Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»
Оценка 4.7

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Оценка 4.7
Научные работы
docx
естествознание
3 кл
11.11.2018
Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»
БиҺиги олорор планетабытыгар, сир шар араас муннуктарыгар араас кыыл тыһыынчаттан тахса көрүҥэ баар. Ол кыыллар араас буолаллар: сорохтор кыра, сорохтор улахан, сорохтор кутталлаах, сорохтор кыраһыабай, сорохтор боростуой дьүһүннээх буолаллар. Кинилэр бары сиргэ, сорохтор ууга, сорохтор салгыҥҥа, сорохтор сир анныгар, сорохтор биһиги дьиэбитигэр олороллор! Кыыллар эйгэлэрэ бэйэтэ элбэх кистэлэҥнээх уонна саҥа арыйыылардаах. Онтон мин саамай интэриэһиргиир кыылым сылгы буолар. Актуальноһа: Сылгы киһи олоҕор улахан оруолу оонньуур. Урут уруккаттан билиҥҥээҥҥэ диэри сахалар уонна да атын норуоттар сылгынан сир көбүтэллэр, айанныыллар, таһаҕас таһаллар уонна эмтэнэллэр. Үлэм сыала, соруга: 1) Киһи сылгыны кытта сыһыанын үөрэтии. 2) Билиҥҥи үйэҕэ сылгы суолтатын быһаарыы., үөрэтии. 3) Сылгы үөскээһинин үөрэтии. 4) Киһи сылгыны кытта сибээһин чинчийии. 5) Билиҥҥи үйэҕэ киһи олоҕо сылгыттан тутулуктааҕын үөрэтии. 6) Сылгылар боруодаларын үөрэтии. Үлэм гипотезата: Мин санаабар, сылгы киһи олоҕор улахан оруоллаах. Кини эмтиир күүһэ аныгы медицинскай технологиялардааҕар күүстээх. Сылгы бэйэтин кыаҕар эппиэттиир, дьон тапталын, кыһамтыатын уонна убаастабылын ылар дьиэ кыыла. Мин сылгылары наһаа сөбүлүүбүн. Тоҕо диэтэр кинилэр наһаа кыраһыабайдар, өйдөөхтөр, күүстээхтэр уонна тулуурдаахтар. Биирдэ оҕоҕо аналлаах передачаҕа сылгы туһунан кэпсээбиттэрэ. Ол передачаҕа сылгы киһиэхэ көмөлөһөрүн, киһини эмтиирин туһунан билбитим. Уонна кинилэр тустарынан элбэҕи билиэхпин баҕарбытым. Кинилэри биһиги көлө оҥостобут, спортивнай күрэхтэһиигэ (конные скачки) уонна циркаҕа туһанабыт. Бу кыылы оҕолор эрэ буолбакка улахан дьон эмиэ сөбүлүүрүн анкета көмөтүнэн биллим. 14 киһиттэн 10-на сылгыны сөбүлүүллэрин туһунан суруйбуттар. Ол гынан баран сылгы хантан үөскээбитин ким да билбэт эбит.Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»
виола_сылгы_доклад.docx
«Бүлүү улууһа» муниципальнай тэриллии «Улуус үөрэҕириитин салалтата» муниципальнай казенай тэрилтитэ Үгүлээт орто оскуолата Дакылаат Темата: «Сылгы ­ мин сөбүлүүр дьиэ кыылым» Улэни суруйда: 2 кылаас уерэнээччитэ Спиридонова Виола Салайааччы: Николаева Анна Николаевна 2018 с. Ис тутула Киириитэ ..................................................................................................................................... 3 1. 2. 3. 4. Сылгы  үөскээһинэ ............................................................................................................... 4 Сылгы  боруодалара ............................................................................................................. 4 Сылгы органнарын  сайдыыта ............................................................................................. 4 Киһи олоҕор сылгы  суолтата .............................................................................................. 4 Түмүк .....................................................................................................................................5 Туhаныллыбыт литература………………………………………………………………...6 Киириитэ                       БиҺиги  олорор планетабытыгар,  сир шар араас муннуктарыгар араас кыыл тыһыынчаттан тахса көрүҥэ баар. Ол кыыллар араас буолаллар: сорохтор кыра, сорохтор улахан,   сорохтор   кутталлаах,   сорохтор   кыраһыабай,   сорохтор   боростуой   дьүһүннээх буолаллар. Кинилэр бары сиргэ, сорохтор ууга, сорохтор салгыҥҥа, сорохтор сир анныгар, сорохтор биһиги дьиэбитигэр олороллор! Кыыллар эйгэлэрэ бэйэтэ элбэх кистэлэҥнээх уонна саҥа арыйыылардаах. Онтон мин саамай интэриэһиргиир кыылым сылгы буолар. Актуальноһа: Сылгы   киһи   олоҕор   улахан   оруолу   оонньуур.   Урут   уруккаттан билиҥҥээҥҥэ   диэри   сахалар   уонна   да   атын   норуоттар   сылгынан   сир   көбүтэллэр, айанныыллар, таһаҕас таһаллар уонна эмтэнэллэр. Үлэм сыала, соруга: 1) Киһи сылгыны кытта сыһыанын үөрэтии. 2) Билиҥҥи үйэҕэ сылгы суолтатын быһаарыы., үөрэтии. 3) Сылгы үөскээһинин үөрэтии. 4) Киһи сылгыны кытта сибээһин чинчийии. 5) Билиҥҥи үйэҕэ киһи олоҕо сылгыттан тутулуктааҕын үөрэтии. 6) Сылгылар боруодаларын үөрэтии. Үлэм гипотезата:              Мин санаабар, сылгы киһи олоҕор улахан оруоллаах. Кини эмтиир күүһэ аныгы медицинскай   технологиялардааҕар   күүстээх.   Сылгы   бэйэтин   кыаҕар   эппиэттиир,   дьон тапталын, кыһамтыатын уонна убаастабылын ылар дьиэ кыыла.               Мин  сылгылары  наһаа   сөбүлүүбүн.  Тоҕо   диэтэр  кинилэр  наһаа   кыраһыабайдар, өйдөөхтөр, күүстээхтэр уонна тулуурдаахтар. Биирдэ оҕоҕо аналлаах передачаҕа сылгы туһунан   кэпсээбиттэрэ.   Ол   передачаҕа   сылгы   киһиэхэ   көмөлөһөрүн,   киһини   эмтиирин туһунан билбитим. Уонна кинилэр тустарынан элбэҕи билиэхпин баҕарбытым.          Кинилэри биһиги көлө оҥостобут, спортивнай күрэхтэһиигэ (конные скачки) уонна циркаҕа туһанабыт. Бу кыылы оҕолор эрэ буолбакка улахан дьон эмиэ сөбүлүүрүн анкета көмөтүнэн биллим. 14 киһиттэн 10­на сылгыны сөбүлүүллэрин туһунан суруйбуттар. Ол гынан баран сылгы хантан үөскээбитин ким да билбэт эбит. 1. Сылгы үөскээһинэ            Сылгы 50 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр эогиппус диэн дьиикэй кыылтан үөскээбит эбит. Бу кыыл ыт саҕа размердаах эбит. Ойуурга олорор эбит. Отунан аһылыктанар эбит.        Сылгы – кыраһыабай дьиэ кыыла. Кини бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан, тулуурдааҕынан дьону   сөхтөрөр.   Кинилэр   үөрүнэн   сылдьаллар.   Үөрдэригэр   ,   группаларыгар   хайаан   да атыыр сылгылаах буолаллар эбит. Ол сылгылара кинилэри салайан сылдьар эбит. Хаһан да соҕотохтуу сылдьыбаттар. 2. Сылгы боруодалара              Биһиги сылгыларбыт Пржевальскай сылгытын  боруодаларыгар киирсэллэр эбит. Боруодаларыгар верховой диэн   баар   эбит.   Бу   сылгылар   киһи   миинэригэр   аналлаахтар. Таһаҕас   таһар   сылгылар чэпчэки (легкоупряжнай)   уонна ыйааһыннаах таһаҕаһы (тяжелоупряжнай)   таһар   сылгылар   диэҥҥэ   арахсаллар.Өссө   баар   эбит пони боруодата. Кини кып­кыра.Понитааҕар кыра өссө биир боруода баар эбит Фалабелла диэн мини сылгы. Кини кыратын таһынан ынырык сымнаҕас майгылаах эбит. 3. Сылгы органнарын сайдыыта         Сылгы истэр органа киһитээҕэр быдан сайдыбыт эбит. Көрөр органа өҥнөрү араарар гына сайдыбыт. Сыттыыр органа саамай сайдыбыт эбит. Кини олоҕор кутталы үөскэтэр кыыллары уонна хаһаайынын сытын ыраахтан билэр. Амсайар органын сайдыыта мөлтөх эбит. Бу аһы сиэххэ сөп, бу аһы сиэниллибэт диэн эрэ араарар кыахтаах эбит. Билбэт предметтэрин муннун, айаҕын аттыгар баар баттахтарынан, түүлэринэн таарыйан билэр эбит. 4. Киһи оло ор сылгы суолтата ҕ        Сылгыны дьон араас сорукка туһанар эбит. Холобур, рыцарьдар миинэллэр этэ. Сэрии саҕана аттары миинэн сэриилэһэ бараллар этэ. Быраастар ыарахан ыарыылаах дьоннору эмтииргэ  эмиэ  сылгылары  туһаналлар.  Сылгыны  мииннэххэ  доруобуйаҥ тупсар. Сылгы үүтүнэн   кымыс   оҥороллор.   Спортка   эмиэ   туһаналлар.   Кинилэри   миинэн   ким   сылгыта ырааҕы   ойон,   түргэнник   сүүрэригэр.   Полициялар   общественнай   сирдэргэ   бэрээдэк көрөллөрүгэр атынан сылдьаллар. Түмүк Сылгы киһи олоҕор оруола улахан. Кинилэрэ суох биһиги олохпут сатаммат. Ол иһин мин сылгылары наһаа сөбүлүүбүн. Туhаныллыбыт литература. 1. Периодическай бечээт: «Кыым»; «Якутия»; «Энсиэли». 2. Камбегов Б.Д., Балакшин О.А., Хотов В.Х. Лошади России. ­­ М.: РИЦ МДК, 2002.­­236  с. 3.Козлов С.А., Парфенов В.А. Коневодство: Учебник. ­­ С.­Пб.: Лань, 2004. 4. Парфенов В А. Лошади. ­­ М.: Изд­во «Народное творчество», 2002. ­­ 192 с.

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»

Дакылаат Темата: «Сылгы - мин сөбүлүүр дьиэ кыылым»
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
11.11.2018