Сценарий на день учителя
Оценка 5

Сценарий на день учителя

Оценка 5
Культурные мероприятия +1
docx
воспитательная работа +1
Взрослым
16.03.2018
Сценарий на день учителя
1.Ньургун: Учуутал олоҕун ситимэ – оскуола Хас уруок – кини үлэтин түмүгэ, Олоҕун күннээҕи түбүгэ Үтүө киэһэнэн биһиги оҕолорбутун наука араас эйгэтин биллэрэн уһуйар, угуйар, сырдыкка – кэрэҕэ сирдиир учууталлар! 2 Сардаана: Убаастабыллаах учууталларбытын бу профессиональнай бырааһынньыккытынан – Учуутал күнүнэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит! Тылы биэрэбит оскуолабыт директорыгар Габышев Василий Мартыновичка. 1 Ньургун - Сардаана, эн өйдүүгүн да, биһиги бастакы учууталбыт Галина Петровна маҥнайгы кылааска биһигини сиэтэн киллэрбитин? (ахта саныыр курдук туттар) 2 Сардаана – Өйдөөн бөҕө буо, маҥнайгы кылааска киирэн, үөрэнээччи буолбуппутуттан үөрүү бөҕө буолбуппут дии! Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан үчүгэй да этэ дии... (астынар)
Учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһин.docx

Учуутал күнүгэр аналлаах концерт сценарийа (ыыталлар Ньургун уонна Сардаана)

 

1.Ньургун:

Учуутал олоҕун ситимэ – оскуола

Хас уруок – кини үлэтин түмүгэ,

Олоҕун күннээҕи түбүгэ

Үтүө киэһэнэн биһиги оҕолорбутун наука араас эйгэтин биллэрэн уһуйар, угуйар, сырдыкка – кэрэҕэ сирдиир учууталлар!

2 Сардаана: Убаастабыллаах учууталларбытын бу профессиональнай бырааһынньыккытынан – Учуутал күнүнэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит!

Тылы биэрэбит оскуолабыт директорыгар Габышев Василий Мартыновичка.

1 Ньургун - Сардаана, эн өйдүүгүн да, биһиги бастакы учууталбыт Галина Петровна маҥнайгы кылааска биһигини сиэтэн киллэрбитин? (ахта саныыр курдук туттар)

2 Сардаана – Өйдөөн бөҕө буо, маҥнайгы кылааска киирэн, үөрэнээччи буолбуппутуттан үөрүү бөҕө буолбуппут дии! Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан үчүгэй да этэ дии... (астынар)

1 Ньургун:

 Күндү учууталлар, бу үөрүүлээх бырааһынньыкка  иккис кылаас оҕолоро эһиэхэ “Чуораанчык» диэн ырыаны бэлэхтииллэр.

2 Сардаана:

Учуутал! Хас биирдии киһи учуутал билиититтэн кынат үүннэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр. Учуутал баар буолан, алыптаах музыка эйгэтигэр, уустук ахсаан суотугар, төрөөбүт төрүт тыл умсулҕаныгар биһиги эттиин – хаанныын уһуйуллабыт, уйдарабыт.

1.Ньургун:

Учуутал, учуутал барахсан,

Уруокка өрүүтүн кыһаллан,

Чуолкайдык быһааран биэрэргин,

Чуумпуран олорон истэбин.

Учуутал, учуутал барахсан,

Үөрэтэр, уһуйар дьарыктаах

Убаастыыр киһибитин –

Эйиигин ийэҕэ тэҥниибит!

Эһигини эҕэрдэлииллэр үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ...( 3 кылаастар тахсаллар)

2 Сардаана:

Учуутал эйиэхэ

Эҕэрдэ этэбит,

Киэн тута, махтана,

Бэлэх уунабыт.

.1 Ньургун:

Учуутал алыптаах мичээрэ

Үгүс дьон сүрэҕэр уйалан,

Учуутал алыптаах идэтэ

Үйэттэн-үйэҕэ уруйдан!

Бэйэлэрин итии - истиҥ эҕэрдэлэрин, биһиги тапталлаах учууталларбытыгар төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ тиэрдэллэр ( 4 кылаастар тахсаллар)

2 Сардаана: 

Үрдүккэ, сырдыкка көтүтэр,

Үтүөнү- кэрэни үксэтэр

Үтүөкэн киһибит учуутал

Үйэ саас эйиэхэ дьиҥ махтал!

Эҕэрдэлииллэр алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ( 6 кылаастар тахсаллар- ырыа)

1.Ньургун:

Сайаҕас учуутал барахсан

Саргылаах билиини биэрэҕин

Сандаарар саҕаҕы арыйан

Сулустаах суолбутун тэлэҕин.

Сыанаҕа көрсүөххэйиҥ ахсыс кылаас үөрэнээччилэрин ( 8 кылаастар тахсаллар- үҥкүү)

2. Сардаана: 

Учуутал эн өрүү

Уот сулус буолаҥҥын,

Кэрэҕэ, сырдыкка

Угуйа тураҕын!

Убаастабыллаах учууталларбыт, эһиэхэ эрэ анаан, бу махталлаах бырааһынньыкка көрдөөх сценка. Эҕэрдэлииллэр онус кылаас үөрэнээччилэрэ. ( 10 кылаастар тахсаллар- сценка)

1.Ньургун:

Учуутал эн -

Маҥнайгы чугдаарар чуораанныын

Мындыр өй суолугар сирдиигин,

Саҕахтан сапсынар сарыаллыын

Сандаарар сырдыкка илдьэҕин!

Эҕэрдэлээх ырыалаах эһиэхэ эрэ, биһиги күнду учууталларбыт кэллилэр бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ. ( 5 кылаастар тахсаллар - ырыа)

 

2. Сардаана: 

О5о саас умсулҕан иэйиитин

Оһуордаах олугун уураҕын,

Төрөөбут дойдубут кэскилин

Төлкөлөөх түөрэҕин түстүүгүн.

Көрсүҥ, эҕэрдэ номер сэттис кылаастартан (7 кылаастар тахсаллар - үҥкүү)

1.Ньургун:

Уруйдан, айхаллан учуутал-

Умсугута уһуйар аанньал

Эйиэхэ этиллэр дьин таптал,

Эдэртэн, кырдьаҕастан махтал!

Күндү учууталлар, эһиэхэ махталбыт муҥура суох. Оскуола выпускниктарыттан эһиэхэ эйэҕэс эҕэрдэ. (11 кылаастар тахсаллар - ырыа)

2. Сардаана – Дьэ,  кырдьык даҕаны оҕолорбут наһаа да ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр эбит дии...

1.Ньургун – Оннук – оннук, сөпкө этэҕин. Билигин сыанаҕа көрсүөҕүҥ уоттаах – күөстээх эҕэрдэ нүөмэрдээх 9 кылаас үөрэнээччилэрин. (9 кылаастар тахсаллар – үҥкүү)

1.Ньургун:

Үөрэнээччилэрин махталларынан,

О5олорун ситиһиилэринэн,

Бар – дьонун үөруулэринэн кынаттанан

Өссө да уһуннук улэлээн,

Уолбат уйгуланын, уостубат олохтонуҥ! диэн туран бу үҥкүүнү күндү учууталларбытыгар бэлэхтиирбитин көҥүллээҥ. (Актив школы – үҥкүү)

2. Сардаана: Утуйар ууларын умнан туран, үөрэх абылаҥар оҕолору уһуйар, убаастабыллаах учууталлар!

1.Ньургун:

Эһигини бука барыгытын бырааһынньыккытынан ис сурэхтэн долгуйан туран эҕэрдэлиибит! Үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, элбэх – элбэх үөрүүнү, дьолу баҕарабыт!

Күн кэрэ киһиэхэ

Учуутал, эйиэхэ

Үөрэтэр утүөҕэр

Махталбыт хаһан да бараммат буолуоҕа! диэн алгыс тылынан бүгүҥҥү Учуутал күнүгэр аналлаах эҕэрдэ кэнсиэрбитин түмүктүүбүт.


 

Учуутал күнүгэр аналлаах концерт сценарийа (ыыталлар

Учуутал күнүгэр аналлаах концерт сценарийа (ыыталлар

Ньургун: Учуутал алыптаах мичээрэ Үгүс дьон сүрэҕэр уйалан,

Ньургун: Учуутал алыптаах мичээрэ Үгүс дьон сүрэҕэр уйалан,

Сардаана: О5о саас умсулҕан иэйиитин

Сардаана: О5о саас умсулҕан иэйиитин
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
16.03.2018