Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон –норуодунай суруйааччы, РСФСР, САССР искусствотын үтүѳлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара, СР Бочуоттаах олохтооҕо, Социалистическай Үлэ Геройа
Оҥордо Барашкова Н.К.
Айар үлэҕэ ылларыы
Бастакы айымньытын 15-16 саастааҕар нуучча тылынан (оччолорго оскуолаҕа нууччалыы үѳрэнэллэрэ) хоһоон суруйбута.
«Кумааҕыбын хас эмэ тѳгүл бүк тутан, суулаан-суулаан баран, эргэ балаҕан ѳһүѳтүн быыһыгар кыбытан кэбиһэр буоларым. О, ону күндүтүк да саныырым»
1923с Дьокуускайга киирэн 7 кылааска үѳрэнэр. Ол кэмҥэ Дьокуускайга кѳтѳр аал – дьарапылаан аан маҥнай кэлиитин айхаллыы дьон, ыччат хоһоон суруйбуттара. Суорун Омоллоон эмиэ «Кѳтѳр аал» диэн сахалыы тылынан бастакы хоһоонун суруйар, ол оскуола иһинээҕи илиинэн суруллар сурунаалга тахсыбыта.
Литератураҕа киирии
Суорун Омоллоон саха литературатыгар 1926 с. «Чолбон» сурунаал №2 бэчээттэммит «Өлүѳнэ ѳрүс» диэн кэпсээнинэн киирбитэ. Кыра алааска тѳрѳѳбүт, улааппыт 17-лээх уол аан бастаан Дьокуускайга киирэн иһэн Өлүѳнэ ѳрүһү хайдах сѳҕѳ-махтайа кѳрбүтүн суруйар. Бу кэпсээнин Т.Уо. диэн илии баттаабыта – Тыа Уола
1927с. «Охоноон», «Аанчык», «Сордоох суха» кэпсээннэрэ бэчээттэнэллэр.
Бу иһин «Чолбон» сурунаал редакторын Алампа Софроновы «айар суолга алҕаабыт аҕам» диэн ааттыыра, сурунаалы - «бастакы үѳрүүнү биэрбит күндү сурунаал» диирэ.
Псевдонимын суолтата(И.К.Попов «Саха суруйааччыларын псевдонима» кинигэтиттэн)
Суорун – дьоһун, киппэ, кытаанах, уолуйбат (Г.Ф.Сивцев. Сахалыы кылгас тылдьыт.Дь.1979)
Суорун – кыратык да халбаҥнаабат, бигэ дьулуурдаах, ыар-дьиппэ майгылаах киһи. (М.А.Черосов, Н.Н.Неустроев. Саха тылын грамматиката. Дь.1986)
Омоллоон – родоначальник Ботурусского улуса (Э.К.Пекарскай тылдьыта)
Суорун Омоллоон – Боотуруускай улуустан тѳрүттээх, дьоһуннаах, кыратык да халбаҥнаабат, бигэ дьулуурдаах
Кэпсээннэрэ: «Чѳѳчѳ», «Чүѳчээски», «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык», «Ачаа», «Бэйэтэ эмтиэкэ», «Аанчык», «Оксана» о.д.а.
Драмалара: «Айаал», «Сайсары», «Күкүр Уус», «Күн күѳрэйиэн иннинэ», «Күѳх Кѳппѳ» о.д.а.
Айар үлэтэ
Айар дьиэтэ
Саха театрыгар үлэтэ
1926с. Педтехникумҥа үѳрэнэ сылдьан, саха труппатыгар суфлерунан, кэлин артыыһынан ылыллыбыта. Отутус сылларга артыыс, режиссер быһыытынан үлэлиир.
«Омоҕой баай уонна Эллэй бѳҕѳ» спектакль. Суорун Омоллоон - Омоҕой
Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдарыгар олук үктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйар.
Либретто – операҕа сөптөөх гына хоһоонунан суруллубут айымньы.
Опера, балет сайдыытыгар үлэтэ
Композитор Г.Литинскэй
Композитор М.Жирков
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.