Сценарий
Оценка 4.9

Сценарий

Оценка 4.9
Работа в классе
docx
классное руководство
1 кл
10.04.2018
Сценарий
Сценарий прощания с Букварем в ! классе в якутской школе. Сценарий со стихотворениями для первоклашек. Необходимы буквы из якутского алфавита и рисунки учебников формата А2, которые надевают ученики 4-5 классов и читают поздравительные строки для первоклассников. Интересный сценарий для учителей
букубаарбыт быраһаай.docx
­ Үүммүт   үтүө   күнүнэн   күндү   үөрэнээччилэр,   төрөппүттэр   уонна учууталлар. ­ Бүгүҥҥү биһиги уруокпут борустуой уруок буолбатах... бүгүн биһиги кырачаан оҕолорбутбукубаардарын кытары быраһаайдаһар күннэрэр үүннэ. ­ Дьэ эрэ, оҕолоор.. эһиги үс чиэппэр устата тугу үөрэппиккитин, туох саҥаны билбиккитин истээри Букубаарбыт илэ бэйэтинэн ыалдьыттыы тиийэн кэллэ. ­ Ыҥырабыт   дуо   букубаарбытын?  (Оҕолор Букубаар, кэл диэн ыҥыраллар) Букубаар киирэр. Саҥарар ­ Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, биһиги үс чиэппэр устата туохха үөрэммиппитин Букубаарбытыгар көрдөрүөҕүҥ эрэ! ­ Мин эһиэхэ сорудахтары толкуйдаан кэллим. ­ Сорудахтарга   сөп   эппиэти   биэрэрбит   туһугар   хайдах эппиэттиэхтээхпитий?  (Көнөтүк олоробут, боппуруоһу болҕойон истэбит, эппиэт биэрэрбитигэр илиибитин уунабыт уонна толору эппиэти биэрэ сатыыбыт) ­ Бүгүн   биһиги   Букубаар   станцияларынан   айанныахпыт.   Бастакы станция Дорҕооннор станциялара “Дорҕооннор станциялара” 1. Итэҕэс дорҕоону бул Аа, уу, ыы, тт, өө Б, Д, Л, М, ҕ Үө, ыа, ии, уо, иэ Ҥ, ҕ, һ, Щ, дь 2. Саха тылыгар хас аһаҕас дорҕоон баарый? Ааттаталаа (8, а, о, у, ү, ы, и, э, ө) 3. Хас хоһуласпыт бүтэй дорҕоон баарый? (11) ­ Маладьыастар,   бастакы   станцияны   аастыбыт.   Дуоскаҕа   ыҥырабыт Оляны, Алигы, Милияны, Эдигы, Нарыйаананы, Айсены. Оля:  Мин А диэни билэбин Үөһэ өттө уһуктаах, Алын өттө атахтаах, Ортотунан туорайдаах. Алик: Оҕус саҕа буолуоҕун Оҕо баҕа баҕарбат,\ Аҕа баҕа буойбутун Оҕо баҕа утарбыт. Милия: Й­хара төрүөҕүттэн Аатырбыт космонавт, Ыйга бастаан көтүөҕүттэн Онно дьиэлээх, базалаах. Эдик: Ч­чыычаах күөмэй, Күөх кырдалга күөрэгэй Ыллыырын курдук ыллыыр, Хомус курдук дьырылыыр Нарыйаана: Циркульбунан мотоцикл Көлүөһэтин оҥордум, Оҥороотун цирк диэки Уруһууйбар ойуттум. Айсен: Кэрии тыаҕа икки Кэҕэ кэлэн эттэ: Кук­куук! Кук­куук! Кэрии тыаҕа сибэкки Кэккэлэһэ үүннэ. Кэрэкэтиин! Кэрэкэтиин!  “Буукубалар станциялара” 1. Саха тылын алпаабытыгар хас буукуба баарый? (40) 2. Итэҕэһи бул Дь, Н, г, В, А Үү, аа, пп, ыы Нь, ҕ, з, ө ­ Иккис   станциябыт   сорудахтара   түмүктэннэ.   Дуоскаҕа   ыҥырабыт Айдыны, Тамиры, Артему, Катяны уонна Сайыынаны, Ефремы. Айдын: Пожарник, пожарник! Баар дуо манна пожарник? Суох ээ манна пожарник, Баар Сережа художник! Тамир: Ёлка тула Лёля Алёшаны сиэттэ, Алёшаҕа Лёля Кэмпиэт ылан сиэттэ. Артем: О – биллиилээх оҕуруотчут, Оҕурсуну, моркуобу Олордооччу, уу кутааччы, Оҕолору маанылааччы. Катя: Һуу­һаа! Һаа­һуу! Эһэ иһэр! Сиэри иһэр! Һуу­һаа дэһимэҥ, Муннукка түһүмэҥ! Сайыына: Аанньаҕа моонньоҕон манньаҕа Оонньууга барбакка хаалыа дуо? Ахсынньы, тохсунньу ыйдарга Моонньоҕон барыанньа булуоҥ дуо? Ефрем: Тэҥсэҕэ, чараҥҥа, Тэтиҥҥэ, хатыҥҥа, Тииҥ­тииҥ барахсан Тэрэҥниир, Чэрэҥниир. “Тыл станцията” 1. Алҕастары бул Маша, Даша, Сарыал, Костя Сулус, ый, суол, күн Тохсунньу, олунньу, алтыс, кулун тутар Тэтэрээт, уруучука, хаһыат, кинигэ 2. Өс хоһоонун ситэр Ким кинигэ аргыстаах ­ ... (ол билиилээх) Сүгэ кыайбатын ... (сүбэ хотор) ­ Үһүс   станциябыт   түмүктэннэ.   Дуоска   иннигэр   ыҥырабыт Саянаны,Настяны, Толяны, Эвелинаны, Антону, Камилланы Саяна: Мин Т диэни билэбин: Суос­соҕотох атаҕын Тоһоҕолуу тирэммит, Моҕотойдуур ураҕаһын Туора сүгэн кэбиспит. Настя: Уу! Уу! Уһун! Уһугун! Унаар хонууну  Угуттаа,  Уйгулаа! Толя: Халыҥ былыт ааста, Халлаан халлан хаалла,  Лыах лабааҕа түстэ, Луук налыыга үүннэ. Эвелина: Еля уонна Елена Иккиэн ааттара биирдэр, Еля биитэр Елена Эйиэнэ, миэнэ дэспэттэр. Антон: Дьэдьэни дьааһыкка дьаарыстаа, Дьааһыктаах дьэдьэни харыстаа. Камилла: Чычып­чаап Чыып­чырып Ыччалыыр, Чычып­чаап Тымныыга Аччыктыыр. “Толкуй станцията” 1. Балаҕан үрдүгэр барча тохто сытар үһү. (Сулус) 2. Иннинэн­кэннинэн тэбиэлэнэр баар үһү. (Аан) 3. Турдарбын да халлааҥҥа тиийиэм диир баар үһү. (Суол) 4. Тыла суох да, кэпсиир баар үһү. (Кинигэ) ­ Толкуй   станциятын   түмүктээтибит.   Дуоскаҕа   ыҥырабыт   Диананы, Эляны, Тимуру, Юлианнаны, Саяны уонна Валерияны Диана: Халыҥ хара тыаҕа Хаххан­хаххан оҕонньор Харах бөҕө буолан Хахха сиргэ олорор. Эля: Үө – үөрэхтээх, ученай, Үөрэтэр арааһынай Үөннэри­көйүүрдэри, Көтөрдөрү­сүүрэрдэри. Тимур: Г – геолог бэрдэ,  Сайын аайы саас эрдэ Халыҥ тыаны хайытар, Хайалары хасыһар. Юлианна: Нонна мунна ханнаный? Нонна мунна манна! Нонна санна ханнаный? Нонна санна манна! Саня: Миэнэ маамам Аммаҕа, Эйиэнэ маамаҥ Муомаҕа. Маама! Амма ханнаный? Маама! Муома ханнаный? Амма – манна! Муома – онно! Валерия: Бай! Бай! Бабат­татат! Бал­бал Бахчарыыс, Бах­бах Баҕыргыыс Баҕа баҕайы Бадарааҥҥа­бырыыга Батыллымаары Бахчарый да бахчарый! Бар да бар! ­ Дьэ   эрэ,   оҕолоор,   эһиги   Букубааргытыгар   тугу   билбиккитин көрдөрдүгүт,   туохха   үөрэммиккитин   көрдөрдүгүт.   Бүгүн   кини соҕотох   кэлбэтэҕэ.   Эһиэхэ   эдьиийдэрин   илдьэ   кэлбитэ  (Саха тыла уонна литератуура ааҕыыта киирэллэр. Саҥараллар) ­ Букубаарбыт эдьиийдэрэ эһиэхэ бэйэлэрин бэлэхтэрин туттарыахтара (Саха тылын уонна литературатын учебниктарын түҥэтэллэр). ­ Оҕолоор,   эһиги   эбии   ааҕар   кинигэҕитин   хантан   ылаҕытый? (Библиотекаттан) ­ Библиотеканы   салайар,   библиотекҕа   үлэлиир   киһини   ким   диэн ааттыылларый? (Библиотекарь) ­ Биһиги   оскуолабыт   библиотекарын   аатын   ким   этиэй?  (Алена Николаевна) ­ Дохсун ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ Алена Николаевнаны..

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий

Сценарий
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
10.04.2018