Кут-сүр утумнуур
Ханнык айыыттан, иччиттэн
Халлаан хайа бэлиэтин
Ылбыккын, илдьэ кэлбиккин
Хайа эрэ биккинэн билиэхтээххин.
Ол үөһэттэн бэлиэҥ –
Олоҕуҥ дьаралыга,
Сааһыҥ тухары ыйан-кэрдэн
Салайар күүс буолуоҕа.
Ол бэлиэлэр уон иккилэр,
Саҥа дьылтан ыйы ааҕыы
Ыам ыйыттан саҕаланар,
Муус устар бүтүүтүнэн
Төгүрүк сыл түмүктэнэр.
Ыам ыйа
Иэйэхситтэн этитиилээхтэр –
Оҕус курдук үлэһиттэр,
Кимиэхэ даҕаны эйэҕэстэр,
Сээн дэтэри сөбүлүүллэр.
Өһөс оҕуһу санаталлар,
Улгума суохтар, кэтэмэҕэйдэр,
Кынньыыр-кыыһырдар – кутталлаах,
Атыыр оҕус буола түһэллэр.
Туппуттара торуоска,
Кэппиттэрэ сэлээппэ,
Нүкэн бүтэй майгылаахтар,
Арыт сүөһүгэ маарынныыллар.
Бэс ыйа
Күн курдук күлүмүрдэстэр,
Үрүҥ Айыы оҕолоро,
Барыга бары сыһыаннаахтар.
Ол эрээри биир тэҥэ суохтар –
Наһаа дьүһүн кубулуйаллар,
Өлбөт-сүппэт оҥоруулаахтар.
Барытыгар кинилэр бааллар,
Омуннаахтар, төтөлө суохтар.
Үрдүк айыыттан да айдардаллар,
Наһаа таһыччы буолбатахтар,
Көтүмэхтэр, халларааннар,
Сорохторо – Дон Жуаннар!
От ыйа
Дьиҥнээх буор сир оҕолоро
Буортан-сиртэн силистээхтэр,
Атын дьонтон уратылара –
Сатабыллаах «илимньиттэр».
Үчүгэй буолар туһугар
Тугу даҕаны кэрэйбэттэр,
Наһаа дьиппиэннэр, дириҥнэр,
Онно эбии өһүргэстэр,
Кыбыстанньаҥ бөҕө дьоннор,
Онон дьоҥҥо тоҥкурууннар.
Амсайан эрэ бардаллар,
Арыгыга аллаахтар.
Атырдьах ыйа
Сүҥ Дьааһынтан айдарыылаахтар,
Хахай хаана хааннаахтар,
Ханнык даҕаны иин түгэҕэр
Чаҕылыс гынан ааһаллар.
Кэлэн барбыт бэлиэлэрин
Кэннилэригэр кэбиһэллэр,
Ааҥнаабыт чуумпуну аймыыллар,
Улугурбут олоҕу уйгуурдаллар,
Улаханнык сананаллар,
Баһымах киэмсик соҕустар,
Бэрт үрдүгэр атын бэрт баар –
Сэнээн сэттэлэрин ылаллар.
Балаҕан ыйа
Улуу Суорунтан уураахтаахтар –
Уоттаах этигэн тыллаахтар,
Улахан уустар, ойууттар,
Ортону үрдүнэн таһымнаахтар,
Айылҕаттан аһаҕас эттээхтэр,
Аһары ылыныгас идэлээхтэр,
Бар дьон сорун-муҥун
Сүрэхтэринэн ылыналлар.
Сатабыллаах салайааччылар,
Барыга барытыгар бастыҥнар,
Арай хас хардыыларын маныахтара –
Өстөөхтөрө, ордук санааччылара.
Алтынньы
Хотой Айыыттан оҥоруулаахтар –
Дьон гиэннэрэ хоһууннара,
Үс өргөстөөхтөрө,
Аҕыс кырыылаахтара.
Оҕо эдэр саастарыгар
Сыыһа суолунан барбатахтарына,
Сирдэригэр-уоттарыгар – сирдьиттэр,
Бар дьонноругар баһылыктар.
Хабараан-чочураан соҕустар,
Халбас хара аттаахтар.
Долгуннаах олохтон ортохторуна,
Тойон кыыл дьоло тосхойор.
Сэтинньи
Баай Байанайтан анатыылаахтар –
Булт диэн баран муннукка ытыыллар,
Тыаҕа ыстанар дьаралҕаннаахтар,
Таба тайаныгас талааннаахтар.
Айылҕаҕа сылдьыбатахтарына,
Тыынара-быардара тууйуллар,
Бигэ-таҕа нүөл ыал аҕалара,
Олоҕу да булт курдук саныыллар.
Киһи сөҕүөх ньоҕой тулуурдаахтар,
Саха дьонун гиэнэ саарыннара
Арай ыарахан чиҥ майгылаахтар,
Ортолдьун дьоннор, кыахтара кыра.
Ахсынньы
Дьылҕа Хаантан ыйдарыылаахтар –
Дьоҥҥо сыһыамах дьухха дьоннор,
Ууну-уоту курдары ааһаллар,
Сааһырдахтарына үтүө эрдэр,
Эрэй үөрэҕин бүтэрдэхтэринэ,
Кэриимнэрин ситэрдэхтэринэ,
Оо, ким баһыйыай – кинилэри,
Өрөгөйдөөн, үрдээн иһиэхтэрэ.
Ол эрээри син дьон буоллахтара,
Дьиэктэрэ диэн – арыгыга аллаахтар,
Аттан бырахтаран да ылыахтара,
Ат арҕаһыгар син биир тахсыахтара.
Тохсунньу
Таҥха хаантан таттарыылаахтар –
Ааҕан-суоттаан атыллыыллар,
Ытырбыттарын ыыппаттар,
Ырааҕы өтөрү көрөллөр,
Сыалларын барытын сыыйа-баайа
Бииртэн биир син биир ситиһэллэр,
Хас күн, ый, сыл аастаҕын аайы,
Хайаны дабайан иһэллэр.
Олус чаҕылхай да буолбаталлар,
Дьоллорун бэйэлэрэ уһаналлар.
Ол эрээри туохтара эрэ тиийбэт,
Сыыһа бэрдэрэн, чаардаан хаалаллар.
Олунньу
Одун хаантан оҥоруулаахтар –
Чиҥ-чаҥ кытаанах урааҥхайдар,
Ыҥырар сулуска маарынныыллар,
Бар-дьон дьолугар айыллаллар,
Кыра аайы ымыттыбаттар,
Улаханнарыгар үчүгэйдэр,
Дьоһун дархан дьоннор – барахсаттар,
Үйэлэрин куоһарар мэйиилээхтэр.
Бар дьону түмэр дьоҕурдаахтар,
Ылыннарыылаах аҕай тыллаахтар,
Сороҕор былаҕайга былдьаналлар,
Өлөн баран үтүөлэрэ тиллэр.
Кулун тутар
Дьөһөгөйтөн төрүттээхтэр –
Сылгы оҕолорун быһыытынан
Быыппастыгас майгылаахтар,
Иэрэҥ-дьиэрэҥ соҕустар.
Оргуйар уолан хааннаахтар,
Уостар омуннаах уохтаахтар,
Улгум-дьылгым баҕайылар,
Ыйыы хоту сылдьаллар.
Үчүгэйи, куһаҕаны даҕаны
Араарбакка ылынаахтыыллар,
Үлүмнэһэ үлэлииллэр…
Кэбирэхтэринэн иэдэйэллэр.
Муус устар
Айыыһыттан айдарыылаахтар –
Ыһар буордуу элбэх ыччаттардаахтар,
Ньир бааччы кэлбит олохтоох,
Орто баайыы өҥ-нүөл ыаллар,
Мас көнөлөр, өлөр өһөстөр,
Ис иһиттэн имэҥнээхтэр,
Үрдүнэн-аннынан да буоллар
Барыны барытын сатыыллар.
Сэмэй соҕус ситиһиилээхтэр,
Үксүгэр сииккэ сиэлээхтииллэр,
Өс киирбэхтэр, ис киирбэхтэр,
Аһыныгастар, амарахтар.
И.Г.Баишев «Айыы тына» кинигэтиттэн таҥан оҥордо, Н.Н.Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын учуутала: Тимофеев В.Т.
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.