План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"
Оценка 4.8

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

Оценка 4.8
Разработки уроков
docx
чтение
10 кл
08.02.2018
План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"
Сыала: 1. Алампаны Поэт, Личность, Киһи быһыытынан билиһиннэрии 2. Атын туспа источниктан Алампа туһунан иһитиннэриини хомуйуу 3. Үөрэнээччилэр сатаан ыраҥалаан ырытар дьоҕурдарын сайыннарыы Кылгас былаан: 1. Тэрээһин – 2 м. 2. Саҥа теманы үөрэтии – 25 м. 3. Үөрэппит теманы чиҥэтии – 10 м. 4. Уруок түмүгэ – 5 м. 5. Дьиэҕэ сорудах биэрии – 3 м. Туттуллар тэриллэр: 1. А.И. Софронов мэтириэтэ 2. “Саха литературата” 10 кылаас учебнига 3. Карточкалар 4. Суруйааччы олоҕо, айар үлэтэ (презентация) 5. Ааптар кинигэлэрэ 6. Викторина боппуруостара.Аһаҕас уруок торум былаана Предмет: саха литературатын уруога Тема: Алампаҕа айан Кылаас: 10 Сыала: 1. Алампаны Поэт, Личность, Киһи быһыытынан билиһиннэрии 2. Атын туспа источниктан Алампа туһунан иһитиннэриини хомуйуу 3. Үөрэнээччилэр сатаан ыраҥалаан ырытар дьоҕурдарын сайыннарыы Кылгас былаан: 1. Тэрээһин – 2 м. 2. Саҥа теманы үөрэтии – 25 м. 3. Үөрэппит теманы чиҥэтии – 10 м. 4. Уруок түмүгэ – 5 м. 5. Дьиэҕэ сорудах биэрии – 3 м. Туттуллар тэриллэр: 1. А.И. Софронов мэтириэтэ 2. “Саха литературата” 10 кылаас учебнига 3. Карточкалар 4. Суруйааччы олоҕо, айар үлэтэ (презентация) 5. Ааптар кинигэлэрэ 6. Викторина боппуруостара. I. Тэрээһин чаас – 2 м. Үтүө күнүнэн, оҕолоор! Олордубут эрэ. Бүгүҥҥү уруокпут темата – Алампаҕа айан. Бу тылы мин эһиэхэ латыынныы тылынан суруйдум (Alampaga ajan) Уруокпут бэлиэ тыла: Дьиҥ улуу айымньы Хаһан да эргэрбэт, Сонунун сүтэрбэт Хас аахтаҕыҥ аайы Саҥаттан саҥа Кистэлэҥэ арыллан иһэр (Семен Данилов) Уруокпут сыала-соруга: Алампаны поэт, киһи, личность быһыытынан саҥа үөрэтии. Уруокпут бэлиэ хоһооно: Барыта баҕаттан, Үксэ өйтөн Саамай ааргы саҕаттан. 1. Бу этиигэ Алампа манныгы этэр: санаалаах буоллаххына, барытын оҥоруоҕуҥ, санаабыккын барытын толоруоҕуҥ. 2. Толкуйдаатаххына, өйгүн үлэлэттэххинэ, үксүн барытын өйдүөххүн сөп. 3. Сатаатаххына, саамай туһалааҕы сатыыгын, оҥороҕун. II. Саҥаны үөрэтии түһүмэҕэ – 25 м. Ол курдук, саха сатаабатаҕа диэн суох. Ол аата саха айар куттаах омук буолар. Холобур кини ырыаһыт, хомусчут, үлэһит, уус уо.д.а. талааннаах буолуон сөп. Алампа 3 дьоллоох этэ: 1. Тус олоҕун дьоло. 2. Алампа норуот дьолун туһугар охсуспут киһи (патриот, националист). 3. Айар киһи дьоло. Ол курдук, В.Б.Окорокова, СГУ профессора, ф.н.д. 2005 сыллаахха “Алампа дьоло” диэн кинигэни суруйбута. Билигин, оҕолоор, биһиги бары Алампаҕа айан проегын суруйуохпут. Алампа 3 жанрга чаҕылхай талааннаах. Ол эбэтэр, лирика-хоһоон буолар, эпос-проза, драма. Лирикаҕа “Төрөөбүт дойду” хоһооно (1912 с.) уонна “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” хоһооно. Алампа прозаҕа уопсайа 20 кэпсээннээх. Драмаҕа “Таптал”, “Дьадаҥы Дьаакып” о.д.а. уопсайа 13-14 драмалаах. Алампа хоһоонноро тус дневникка маарынныыллар. Тус олоҕун сэһэнэ көстөр. Дьиҥ олоххо баары суруйар – реалист суруйааччы. Айымньыларыгар барыларыгар ис кэпсэтии ойууланар. Ол эбэтэр ис турук буолар. Көҥүл форманан суруйар. Бэйэтин олоҕо уонна айар үлэтэ быстыспат ситимнээхтэр. Алампа поэзиятын дьүһүйүүлэрэ. Музыката. Чуумпу, уйаҕас, нарын, курус, сырдык, сымнаҕас. Өҥө: сырдык, хараҥа, үрүҥ, хара. Ол эбэтэр сырдыы-сырдыы хараҥарар, хараҥара-хараҥара сырдыыр. Алампа драмалара саха олоҕун энциклопедията буолаллар. Биир проблемнай боппуруос баар. Алампа драмаларыгар дьоллоох киһи диэн баар дуо? Эһиги санааларгыт... Үксүгэр Алампа драмалара трагедиянан түмүктэнэллэр. Алампа таптала кини кимий? Алампа таптала дириҥ историялаах. Ол курдук, Евдокия Константиновна Яковлевалыын, саха маҥнайгы актрисатынаан 13 сыл бииргэ олорон баран арахсыбыттара. Итинтэн Алампа улахан охсууну ылбыта. Кинилэр оҕолоро суох. О.г.б. Алампа саха литературатыгар бастакынан таптал лирикатын арыйбыт, киллэрбит суруйааччы буолар. 1928-1933 сс. репрессияҕа түбэһэр. 5 сыллаах болдьоҕун Архангельскайга, Иркутскайга атаарар. Көстөн кэлэн баран сэллик ыарыытынан ыалдьар уонна 1935 с. өлөр. Бу курдук биһиги Алампаҕа айан проегын оҥордубут. III. Саҥа теманы чиҥэтии. – 10 м. Икки бөлөҕүнэн арахсан үлэлиэххит. Хамаанда аайыттан бэйэҕит төрөөбүт дойду туһунан хоһооҥҥутун ааҕан иһитиннэриэххит. Салгыы хамаандаларга викторина ыйытыыларын биэрэбин. 1. Хоһоон эйиигин долгутта дуо? Туох туһунан хоһоонуй? 2. Поэт иэйиитин, дууһатын хамсааһынын ханнык сүрүн суолталаах тылларынан, этиилэринэн биэрэрин булаттаа. 3. Хоһоону өйдөбүллээх чаастарга араартаа. 4. Хоһоон ханнык санаанан, иэйиинэн түмүктэннэ? IV. Уруок түмүгэ – 5 м. Бүгүҥҥү уроктан оҕолоор, туох саҥаны биллигит-иһиттигит? Оҕолор санаалара... V. Дьиэҕэ сорудаҕы биэрии – 3 м. “Мин урууларбыттан, төрүттэрбиттэн биллэр-көстөр дьон” диэн темаҕа кылгас суругунан үлэ. Сыана туруоруута.
Аһаҕас уруок торум былаана АЛАМПА. 10 кылаас.docx
Аһаҕас уруок торум былаана Предмет: саха литературатын уруога  Тема: Алампаҕа айан Кылаас: 10  Сыала:  1. Алампаны Поэт, Личность, Киһи быһыытынан билиһиннэрии 2. Атын туспа источниктан Алампа туһунан иһитиннэриини хомуйуу 3. Үөрэнээччилэр сатаан ыраҥалаан ырытар дьоҕурдарын сайыннарыы Кылгас былаан:  1. Тэрээһин – 2 м. 2. Саҥа теманы үөрэтии – 25 м. 3. Үөрэппит теманы чиҥэтии – 10 м. 4. Уруок түмүгэ – 5 м. 5. Дьиэҕэ сорудах биэрии – 3 м. Туттуллар тэриллэр:  1. А.И. Софронов мэтириэтэ 2. “Саха литературата” 10 кылаас учебнига  3. Карточкалар  4. Суруйааччы олоҕо, айар үлэтэ (презентация) 5. Ааптар кинигэлэрэ 6. Викторина боппуруостара. I. Тэрээһин чаас – 2 м.  Үтүө күнүнэн, оҕолоор! Олордубут эрэ.  Бүгүҥҥү уруокпут темата  – Алампаҕа айан. Бу тылы мин эһиэхэ латыынныы тылынан суруйдум (Alampaga ajan) Уруокпут бэлиэ тыла:   Дьиҥ улуу айымньы Хаһан да эргэрбэт,  Сонунун сүтэрбэт  Хас аахтаҕыҥ аайы  Саҥаттан саҥа  Кистэлэҥэ арыллан иһэр (Семен Данилов) Уруокпут сыала­соруга: Алампаны поэт, киһи, личность быһыытынан саҥа үөрэтии. Уруокпут бэлиэ хоһооно:  Барыта баҕаттан, Үксэ өйтөн Саамай ааргы саҕаттан. 1. Бу этиигэ Алампа манныгы этэр: санаалаах буоллаххына, барытын оҥоруоҕуҥ, санаабыккын барытын толоруоҕуҥ. 2. Толкуйдаатаххына, өйгүн үлэлэттэххинэ, үксүн барытын өйдүөххүн сөп.  3. Сатаатаххына, саамай туһалааҕы сатыыгын, оҥороҕун. II. Саҥаны үөрэтии түһүмэҕэ – 25 м. Ол курдук, саха сатаабатаҕа диэн суох. Ол  аата саха айар куттаах омук буолар. Холобур кини ырыаһыт, хомусчут, үлэһит, уус уо.д.а. талааннаах буолуон сөп.  Алампа 3 дьоллоох этэ:  1. Тус олоҕун дьоло. 2. Алампа   норуот   дьолун   туһугар   охсуспут   киһи   (патриот, националист). 3. Айар   киһи   дьоло.   Ол   курдук,   В.Б.Окорокова,   СГУ   профессора, ф.н.д. 2005 сыллаахха “Алампа дьоло” диэн кинигэни суруйбута.  Билигин, оҕолоор, биһиги бары Алампаҕа айан проегын суруйуохпут.  Алампа 3 жанрга чаҕылхай талааннаах. Ол эбэтэр, лирика­хоһоон буолар, эпос­проза, драма. Лирикаҕа “Төрөөбүт дойду” хоһооно (1912 с.) уонна “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” хоһооно.  Алампа   прозаҕа   уопсайа   20   кэпсээннээх.   Драмаҕа   “Таптал”, “Дьадаҥы Дьаакып” о.д.а. уопсайа 13­14 драмалаах. Алампа хоһоонноро тус дневникка маарынныыллар. Тус олоҕун сэһэнэ көстөр. Дьиҥ олоххо баары суруйар – реалист суруйааччы.  Айымньыларыгар барыларыгар ис кэпсэтии ойууланар. Ол эбэтэр ис турук буолар.  Көҥүл форманан суруйар.  Бэйэтин олоҕо уонна айар үлэтэ быстыспат ситимнээхтэр. Алампа поэзиятын дьүһүйүүлэрэ. Музыката. Чуумпу, уйаҕас, нарын, курус,  сырдык,  сымнаҕас.  Өҥө:   сырдык,  хараҥа,  үрүҥ,  хара.  Ол  эбэтэр сырдыы­сырдыы хараҥарар, хараҥара­хараҥара сырдыыр. Алампа   драмалара   саха   олоҕун   энциклопедията   буолаллар.   Биир проблемнай   боппуруос   баар.   Алампа   драмаларыгар   дьоллоох   киһи   диэн баар дуо? Эһиги санааларгыт... Үксүгэр Алампа драмалара трагедиянан түмүктэнэллэр.  Алампа таптала кини кимий? Алампа таптала дириҥ историялаах. Ол курдук,   Евдокия   Константиновна   Яковлевалыын,   саха   маҥнайгы актрисатынаан   13   сыл   бииргэ   олорон   баран   арахсыбыттара.   Итинтэн Алампа улахан охсууну ылбыта. Кинилэр оҕолоро суох. О.г.б. Алампа саха литературатыгар   бастакынан   таптал   лирикатын   арыйбыт,   киллэрбит суруйааччы буолар.  1928­1933   сс.   репрессияҕа   түбэһэр.   5   сыллаах   болдьоҕун Архангельскайга,   Иркутскайга   атаарар.   Көстөн   кэлэн   баран   сэллик ыарыытынан ыалдьар уонна 1935 с. өлөр.  Бу курдук биһиги Алампаҕа айан проегын оҥордубут.  III. Саҥа теманы чиҥэтии. – 10 м.  Икки   бөлөҕүнэн   арахсан   үлэлиэххит.   Хамаанда   аайыттан   бэйэҕит төрөөбүт дойду туһунан хоһооҥҥутун ааҕан иһитиннэриэххит.  Салгыы хамаандаларга викторина ыйытыыларын биэрэбин.  1. Хоһоон эйиигин долгутта дуо? Туох туһунан хоһоонуй? 2. Поэт   иэйиитин,   дууһатын   хамсааһынын   ханнык   сүрүн   суолталаах тылларынан, этиилэринэн биэрэрин булаттаа. 3. Хоһоону өйдөбүллээх чаастарга араартаа. 4. Хоһоон ханнык санаанан, иэйиинэн түмүктэннэ?  IV. Уруок түмүгэ – 5 м. Бүгүҥҥү   уроктан   оҕолоор,   туох   саҥаны биллигит­иһиттигит? Оҕолор санаалара... V. Дьиэҕэ сорудаҕы биэрии – 3 м. “Мин урууларбыттан, төрүттэрбиттэн биллэр­көстөр дьон” диэн темаҕа кылгас суругунан үлэ. Сыана туруоруута.

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"

План конспект урока по якутской литературе на тему "Алампаҕа айан уруок"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
08.02.2018