Интеллектуальная игра "Математический базар"
Оценка 5

Интеллектуальная игра "Математический базар"

Оценка 5
docx
30.12.2022
Интеллектуальная игра "Математический базар"
Математический базар.docx

Чыыһылалар дойдуларыгар айан

Математический базар

Дьарык тиэмэтэ: Чыыһылалар суолталара уонна сыыппаралар араастара

 

Учуутал улэтин соруктара
Улуу математик Пифагор туһунан билиһиннэрии, о5олор интириэһиргиир чыыһылаларын араастарын  кинилэр суолталарын былыргы историятан са5алаан билиьиннэрии

Сыала:

Чыыьыла уонна сыыппара уратыларын тэннээн керен арааран билии, тобулла5ас өйү сайыннарар араас сорудахтары толорон билиини хаҥатыы, чыыһылалары  дьиннээх олоххо туттулларынан туох суолталаахтарын быһаарыы

Үөрэтэр:

- Чыыһылалар суолталарын тустарынан  өйдөбүлү кэҥэтии;

Сайыннарар:

- айар дьо5урдарын сайыннарыы;

- толкуйдуур, булар – талар дьо5уру, ырытар сатабылларын сайыннарыы;

Иитэр:

- санааны саһылаан этэргэ үөрэнии

- бэйэ – бэйэни истэ үөрэнии.

Туттар тэрил:учебник, презентация

Дьарык сатабылларын сайыннарыы тумугэ

      Бэйэни салайынар-дьаьанар уоруйэх (регулятивные УУД)

-Баар билиигэ тирэ5ирэн чыыьыла суолтатын сөпкө быһаарыы

- Чыыһыланы көрен атын чыыһылаттан туох уратылаа5ын быһаарыы

 

     Билэр-корор    уоруйэх           (познавательные УУД)

Сыыппараныуонна  чыыһыланы чинчийэн көрөн араара уөрэнии

-чыыһылалары  суолталарын быһаара уерэнии

   Бодоруьар   уоруйэх            (коммуникативные УУД)

-- Учуутал ыйытар боппуруоьун ейдеен истэн эппиэтттээьин,

 --атын о5о эппиэттиирин ейдеен истэн ыйытыыга септеех эппиэти биэрэр  уеруйэ5и инэринии

Дьарык хаамыыта

1.Тэрээһин чааһа.

  Дьарык тематын арыйыы

- О5олоор бүгүн ханнык чыыһыланый?

-Алтынньы 2 күнэ

-Оттон дьэ бу бүгүҥҥү 2 чыыьыла хайдах чыыһыланый?

-Оттон улуу математик Пифагор бу 2 чыыьыла туһунан маннык суруйбут

 1 слайда.Пифагор мэтириэтэ.Пифагор биһиги эрабыт са5аланыа 450- 500 сыл иннинэ олоро сылдьыбыт древнегреческэй математик , философ эбит. Кини кыра эрдэ5иттэн ону маны олус билэ көрө сатыыр идэлээх эбит.Бу Пифагор аан маҥнай ахсааны айбыт эбит.Дьэ бу улуу математик 2 сыыппара туһунан маннык суруйар аа5ыҥ

2 слайда число 2  это натуральное число– символ любви и равновесия. Число 2 – это мягкость и тактичность, стремление сгладить все острые углы. Оно находится между светом и мраком, добром и злом, теплом и холодом, богатством и нищетой.

- Оччо5о о5олоор, биһиги бүгүн дьарыкпытыгар туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий?

- Ол аата дьарыкпыт темата

Чыыһылалар араастара. Бүгүҥҥү дьарыкка биһиги сыыппара уонна чыыһыла диэни араааран билиэхпит чыыьылалар тустарынан билиибитин хаҥатыахпыт.

Бүгүҥҥү дьарыкпытыгар биһиги математическай базар диэҥҥэ айанныахпыт о5олоор.Баһаарга ол эбэтэр элбэх ма5аһыыннаах сиргэ кэллэхпитинэ

кэллэхпитинэ тугу гынабыт?

- Атыылаһабыт.

- Саамай сөп . Ол эрээри о5олоор, биһиги бүгүн баал атыылаһыахпыт. Оттон ол баалы атыылаһарбытыгар  харчы оннугар биһиги билиибит буолуо5а.

Хас биирдии хамаанда баалын касса5а уган иьиэхпит уонна уруокпут бүтүүтэ ханнык хамаанда төьө элбэх баалы ылбытынан кыайыылаах буолуо5а.

Барыгытыгар элбэх баалы ылан бүгүҥҥү математика ма5аһыыныттан элбэх билиини ылан бараргытыгар ба5арабын!

II . Ойдобулу уескэтэр тугэн

Дьэ атыылаһа барыахпыт иннинэ о5олор чыыһыла уонна сыыппара диэни булкуйуо суохтаахпыт.

Миэхэ маннык ыйытыы баар 2 диэн бу чыыһыла дуу, сыыппара дуу?

О5олор эппиэттииллэр.Учуутал ыйытыытын көмөтүнэн сыыппара диэн биһиги суруйабыт оттон чыыһыла диэн ахсаан диэн түмүккэ кэлэллэр.

Сыыппара историятын кытта билиһиннэрэн баран баллары былыргы курдук «зарубки» оҥорон бэлиэтииргэ сүбэлэһии

- Чэйиҥ эрэ атыыбытын са5алыыбыт.Мин хамаандаларга 45 тэн 72 гэ диэри чыыһылалардаах карточкалары түҥэтиэм .Эһиги соруккут ылбыт карточкаларгытын улаатан иһэр бэрээдэгинэн сааһылаан ууруохтааххыт.

Биир хамаанда четнай чыыһылалары иккис  хамаанда четнайа суох чыыьылалары.

Бу атыыыга хоппут хаанда5а 2 балл бэриллэр

IV.        Дьарык соругун быhаарар чинчийии улэтэ

  О5олор бэйэлэрэ талан ылбыт чыыһылаларын туһунан о5олор бэйэлэрин билиилэринэн үллэстэллэр, санааларын этэллэр.Пифагор .этиитин слайдаттан аа5ан бэйэлэрин билиилэрин кытта тэҥнииллэр, билиилэрин хаҥаталлар.

Математика дойдутун ма5аһыыннарын салгыы кэрийэн балл ыларга билиини тургутар сорудах.

Хамаандаларга 5 тии боппуруос бэриллэр.Сөпкө эппиэттээтэххитинэ хамаанда5а 1 дии баал эбиллэр

Биир уол Сунтарга баран испит уонна табаарыһын көрсүбут. Хас киһи Сунтарга баран испитий?

Түҥэттэххэ ноль тахсыан сөп дуо?

Сылга хаста күн тахсарый?

Квадрат биир муннугун быстахха хас муннук буоларый?

Бөтүүк биир ата5ар турда5ына 5кг 500 г.Икки ата5ар турда5ына хас кг буоарый?

2  хамаанда

1.Төгүллээтэххэ ноль диэн эппиэт тахсыан сөп дуо?

2.Биир сымыыт 5 мун буһар үс сымыыт хас мүн  буһуой?

3.Икки илиибитигэр  10 тарбахтаахпыт. 10 илиигэ хас тарбах баарый ?

4.Саамай кыра икки бэлиэлээх чыыһыланы этиҥ

5.Биир кг баата ыарахан дуу 1 кг тимир дуу?

3 хамаанда

1.Тыһыынча5а хаһы эптэххэ 1000 буоларый?

2.Сеня Коля  шахмат оонньообуттар.Коля 10 мүнүүтэ буолан баран Сеняны хоппут.Сеня хас мүнүүтэ оонньообутуй?

3.Ийэлэрэ о5олоругар рулет атыылаһан а5албыт уонна 4 о5отугар тэҥҥэ үллэрбит.Ийэ рулетын хаста быспытый?

4.Ханнык натуральнай чыыһыланы бэйэтигэр төгүллээтэххэ ол чыыһыла бэйэтэ тахсара буолуой?

5.

Иккис хамаанда бэйэтэ сөбүлүүр чыыһылатын этэр.ол кэннэ о5олор бу чыыьыла туһунан бэйэлэрэ тугу билэллэрин этэллэр, Пифагор этиитин аа5аллар

 

Капитаннарга сорудах.

Ким түргэнник ребус таайарый?

C 3 Ж стриж

ВИ 3 НА витрина

ВО 100 К восток

ПРО 100 Р простор

V.Билиини туһаныы

1.О5олор бэйэлэрэ талбыт сыыппараларыгар сөп түбэһэр өс хоһоонун булан ылыахтаахтар.өс хоһоону хайдах өйдүүллэрин ырыталлар

2.Хамаандалар сыыппаралары пантонимо көмөтунэн көрдөрөллөр көрдөрөллер.Атын хамаанда таайар.

VI.Дьарык тумугэ.Сыаналаныы

О5олор туохха уерэммиттэрин тугу билбиттэрин хамаанданан субэлэһэн кэпсииллэр


 

Чыыһылалар дойдуларыгар айан

Чыыһылалар дойдуларыгар айан

Бүгүҥҥү дьарыкпытыгар биһиги математическай базар диэҥҥэ айанныахпыт о5олоор

Бүгүҥҥү дьарыкпытыгар биһиги математическай базар диэҥҥэ айанныахпыт о5олоор

Иккис хамаанда бэйэтэ сөбүлүүр чыыһылатын этэр

Иккис хамаанда бэйэтэ сөбүлүүр чыыһылатын этэр
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
30.12.2022