Сценарий на день матери для 5-11 классов
Оценка 4.6

Сценарий на день матери для 5-11 классов

Оценка 4.6
Культурные мероприятия +1
docx
воспитательная работа +1
Взрослым
16.03.2018
Сценарий на день матери для 5-11 классов
Орто сүһүөх кылаастарга ийэ күнүгэр аналлаах сценарий ( ыыталлар Захар уонна Даяна) Даяна: Ийэ! Саха киһитин сүрэҕэр хайдахтаах курдук ичигэстик ньүөлүйэн киирэр, кулгааҕар минньигэстик иһиллэр тылый! Захар: Ийэттэн саҕаланр туох баар барыта – олоҕу билии – көрүү, кэрэни өйдөөһүн, төрөөбүт дойдуга таптал. Ону барытын биһиги ийэбит үүтүн кытта иҥэринэбит. Даяна: Күндүттэн күндүнү Кэрэттэн кэрэни, Күөх сирэм сир күнүн- Таптыаҕыҥ ийэни! Захар: Ийэттэн күндү бу күн сиригэр туох баар буолуой, киниэхэ махталларын уонна эҕэрдэлэрин аныыллар бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ. Ырыа “Ийэ мичээрэ»
Орто сүһүөх кылаастарга ийэ күнүгэр аналлаах сценарий.docx
Орто сүһүөх кылаастарга ийэ күнүгэр аналлаах сценарий ( ыыталлар Захар уонна Даяна) Даяна: Ийэ! Саха киһитин сүрэҕэр хайдахтаах курдук ичигэстик ньүөлүйэн киирэр,  кулгааҕар минньигэстик иһиллэр тылый!  Захар: Ийэттэн саҕаланр туох баар барыта – олоҕу билии – көрүү, кэрэни өйдөөһүн,  төрөөбүт дойдуга таптал. Ону барытын биһиги ийэбит үүтүн кытта иҥэринэбит. Даяна:  Күндүттэн күндүнү Кэрэттэн кэрэни, Күөх сирэм сир күнүн­ Таптыаҕыҥ ийэни! Захар: Ийэттэн күндү бу күн сиригэр туох баар буолуой, киниэхэ махталларын уонна  эҕэрдэлэрин аныыллар бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ. Ырыа “Ийэ мичээрэ» ( 5 кылаастар э5эрдэлииллэр) Даяна: Ийэ барахсан баарын тухары олох баар, ийэ барахсан баарын тухары , орто туруу  бараан дойдуга үөрүү­ көтүү, дьол­соргу, үрдүк өрөгөй, үтүөҕэ талаһыы, ил, эйэ баар. Туох барыта сайдар, төрүөттэнэр, күндүттэн күндү киһиттэн – Күн­ Күбэй Ийэттэн ... Захар: Истиҥ­ иһирэх ырыаны эһиэхэ бэлэхтиэхтэрэ алтыс кылаас  үөрэнээччилэрэ“Мама, только будь со мною рядом».( 6 кылаастар э5эрдэлииллэр) Даяна: Ийэ...төһөлөөх элбэх киһи, оҕо “ийээ» дии­ дии киниэхэ сүүрэн тиийбитэй?  Ийэ...төһөлөөх элбэх суолта ити быычыкаайык тылга баарый? Ийэтэ суох – киһи суох,  ийэтэ суох таптал суох, ийэтэ суох – олох суох. Захар:  Туохтан да күндү киһибин Туохха да тэҥниэхпин билбэппин. Күн күбэй ийэбин. Эйигин, Көмүскэ, алмааска биэрбэппин. Эһиэхэ эрэ анаан, тапталлаах ийэлэрбитигэр сэттис кылаастар толорууларыгар “Мама­  первое слово». ( 7 кылаастар э5эрдэлииллэр) Даяна:  Мин ийэм сааскы күн кэриэтэ Сандаара мичийэр харахтаах,  Мин ийэм,  мин ийэм Сааскы күн бэйэтэ Сайаҕас ылааҥы майгылаах Захар: Мин туспар кыһаллар, сүүрээхтиир, Мин туспар санаарҕыыр, үөрээхтиир Соҕотох, соҕотох киһим Бу эн бааргын Солбуйар тугу да булбаппын. Билигин ахсыс кылаастар толорууларыгар Музыкантова тылларыгар уонна матыыбыгар  ырыа “Спасибо, мамы!”.  ( 8 кылаастар э5эрдэлииллэр)

Сценарий на день матери для 5-11 классов

Сценарий на день матери для 5-11 классов

Сценарий на день матери для 5-11 классов

Сценарий на день матери для 5-11 классов
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
16.03.2018