Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы
Оценка 4.9

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Оценка 4.9
Образовательные программы
docx
чтение
7 кл
31.01.2017
Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы
Сегодня стало понятно, что введение агротехнологического профиля позволит учащимся получить определённые трудовые навыки в школе, поможет самореализации в самостоятельной жизни. Приобретая профессиональные навыки, молодой человек будет уверен, что он востребован в постоянно меняющихся современных условиях. Поэтому и составлена эта программа.
агрокомпонент ЛЧА.docx
Министерство образования Республики Саха (Якутия) МБОУ ­ Верхневилюйская СОШ №2 им. М.Т.Егорова «Согласовано» Руководитель МО «Согласовано» Заместитель директора по «Утверждаю» Директор школы             _________/Л.В.Гольдерова/ УР __________/ Федоров А.Н./ Приказ № ___ Протокол № ___ _________/Л.Н.огочонов /  от «__»____________2014г. «___»________2014г. от «___»_________2014г. Агрокомпоненты   якутский язык и литература Составила: Лазарева Ч.А.,  учитель якутского языка и литературы,  1 категория УПД Сентябрь   ­ 2014г Саха  тылын  уонна  литературатын   уруоктарыгар  агрокомпоненнары   араас  сорудах  быьыытынан табыгастаахтык киллэрии. Холобура:  Агротехн.ис хоьоонноох этиилэр Агротехн.суолталаах тылы­еьу этиигэ туттуу Этии ырытыы Этиини ситиминэн ырытыы Этиини  этии чилиэннэринэн ырытыы Тыллары булуу, састаабынан ырытыы О5уруокка сыьыаннаах тыллар Дьиэ5э –уокка, туттар тэрилгэ  сыьыаннаах тыллар Айыл5а5а сыьыаннаах тыллар Сири онорууга сыьыаннаах тылларынан холобур булуу Сыьыаннаах тыллары булан падежтатыы Тыллары ырытыы, таба суруйуу Айыл5аны ойуулааьынна  тутталлар  да5ааьыннар Сылгыга сыьыаннаах тыллар Олонхо5о  бухатыыр атын ойуулааьын Сылгы енун­дьуьунун бэлиэтиир да5ааьыннар Туохтууру  сирэйдээьин,  туьаайыынан ырытыы, киэбинэн, сирэйинэн ырытыы, холобур булуу  Араас стилгэ туттууга холобур Сыьыаннаах этиилэри ырытыы Айыл5а5а сыьыаннаах ес хоьооннорун булуу Кыылга –кетерге сыьыаннаах таабырыннары таайтарыы Сылгы­суеьу туьунан норуот чабыр5а5ын холобура Айыл5аны ойуулааьыны устуу, тыллары быьаарыы Сылгы­суеьу туьунан ахсаан чабыр5ахтар Сылгыга­суеьугэ сыьыаннаах тыллары устуу Сир­уот ааттара Суеьуну иитиигэ сыьыаннаах тыллары булуу  айымньыттан Сиргэ –уокка, суеьугэ сыьыаннаах тыллары быьаарыы Былыргы туттар тэрил, таннар танас  аатын быьаарыы Сылгыга­суеьугэ сыьыаннаах тыллары устуу Айыл5а кууьугэр унуу­суктуу кестуутэ Билбэт тыллары быьаарыы Былыргы  саха  ыалын  иьитин­хомуоьун аатын быьаарыы Идэьэни елеруу сиэрин­туомун туьунан кэпсэтиьии Айыл5аны ойуулааьын Тыллары быьаарыы Сана тыллары быьаарыы Былыргы тыл­ес Сыьыаннаах тыллары айымньыттан булуу Саха былыргы  аьыгар­уелугэр  сыьыаннаах тыллар Айыл5аны ойуулааьын Сиэр­туом кестуутэ Сиргэ­уокка  сыьыаннаах тыллары быьаарыы Сэрии кэмигэр саха норуотун быыьаабыт булт­ас, сылгы­суеьу туьунан кэпсэтиьии Саха сирин улуу еруьун туьунан хоьооннору  ырытыы  Айыл5а кестуутэ Ферма, колхоз, совхоз туьунан кэпсэтиьии Айыл5аны ойуулааьын Кыталык туьунан кэпсэтиьии Билбэт тыллары ырытыы Айылҕа, оҕуруот астарын туьунан  ес хоьоонун кэпсээн айарга туттуу Сылгы­суеьу туьунан норуот чабыр5а5ын холобура Айылҕаны ойуулааьыны айымньы ис хоьоонугар сеп тубэьиннэрэн уруьуйдааьын Айылҕа, улэ, тулалыыр эйгэ  туьунан кыракый айар улэлэр, анаарыылар Сир­уот терминнэрин билии Олонхоттон сылгыга, суеьугэ сыьыаннаах тыллары ырытыы Айымньыга  айыл5а, сир­уот кестуутэ бэриллиитин чопчулааьын Сылгы­суеьу енун­дьуьунун билии Саха киьитин танаьа­саба, аьа­уелэ – тыллары быьаарыы Сыьыаннаах тыллары таба суруйуу, суолтатын быьаарыы Сыьыаннаах тыллары ырытыы, таба суруйуу Эрчиллиилэргэ холобурдары  туттуу Сыьыаннаах текстэри ырытыы, 1 . Таба суруйууга, санарыыга, холобур буларга, ырытарга  аналлаах тыллар: 1. Аат тыллар А – араскы, агрономия, аграрнай, алаадьы Б – быйан, балбаах, буом, байтаьын, быырпах, бутугас Д – дабаан, далбар, долборук, дэйбиир, дуол Дь – дьэргэлгэн, дьыбар, дьураа И – иэйии, иллэн, иччи, иэримэ, идэьэ К – куорсун, ке5ул, кырдал, кыстык, келуччэ, кедьуус, кымыс М – мичээр, моьол, мерсуен Н – ноьуом, ньуур, ньуелсутуу О – оьуор, омоон, оьорбо, очуос, оноойук, отоьут, о5уруот Е – ебугэ, етех,  С – сиккиэр, сыккыс, сардана, сумэ, симэьин, сиэр, салама, сылаа Т – туьулгэ, тордуйа, тууйас, томтор5о, тирбэ5э, тиьилик, тэлгэьэ,  У – утах, умсул5ан, уорук, уох, уор5а У – угэс, урдэл, утэ, уутээн,  Х – харалдьык, харалдьык, хото5ос, хайах, ходуул, хааьах Ч – чемчуук, ча5ыл, чаран, чагда, чэчир, чохоон, ченере, чэлгиэн Ы – ыллык, ылтаьын, ымдаан, ыьык, ытарча, ыра Э – эминньэх, эмэгэт, эниэ, эркээйи, эрчим, эндир 2. Да5ааьыннар А  Айаас, ахсым, алар, ахсым Б  Д  Дохсун, Бытар5ан, бугуру, бурэ, боччум   дархан,   дьогдьоот, дьуккуердээх,   дьоруо,   дьэрэкээн, дьар5аа 3. Кубулуйбат эпитеттэр Айгыр силик айыл5а, алтан от, алаьа дьиэ, аламай манан кун Буьурук куйаас Дьоро киэьэ Иэримэ дьиэ, иирэ талах И  Иьирик, иьирэх К  Кэрэмэс, кургуем, кундул, курбуу Куех баархат, кургуем улэ, кырпай хаар, киил мас, кеенньер кымыс, килбиэн кун, курус тыал, кындыа кылыс от Мотуок солко от, мэктиэ тыл Нуолур солко от М  Мандар, мындыр, медеет Н  Нэлим,   нуел,   номо5он,   нанна5ар, ньаарсын, нуьэр О  Ордуос, отох Е  Елгем, енурук С  Саамал,   сэдэх,   сыыдам,   саргылаах, симик, сыралаах, сирилэс, сандал, сиэдэрэй, суурунуй, саймаархай, сулумах, сайдам Талыы, тор5он, тырымнас, тэргэн, тумарыктаах,   туптээх, тэтэркэй, томороон   талба,   Т  У  Унаархай,   уйа5ас,   удьуор,   уйгу­ быйан, уохтаах, улаан У  Х  Хоодуот,   хама5атык,   хоьуун, хагдан, хатан, хаарбах, хомо5ой Ч  Чэбдик,   ча5ыл,   чуор,   чиргэл, чэиэлкэй, чулуу, чэбэр, чэлгиэн Ы  Ыллам, ыгым, ылба5ай, ылааны Э  Элэккэй, эбир, эгэлгэ, эмпэрэ, этиргэн   эрдээхтик,   эриэккэс, Омоон суол, орто туруу бараан дойду Елгем уунуу, енурук куйаас, рекен ейц Суллэр  этин,  саамал  кымыс,   сыспай  сиэллээх,  сыа хаар, счирэм куех, саар ыа5ас, саар тэгил  унуохтаах, сырдык сыдьаай Тунал   хаар,   телкелеех   олох,   тергуу   мутук,   тор5о куех Уйан сурэх, унньуктаах суол, уолан саас Урун илгэ, урдук мэнэ халлаан, укэр куех от, уемэх ует Хоро5ор муостаах, хахсаат тыал, хампа куех, хаарыс солко, хатыс быа, халын хаар Чээл куех, чуоркулгаах, чиргэл мас, чымаан урдук Ыанньык ынах, ытыс буор Эмньик кулун, эргэнэ тыа, этигэн хомус 4. Уус­уран тэннэбиллэр 5. Сомо5о домохтор Ар5ахтаах кыыл батаьын курдук Сытар ынах ханнын курдук Тыал охсубутун курдук Ала кулуну тереппут Балыктаа5ар кэлэ5эй Биир   кун   ат   уор5атыгар,   биир   кун   ат ере5етугэр Буруота таьаар Илии тутуурдаах, еттук харалаах Кус сурэх Кус­хаас тойуга Кутурук маьа буолбут Куех оту тосту уктээбэт Кыната сарбыллыбыт Кыырт буолан хаал Кыыла киирбит Улаабатах­аьаабатах улаан убаьа курдук Таьа5аьын таппатах атыыр о5ус курдук Холорук ытыйбытын курдук Эриэдэьиннээх уун тиэрбэьин курдук Тааннаабыт муус курдук Сайынны кун сарданатын курдук Тон харыйаны туруору аспыт курдук Уон дьааны хотуурун умса туппут курдук Алталаах атыыр сылгы баьын аар ба5ахха ыйаабыт курдук Хамчаакы хара саарбатын хардарыта туппут курдук Муоска бэрдэрдэ Килбиэннээх   киис   кыыл   тириитин   кэккэлэппит курдук Ус   уестээх   суегэй   арыытын   уруйэ   баьын   урэ5ин уутугар   хаарбах   чабыча5ы   хайа   тэбэн   халытан кэбиспит курдук Кыьыл саьыл бэрдин кэккэлэппит курдук Кытыт биэ тириитин тиирэ тардан кэбиспит курдук Сири аннынан Муус ура5аьынан уур Хатыыс балык хайа сырбайбытын курдук Харсыылаах атыыр о5ус курдук Собообут собо миинин курдук Эттээх ат кутуругун элгийэ быспыт курдук Бургунас ына5ы буутайдыы тонорбут курдук Уулаах отон уутунан субуйа соппут курдук Улуу куел хомуьун ылан уурбут­туппут курдук Уутун тохпут о5о курдук   балыктаа5ар Сытар ына5ы турорбат Сымыыттаа5ар   бутэй, кэлэ5эй Сыар5атын сынаа5а иннэр Тимир тириитин кэппит Тон куес быстына Туутун ургээ Тириитин таьынан киирэр Харыйаны таннары соспут киьи Ына5ы ыныырдаабыкка дылы киьи Улар мэйии Уерэх­билии Тереебут дойду Улэ  Тыл­ес Олох­дьаьах 6. Ес хоьоонноро Уерэх баар­бараммат баай Уерэ5э суох киьи хара5а суох кэриэтэ Кун сири сырдатар, уерэх – киьини Былыргы киьи ына5ынан, аныгы киьи билиитинэн Биьикпин ыйаабыт сирим Дойду сурахтаах, алаас ааттаах Кун сирэ кунду Киьи дьоло – улэ5э Баай – илгэ, ийэтэ – сир, а5ата – улэ Улэ – чиэс, хай5ал, албан аат дьыалата Улэ уксэ, тыл а5ыйа5а ордук Киьини улэ киэргэтэр Саьыл туутунэн, киьи улэтинэн Сайын утуйбут, кыьын ытыыр Сир уунуутунэн, киьи онорбутунан сыаналанар Улэни хаьааныма, аьы хаьаан Ким са5алыыр – ол бутэриэхтээх, дугдуруй да, о5ус Кетумэх улэ кедьууьу а5албат Олоруохтаа5ар онорор ордук Сугэ­балта тыл Тыл – эрдии, киьи – оночо Быьах сытыыта, тыл чобуота ордук Окко туспут оноьуу, сиргэ туспут сэрэбиэй Олох сылааьа суох буолбат О5о – киьи дьоло, эрэлэ, инникитэ Уол о5о тереете5унэ суор уерэр Уол о5о дьоллоох, соно5ос ат соргулаах Балык ыамнаах, киьи куннээх Куьунну киьи кулбутунэн, сааскы киьи салбаммытынан Уунээйи сииги, норуот кырдьыгы таптыыр Ууьу кытта олорор киьи уус буолар О5ус тириитин иккитэ сулбэттэр Кырдьа5ас ыт сымыйаны урбэт Аттаах сатыыны кытта аргыстаспат Онноо5ор уунэр мас урдуктээх­намыьахтаах Субэ­ама До5ордоьуу   быьыы, Утуе майгы­сигили Туктэри   быьыы­ майгы Хаахыныыр мас охтон биэрбэт Сугэ кыайбатын субэ кыайар Утуе ат биир кымньыылаах, утуе киьи биир тыллаах Аччыгы аьат, тонмуту ириэр Иьит ырааьын себулуур О5устан охторгор муоьуттан тутус, аттан суулларгар сиэлиттэн харбаа Ат кеьуннэ5инэ сыар5а  кестуе, быьах кеьуннэ5инэ ыныыр кестуе Оонньообутун о5ус буолуо Киьи  эриэнэ иьигэр, суеьу эриэнэ таьыгар Бурдук тебете астанна5ына эрэ ас буолар Норуот кууьэ – кемуел кууьэ Уу тэстибэт до5ордуулар Уостубат урэх кураанна, учугэй до5ор алдьархайга биллэр Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киьи  елен биэрбэт Ынах маныраьан, сылгы кистэьэн, киьи кэпсэтэн билсэр Мас хайдыбытын курдук кене киьи Тиин мэйии Утуе ат биир кымньыылаах, утуе киьи биир тыллаах Кус быьый, ат бе5е Уол о5о  биир кун ат уор5атыгар, биир кун ат ере5етугэр Сир быйаннаах, киьи сатабыллаах Сурэхтээх сугун елбет Уохтаах буору сиэмэ себулуур, утуе киьини дьон себулуур Аата Кыычыкын о5уьун баьа буолла5а Билэр куелум балыга Ат суурдэ5инэ ыт хаалбат  Кэйиик о5ус муоьунан еттейер, ейе суох сутуругунан еттейер Салан киьиттэн хара тыа маьа ытыыр Сыьыана Ис хоьооно  От­мас,  уунээйи Сылгы, ынах суеьу, дьиэ кыыла 7. Таабырыннар Теруе5уттэн кур бэйэтэ кубулуйбатах уьу Сааьын тухары дьуьунэ кубулуйбат баар уьу Илиилээх да улэлээбэт уьу Тебете суох да сэлээппэлээх баар уьу Тутумнаа5ар кылгас, ханыл аттаа5ар куустээх Кыьыл кемус хайалар сайын эрэ уунэллэр уьу Кыьыннары сайыннары хагдарыйбат ходуьа баар уьу Оттон урут тахсар, хагдарыйыах иннинэ хатан хаалар баар уьу Кыьыл кыыс харана5а олорор, батта5а таьырдьа уьу Элбэх сонноох да биир да тимэ5э суох баар уьу Сыспат да, мехпет да, бары киниттэн ытыыллар уьу Кирээдэ5э сытар тегурук минньигэс баар уьу Этиэхтэн эриэккэс, этиэхтэн минньигэс баар уьу Уолуйбат­у5арыйбат уола хаан баар уьу Утуе киьи урун кемус келеескелеех уьу А5ыс киьи хаьар, туерт киьи охсуьар, икки илбийэр уьу Тымныыга тонмот, итиигэ хаппат саппыйаан баар уьу  Муос хайалар охсуьар тыастара лап­лаьыгырас уьу Икки чыычаах кетееру егденнеьеллер да кеппеттер уьу Икки тэннээх баар уьу Токур мас дейе тонмот уьу Биир сыттыкка туерт о5о сытар уьу Уеругэр уругэн баар уьу Баай киьи куортугун ере хорото сылдьар уьу Иччитигэр эккэлэс баар уьу Ыалдьыбат да ынчыктыыр, сутэрбэт да кердуур баар уьу Кун аайы суунар баар уьу Таайыыта  Харыйа Бэс Тиит Тэллэй Дул5а Бурдук Лабыкта Ньургуьун Моркуоп Хаппыыста Луук Арбуз  Ынах О5ус келе Чурумчу Харсыы Суеьу мунна Харсыы Кулгаах Муос Муос Ынах эмийэ Ыт Ыт кутуруга Ыт о5ото Сибиинньэ куоска Айымньыта  «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» «Эрчимэн Бэргэн» 8. Норуот уус­уран этиилэрэ   кемус кемус     кемус Этиитэ  Кемус   ыныырынан   ыныырдаабыттар,   кемус   кемус   суларынан уунунэн   ууннээбиттэр, кычымынан сулардаабыттар,   кычымнаабыттар, чаппараа5ынан   чаппараахтаабыттар,   кымньыынан кымньыылаабыттар Хаампыт   сириттэн   киис   кыыл   суурбутунэн барыа5а Ыччат   киьини   тэнитэргэ   ыйаахтаа5ым,   ыччат суеьуну иитэргэ соруктаа5ым  Киьи буолуон, о5о теретуен, суеьу иитиэн Ке5урээбэт   кетердее5е,   быстыбат   быйаннаа5а уьу Суорумабар   соноотун, беленехпер бескейдун Убаьа сонноо5у утары кердербетех   тарбар   дагдайдын, Суолтата  Бутуннуу   киэргэппиттэр кемуьунэн Айыы уолун бэлиэтэ Олох олорор анал Олох олоруон Булдун­аьын туьунан Уойдун Кимиэхэ да кыайтарбатах 9. Поэттар этиилэриттэн быьа тардыылар Автор  Леонид Попов Сибэккитэ суох алаас Этии  Н. Герасимов ­ Айталын Амара5а суох атас Кууран­хатан туьэннэр Олус да уут­укчулэр. Куьа5ан суол аты муннуур Мун­эрэй киьини буулуур Бадараанна массыына батыллар Хопко киьи хабыллар Со5отох кылы бэл диэтэр Туллукчаан быьа кетер Суус кылтан сылгы утуетэ Быспат етуутун ереллер Бугунну улэ5ин бутэрбэккэ Сарсынны тубуккун санаама Оттор маскын бэлэмнэммэккэ Оьох диэки керумэ Этии   Утуе ыччаттаах Дьон уоьугар сылдьыа Сулумах эрэйдээх Сура5а суох сылдьыа Аппын ыытан кэбистим Сарсын син биир тутуо5ум Ал5ас санаран кэбистим Санабын хантан тутуомуй? Отон са5а буулдьа О5устаа5ар куустээх буолар Аччыгыйкаан кыымтан Аар кутаа умайар О5ус тардыах тааьыгар Илиигинэн киирсимэ Кыа5ын тиийбэт суолугар Сыра5ын эьимэ 10. Тэттик  диктаннар, аахпыттан суруйуу  текстэрэ 1. Биһиэхэ ынах сүөһү да улаханнык ытыктанар буолан баран, сылгыга тиийбэт. Саха олоҕор сылгы түҥ былыр төһөлөөх  суолталаммыта  итэҕэлгэ, араас  сиэри, туому толорууларга эмиэ биллэн ааһар. Айыыны, иччини аһатыы, сиэртибэлээһин сылгы сүөһүнэн оҥоһуллар. Сир­дойду   иччитигэр   бэлэх   биэрии,   аал   уот   иннигэр   алҕааһыннар   сылгы   сиэлинэн оҥоһуллаллар.   Ыһыах,   сыбаайба   иһитин­хомуоһун,   түһүлгэни,   чэчири   сылгы   сиэлинэн киэргэтэллэр.   Сылгы   иһитэ   чороон,   ат   баайар   сэргэ   саха   культуратын   ытык атрибуттарыгар киирсэллэр. Чороон, остуол атахтарын ат туйаҕыныы быһыылаан, сэргэни ат   бастаан   оҥороллоро.   Дьиэ   тутталларыгар   сүрүн   баҕаналарын   сылгы   хаанынан, кымыһынан   оҕунуохтууллара,   баҕаналарын   үүтүгэр   сиэли   угаллара,   өһүө   уонна   баҕана икки ардыгар сиэли кыбыталлара. Ойуун кыырарыгар уот иннигэр маҥан сылгы тириитин тэлгэтэллэр.  Сылгы   (ордук  маҥан  сылгы)   айыы  сүөһүтэ   буоларын   быһыытынан  ойууну куһаҕан  тыыннартан   араҥаччылыахтаах.   Оттон   арыт  ойуун  дүҥүр  оннугар  кыра   хатыҥ маска сылгы сиэлин баайан баран кыырара диэн буолар.    2. Олоҥхо   бухатыырдара,   айыылар   аты   эрэ   көлө   оҥостоллор.   Оттон   аллараа   адьарай аймахтара   соччо­бачча   ат   көлөлөммөттөр.   Олоҥхоҕо,   остуоруйаҕа   ат   –   киһи   эрэллээх доҕоро,   көмүскэлэ,   сүбэһитэ;   кини   киһи   курдук   саҥарар   тыллаах,   өйдөөх,   дууһалаах ырааһа.   Олоҥхоҕо   даҕаны,   көннөрү   олоххо   даҕаны   ат   ааттаах­суоллаах,   өр   кэпсээҥҥэ сылдьар кэрэ, дьикти сырыылардаах буолар. Ньургун Боотур атын аата «Дьулусханнаах дьолуо маҥан халлаан дьураатыгар тура төрүөбүт Дьулусхан Субуйа Сүүрүк», Күн Эрили атын аата «Күннүк сир усталаах, көс сир туоралаах Күөкэри Дьаҕыл», Күөҕүлээн Куо атын аата «Тибиилээх сиэллээх, бурхааннаах кутуруктаах, күдэннээх көҕүллээх Күөнэ Маҥан» уо.д.а. 3. Сахалар сылгы өлүгүн, кырамтатын сиргэ мээнэ хаалларбаттар; көмөллөр, биитэр үөһэ, мас   мутугар   ыйаан   кэбиһэллэр.   Кырдьаҕас   атыыры   эбэтэр   биэни   өлөрүү   туспа   дуом толоруулаах буолара. Олортон биир холобур маннык. Өлөрүөх иннинэ хаһаайын үс төгүл «уруйдуур».   Онтон,   өлөрөр   сүөһүтүгэр   туһаайан,   маннык   тыллары   этэр:   «үөргүн­ сүүрүккүн   тиэргэҥҥэр   хааллар!   Уйгугун­быйаҥҥын,   кэтит   кэһиигин   кэбиһэн   бар! Туйаххын   туура   тэп,   тэрийбит   тиэргэниҥ,   өтөҕөлөөбүт   өтөҕүҥ   этэ!   Кыраан­өһөөн гымматыбыт,   ынырык   дьыл   олуйан   ытыгылаатыбыт!..»   Инньэ   диэн   баран,   сиэлиттэн, кутуругуттан   сүүмэхтэри   сыыйталаан   ылар.   Ол   сүүмэхтэри,   күөх   окко   суулаан   үс хоннорон   баран,   солбуйар   сылгытын   сиэлигэр,   кутуругар   сыһыаран   кэбиһэр.   Ытык сылгыны туттуу малааһыннаах буолар. 4. Сылгы сааһынан, дьүһүнүнэн араарыллар олус элбэх ааттардаах. Оттон эмиһин, көтөҕүн быһаарарга   уон   иккигэ   тиийэ   категория   баар.   Былыр   кыыһы   сүгүннэрэригэр   күтүөт сулууга ылбыт сылгытыттан кыыс төрөппүттэригэр биир биэни хаалларан барара, ол «оҕо оннугар   биэрбит   сүөһүтэ»   диэн   буолара   үһү.   Түһээн   үөр   атыырын   өлөрүү   –   саамай ытыктабыллаах,   бочуоттаах   эр   киһи   өлүүтүн   сүрэ,   оттон   түүлгэ   биэ   өлуүтэ   – ытыктабыллаах   дьахтар   киһи   өлүүтүн   сүрэ.   Ат   төбөтүн   сииллэригэр   оҕоҕо   бэрсэллэр, оттон ынах төбөтүттэн оҕоҕо сиэтэллэрэ бэрт аҕыйах. Ынах кулгааҕын сиэбит оҕо ынах курдук дьүлэй буолуохтаах, ынах муннун сиэбит оҕо муннун уута сүүрэ сылдьыахтаах... 5.   Биһиэхэ сылгыга сыһыаннаан оттор, сибэккилэр, туттар сэптэр, көтөрдөр ааттаналлар: «кулун кутуруга», «кулун туйаҕа», «биэ эмиийэ», «чороон от», «ат дулҕа», «ат тимир», «ат тараах»,   «сылгы   чыычааҕа»   уо.д.а.   Былыргы   үҥкүүлэр,   оонньуулар   эмиэ   сылгыга сыһыаннаахтар   –   «кулун   куллуруһуу»,   «анньа­бөрдө»,   «чохчоохой»,   «дьиэрэҥкэй»,   «ат буола оонньуу», «мас аттаах оонньуу» уо.д.а. Балар сылгы сылгылааһыны, биэни ыаһыны, кулуннар   хонууга   оонньохолооһуннарын,   атыыр   бөрөнү   кытта   охсуһуутун   санаталлар. Биһиги күннээҕи саҥарар тылбытыгар сылгы дьиибэтик иҥэн киирбит. «Ат», «атыыр», «миҥэ»   диэн   тус­туспа   бэлиэтээн   этэр   тыллардаах   буоллахпытына,   оннук   ынах   сүөһү өттүгэр   суох.   Сымыыттаах   буоллаҕына   «атыыр   оҕус»   (жеребец­бык),   сымыыта быһыллыбыт   буоллаҕына   «ат   оҕус»   (конь­бык)   диибит.   Маны   өссө   В.Л.   Серошевскай бэргэнник бэлиэтээн суруйбута. Сахалар сылгыны ынах сүөһү иннинэ ииппиттэрин итинтэн эмиэ сэрэйиэххэ сөп.  6. Биһиги   –   көлөлөөх   буоллун,   сатыы   буоллун   –   ханна   эрэ   барда,   айаннаата   диэрибит, «аттанна»; икки илиинэн тайана түһүүнү «ат буолуу» диибит («абааһы уолун итиннэ ат гыннарда»);   кими   эрэ   көрдөө,   эккирэтэн   бул   диир   оннугар   «сылгылаа»;   туохтан   да тутулуга  суох көҥүл  сылдьар киһини «кулун босхо  сылдьар» диибит;  кими  эмэ имит­ хомут,   үөрэт,   сыһыт   диэн   өйдөбүл   «айааһаа»   диэн   буолар;   улахан   мунньах   –   «атыыр мунньах», кытаанах, хатан тимир – «атыыр тимир», күүстээх тымныы – «атыыр тымныы», сүдү ойуун – «атыыр ойуун», улахан алдьархай – «атыыр алдьархай»... 7. Норуот   быдан   былыргыттан   ыла   иитимньитин   тэриммит,   олоҕун   тыына.оҥостубут сүөһүтүн таптыыра, үрдүктүк тутара, киниэхэ сүгүрүйэрэ, кинини тылыгар, итэҕэлигэр киллэрэрэ   сиэрдээх   суол.   Саха   норуотун   культуратын,   чуолаан   литературатын, национальнай   уратылаах   ойуулуур­дьүһүннүүр   форматын   үөскэтиигэ   сылгы   элбэхтик туһаныллар.   Норуот   тылынан   айымньытыгар   сылгы   уус­уран   эпитет,   тэҥнэбил,   образ быһыытынан киэҥник, бэрт араас өрүттээхтик киирбит. Туох баар төгүрүктээн турар улуу, кэрэ, үчүгэй барыта сылгынан дьүһүннэнэр: «үөр атыырын өрө туппут курдук өҥкөөр таас хайалар»; «тоҕус атыыр сылгы дьохсооттоһо туралларын курдук, тоҕус хоҥорой дуорсун тумуллар»;   «кыһыл   буулуур   кытыт   биэлэри   кырымах   хаарга   кыҥыһахтыы   түһэрэн, хантайар муос хабарҕаларын хайыта баттаан ылан, кэрдиистээх өҥүргэстэрин кэккэлэтэн кээспит курдук, дьапталҕа таас хайалар дьарҕааланан тахсыбыттар». 8. Олоҥхо бухатыырын дьиэтин ис тэриэбэтэ эмиэ сылгынан ойууланар: «үөр атыырын өрө туппут   курдук   аҕыс   кырыылаах   маҥхалыын   хаан   оһох»;   «кытыылыыр   кытыт   биэ кыҥыһахтыы   түһэн   сытарын   курдук   модун­модороон   модьоҕо»;   «кытыылыыр   сылгыны кыҥыһахтыы охторбут курдук кырбыы­дьирбии сыҥаһа»; «баай ыал маҥнайгы сэлэтигэр бааллан турар маҥан кулуннара баһынан­атаҕынан оонньуу турарын курдук бардам бас уһуктар».   Кытай   Бахсылааны   уус   кыһата   маннык   ойууланар:   «кырымахтаах   кылбараҥ маҥан хаарга кытыылыыр кытыт биэ барахсаны кынталдьыта хаамтаран иһэн кырыытынан кыҥыһахтыы   түһэрэн   кыа­хаанын   кытыастатан   кээсиит   курдук   кытара   убайа   турар кыһалаах». 9. Киһи күүһэ, чулуута, кэрэтэ акка холуллар: «ат бөҕө», «ат курдук ааттаах... киһи», «киһи ата киһи». Ньургун Боотур ситэн­хотон, муҥутуу сатаан баран: «ким миигин ат курдук айааһаан,   албан   ааппын   алдьатыа   баара   дуо?!»   диир.   Айыы   бухатыыра   абааһы   уолун, «уйусхан   ат   сылгы   курдук,   умсары   баттаталыыр».   Айыы   бухатыырын   «тойон   сүрэҕэ, эмньик соноҕос сылгы курдук, толугураан соһуйар», «үөр сылгы үргүбүтүн курдук, үллэр өһөҕө үллэҥниир». Тойон Дьаҕарыма бухатыыр «тый курдук... ыран олоробун», – диир. Дьахталлар – биэлэр, оҕолор – кулуннар: «хаар биэтин курдук ханайбыт, сыһыы биэтин курдук сыспалдьыйбыт хотун дьахтар» дэнэр олоҥхоҕо. «Ньэлбэҥ Айыыһыт... үүт кэрэ биэ» буолар. «Кул­лустуур кулун уолаттар, дьылыстыыр кытыт кыргыттар»   дэниллэр. «Туйаарыма  Куо,  уу испит сылгы  курдук,  уҥуоҕа  илибирии  түһэн   баран уҥан  түһэр». Олоҥхо оҕото, төрүөт, кыайтарбакка, «кулун курдук өрө мөҕөр». «Уол оҕо, ат кулун», «уол оҕо туохха төрүүрэй, ат кулун ханныкка айылларай» диэн буолар. Айыы кыыһын «кылаан   бэрдэ   барахсан...   кэрэ   кулун   оҕотун   курдук   дьэргэлдьиччи­чэрэлдьиччи көрбөхтүүр».   Кыргыттар,   уолаттар,   оҕолор   эрэ   буолбакка,   дьон   сырсыыта,   быччыҥ күүрүүтэ эмиэ – кулуннар: «дьон сэлэттэн мүччү барбыт кулун курдук дьэ мүлтүрүтэ сырыстылар»,   айыы   бухатыырын   «куҥ­куҥнарын   бастара   эмньик   кулун   курдук чиччигиниир». 10. Тэҥнээһиннэргэ сылгы хараҕа үгүстүк туттуллар. Үрүҥ Уолан «аллаах ат курдук, алам­ дьалам көрөр», Күн Туналыҥса «улаан убаһа хараҕын курдук уу хараҕынан.. утары көрөр». Саамай   чугас,   арахсыспат,   күндү   доҕоттору   ат   икки   бараа   хараҕар   эмиэ   тэҥнииллэр; «аллаах атым хараҕын курдук ханыылаһан иитиллибит хаарыаннаахай доҕотторум». Сылгы   сиэлэ,   кутуруга   образка   бэрт   үгүстүк   киирэр.   «Күрэҥ   сылгы   сиэллээх кутуругун күөйэ туппут курдук көлкү нуолур суһуохтаах күн­күбэй хатын ийэм!... Ат сылгы сиэллээх кутуругун арыйа туппут курдук аас маҥан чынчалаах... аар тойон аҕам!». Айыы   бухатыыра   кыыһырбыт   омунугар   «саннын   байаатыгар   диэри   түспүт   хара   көмүс курдук куударалаах аһа төбөтүн оройугар кулун кутуругун курдук өрө эриллэн тахсар». Оттон   кини   айанын   түргэнигэр   таҥныбыт   таҥаһа   эмиэ   «кулун   кутуругун   курдук   өрө эриллэр».   Охсуһууга   кыайтаран   эрэр   бухатыыр   хаана   сылгы   кылын   биитэр   кутуругун сыыйа таппыт курдук тохтор — Күн Тэгиэримэн «тымыр тымырдарын быыһыттан тыһы кыл   курдук   сырдык   хааннар   сыыйылла   тыккырыыллар».   Ньургун   Боотур   Уот   Уһуму «халыҥ тириитин хайыта охсон хара хаанын сылгы сиэлин курдук сыыйылла тэптэрэр». Бухатыыр бэл силлиир силэ «сыдьаан сылгы сиэлин сыыйа туппуттан» атыннык көстүбэт. 11. Айылҕа   көстүүлэрэ   сиэлгэ,   кутурукка   үгүстүк   холуллаллар.   «Тураҕастай   атыыр   сылгы кутуругун, сиэлин туруорута туппут курдук догдоон хара тыа»; «эттээх ат кутуругун экчи быһа баттаабыт курдук эргэнэ хара тыа»; «соноҕос ат кутуругун субуйа бырахпыт курдук сулу дьылга мастар»; «күрэҥ сылгы сиэллээх кутуругун күөйэ туппут курдук күөх маҕан былыт»; «үүт кэрэ сылгы сиэллээх кутуру­гун үллэрэ туппут курдук... үс үөстээх үүт үрэх»; «кэрэ сылгы сиэллээх кутуругун тэнитэ туппут курдук сиибиктэ от кырыстаах, сибэкки от ардайдаах дьэҥкэ хонуу»; «толомон маҥан күн уота соно­ҕос ат нуоҕайдаах сиэлин субуруччу туппут курдук таҥнары тоҕуоруйар»; Үрүҥ Аар Тойоҥҥо «сиэр сылгы сиэлин, кутуругун силэйэ туппут курдук сиэги дьаҕыл аартык» устун тахсаллар.     Сиэл,   кутурук   ити   үөһэ   этиллибиттэн   атыннык   эмиэ   туттуллар.   Эгэлгэлээн,   силигин ситэрэн   этэр   кыаҕым   суох   диэри,   «сиэллээн­кутуруктаан   этэрим   суох»   диэччилэр. Кубулҕаттаах   уһун   түүн   диир   кэриэтэ   буоллаҕа   буолуо   –   «сиэлиттэн­кутуругуттан туттарбатах эҥсилгэниээх, сиэр күрэҥ түүн ийэ бараан хотун» диэн эмиэ этэллэр. Сылгы көҕүлэ,   киһи   баттаҕар   холонорун   таһынан   («көҕүлүм   аһа   күрэҥсийэн»),   абстрактнай өйдөбүлү дьүһүннүүргэ туттуллар. Үөрүү, көр­нар бөҕө буолбут диир оннугар «көр бөҕөнү көҕүлүттэн туппуттар» дэнэр. 12. Сылгы тириитэ маннык образтарга, тэҥнээһиннэргэ киирэр: «тоҕустаах ат сылгы ньуурун тириитин субуйа таппыт курдук, локуора күөх от кырыстаах» хонуу; «аҕыстаах ат сылгы харчымын тириитин тэнитэ таппыт курдук алаан­дьалаан алаастар»; «тыстаах баттахтаах маҥан сылгы тириитин тиэрэ таппыт курдук, түөлбэ маҥан былыт»; Аал­Луук мас «үруҥ сылгы   тириитин   өрө   анньан   кэбиспит   курдук,   үс   хос   үскүөбүллээх   күндүл   көмүс хатырыктаах»;   «көҕөччөр   сылгы   көхсүн   тириитин   тиирэ   таппыт   курдук,   күрэҥ   бараан урсуннаах күһүн хотун»; олоҥхо бухатыыра «тиҥэһэ сылгы тириитин тиэрэ уурбут курдук ньэлээрбэ­хотоолбо тэлэкэччийэ тэбэн кэлэр тэриэккэлэрдээх». 13. Сылгы баһа (чөмчөкөтө) элбэх тэҥнэбиллэргэ киирэр. Аал Луук мас «үс үүт маҥан биэни баһын быһа сыспыт курдук... «үрүҥ илгэлээх», оттон «арыыта­сыата аҕыс байтаһын биэни баһын быһа сыспыт курдук өрө үллэҥнээн тахсар». Сылгы баһыгар тэҥнэнэллэр: хатат, күлүүс – «соноҕос ат хоолдьуктаах баһын саҕа алтаннаах болуо хатат», «атыыр сылгы баһын саҕа алтан дьаакыр күлүүс» . Олоҥхоҕо бухатыырдар, охсуһан, күүстэрэ быстан, «истэрин тү­гэҕиттэн аллаах ат баһын саҕа үрүҥ күүгэн өрө үллэн тахсар». 14. Сылгы     атаҕа,   туйаҕа,   уҥуохтара,   быара,   хаһата,   хартата   уо.д.а.   араас   уус­уран тэҥнэбиллэргэ киирсэллэр. Биир тылынан эттэххэ, сылгыттан образка туттуллубаты булар уустук.   Айыы   бухатыыра   «аллаах   ат   харытын   таҥнары   туппут   курдук   субуллаҕас муруннаах»,   айыы   дьахтара   «эскэл   тый   силиитин   сыыйа   тарпыт   курдук,   сырыылаах муруннаах»,   «улаан   сылгы   уу   хаһатын   ойо   баттаан   утары   уурбут   курдук   обугуркаан уостаах»     «кээчэрэлиир   сылгыкайым   кэлиниктиир   бэрбээкэйин   кэккэлэппит   курдук, кэрэбилэ дьоннор»; «ханчааһын тый быарын курдук хатан тэбиэр эстэриик»; айыы дьонун   сыа­сым   курдук   ойууланар   –   «харта сирэ­дойдута   барыта   баайдык­тоттук, халдьаайылардаах...,   чоҕочу толооннордоох»   диэн   буолар.   «Ат   саалын   курдук   уһун   кырдал»   дииллэр.   Олоҥхо бухатыырын хататын кыата «атыыр сылгы өтөҕөтүн саҕа».   үргүнньэх   үрүйэлэрдээх...,   сыа   сыһыылар­даах..., 15. Туох эмэ кээмэйин, өлгөмун атынан, ат миэстэтинэн образтаан этэллэр. «Курдаҥ хаҕыл сылгы хомурҕанынан бадахтаах хомурах хаар», «кытыт биэни кыыс бэрбээкэйинэн кыраһа хаар»; «дьоруо ат тобугунан охсуллар нуолур солко от»; «кытыт сылгы саҕа кымньыы балык», «аллаах ат бадараанныыр арыылаах кымыһа», «эмньик кулун өрүкүйэр көҕүлүн саҕа үрүҥ кыа», абааһы уола хараҥаҕа үчүгэйдик көрөр, оттон «сырдыкка, сылгы саҕаны сыыһа көрө сылдьар». Олус киэҥ балаҕаны «ат эккирэтэр балаҕан» диибит. 16. Биһиэхэ   эҕэрдэ,   алгыс,   дьол,   албан   аат,   айыы­буруй   уо.д.а.   абстрактнай   өйдөбүллэр үгүстүк  атынан   дьүһүннэнэллэр.  «Аан  дайдыбар,   бар­дьоммор  эдэр  сылгы   кэдэлдьийэр сиһэ   уйарынан   кэһиилээх   курдук   тиэргэҥҥиттэн   тэлэһийдим»;   «Эдьэн   Иэйэхсит эдьиийбит эскэл тый саҕа эҕэрдэ хаанынан эркиннии эрчийдин»; «суон дохсун сурахтара үөһэ чуураадыйар тоҕус биискэ, туора туоһахталаах хоҥор кугас сылгы курдук буолан, тырылаччы­дьырылаччы   кистээбит»;   «уҥа   өттүгүтүгэр   тоҕус   сааһын   туруору   туолбут тураҕас   дьүһүннээх   соноҕос   атыыр   курдук   дьол­соргу   улаатта»;   «орто   дойду   олоҕо тупсуо... бар атыыр дьэ кистиэ»; «ат таппатынан аньыы баҕадьы ааҥнаабыт». 17. Ат дьүһүнэ эмиэ образка туттуллар эбит. Холобур, «кэрэ дьаҕыл дайды» биитэр «орто курбуу­дьаҕыл   дайды»,   «эбир   дьаҕыл   былыт»,   «хара   дьаҕыл   хотой»   уо.д.а.   Ат   тэрилэ (ыҥыыр, үүн, тэһиин, бото, сөрүө уо.д.а.) образтаан, тэгилитэн этиигэ элбэхтик туттуллар. Баар­суох хаарыан көрдөһүүбүн ылын диир оннугар «үүннээх­ыҥыырдаах үтүө тылбын ылын»,   «ыҥыырдаах­кычымнаах   ытык   дуоһун   тылбын   ылын»   дииллэр.   «Тор   тэһиинин таттарда»  диэн кыаҕын ылларда диир кэриэтэ этии; «тэһиин тутан көрсүөхтэрэ» (31—123) диэн үчүгэйдик чиэстээн көрсүөхтэрэ диэн өйдөнөр. Айыы бухатыыра «эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин   курдук   эрилкэй   харахтаах»,   «Айыы   Умсуур   удаҕан,   үс   үөстээх   ат   өргөнүн курдук, хараҕын уота абааһы уолун икки чараас саннын хараҕынан дьөлө көрөр». 18. Туох   баар   тулалаан   турары   билии,   өйдөөһүн,   философскай   санаалар,   өс   хоһоонноро, таабырыннар, тыл араас дэгэттэрэ бэрт үгүстүк сылгынан доҕуһуоллаан этиллэллэр. «Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах»; «уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн   ат  уорҕатыгар»,   «ат  соноҕоһугар   ахсым,   киһи   эдэригэр   дохсун»;  «үтүө   ат  мөҕүүк буолар»; «көҕүлүн илбийэр, кэтэҕин кэрдэр» (бэрт буола сылдьан, куһаҕаны оҥорор); «аан дойду атыыра кистиир» – этиҥ этиитэ; «маҥан биэ барбыт, сиэр биэ сиэлбит, кэрэ биэ кэлбит» – хаар хараарыыта, саас кэлэн ааһыыта, сайын кэлиитэ; «ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт, оҕото   ойон   хаалбыт»   –   саа   эстэрэ;   «икки   маҥан   атыыр   өлөрсөн   эрэллэрин   кугас   биэ быыһыыр»— үөһээ, аллараа тиистэр уонна тыл. 19. Ынах сүөһү ырыа­тойук тылын киэргэтиигэ эмиэ элбэхтик туттуллар. Ол гынан баран, сылгы   наар   үчүгэй   эрэ   өттүгэр   туттуллар   буоллаҕына,   ынах   сүөһү   арыт   куһаҕаны дьүһүннээһиҥҥэ  эмиэ  киирэр  түбэлтэлээх.  Холобур,  кыһын  алдьархайын   күөх эбириэн оҕуһунан   дьүһүннээһини   уонна   аллараа   дойдуга   олохтоох   адьарай   аймахтара   оҕус көлөлөөхтөрүн ахтыахха сөп. «Ынах кэйбит ынаҕын ынах кэйэр», «сыптараҥ ынах курдук булуйда» диэн этиилэр бааллар.  20. Сорох   хоһуйууларга   ынах   сүөһү   сылгыны   кытта   сэргэстэһэ   туттуллар   түбэлтэлэрдээх. Олортон   аҕыйах   холобурда   ылыаҕыҥ.   Атыыр   оҕустар   (атыыр   сылгылар)   курдуктар хайалар:   «аҕыс   хара   маҥаас   атыыр   оҕус   харсан   лачыгыраһа   туралларын   курдук,   аҕыс тараах суорба таас хайалардаах». Атыыр оҕус (атыыр сылгы) курдук оһох: «атыыр оҕуһу өрө туппут курдук, ньирилэ хаан оһох». Орон сыҥаһата биэ буоллаҕына, холумтан – кунан оҕус: «Кунан оҕуһу сүүскэ биэрэн сүгүрэйдии түһэрбит курдук, түөрт кырыылаах модун хаан холумтан». Кытай Бахсылааны уус кыһата биэҕэ тэҥнэнэр диэбиппит, оттон кини кыстыга – атыыр оҕус: «алталаах атыыр оҕуһу... сүгүрүтэн кээспит  курдук... кыстыктаах». Киһи кэрэтэ, быһыыта­тутуута,   үчүгэйэ   ынах   сүөһүнэн   холобурдаммат   буолан   баран,   бухатыыр модорооно,   куустээҕэ­уохтааҕа   атыыр   оҕуһунан   дьүһүннэнээччи.   Атыыр   оҕустар   – бухатыырдар: «икки атыыр оҕуһу туруору туппут курдук дьон утарыта хайыһа түстүлэр», «икки сүүлүн саҕанааҕы атыыр оҕус курдук лачыгыраһа түстүлэр».   11.Олонхоттон холобурдар:  ­Бухатыыр ыппыт оноҕоһо атыыр оҕус буолан айаатыыр: «ыппыт оноҕоһо буоллаҕына өлүү күөх эбириэн атыыр оҕуһа буолан, өндөл маҥан халлаан үрүт көбүөтүн диэки... лүҥкүнээн түһэн бара турда». ­Атыыр оҕус – бардамсыйыы: «аан дойдуга адьырҕалара, аҥардас мин диэн атыыр оҕустуу айаатаабыт». ­Оҕус – иэдээн, алдьархай: «оонньообутуҥ оҕус буолуо». ­Охсуһуулаах, хадаар дьоннор «харсыылаах оҕустар курдуктар». ­Атыыр оҕус – улуу дьылҕа: «уол оҕо барахсан курдук... мөҕүрүүр бөҕөттөн төлкөлөөх орто дойдуга ким даҕаны айыллыбатаҕа». ­Атыыр оҕус – улуу ойуун. Кыһыл Ойуун этэр: «алдьархайдаах аан дойду, алгыстаах атыыр оҕуһа аам­дьаам дьааһыйдым...». Интэриэһинэйэ диэн баар – айыы бухатыырын «албан дьаалы аата аллараа бөҕөҕө атыыр оҕус курдук чоҥкуначчы айаатыыр» буоллаҕына, кини «суо­чуо сураҕа соноҕос ат буолан үөһээ бөҕөҕе дьырылаччы кистиир», а.э. аат­сурах аллараа адьарай аймаҕар атыыр оҕус буолан тарҕанар, үөһээ үрдүк айыыларга атыыр сылгы буолан тиийэр. Ити тэҥэ Үрүҥ Аар Тойоҥҥо «сиэр сылгы сиэлин, кутуругун силэйэ туппут курдук, сиэҕи дьаҕыл аартык» устун өрө көтөн тахсар буоллахтарына, аллараа дойдуга «атыыр оҕус хабарҕатын быһа баттаабыт курдук, тимир дьолуо аартык таҥнары дьулуруйан түспүтүн устун бараллар». Ол   эрээри   ынах   сүөһү,   сылгы   курдук   туох   эмэ   кээмэйэ   өлгөмүн,   бөдөҥүн дьүһүннүүргэ эмиэ туттуллар ­«Үстээх өҥүрүмэр оҕуһу үрүт өттүнэн өрүкүйэн көстөр өлбөөдүйбэт үкэр от»,  ­«бороон торбос баһын саҕа муус тобурах»,  ­«борооску томуйах саҕа чокуур». ­Оҕуһунан, ынаҕынан өрөгөй, дьол­соргу улаатыыта, албан аат эмиэ кээмэйдэнэр: «үрүҥ оҕус саҕа өрөгөйүҥ улааттын».  ­«Сытар ынаҕы туруорбат» диэн аһара сымнаҕас киһини этэллэр. ­Сылгыга сиэлэ, кутуруга, көҕүлэ буоллаҕына, ынахха муоһа дьүһүннээһиҥҥэ хото киирэр. Ат бараа хараҕын кэриэтэ, бараа муос – доҕордуулар: «бургунас ынах муоһун курдук, дьүерэлэһэн үөскээбит үөлээннээхэй дьүөгэлэрим».  ­Хаар өлгөмө, тымныы улахана ынах муоһунан кээмэйдэнэр: «бургунас ынах муоһунан холобурдаах буордаах хаар түһэн муналытта», «бургунас ынах муоһа булгу тоҥон хаалар... муус тоҥот». ­Буруо – муос: «бургунас муоһун курдук бур­бур буруо». ­Кыыһыран силбиэтэнии – муос: «иһигэр былас муостаах киирбит».  ­Оттон  «муос муоска» диэн тэҥ­тэҥэ буоллубут, тэҥнэстибит диир кэриэтэ.  ­Арыт оҕус кутуруга эмиэ тэҥнээһин буолар.  ­Олоҥхо бухатыыра айаннаабыт айанын күүһүгэр «чуор мас оҕус кутуругун курдук, өрө сыыйыллар». ­Оҕус ииктээн барбыт суола – ойуу: «сууйуллаҕас ыстаал иннэтин сулбу тардан ылла.., оҕус ииктэтэн ойуулаан киирдэ». ­Оҕус сэтэлгэтэ – бөҕө оҥоруу: «ыраас буорум үрдүгэр силлибэт сэтэлгэ тэрилиннин...». ­Оҕус, ынах өссө маннык тэҥнээһиннэргэ туттуллар: айыы бухатыыра «алталаах атыыр оҕус баһын саҕа бай­бара маҥан сутуруктаах», «дуолан оҕус саҕа чомпо сүлүгэстээх..., сытар ынах ханнын саҕа хара таас мээчиктээх».  ­Олоҥхо дойдута «тиҥэһэ ынах саҕа дэриэспэ таас тибиилээх, кунан оҕус саҕа лочугурас таас бурҕааттаах». 12.Ейтен суруйуу темалара: 1. Ньургуьун барахсан 2. Саха сылгытын туьата 3. Куьунну киьи кулбутунэн 4. Мин о5уруотум амтаннаах астара 13.Сомо5о домохтору быьаарыы: 1. Ала кулуну тереппут – дэлби тонмут 2. Ат тарпат аньыыта, о5ус тарпат буруйа – олус улахан ыар аньыы, буруй 3. Аттаахтан кымньыытын, сатыыттан тайа5ын ылар – ымсыырар 4. Билэр куелум балыга – учугэйдик билэбин 5. Биир ат уор5атыгар, биир кун ат ере5етугэр – учугэй­куьа5ан буолуу дебен 6. Быс да сыа, бас да арыы – учугэй, тот олох 7. Иьигэр былас муостаах киирбит – кыыьырбыт 8. Киьи кэпсэппэт, ынах кэйбэт – буорайбыт 9. Киьи буол, кии буол – наадыйбат 10.Кус быьый, ат бе5е – куустээх­уохтаах 11.Кунуску ынах – ынах ыанар кэмэ 12.Куруе намыьахтыы – сэнээн 13.Куруетэ суох окко киирбит – туьаммыт 14.Куех оту тосту уктээбэт – керсуе 15.Куеххэ уктэннэ – сайынна тиийдэ 16.Кылаана да кынтарыйбатах – хотторботох 17.Кыыла турбут – ерукуйбут 18.Кыыл барда – мээнэ 19.Кыычыкын о5уьун баьа – ер буьар ас 20.Маннайгы хотуур – окко киирии 21.Муоска бэрдэрдэ ­ ча5ыйда  22.О5ус гынан келун, ат гынан миин – сорун сордоо 23.Окко­маска умньаммат акаары – олус акаары 24.Окко туспут оноьуу – инники туох буолуохтаа5а 25.Отун­маьын бэлиэтээтэ – куьун буолуута билиннэ 26.Оонньообута о5ус буолла – кэьэйдэ 27.Суеьуну тарпыт – эьэ сиэбитин этии 28.Сыа­саламаат курдук тут – харыстаа 29.Сыптарыннаах ынах курдук сутуйда – куьа5анна умньанна 30.Сытар ына5ы туруорбат – сымна5ас киьи 31.Тарбаабыт ынах курдук – кыьаммат 32.Тары сиэбит ыкка диэри – дэлби тонмут 33.Тымныы муоьа тостор – улахан тымныы бутэр 34.Тэьиин тутар – ыалдьыты маанылаан керсуу 35.Урун­хара суурук – ынах­сылгы суеьу 36.Ууннээх­тэьииннээх утуе тыл – ейдеех этии 37.Уутун тохпут о5о курдук – хомойбут, санаар5аабыт 38.Уунэ­тэьиинэ суох барда – кенул­босхо барыы 39.Харах далыгар – керер кыах иьинэн 40.Хотуур ортото – от охсор кэм ортото 41.Ыт урбэт, ынах маныраабат – иччитэхсийбит сир Бу сомо5о домохторунан сорудахтар араастара:  Этиилэртэн сомо5о домохтору булан, суолталарын быьаар  Сомо5о домо5у аннынан тарт  Кеппут сомо5о домо5у туруортаа  Ситэрэн суруй  Айымньыттан сомо5о домохтоох этиилэри булуу  Биирдини суолталаахтары бул, аннынан тарт  Уо.д.а. Туьаныллыбыт литература: 1. Саха бэргэн тыла­еье. Бичик, 2013 2. Сомо5о домохтор. Бичик, 2010 3. Саха таабырыннара, ес хоьоонноро, чабыр5ахтара. Бичик, 2006 4. Саха тылын кылгас быьаарыылаах тылдьыта. Бичик, 2008 5. Кондакова У.Ф. Саха тылыгар дидактическай матырыйаал.  Дьок., 1993 с. 6. Кондакова У.Ф. Саха тылыгар дидактическай матырыйаал.  Дьок., 1991 с. 7. Аман ес. Дьок., 1994 с. 8. Неустроев Н.Н. Ядрихинская А.Г. Ситимнээх  сананы сайыннарыы. Якутскай, 1990 с. 9. Филиппова Н.И. Тереебут литератураны кылаас таьынан аа5ыы методиката. Якутск, 1991 10. Саввинов Н.Е. Саха тылыгар дидактическай матырыйааллар. Дьок., 1990 с. 11. Петров Н.Е., Иванов С.А., Неустроев Н.Н., Семенова С.С. Саха тыла. 5 кылаас. Дьок. , с. 2000 с. 12. Саха таабырыннара. Якутск, 1975 с. 13. Саха фольклора. Хомуурунньук. Якутск. 1970 с. 14. Борисова Н.М., Кондратьев А.А. Саха саната. Дьок., 1998с. 15. Хардарысов С.Г.Сурук бэлиэтигэр эрчиллиилэр. 5­8 кылаастар.Дьок., 1990с. 16. Неустроев Н.Н.Саха тылын синтаксиьын уерэтии методиката. Дьок., 1990с. 17. Неустроев   Н.Н.,   Поликарпова   Е.М.,   Яковлева   Т.И.   6   кылааска   Саха   тылын, литературатын уерэтии.Дьок., 1993с. 18. Скрябин   В.В.   Саха   тылыгар   уонна   литературатыгар   тирэх   бэлиэлэри   туьаныы.   Дьок., 19. Винокуров И.П. Саха тылын синтаксиьа. (Эрчиллиилэр) Дьок., 1992с. 20. Черосов   М.А.,   Филиппов   Г.Г.,   Тимофеев   С.И.   Саха   тылын   7­8   кылаастарга   уерэтии. 1993с. Дьок., 1979с. 21. Сабарайкина Р.М., Гуляева А.Е. Саха тылыгар дидактическай матырыйаал. Дьок., 1989с. 22. Сивцева Е.В., Болдовская Ф.П. Ситимнээх сана. Дьок., 1995с. 23. Семенова С.С., Парфенова Н.П. Аахпыттан суруйуу текстэрэ. 5­11 кылаас.Дьок., 1999с. 24. Филиппов Г.Г., Винокуров И.П. Саха тыла. Синтаксис. Дьок., 1995с. 25. Неустроев Н.Н. Саха тылын методикатыгар очеркалар. Дьок., 1982с. 26. Филиппов Г.Г. Саха тылын уерэтии методиката. Дьок., 1987с. 27. Кычкина Е.Н. Тереебут литература5ын теье билэ5ин? Дьок., 2001с. 28. Стручкова И.И. Саха бэргэн тыла­еье. Дьок., 1997с. 29. Петрова Т.И., Винокурова М.С., Филиппова М.Е. Сахалыы сана.11кылаас. Дьок., 1994с. 30. Винокуров И.П., Винокурова Н.И. Синтаксис. Дьок.,2002с 31.Винокуров И.П., Винокурова Н.И. Тылы ырытыы онкула. Дьок.,2004с

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и литературы

Программа агрокомпонентов на уроках родного языка и  литературы
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
31.01.2017