Доклад "Олонхо"
Оценка 4.6

Доклад "Олонхо"

Оценка 4.6
Исследовательские работы
docx
воспитательная работа +1
Взрослым
24.04.2018
Доклад "Олонхо"
Биһиги сахабыт олоҥхото ураты үрдүк таһымнаах. Ол курдук П.А. Ойуунускай суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун аан бастаан нууччалыы тылбаастаабыт, аан дойду норуоттарын эпостарын тылбаастааһыҥҥа бүтүн олоҕун анаабыт В. Державин: «Бу сахалар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» улуу олоҥхолорун тылбаастааһыммар аатырар «Иллиаданы», «Одиссеяны», киргизтэр «Манастарын» тылбаастааһыным баара-суоҕа онно бэлэмнэнии эрэ курдук этэ», - диэн билинэн суруйбута элбэҕи этэр. Саха олоҥхото киэҥ-куоҥ киэлилээх, уус-уран тыл саамай эгэлгэтинэн, сүмэтинэн, илбиһинэн, хоһуллар сүдү, дириҥ философскай, мифологическай ис хоһоонноох. П.А. Ойуунускай олоҥхо туһунан бу курдук суруйбута: «Үүрүүттэн үүрүүгэ, өлөр-өлбөт икки ардыгар сылдьыбыт кыра саха норуотун улуу талааннаахтара, күүстээх тыллаахтара, айар илбистээхтэрэ, норуот олоҥхоһуттара хараҥа ыар олоххо сырдык ыйдаҥаны уматан норуоттарын өрөкүппүттэрэ, самныбыт санааларын саталаабыттара. Саха элбэх үйэлээх, элбэх омук санааларын, олохторун олонхолорун түммүт бэрт баай, бэрт күүстээх олоҥхо... Ырыаҕа, олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа диэн — тылын күүһэ, дьүһүнүн күүһэ, этиитин күүһэ. Остуоруйаһыт, үөрэхтээх ырыаттан, олоҥхоттон сиэттэрэн урукку ааспыт олохторун үөрэтэллэр. Хайа да омук сайдарыгар, үрдээн үүнэн тахсарыгар, ханнык даҕаны кирилиэһин маҥнайгы үктэлэ буолара — норуот ырыата, норуот олоҥхото...»
Н.Маша 8а.docx
Үөһээ Бүлүүтээ5и М.Т.Егоров аатынан 2№­х орто оскуола «Олонхо » научнай –практическай конференция Василий Каратаев “Оҕо Тулаайах” олоҥхотугар  бухатыыр атын суолтатын ырытыы                                                                                                Толордо: Григорьева Иванесса  9а кылаас үөрэнээччитэ Салайда: Лазарева Ч.А.,  саха тылын учуутала Верхневилюйск ­ 2016.                                                                ИҺИНЭЭҔИТЭ: Аан тыл ………………………………………………..………………………………………3 КИИРИИТЭ …………………………………………………………………………………...4 Сахаҕа сылгы суолтата………………………………........................................................5 1 Олоҥхо бухатыырын ата.................................................................................................6 “Оҕо Тулаайах” олоҥхоҕо ат уобараһа …………………………………………… ……......7 ТҮМҮК ………………………………………………………………………………………....9 Туһаныллыбыт литература …………………………………………………  …………….....10 ААН ТЫЛ Биһиги   сахабыт   олоҥхото   ураты   үрдүк   таһымнаах.   Ол   курдук   П.А.   Ойуунускай суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун аан бастаан нууччалыы тылбаастаабыт, аан дойду норуоттарын эпостарын тылбаастааһыҥҥа бүтүн олоҕун анаабыт В. Державин: «Бу сахалар   «Дьулуруйар   Ньургун   Боотур»   улуу   олоҥхолорун   тылбаастааһыммар   аатырар 2 «Иллиаданы»,   «Одиссеяны»,   киргизтэр   «Манастарын»   тылбаастааһыным   баара­суоҕа   онно бэлэмнэнии эрэ курдук этэ», ­ диэн билинэн суруйбута элбэҕи этэр. Саха олоҥхото киэҥ­ куоҥ киэлилээх, уус­уран тыл саамай эгэлгэтинэн, сүмэтинэн, илбиһинэн, хоһуллар сүдү, дириҥ философскай, мифологическай ис хоһоонноох. П.А. Ойуунускай олоҥхо туһунан бу курдук   суруйбута:   «Үүрүүттэн   үүрүүгэ,   өлөр­өлбөт   икки   ардыгар   сылдьыбыт   кыра   саха норуотун   улуу   талааннаахтара,   күүстээх   тыллаахтара,   айар   илбистээхтэрэ,   норуот олоҥхоһуттара хараҥа ыар олоххо сырдык ыйдаҥаны уматан норуоттарын өрөкүппүттэрэ, самныбыт   санааларын   саталаабыттара.   Саха   элбэх   үйэлээх,   элбэх   омук   санааларын, олохторун олонхолорун түммүт бэрт баай, бэрт күүстээх олоҥхо... Ырыаҕа, олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа диэн — тылын күүһэ, дьүһүнүн күүһэ, этиитин күүһэ. Остуоруйаһыт, үөрэхтээх ырыаттан,   олоҥхоттон   сиэттэрэн   урукку   ааспыт   олохторун   үөрэтэллэр.   Хайа   да   омук сайдарыгар, үрдээн үүнэн тахсарыгар, ханнык даҕаны кирилиэһин маҥнайгы үктэлэ буолара — норуот ырыата, норуот олоҥхото...»  Олоҥхо   саха   норуотун   уус­уран   айымньытын   саамай   үрдүк   чыпчаала,   арахсыспат акылаата, саха духуобунай культуратын искусствотын тутааҕа, көҥүлгэ дьулуһуута буолар. Маннык   дириҥ   философскай,   мифологическай,   киэҥ   далааһыннаах   уус­уран   тыллаах, поэтическай   уобарастарынан   олус   баай   айымньы.   Кини   саха   норуотун   сүрүн   духуобунай баайа­дуола.   Олоҥхо   биһиги,   сахалар,   бары   киэн   туттуубут,   үрдүккэ   угуйар   уҕараабат, умуллубат сулуспут.  Мин   олоҥхо   биир   сүрүн   геройун,     бухатыыр   көтөр   кынатын,   сүүрэр   атаҕын,   үтүө сүбэһитин, көмүскүүр аанньалын – ат барахсаны – ырытарга холоннум. КИИРИИТЭ 3 Чинчийии тоҕоостооҕо. Сылгы сахаларга таҥара кэриэтэ буолар. Сылгы барахсан туһатын, наадалааҕын   киһи   ааҕан   сиппэт.   Олоҥхо   ата   бухатыыры   кытта   тэҥҥэ   турар   биир   тутаах уобарас буолар. Дэлэҕэ бухатыыр атын аатын кытта тэҥҥэ ааттаныа дуо.  Үлэ сыала. Олоҥхо атын  ырытыы Үлэ соруга. Сыалбын ситиһэрбэр маннык соруктары туруоруннум: ­ Саха сылгытын туһунан матырыйаал булуу, ааҕыы, үөрэтии; ­ Василий Каратаев “Оҕо Тулаайах” олоҥхотун ааҕыы, бэлиэтэнии; ­ Түмүк санааҕа кэлии. Чинчийии барыма (объега). Василий Каратаев “Оҕо Тулаайах” олоҥхото Чинчийии предметэ. Василий Каратаев “Оҕо Тулаайах”олоҥхотун ата Чинчийии ньымата. Ырытыы Чинчийии көдьүүһэ. Бу үлэм тус интэриэстээх дьоҥҥо, оскуолаҕа олоҥхону, сылгы туһунан үөрэтиигэ көмө  матырыйаал быһыытынан туһаныахха сөп. 4 Сахаҕа  сылгы  суолтата Саха   олоҕор   сылгы   түҥ  былыр   төһөлөөх   суолталаммыта   итэҕэлгэ,   араас   сиэргэ­ туомҥа,   үгэстэргэ,   о.д.а.   элбэхтик   көстөр.   Айыыны     иччини   аһатыы,   сиэртибилээһиннэр сылгы   сүөһүнэн     толуллаллар.Сир­дойду   иччитигэр   бэлэх   биэрии,   аал   уот   иннигэр алҕааһыннар   сылгы   сиэлинэн   оонньуулар.   Ыһыах,   сыбаайба   иһиттэрин,түһүлгэни,чэчири сылгы   сиэлинэн   киэргэтэллэр.Сылгы   иһитэ,   чороон,   остуол   атахтарын   ат   туйаҕыныы быһыылаан,сэргэни   ат   бастаан   оҥороллор.   Дьиэ   тутталларыгар   сүрүн   баҕаналарын   сылгы хаанынан,   кымыһынан   оҕунуохтууллара,   өһүө   уонна   баҕана   икки   ардыгар   сиэли кыбыталлара.Ойуун кыырарыгар уот иннигэр маҥан сылгы тириитин тэлгэтэллэрэ . Саха сылгыта ураты үтүө хаачыстыбалардаах боруода буолара өрдөө5үттэн биллэр. Өссө   биһиги   соҕурууҥҥу   өбүгэлэрбит   курыканнар   сэрииһит   аттарынан   аатыраллара. Курыканнар аттарын кытайдар биһирииллэрэ. Тайзцун император бу аттарга сыалай поэманы анаан турардааҕын кытай историографията бигэргэтэр: “курыканнар үчүгэй аты иитэллэр. Аттарын төбөтө бөрбөлүүккэ майгылыыр. Былчыҥнара уонна уҥуохтара кытаанахтар уонна бөдөҥнөр. Атын аттардааҕар уҥуохтарынан намыһахтар. Күн устата сүүһүнэн көстөөх сири сүүрэллэр”   (бэйэ   тылбааһа).   Саха   омуга   сылгыны   былыр­былыргыттан   ытыгылыырын туоһулаан, государственнай гербэтигэр Шишкиннээҕи таас хайаҕа ойууламмыт аттаах киһини киллэрбит эбит.       Сылгыга сыһыаннаан оттор, сибэккилэр, туттар тэриллэр, көтөрдөр ааттаналлар ­"кулун кутуруга",   "кулун   туйа5а",   "биэ   эмиийэ",   "чороон   от","ат   дул5а",   "сылгы   чыычаа5а",   "ат тимир",   "ат   тараах",   о.д.а.   Былыргы   үҥкүүлэр,   оонньуулар   эмиэ   сылгыга   сыһыаннаахтар ­"кулун куллуруһуу", "анньа­бөрдө", "чохчоохой", "дьиэрэҥкэй", "ат буола оонньуу", "мас аттаах   оонньуу"   о.д.а.   Күннээ5и   саҥарар   тылбытыгар   сылгы   дьиибэтик   өтөн   киирбит. Көлөнөн эбэтэр сатыы ханна эрэ бардахха (айаннаатахха) ­ "аттанна" диибит, икки илиинэн тайана түһүү­"ат буолуу", кими эмэ көрдөө, эккирэтэн бул­"сылгылаа", туохтан да тутулуга суох   буолуу­"кулун   босхо   сылдьыы",   кими   эрэ   үөрэт,   сыһыт­"айааһаа";   улахан мунньах­"атыыр мунньах"; хатыы тимир­"атыыр тимир"; сүдү ойуун­"атыыр ойуун"; улахан алдьархай­"атыыр    алдьархай"...  Ити  тэҥэ норуот ырыатыгар­тойугар,  олоҥхотугар сылгы уус­уран   киэргэтии,   уобарастааһын   быһыытынан   олус   киэҥник   туттулларын   киһи   аа5ан сиппэт. Киһи чулуутун, күүһүн­уо5ун, кэрэтин акка холууллар ­ "ат бө5ө", "ат курдук ааттаах киһи","киһи  ата киһи"... Дьахталлар ­ биэлэр, о5олор­кулунчуктар ­ "хаар  биэтин  курдук ханайбыт,   сылгы   биэтин   курдук   сыспайбыт   хотун   дьахтар",   "куллустуур   кулун   уолаттар, дьыллыстыыр кытыт кыргыттар", "уол о5о ат кулун"... 5 Олоҥхо бухатыырын ата.                      Олоҥхоҕо “Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы Дьөһөгөй аймахтара”, “Күн Дьөһөгөй улуустара” (П.А.Ойуунускай олоҥхотугар)диэн тоҕо этиллэрэ буолуой? “Сылгы уола Дыырай бухатыыр” диэн олоҥхо баара биллэр. Саха бухатыыра тоҕо сылгы   уола буолан хаалла? Биитэр   кэлиҥҥи   соҕус   үөскээбит   үһүйээннэртэн   ахтыаҕыҥ.   Кээрэкээн   ойуунтан   соҕотох Дьохсоҕон диэн уол төрөөбүтүттэн иккис уола төбөтүттэн кутуругун төрдүгэр диэри сылгы курдук сиэллээх буолбут, ол иһин бу уолу Сиэллээх диэн ааттаабыттар. Итинтэн Дьохсоҕон, Сиэллээх диэн нэһилиэктэр үөскээбиттэр диэн буолар. Оттон Чакыр нэһилиэгин төрүттэрэ Ат Күһэҥэй,Тый Күһэҥэй диэннэр эбиттэрэ үһү. Былыргы сахалар бэйэлэрин сылгыны кытта биир төрүттээх, уруулуу гына сананаллара ити аҕыйах чахчылартан да көстөр. Олоҥхо  бухатыыра,  айыылар  эрэ   аты көлө  оностоллор,  аллараа  адьарай  аймахтара хаһан да ат көлөммөттөр. Олоҥхоҕо ат киһи эрэллээх до5оро, көмүскэлэ, сүбэһитэ, киһи курдук саҥарар тыллаах, өйдөөх дууһалаах ырааһа.   Олоҥхоҕо, көннөрү олоххо даҕаны ат ааттаах­суоллаах, кэпсээҥҥэ сылдьар дьикти сырыылардаах.       Улуу бухатыыр ата даҕаны бэйэтигэр   сөрү­   сөп   түбэһэр,   чулууттан     чулуу   буолар:   күтүр   күүстээх­   уохтаах,өркөн өйдөөх,эҥин   дьикти   уратылаах,бэртээхэй   бэриниилээх.   Оччоҕо   эрэ   иччитин   дьиҥ­чахчы улуутутар кыахтаах.           П.Ойуунускай бухатыыр ата маннык хоһуйуллар диэн холобурдаабыт:  «үс  былас өрөкүйэ көтөр үөрбэ а5аан кө5үллээх;  сэттэ былас эриллэ­бурулла оонньообут эһэгэй­дугуй, хара, тиһиилээх сиэллээх;  то5ус булас уйул5аннаах холорук, уот оночо уһун кутуруктаах;  то5ус булас тор5о тэһииннээх, күн күлүгэ көнтөстөөх, холун тиийбэт хоннуолаах; көнтөс быстыа5ынан күлүмэх күүстээх;  тэһиин быстыа5ынан чиччигинэс иниирдээх;  халлаан хадьаната ыҥыырдаах, кустук курдук курбуу­дьирбии холуннаах;  ырыалаах­тойуктаах иппэ­дьиппэ инэһэлээх;  оһо былыт чаппараахтаах, кыһыл былыт кычымнаах;   түөрт хаардаах бугулу түөрүтэ анньан кээспит курдук, түөрт түөрэм таас туйахтаах, ааттаах ат».  Ат да ат!   Дьулусхан субуйа суурук итинтэн атын буолуон хайдах да сатаммат. Ба5ар, отутунан да буолбатар, уонунан ордуон сөп. 6 Ат өҥө­ дьүһүнэ ,быһыыта –таһаата халбаҥнаабат бэлиэ быһыытынан куруук этиллэр: «Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көтөр үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан», «Халарык дьаҕыл аттаах Уохтаах оҕо Орой дохсун», о.д.а. Үгүс олоҥхоҕо  аттар  аптаах буолаллар: ­ Кыһалҕа тирээтэҕинэ иччилэригэр киһилии саҥаран сүбэ­ама биэрэллэр. Сорох түгэҥҥэ иччилэринээҕэр мындыр буолаллар; ­ Бухатыырдар абааһы аймаҕыттан кэргэттэрин, балтыларын­аҕастарын быыһаан баран таас гына кубулутан баран аттарын кулгааҕар уган кистииллэр, дойдуларыгар тиэрдэллэригэр сорудахтыыллар.   Сороҕор   кулгаахтарыттан   хотой   оҕотун   таһаартараллар.   Бу   хотой оҕотун сахсыйан биэрдэхтэринэ улахан хайа эмискэ үүнэн тахсар.  Бу хайа хаспаҕар өлбөт мэҥэ уута баар буолар эбит.  ­ Бухатыыр ата көннөрү сиринэн эрэ сүүрбэт эбит, кыната да суох буоллар Пегас курдук халлаанынан көтөр кыахтаах.  Олоҥхо   ­   олоҥхо   аайы   аттар   араастык   хоһуйуллаллар.   Сорох   бухатыырдар   аттарын   аата уһуна суох, 1­3 эрэ строкаттан турар буолар. Оттон саамай улахан олоҥхобут “Дьулуруйар Ньургун Боотур” саамай күүстээх бухатыыра Ньургун Боотур атын аата 4 строкаттан турар:  Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан Дьураатыгар тура төрүөбүт Дьулусхан субуйа сүүрүк Дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур. Ньургун Боотур ата ийэтиттэн төрүүрүгэр сиргэ тура түспүтэ элбэҕи этэр. Кырдьык,   бигэ тирэхтээх, күүстээх ат дэҥҥэ бу курдук тура төрүүллэр эбит. 7 Василий Каратаев “Оҕо Тулаайах” олоҥхотун ата Тоҕо чопчу бу олоҥхону таллыбыт диир буоллахха, манна ат уобараһа бухатыырга көмөлөһөр  сүрүн күүс буолар.  “О5о Тулаайах” олоҥхоҕо аата да этэрин курдук хантан кэлбитэ, кимтэн айыллыбыта биллибэт   бухатыырга   холоонноох   уол   оҕото   баар   буолан   хаалар.   Уон   биэс   сааһын туолуутугар   кыталык   кыырайа   көтөн   кэлэн   Үөһээҥҥи   айыылар   алгыстарын   уонна   ат бэлэхтэрин   тиэрдэр.   Бу   ат   хара   солко   былаат   буолан   сылдьарын   “ньылбы   ойутан   ылан, хоруутуу­хоруутуу үстэ далбаатыырын кытта  Улгумдьу кугас” ат буола түһэр. Үөһээҥҥи Айыылар бу тулаайах оҕону көрдүн­иһиттин, сүбэһит­амаһыт буоллун диэн анаан ыыппыт сылгылара эбит.  Ат барахсан ананан кэлбит иччитигэр бу курдук этэр­тыынар: “Анньаһа­һаа! Тоҕус уонун   туолуталаан   тоҥхолдьуччу   кырдьыахпар   дылы,   тойонуга   арҕаһыгым   доҕоруга, тускулардаах   бэйэлэргэр   дорообуйа   буоллун!   Сэттэ   уоммун   туолуталаан   сэргэ   баҕас үрдүтүгэр   охтоохтуохпар   дылы   баҕас   сэргэлэрим   иччилэрэ   буолаахтыаҕым!”   Бу   курдук бухатыырга үйэ­саас тухары сулууспалыыр аналлааҕын киһилии кэпсиир, кырдьыар диэри бэриниилээх буолоухтааҕын андаҕайарга дылы.  Иннин­кэннин   быһаарыммакка   муна­тэнэ   сылдьар   бухатыыр   буолуох   эдэр   уоланы Улгумдьу кугас ат таҥаһын­сабын бэрийэр. Ууска илдьэн сэрии сэбин, куйаҕы оҥорторор. Ол кэннэ кэнэҕэһин кэнэҕэс мин тылбын истэр буолаар, болҕойботоххуна бэйэҕин буруйданаар диэн элэ­была тылын этинэр. Улгумдьу кугас ат эппит тылын ончу толороро олоҥхоҕо кэпсэнэр. Ол курдук иччитэ хас да сыл устата өлөн баран тиллибитигэр, эмиэ тугун­хайдаҕын быһаарыммакка, булкулла­ тэккиллэ сырыттаҕына эмиэ ата тиийэн кэлэн, иннин­кэннин кэрдэн биэрэр: ойоҕун   хайа абааһы  уоран­талаан  ылан    ойох  оҥостубутун,  ханна  саһан  сытарын  барытын ыйар  уонна тиэрдэн биэрэр.   Кэлбит сирдэригэр үс бастаах абааһы бухатыыра Оҕо Тулаайаҕы кэтии­ маныы сылдьар. Бухатыырдааҕар буолуох тоҕо эрэ бу Улгумдьу кугас аттан сэрэхэдийэрин этэр. Ат   иччитэ   Оҕо Тулаайах   бу сырыыга хотторуулаах тахсыахтааҕын сэрэйэн көрөн эмиэ өлбөт­сүппэт сүбэ биэрэр: “Чэйиий, нойоон, 8 Сүбэлээхтиир сүбэлэрбин Иститэлээн турууй эрэ. Эттиир баҕас сутуруккун Энниир диэтэх киһикэни Киһи гыммат Киһи буолуо. Онон баҕас Хаҥас кулгаахпыттан Хара көмүс былааттаргын Ылыталаан биэрдэхпинэ Күүдээхтиирэ кутуйаҕа буолуталаан, Ордуутугар киирээхтээҥҥин Сыгынньахтанан сытар кэмин Кэтээн сытан Охтуур саанан ытан көрөөр, Ону баҕас сыыстаххына Бэйэҕиттэн хоргутаарый!” Бу кэннэ бүтэһиктээх, быһаарыылаах охсуһуу буолуохтааҕын билэр буолан, этэрин этэн,   сүбэлээн,   кытаанахтык   сэрэтэн   баран   быраһаайдаһар.   Аны   да   ыҥырдаххына   баар буолуом диэн баран барар.  Бу   олоҥхоҕо,   көстөрүн   курдук,   Улгумдьу   кугас   ат   эдэр,   төрөппүттэрэ   суох   Оҕо Тулаайах бухатыырга ийэ­аҕа оруолун толорон, алҕаан, сүбэлээн­амалаан биэрэн кыайыыны ситиһэригэр   көмөлөһөр.   Маннык   бэриниилээх   аттаах   эрэ   буолан   Оҕо   Тулаайах   аналын толорор, кыайан, дьонугар­сэргэтигэр дьолу­соргуну  аҕалар.  9 ТҮМҮК Үлэбитигэр саха сылгытын, олоҥхо атын туһунан булбут матырыйаалбытыттан түмэн киллэрдибит.   Василий   Каратаев     “Оҕо   Тулаайах”   олоҥхотун   атын   ырытарга   холоннубут. Биһиги   өбүгэлэрбит   түҥ   былыргыттан   баччааҥҥа   диэри   аты   ытыктыылларын   олоҥхоттон биллибит.   Ат   барахсан   баар   буолан   айыы   бухатыырдара   туохтан   да   толлубат,   өрүү кыайыылаах тахсалларын бу олоҥхоттон көрдүбүт. Биир эрэ олоҥхонон сирдэтэр кыратын өйдүүбүт.   Ол   иһин   инникитин   хас   да   олоҥхо   атын   ырытан,   үлэбитин   дириҥэтэн   биэрэр былааннаахпыт. Инникитин да саха сыспай сиэллээҕэ үксүү, тэнийэ туруохтун, саха омук киэн туттуута буолуохтун! 10 Туһаныллыбыт литература: 1. Винокуров И., Винокурова Н. Бухатыыр биир эпитетэ. // “Чолбон” сурунаал, 2002, №8. 2. Каратаев В. О5о Тулаайах. Дьокуускай, «Бичик», 2008. 3. Копырин Н. Сылгы – саха культуратын дирин силиҺэ. // “Чолбон” сурунаал, 2009, №5. 4. Ойуунускай   П.А.   Якутская   сказка   олонхо,   её   сюжет   и   содержание.   //Талыллыбыт айымньылар. Иккис том. Якутскай, 1975. 11 12

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"

Доклад "Олонхо"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
24.04.2018