбитэ

Санаа5а сааскы күн кэриэтэ

Сүрэххэ үүнэр күн үөрүүтэ!

(тыал тыаьа иьиллэр)

 

Вед 2 Чэ, оччоҕо бары Тымныы оҕонньору ыҥырыахха. Дед Мороз.  Истиҥ эрэ о5олоор, киммит торуоската тоьур5аан, тыалы кытта аргыстаьан биьиэхэ ыалдьыттыы иьэрий? Баран керсуе5ун! (Дед Мороьу көрсө бараллар)

 

Дед Мороз, Хаарьыл э5эрдэ тыл этэллэр.

Хоровод (В лесу родилась елочка)

Дед Мороз о5олорго, хорошичаана, Саца дстарга, отличниктарга бэлэх туттарар.

Маскарадтар үҥкүүлүүллэр. Бастыҥ маскарадтарга бэлэх. Конкурстар түмүктэрэ эмиэ иһитиннэриллэр. (кылаастарга бэлэх)

Дед Мороз - Быраһаайдаһар бириэмэбит тиийэн кэллэ. Аны биир сылынан көрсүөххэ диэри! Ол кэмҥэ оҕолор улаатан оскуола үөрэнээччилэрэ буолаарын, куруутун “4” уонна “5” сыанаҕа үөрэнээрин.

Бары бииргэ оонньоотубут, ыллаатыбыт, үҥкүүлээтибит.

Дед Мороз - Эһиил көрсүөххэ диэри!

Бары: - Көрсүөххэ диэри!

 

(8 кылаас толоруутугар ырыа)

 

Вед 1 – Тымныы О5онньору атаардыбыт. Эһиил кэлэрин күүтүөхпүт.

 

Вед 2 - Манан бырааьынньыкпыт торжественнай чааьа тумуктэнэр. Мантан киэьээ  кылаастарынан аттракционнар улэлииллэр, 9 кылаас лоторея оонньотор уонна ол быыьыгар 8 анаарга диэри дискотека. Ол иьин бүгүн бары уерэ кете сылдьыаххайын. Сотору лоторея тумугун истиэхпит

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Аптаах палочка

Коробка для подарков от Тайной Санты

 

Тымныы Моруос тыла

 

 

Хаарчаана тыла

Кэрэтиэн сана дьылбыт

Кулумнээн кэлбитэ

Сана кэрэ дьынынан.

Сана утуе дьолунан!

Ойуурга ойуоккалас

Куобахчаан сылынан!

Сана дьыл эьиэхэ

Дьоллоох ого сааьы,

Элбэх уерууну-кетууну

Агаллын!!!

 

Мальчик новый год

Кэрии хара тыабытттан,

Киллэрбиттэр харыйаны.

Кэрэчээн да гына,

Киэргэппиттэр кинини

Саҥа дьылы уруйдаан,

Алгыс тылын түһэрэн,

Эһиэкэйдээн үҥкүүлээн,

Эҕэрдэлээн турбуттар.

Саца кэрэ дьылынан

Саца утуе дьолунан

Саца урдук кыайыынан

До5оттоор, э5эрдэ!

 


 

Скачано с www.znanio.ru

Са ҥ а Дьыл 2022 сылы к өрсүү

Са ҥ а Дьыл 2022 сылы к өрсүү

Вед 2 - Биһиги дед морозтан бэлэх ыларбытын наһаа сөбүлүүбүт ди

Вед 2 - Биһиги дед морозтан бэлэх ыларбытын наһаа сөбүлүүбүт ди

Вед 1 Тыынарым буруолаах Тымныыкаан омуннаах

Вед 1 Тыынарым буруолаах Тымныыкаан омуннаах

Вед 2 - Ааспыт сыллыын барыстын

Вед 2 - Ааспыт сыллыын барыстын

Вед 2 – Чэ, оччоҕо бары Тымныы оҕонньору ыҥырыахха

Вед 2 – Чэ, оччоҕо бары Тымныы оҕонньору ыҥырыахха

Аптаах палочка Коробка для подарков от

Аптаах палочка Коробка для подарков от
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
23.03.2023