«Сунтаар улууһа (оройуона)» «А.А.Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто оскуолата» муниципальнай орто үөрэхтээһин тэрилтэтэ
«Сунтаар улууһа (оройуона)» «Күүкэй уопсай үөрэхтээһин А.К. Акимов аатынан орто оскуолата» муниципальнай орто үөрэхтээһин тэрилтэтэ
Күндэ ааҕыылара
Күндэ-лингвист, тылбаасчыт, государственнай уонна общественнай деятель
Суруйда: Күүкэй уопсай үөрэхтээһин
орто оскуолатын саха тылын уонна
литературатын учуутала
Евсеева Ангелина Петровна
2021
ИҺИНЭЭҔИТЭ
КИИРИИТЭ
I БАҺА. А. А. ИВАНОВ-КҮНДЭ ОЛОҔО, АЙАР ҮЛЭТЭ
1.1. Күндэ олоҕо, айар үлэтэ
1.2. Күндэ номох буолбут хоһоонноро
1.3. Күндэ кэпсээннэрин кэрэхсэбилэ
II БАҺА. КҮНДЭ САХА СУРУЙААЧЧЫЛАРЫТТАН УРАТЫТА
III БАҺА. Күндэ-лингвист, тылбаасчыт, государственнай уонна общественнай деятель
ТҮМҮК
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА
КИИРИИТЭ
Хайа да дойдуга уhулуччу талааннаах, үтүмэн үлэлээх, норуокка таптаппыт улуу киhи баар буолар…
Этиллэрин курдук оннук дьон дойдуларын туhугар туох баар санааларын-оноолорун ууран, күүстэрин-күдэхтэрин анаан, норуот иннигэр киэҥ убаастабылы ылаллар. Кинилэри норуот өркөн өйдөрүн, самныбат санааларын, чаҕылхай талааннарын, үтүө үгэскэ үөрэтэр үгүс элбэх үлэлэрин иhин таптыыр. Сахаҕа оннук сайаҕас санаалаах, мындыр өйдөөх, уус-уран тыллаах, салгын куттарын төрөөбүт тылларын туhугар анаабыт үтүө дьон-суруйааччылар буолаллар.
Суруйааччы – улуу аат. Кини баар саха тылын байытааччы, уус-уран литератураны салайсааччы.
Ол курдук төрөөбүт дойду диэтибит да, Күндэ поэзиятын ис хоhоонун өйдүү түhэбит. Күндэ суруйааччы эрэ буолбакка общественнай деятель, суруналыыс сурук-бичик, үөрэх-сырдык тарҕатыытын, сайдыытын туhугар олоҕун анаабыт киhи. Кини хоhоонноругар төрөөбүт дойдутун туоhулуура.
Олорон ааhар олоҕу аттаах киhи элэкис гынарыгар холууллар. Күндэ сир үрдүгэр 36 эрэ сыл кэлэн барбыта, ол иhиттэн үлэлээбит, айбыт дьыла-күнэ баара-суоҕа 17. Ол да буоллар таптаппыт уhулуччулаах суруйааччы.
Сыала: Алексей Андреевич Иванов-Күндэ олоҕун, айар үлэтин чинчийии.
Соруктара:
1. Алексей Андреевич-Күндэ олоҕун, айар үлэтин чинчийэн үөрэтии.
2. Күндэ саха суруйааччыларыттан уратытын чинчийии.
Актуальноһа: Хас биирдии омук бэйэтин тылын сүтэрбэккэ, төрөөбүт тылын сайыннарар сыаллаах-соруктаах буолуохтаах.
Чинчийэр предметим: Саха норуотун биир уһулуччулаах уола, общественнай деятель, суруйааччы, журналист, учуонай- лингвист.
Сабаҕалааһын: Күндэ айымньыларын Күндэ нэһилиэстибэтин иҥэн-тоҥон үөрэтии .үөрэттэххэ, киһи төрөөбүт тылыгар уонна дойдутугар таптала күүһүрэр. Кини курдук сырдыкка, кэрэҕэ тардыһар буолар.
I БАҺА. А. А. ИВАНОВ-КҮНДЭ ОЛОҔО, АЙАР ҮЛЭТЭ
1.1. Күндэ олоҕо, айар үлэтэ
Иванов Алексей Андреевич-Күндэ 1896 сыллаахха тохсунньу 16 күнүгэр Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 9 сааһыгар Кутанаҕа баар олохтоох церковнай-приходскай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Онтон тута үөрэҕин салҕаан Элгээйи 2 кылаастаах (6 группалаах) оскуолаҕа үөрэнэн баран, 1913 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Кинини үөрэппит учуутала Пётр Хрисанфович Староватов сүбэтинэн, Иркутскайга баар учуутал семинариятыгар үөрэнэ барбыта. Онно студеннар уонна үөрэнээччилэр кистэлэҥ куруһуоктарыгар кыттыһан 1917 с. семинариятын бүтэһик курсуттан уһуллан дойдутугар кэлбитэ. Кэлэн 1917-1923 сылларга Кутанаҕа, Тойбохойго, Бүлүүгэ учууталлаабыта. Онтон 1924-1927 сылларга Москваҕа ССРС кинигэ бэчээттиир сиригэр редакторынан үлэлээбитэ. Онно үлэлии сылдьан 60-ча сахалыы кинигэни уонна 13 үөрэнэр кинигэни бэчээттээбитэ. Онно 3 сыл буолан баран Сахатын сиригэр төннөн кэлэн «Кыым» хаһыакка редакторынан үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн 1931-1934 сылларга Саха АССР киин комитетын иһигэр саҥа алфавит комиссиятыгар учёнай-секретарынан үлэлээбитэ.
Алексей Иванов бастакы ырыаларын-хоhооннорун Иркутскайга учуутал семинариятыгар үөрэнэ сылдьан суруйбута уонна ахтар-саныыр дойдутун биир кэрэ бэлиэ миэстэтин «Күндэ» күөлүн аатын псевдоним оҥостуммута. Ол гынан баран, олор бэчээккэ 1920 сыллардаахтан ыла тахсыталыыр буолбуттара.
Күндэ саха литературатыгар кэпсээн жанра сайдарыгар маҥнайгы акылааты уурсубута. Ол курдук 1920 сыллаахха дойдутугар учууталлыы сылдьан «Марба», «Доромоонноох», «Хаартыhыттар», «Иэдээннээх баҕа» диэн бастакы кэпсээннэрин суруйбута. Бу айымньылар саха прозатыгар уус-уран өттүнэн үрдүк таhымнаах бастакы айымньылар ахсааннарыгар киирсэллэр. Оччотооҕу тыа дьадаҥытын олоҕун уустаан-ураннаан ойуулаабыта
1934 сыллаахха суруйбут кэпсээннэрэ «Солооhун» уонна «Туораах» 1960 сыллаахха эрэ бэчээттэммиттэрэ.
Күндэ драматургия жанрыгар балачча үлэлээбитэ. Кини Бүлүүгэ үлэлиир кэмигэр «Хараҥа түүн», «Хомууна уота», «Тыа үөhүгэр», «Куттаммыт» диэн уонна да атын драматическай айымньылары суруйбута. Ол курдук бу пьесалар сценаҕа хас да сыл устата ситиhиилээхтик туруоруллубуттара, дьон өйүгэр санаатыгар саҥа сүүрээни сайа охсубуттара.
1931-1933 сылларга саха театрыгар «Ким-кими» драмата тура сылдьыбыта.
Күндэ пьесалара бастакы пьесалар этилэр. Саҥаны, олох тирээн турар проблемаларын арыйан көрдөрөллөрө.
Суруйааччы айар талаана ордук поэзияҕа киэҥник сайдыбыта. «Кыым» диэн сахалыы тылынан бэйэтэ таhаарбыт сурунаалыгар «Төрөөбүт сир», «Саха ырыата», «Тыкаары» диэн хоhоонноро бэчээттэммиттэрэ.
«Кэнэҕэски кэскил», «Эдэр ыччакка», «Саҥа миэрэ», «Күүстээх ийэ санаабыт» диэн уо.д.а. хоhоонноругар Күндэ кэнэҕэски кэскили, Саха сирин инникитин өтө көрөн ойуулаабыта.
1924-1926 сылларга Москваҕа үлэлиир кэмигэр «Кыыһар туҥат», «Кэпсээннэр», «Оонньуулар» диэн кинигэлэрэ тахсыбыта.
1.2. Күндэ номох буолбут хоһоонноро
Ол курдук төрөөбүт дойду диэтибит да, Күндэ поэзиятын ис хоһоонун өйдүү түһэбит.
Күндэ лирическэй хоһоонноро саха литературатыгар үрдүк сыананы ылаллар.
Кини саха ааҕааччытын сүрэҕин иһинэн сайа охсон киирэр нарын-намчы тыллаах-өстөөх хоһоонноро төрөөбүт дойдуга итии тапталынан илгийэллэр, саха киһитин дууһатын долгутан, манньытан ааһаллар. Күндэ хоһоонноругар төрөөбүт сирин айылҕата сүүс араас дьэрэкээн өҥүнэн дьиримнээбитэ, сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах эҥин-эгэлгэ куоластарынан чугдаарбыта. Кини хоһоонугар холбоотоҕуна, бэл оттуун- мастыын тыынар тыыннанан, саҥаран-иҥэрэн кэлэрэ.
Холобур «Кии сыта» хоһооҥҥо алаас ыалын түптэтин сытын талааннаахтык хоһуйбута. Манна Саха сирин отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин кэрэ көстүүлэрэ эрэ буолбакка, кинилэр үүнэ-өрөгөйдүү, хамсыы-имсии, көтө-дайа сылдьаллара тыыннаах хартыына буолан дьүрүһүйэр. Итинник илэ-бааччы сыттыын-сымардыын көстө кэлэр ойуулааһын тэҥэ.
«Сайыҥҥы» диэн хоһооҥҥо Күндэ айылҕа кэрэтин нарыннык тыыннааҕымсытан арылхайдык көрдөрбүтэ.
Күндэ ырыалара-хоһоонноро норуот уус-уран айымньытыттан силис-мутук тарданнар үксэ көҥүл кээмэйдээх, аллитерационнай ньыманан суруллубут этилэр.
Күндэ хоһоонноругар айылҕаны дьон олоҕун-дьаһаҕын кытта дьүөрэлээн көрдөрөрө. Кини холобур 1923 сыллаахха суруйбут «Саха ырыата» диэн хоһооно саха киһитин олоҕун-дьаһаҕын, уратытын дириҥ социальнай ис хоһоонунан ойуулаабыта.
Ол эрэн Күндэ үгүс хоһоонноругар сырдык ыраас күннэр үүнүөхтэригэр, киһилии олох кэлиэҕэр эрэл кыыма кытыастара. Холобура «Ыам ыйа 1 күнэ» диэн хоһоонугар сардаҥалаах күн сыдьаайарыгар бигэ эрэли кэтэһэрэ.
«Сарсыардааҥҥы» хоһооҥҥо аҥардас түптэ буруота кэлтэйдии ойууланар буолбатах, манна саха ыалын олоҕун-дьаґаҕын бэйэтэ барыта көстөр курдук. Ол поэт бэйэтин норуотун таптыырын, ытыктыырын көрдөрөр.
«Төрөөбүт тыл» хоһоон кылгас гынан баран хайдахтаах дириҥ, бөлөһүөктүү ис хоһоонноох айымньыный! Ийэ тыл барахсан кэрэтин, минньигэһин, кини олоххо суолталын поэт уратытык хоһуйбут. Чахчы бу хоһоон оччотооҕу үрэх, тыа баһыгар бытанан, бүгэн олорбут, бэйэ иннин эрэ көрүнэр өй-санаа кытаанахтык иҥмит дьоно, саҥа олоҕу тутар өйгө-санааҕа иитиллиилэригэр, төрөөбүт төрүт тылга тапталы иҥэрсибитэ саарбахтаммат.
«Хаар быыһыгар» хоһооҥҥо Күндэ ойуулуурунан айылҕа киһиэхэ эрэ буолбакка, бэл бэрт кыракый хамсыырга-харамайга олус күндүтүйэн, кэрэтийэн, эгэлгэ дьүһүннэнэн, толбоннонон көстөр.
Күндэ Сахатын сирин айылҕатын, күөгэйэ ыамылыйбыт күөх нуоҕай мутукчатыттан ала-дьоруо атыгар тиийэ, иһирик ойуурдаах сайылыгыттан түптэтин буруотугар тиийэ барытын хомоҕой хоһоонугар холбообута, ыллам ырыатыгар ыпсарбыта.
Саха омук төрөөбүт алааһын, сайылыгын, төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын, ынах-сылгы сүөһүнэн иитиллэн олорор тыа дьонун таптыырын тухары Күндэ хоһоонноро уһун үйэлэниэхтэрэ.
1.3. Күндэ кэпсээннэрин кэрэхсэбилэ
Күндэ саха литературатыгар кэпсээн жанра сайдыытыгар маҥнайгы акылааты уурсубута. Кини прозаҕа социальнай олох тематын сытыытык арыйан көрдөрбүт кэпсээнньит быһыытынан киэҥник биллэр. Күндэ айымньылара үксэ норуот духовнай баайынан-дуолунан буолаллар.
Кини 1920 сыллаахха суруйталаабыт 4 кэпсээнэ («Марба», «Доромоонноох», «Хаартыһыттар», «Иэдээннээх баҕа») оччотооҕу тыа дьадаҥытын олоҕун уустаан-ураннаан ойуулууллар. Союз литературоведтара кэпсээн хоһооҥҥо холоотоххо саҥаны, сонуну арыый көһүүннүк, кыратык хаала түһэн ылынарын бэлиэтииллэр. Ол үрдүнэн Күндэ кэпсээннэрин саҥа олох сибиэһэй салгынын ханан да быыһылатан киллэрбэтэх, аҥаардастыы урукку олоҕу ойуулааһынынан муҥурданаллар диир алҕас буолуо этэ.
Бу кэпсээннэргэ сүрүн образтара үксүлэрэ нэһилиэгин дьонуттан, оччотооҕу дьиҥнээх олохтон ылыллыбыттара. Холобур, «Марба» диэн кэпсээнигэр Марба Талкы оҕонньор улахан уолун Байбал кэргэнэ Балбаара этэ. «Кинилэр биир сайын Хааччахха отчутунаан киирэн, икки хараҥаны холбоон сылдьыбыттара. Оҕолоро эһэтигэр Талкы оҕонньорго хаалбыт. Оҕонньор сайын отугар бараары, оҕоҕо чааскыга үүт кутан хаалларбыт. Оонньуу сылдьан, оҕо чааскыны алдьаппыт. Чааскыны айаҕар уктан, онтон харан»,-диэн Талкы оҕонньор атын кийиитэ Д.Алексеева ахтар.
«Доромоонноох» кэпсээҥҥэ автор баай баттыгаһын көрдөрөр, ол курдук бэйэтин кыанар кыахтаах сэниэ да ыал баай хабалатыттан мүччү көппүт. Оччотооҕу общество сокуоннара баайдар эрэ баҕаларын араҥаччылыыра, оттон дьадаҥы дьон көҥүлүн күөйэрэ.
«Иэдээннээх баҕа» кэпсээҥҥэ үөрэх-сырдык диэнтэн матан, айыыны-абааһыны итэҕэйии дириҥ дьуорҕатыгар умса анньыллыбыт дьадаҥылар хайа эрэ баҕа оҕотуттан сылтаан ыалдьан сүтэн өлөн-өһөн барыылара кинилэр мүччүрүйбэт аналларын курдук ойууланар.
«Хаартыһыттар» диэн кэпсээнэ Анемподист Софронов «Куоратчыттар» диэн кэпсээнин суруйбутун курдук, аччыктааһынтан, дьадайыыттан эмискэ быыһанар албын баҕаттан олох-дьаґах сатарыйыыта эмиэ үгүс. Өссө саха киһитин цивилизованнай общество ыарыылара быһа миинэн эрэллэрин көрдөрбүтэ.
Онон, кэпсээннэригэр чахчы-бааччы олоххо баар дьону, кинилэр олохторун хас күн аайы көрсөр ыарахаттарын уус-уран уобарастарга түмэн көрдөрөр.
Күндэ ити айымньылар геройдарын хараҕынан илэ көрөн, ыаллыы олорбут да, дьонуттан истэн суруйбут.
Суруйааччы коммунист да быһыытынан, уопсайынан бэйэтэ да өйдүүрүнэн, саха тылынан айымньыларыгар араас иччилэр, абааһылар, айыылар ахтыллалларын сөбүлээбэт этэ.
Күндэ кэпсээннэригэр саха олоҕун-дьаһаҕын, дьарыгын, сиэрин-туомун сиһилии билсиһиннэрэр. Ааҕааччы оччотооҕу саха ыалын хаһаайыстыбатын, балаҕанын иһин-таһын, туттар малын-салын, иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын туһунан билиини ылар. Суруйааччы тыла-өһө кэрэтэ, чуолкайа, судургута, кылгас кээмэйдээх кэпсээннэрин тутуллара тупсаҕайа эмиэ бэлиэҕэ киириэхтэрин сөп.
Онон, бары өттүнэн уус-ураннык чочуллубут, үрдүк таһымнаах кэпсээннэригэр эдэркээн Күндэ олоҕу үөрэтэр, билэр дьоҕурун уонна ону уус-уран литература кыахтарынан толорутук, ис киирбэхтик кэпсиир талаанын сөҕө ааҕабыт.
II БАҺА. КҮНДЭ САХА СУРУЙААЧЧЫЛАРЫТТАН УРАТЫТА
А.А.Иванов-Күндэ талааннаах суруйааччы буолан, атын суруйааччылартан уратыта элбэх. Норуокка таптаппыт суруйааччылар Күндэҕэ анаан ахтыылара олус элбэх.
Народнай суруйааччы Софрон Данилов маннык сөҕөн-махтайан суруйбуттаах: «Күндэ дириҥ иэйиилээх дьиҥнээх поэт буолан, ханнык да чуор кулгаахтаах киһи истибэтин истэрэ, ханнык да кыраҕы харахтаах киһи көрбөтөҕүн көрөрө. Киниттэн атын ким истибитэй «хонуу ото хонон туран хоп-сип хобугунаспытын, сир симэҕэ ситэн туран сип-сап сибигинэспитин» Софрон Данилов ити курдук Күндэ хоһооннорун уратытын суруйбута.
Күндэ хоһоонноругар айылҕаны дьон олоҕун-дьаһаҕын кытта дьүөрэлээн көрдөрүү дириҥ национальнай уратылааҕа. Кини хоһоонноругар национальнай ураты социальнай ис хоһооннонон, философскай түмүктээһиннэринэн доҕуһуолланара өссө ордук ылыннарыылаах уонна долгутуулаах.
Кини поэзияҕа төрөөбүт дойдутун баай, кэрэ айылҕатын ураты уйаҕастык, иэйиилээхтик туойар лирик-поэт этэ. Бу Күндэ лирикатын биир ураты тиэмэтэ этэ. Күндэ саха поэзиятыгар ураты талааннаах поэт этэ.
Оттон прозаҕа үлэлэрин Амма Аччыгыйа Күндэ кэпсээннэрин ааҕан баран:«Кини үтүө-мөкү тыыннаах сэбэрэлээх суруйбут дьоннорун мин хаһан эрэ, ханна эрэ көрсүбүт курдукпун»,-диэбиттээҕэ. Кырдьык даҕаны бу айымньылар сүрдээх реалистическай күүстээхтэр, оччотооҕу саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын тыыннаах хартыына оҥорон кэпсиир сүдү уратылаах.
III баһа.Күндэ-лингвист, тылбаасчыт, государственнай уонна общественнай деятель
Кини тылбаасчыт быһыытынан эмиэ үлэлээбитэ. В.Г.Короленко «Уоттар», «Макар түүлэ» диэн кэпсээннэрин, М.Горький «Түгэххэ» диэн пьесатын, М.Светлов «Англия мотуруоһун ырыата» диэн хоһоонун сахалыы саҥардыбыта. Күндэ хоһоонноро 1928 сыллаахха Москваҕа тахсыбыт «Поэзия народов СССР» диэн хомурунньукка П.Овалов уонна А.Чачиков тылбаастарынан 1930 сыллаахха «Красная нива» сурунаалга эмиэ нууччалыы тылбаастанан тахсыбыттара.
Күндэ «Аҕам суруга», «Хоруй сурук» диэн хоһоонноро С. Есенин «Письмо от матери», «Письмо матери» хоһоонноругар уус-уран форма өттүнэн олус маарыннаһаллар. Сергей Есенин сабыдыала Күндэ хоһоонноругар көстөр.
Кини, бэйэтэ суруйбутунан, публицистиканан 1926 сыллаахтан дьарыктаммыт. Бу сыл саха алфавитын, литература боппуруостарын туһунан суруйталаабыта.
Күндэ 1926 сыллаахха Баку куоракка маҥнайгы тюркологическай съезкэ Саха сириттэн делегат быһыытынан кыттыыны ылбыта.
А.А.Иванов-Күндэ саха литературатыгар литературнай критиканы төрүттээбит киһинэн биирдэстэрэ.
1924 сыллаахха «Критика на Якутскую словесность» диэн ыстатыйата тахсыбыта.
«Фатализм, мистицизм и символизм в произведениях якутских писателей», «Заметки на статью Леонтьева», «Вопросы литературные», «Якутская художественная литература за 10 лет» уо.д.а. ыстатыйалара тахсыбыттара.
Күндэ литературнай-критическэй үлэтэ-хамнаһа нуучча литературнай критикатын кытта биир идейнай төрүттээҕэ. Кини уус-уран литератураны үлэһит маассаҕа сулууспалыырыгар турууласпыта.
А.А.Иванов-Күндэ 1931-1934 сылларга Саха АССР Киин Ситэриилээх комитетын иһинээҕи саҥа алфавит комитетын ученай секретарынан үлэлии олорон, 250 страницалаах «Термин тылдьытын» оҥорбута да, кинигэ буолан тахсыбакка хаалбыта.
А.А.Иванов-Күндэ-этнография, фольклор сайдыытыгар эмиэ үлэлэспитэ да, бу хайыска дьон ахтыыларынан эрэ биллэр.
Атахтаах ампаары, тар ампаары, олуктаах дьиэни, киһи уҥуохтарын уонна сиргэ олордуллубут мас эмэгэттэри, сэргэлэри, сэргэҕэ бааллан турар ытык сылгыны уруһуйдуур идэлээҕэ.
Ыһыахтарга сылдьан, үҥкүү тыла этээччилэри, кэннилэриттэн батыһа сылдьан, тылларын суруйан ыларын эмиэ кэпсииллэр. Ол да иһин Күндэ фольклортан үүнэн-сайдан тахсыбыт суруйааччы буолара саарбаҕаламмат.
Күндэ уонтан тахса сыл бэчээт үлэтигэр бары дьоҕурун, билиитин биэрэн туран үлэлээбитэ. “Кыым” бастаан сурунаал, онтон хаһыат быһыытынан тахсарын төрүттэспит дьоннортон биирдэстэрэ. Москваҕа национальнай тылынан кинигэ бэчээттиир ССРС киин издательствотын саха секциятын салайбыта, элбэх кинигэ бэчээттэммитэ.С.А. Новгородов алфавитын тарҕатыыга күүскэ үлэлээбитэ.Күндэ саха бэчээтэ, суруга-бичигэ сайдарыгар улахан үтүөлээх киһи буолар.
Маннык киэҥ далааһыннаах, дириҥ хорутуулаах үлэлээх-хамнастаах Күндэ нэһилиэстибэтин иҥэн-тоҥон үөрэтии билигин да инники сорук быһыытынан турар.
Ити курдук А.А.Иванов-Күндэ Саха сирин общественнай-политическай олоҕор тосту уларыйарыгар доруобуйатын да харыстаабакка сырдатар үлэнэн үлэлээбитэ. Кини 1934 сыллаахха алтынньы 30 күнүгэр Якутскайга, баара- суоҕа 36 сааһыгар ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Билигин да тыл үөрэхтээхтэригэр “Саха поэзиятын уус-уран куормата”, “Тиэрмин тылдьыта”, “Арпагыраапыйа бириинсибин туһунан” үлэлэрин суолталара сүтэ иликтэр.
ТҮМҮК
Күндэ 36 эрэ сыл олорон барбыта. Ол да буоллар, саха литературатын сайдыытыгар, сурук-бичик олохсуйуутугар, тыл политиката туругуруутугар киллэрбит кылаата сөҕүмэр улахан. Биһиги кининэн киэн туттуохтаахпыт. Түмүктээн эттэххэ, саха народнай суруйааччыта С.Данилов эппитинии, А.А. Иванов-Күндэ аата саха норуотугар мэлдьи күндү, күн-дьыл аастаҕын аайы өссө күндүтүйэн-кэрэтийэн иһиэҕэ.
Сунтаар улууһун киинигэр Сунтаарга уонна Кутана нэһилиэгэр кини аатынан уулуссалар бааллар.1967 сыллаахха Кутана орто оскуолатыгар А.А. Иванов-Күндэ атын иҥэриллибитэ.1984 сыллаахха Кутанаҕа Күндэ мемориальнай музей-дьиэтэ аһыллыбыта.1998 с. саҥа тутуллубут Айыы алаһатыгар Күндэ мемориальнай музей-дьиэтэ көспүтэ.Суруйааччы 100 сылыгар уҥуоҕар мэҥэ таас оҥоһуллан ууруллубута.2014с.Күндэ төрөөбүт Саппыйа алааһыгар суруйааччыга аналлаах өйдөбүнньүк туруоруллубута.
Туһаныллыбыт литература
1. А.А.Иванов-Күндэ. Кутана нэһилиэгэ- Күндэ дойдута // Мирнэй, 1998.
2. В.Окорокова. Саха литературата үйэлэр кирбиилэригэр // Дьокуускай «Бичик» национальнай кинигэ кыһата, 2000.
3. Николай Габышев.Үтүө аргыстар. Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, Якутскай 1982.
4. А.Егоров, В.Протодьяконов, В.Павлова. Писатели Якутии. Якутское книжное издательство Якутии 1981.
5. И.Г.Иванов, В.В.Илларионов, П.А.Слепцов. Күндэ кыыһар туҥат сырдыга. Дьокуускай «Бичик» национальнай кинигэ кыһата, 2000.
6. С.К.Колодезников, А.Д.Колодезников, Серг.К.Колодезников. Төрөөбүт литературабыт, Дьокуускай, 1999.
7. Е.Ф.Федоров. Күндэ кыыһар туҥат сырдыга. Якутское книжное издательство, 1974.
8. Чолбон // 1998/1.
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.