«Саха тылыгар уһуйааччылар»
Дорҕоонноох дорообо, алгыстаах айхал буоллун убаастабыллаах дойдум дьоно-сэргэтэ!
“Оскуолам”
Оҕо саас билиитин кыһата
Оччугуй оскуолам иһигэр,
Онно баар уһуйаан талбата
Үөрэххэ-үрдүккэ дьулуһуу.
Тосхоллоох оҕо саас уйата –
Кэмэ суох бэринии кыһата,
Кэрэмэн кэскиллээх оскуолам,
Өрүүтүн-өрүүтүн эдэргин.
Уон араас көлүөнэ иитиллэн,
Киэҥ суолу тэлэргэ тардыһар,
Олоххо дьулууру үрдэтэн,
Үлэһит ыччаты үүннэрэр.
Мин мэлдьи оҕо саас буоламмын,
Эн ааҥҥын аһаҥҥын киирэбин,
Ымыылаах ырыаннан чугдааран
Ыҥырар эн алтан чуорааныҥ!
диэн Василий Георгиевич Дедюкин, үөрэппит оҕолорун кытта олус үчүгэй хоһоону суруйан хаалларбытын, биһиги оскуолабыт гимн оҥостон ыллыы сылдьарбытыттан наһаа үөрэбин.
Хоммут уоспун хоҥнорон, өрөөбүт уоспун өһүлэн, ох курдук оҥостон, тап курдук таҥнан, сөбүлээн туттар сахам тылын барҕа баайыгар уһуйааччылар, саха тылын учууталларыгар анаабыт санааларбыт үллэстэрбин көҥүллээҥ.
Омук сүрүн тыына, өлбөт-сүппэт суола төрөөбүт төрүт тыла буолар. Өбүгэлэрбит тылга, саҥарар саҥа5а ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Кини ис күүһүн кыа5ыгар итэ5эйэллэрэ, дэлэ5э да5аны «киьи тыла ох» диэхтэрэ дуо.
Билиҥҥи кэмнэ сахалыы саҥарбат-билбэт эдэр ыччат араҥата олус кэҥээтэ. Бары билэрбит курдук ордук куорат, оройуон киинин оҕолоро саха тылыгар кэбэҕэстик сыһыаннаһаллар. Онтон тыа сиригэр биһиги бары сахалыы кэпсэтэбит, сахалыы саҥарабыт, сахалыы толкуйдуубут, тылбытын сүрдээҕин диэн өрө тутан илдьэ сылдьар курдукпут. Ол эрэн аан дойдуга буола турар араас уларыйыылар биһиэхэ 21 үйэ дьонугар хайаан кэлбэт буолуоҕай. Кэллэҕэ дии. Ону куһаҕан диэбэппин, сайдыы суолугар үктэнэр, атын омуктары кытта тэҥҥэ хардыылыыр туох куһаҕаннаах буолуоҕай. Үчүгэй. Ол эрэн кини эмиэ куһаҕаннык дьайар өрүттэрдээх, ордук аҕыйах ахсааннаах норуокка. Улахан омуктар култууралара биһиги култуурабытын үтэр-анньар кэдьиктээх. Ол түмүгэр ордук тыл кэбириир эбит.
Тыл хайдах сатарыырый, тыл хайдах ыалдьарый, хайдах сүтэрий? Кинини бастатан туран сыыс тыллар киртитэллэр. Аттыбар сылдьар атастарым, бииргэ оонньуур оҕолорум омук тылыттан киирбит сленг диэн ааттанар сыыс тыллары туттар аҕай буолбуттар эбит. Оо өйдөөн иһиттэххэ киһи кулгааҕа тостуох. Өйүм хоппот уонна «онтон то5о ити тыл оннугар биһиги сомо5о домо5у туттубаппытый эбээт» диэн санаалар киирэллэр.
Холобур, мин бараата саастыы оҕолор хас биирдии тылларын быыһыгар хайп, хейтер, чилить, изи, жиза, лайк, дизлайк, юзать диэн тыллары истиэххэ сөп. Бу тыллары туттубакка эрэ санааларын кыайан эппэт курдуктар.
Атастарыам, мин бу тыллар оннуларыгар сомо5о домо5у туттуохха диэн ыҥырабын. Дьэ биирдэ мин табаарыспар кэпсиибин, «Балыктаан кэллим, муус аннынан илим иитэргэ үөрэнним, олус да элбэх үлэлээх эбит» диибин, киһим «Муус аннынан даа, ол диэн ИЗИ» диэбэт дуо. ИЗИ диэн аангылыйа тылыттан киирбит «чэпчэки» диэн суолталаах тыл эбит. Ол оннугар «Саха сатаабатаҕа диэн суох» диэбэппит дуо? Аны улаханыттан кыратыгар диэри тугу эрэ сөбүлүү көрдөхпүтүнэ ЛАЙК диир идэлээхпит. Тугуй ити аата? Ол оннугар СҮРЭҔИМ СӨБҮЛЭЭТЭ диэбэппит дуооо?
Иһиттигит, «Саха тыла сир симэ5ин курдук - сиэдэрэй», «Торообут тыл соруун суогэй курдук сурэ5и – быары сылаанньытар» кэрэ айылгылаах. Ити курдук киирбит тыллары сомоҕо домоҕунан солбуйан иһиэххэ доҕоттоор, тылбытын харыстыахха.
Оҕолоор, оттон биһиэхэҕэ тыл араҥаччылааччылара кимнээх буолалларый? Кимнээх биһиэхэ төрөөбүт тылбытын эппитигэр-хааммытыгар инэрэллэрий, үүтүн-сүөгэйин баһан ылан биэрэллэрий? Ким биһигини Ийэ тылгын атарахсыта тутума диэн үөрэтэрий? (тохтобул кыра)
Учуутал, үтүөкэн дьоннорбут тапталлаах учууталларбыт үөрэтэллэр эбээт!!!
Сахабыт тылын дьыл5ата ситии быа курдук быстыахча быстыбакка сал5анар кэмигэр, киниэхэ көмө буолаллар сахабыт тылын учууталлара. Кинилэр биһиги салгыы САХА ОМУГА буолан ааттанарбытыгар элбэх сыраларын уураллар, үлэлииллэр хамныыллар.
Мин бүгүҥҥү кыттыыбын тапталлаах Боронугум оскуолатыгар өр сылларга үлэлээбит саха тылын учууталларыгар аныам этэ. Биһиги бары махтаныах тустаахпыт Дедюкин Василий Георгиевичка, Неустроева Анна Николаевнаҕа, Стручкова Акулина Трофимовнаҕа, Горохова Сардаана Михайловнаҕа, Горохова Любовь Михайловнаҕа. Кинилэр түбүктээх үлэлэрин түмүгэр биһиги ыраастык сахалыы саҥарар, толкуйдуур дьон буоламмыт бу кэпсии турдаҕым!
Бол5омто5ут иһин махтал.
Ыллыктаах тылбын өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйдум, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйдум ини.
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.