Доклад "Көбөкөн" (4 класс)
Оценка 4.7

Доклад "Көбөкөн" (4 класс)

Оценка 4.7
Научно-исследовательская работа
docx
экология
4 кл
25.03.2017
Доклад "Көбөкөн" (4 класс)
Саха сирин историята билигин сайдыы атын кэрдииһигэр таҕыста.Хантан хааннаахпытын,кимтэн кииннээхпитин быһаарсан,аны саха омук атын норуоттар ортолоругар ханнык миэстэни ыларый,туох уратылааҕый,туох майгыннаһардааҕый. Элбэх боппуруос быһаарылла, үөрэтиллэ илик.Саха омук биис уустарынан арахсан олорбута үөрэтилиннэ, ол эрээри биис уустар историялара дириҥник үөрэтиллэ, сырдатылла илик.
Б Слава.docx

Саха республикатын үөрэҕин министерствота

Нам улууһун үөрэххэ управлениета

Көбөкөн орто оскуолата

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

«Мин дойдум Көбөкөн историята»

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

толордо: Бочкарев Слава,

4 кылаас үөрэнээччитэ

салайааччы: Ортоюкова Л.М,

начальнай кылаас учуутала

 

 

2017

Иһинээҕитэ

Киириитэ.........................................................................................................3стр.

I баһа. Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара - Көбөкөттөр

1.1.Көбөкөн Бөрө Бөтүҥнэри кытта сибээһэ ааттарга…………..................5стр.

1.2.История Бөрө Бөтүҥнэр туһунан………………………...........................6стр.

1.3.Бөрө  Бөтүҥ  өйдөбүл  быһаарыыта………………………......................8стр.

Түмүк…………………………………….........................................................9стр.

Туттуллубут литература.................................................................................10стр.

Сыһыарыылар………………………………..................................................11стр.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Киириитэ

Саха сирин историята билигин сайдыы атын кэрдииьигэр таҕыста.Хантан хааннаахпытын,кимтэн кииннээхпитин быһаарсан,аны саха омук атын норуоттар ортолоругар ханнык миэстэни ыларый,туох уратылааҕый,туох майгыннаһардааҕый. Элбэх боппуруос быһаарылла, үөрэтиллэ илик.Саха омук биис уустарынан арахсан олорбута үөрэтилиннэ, ол эрээри биис уустар историялара дириҥник үөрэтиллэ, сырдатылла илик.

Үлэ ураты суолтата (актуальноһа):

Билигин биһиги  Саха сирбит историятын үөрэтии киэҥник тарҕанна.Ол курдук хас биирдии улуус историята  кинигэ буолан таҕыста.Бэйэбит төрүттэрбитин, төрөөбүт түөлбэбит историятын үөрэтиэх,таптыах тустаахпыт.Төһө да улуустарынан историяны үөрэппиттэрин иһин, билигин даҕаны ситэ чинчийиллэ, үөрэтиллэ илик элбэх.Сахалар хас биирдии биис уустара ураты олохтоох- дьаһахтаах, туспа ураты историялаах этилэр. Мин дойдум Көбөкөн, Бөрө Бөтүн биис ууһун сыдьаанннара түөлбэлээн олохсуйбут сирдэрэ буоларын чинчийии үлэм ураты суолтата.

Проблема үөрэтиллибитэ (чинчийиллиитэ):  

Саха сирин биллэр учуонайдара, историктар А.И.Гоголев, Борисов А.А, философ К.Д.Уткин үлэлэригэр сахалар үөскээһиннэрин боппуруостарыгар, саха бөдөн биис ууһа Бөрө Бөтүҥнэр  туһунан  үөрэтэн, чинчийэн тураллар. Биирдиилээн үһүйээннэргэ олоҕурбут ыстатыйалар эмиэ бааллар. Онтон анал улахан үлэ суох. Онон мин бэйэм төрөөбүт дойдум Көбөкөн Бөрө Бөтүҥнэр  историяларыгар туох сыьыаннааҕын  быһаарарга сананным.

Чинчийии сыала,соруктара:

Үлэ сыалынан – Көбөкөн саха бөдөн биис ууһа Бөрө Бөтүҥнэр историяларыгар туох сыһыаннааҕын арыйыы.Сыалбын ситиһэр инниттэн маннык соруктары туруордум:

- Бөрө Бөтүҥнэр  туһунан үһүйээннэри  хомуйуу;

- Архивнай докумуоннары үһүйээннэргэ тэҥнээһин;

-„Бөрө  Бөтүҥнэр“ааты быһаарарга холонуу;

- Көбөкөн сирдэрин ааттарыгар Бөрө диэн тыллары булуу;

Барытын сааһылаан баран историческай чахчыларга олоҕуран докумуоннары,үһүйээннэри ырыттым.

Чинчийии ньымата,сыһыана:

Үлэ ньыматын төрүөтэ - проблеманы арыйыыга уопсай сыһыан олохтонуута. Сахалар үөскээһиннэрин барылын туһаныы үлэҕэ эмиэ көстөр.Ол иһин биис ууһун аата баар.

Сонуна уонна туһаныллар суолтата:

Үлэ сонуна чинчийиллэр, үөрэтиллэр проблемаҕа сыһыантан тахсар. Ол эбэтэр Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара Көбөкөттөр үөскээһиннэрин историята көстөр. Бу үлэ Нам улууһун, Көбөкөн историятын үөрэтиигэ туһалыан сөп.

Үлэ олуга:  Сүрүн олугунан С.А.Петров Көбөкөн историятын туһунан суруйбут үлэтэ уонна А.А.Борисов «Якутские улусы в эпоху Тыгына» диэн кинигэтэ буоллуллар. Маны таһынан үһүйээннэр,биирдиилээн дьон ыстатыйалара, үлэлэрэ туһанылыннылар.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

I баһа. Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара - Көбөкөттөр

1.1.Көбөкөн Бөрө Бөтүҥнэри кытта сибээһэ ааттарга

Мин төрөөбүт дойдум Көбөкөн Нам улууһуттан 70-километр тэйиччи, Лена өрүс уҥа кытылыгар сытар.Олонхоһуттар Бэдьээлэ,Буоратай,поэт Василий Маайыскай төрөөбүт-үөскээбит,ырыаҕа-тойукка туойбут дойдулара Көбөкөн Тараҕана диэн улуу алаастаах. Көбөкөн сирдэрэ былыргы ааттара төрүт сахалыы, ис хоһоонноро бэрт дириҥ суолталаахтар. Холобура биир тарҕаммыт үһүйээҥҥэ маннык кэпсэнэр:

«Көбөкөн соҕуруу өттүгэр,Фрунзе учаастагыттан 6 километрдаах сиргэ турар Бөрөлөөх арыытыгар былыр дьону сут дьылга (ол аата кураан буолан аччыктааһын) кэмигэр, кырдьаҕас оҕонньор бөрө кыыл хаһааммыт аһын булан аччыктааһынтан быыһаабыт». Онтон ыла көбөкөттөр бөрөҕө сүгүрүйэр, таҥара оҥостор буолбуттар. Ол гынан баран, историческай чахчыга олоҕурдахха, ити үһүйээн оруна суох. Бөрөлөөх диэн аат кыыл бөрөҕө  сыһыана суох, история чахчыта бигэргэтэринэн:

өрүттэрбититтэн туур тыла хаалбыт, ол тылга бөрө суолтата, өйдөбүлэ: суостаах,кутталлаах сэрииһит, хаһаайын диэн тыллары кытта ситимнээх,сибээстээх.

Бө - куттуурга туттуллар саҥа аллайыы,

рө - эр, уол, хаһаайын диэн тылбаастанар,

түн- орто дойду,

Онон түүрдэргэ сыһыаннааҕынан Бөрө Бөтүҥнэр орто дойду уола,хаһаайына буолар. Көбөкөттөр төрүттэригэр сүгүрүйүүлэрин бэлиэтэ. Атын сирдэр, күөллэр ааттара эмиэ «бө» диэн тыл олохтоохтор:

-«Бөртөлөөх күөлэ»;

-«Бөрөлөөбүт алааһа»;

-«Бөртөннөөбүт».

Саха киэҥ туттар топонимиһа, историк Багдарыын Сүлбэ сирдэр ааттара киэҥ суолталааҕын, элбэҕи кэпсииллэрин ыйан турардаах. Онтон сиэттэрэн, биһиги Көбөкөммүт сирдэрин ааттара Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара буоларбытын туоһулууллар диэн бигэргэтиэхпин сөп. Маны таһынан Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара Көбөкөн уолаттара- сэттэ бырааттыылар ааттара алаастарга бааллар:

-Күндүл (Чороху) алааһа;

-Дымырдай;

-Дабаанча сирэ.

 

1.2.История Бөрө Бөтүҥнэр туһунан

Саха биллэр историктара суруйалларынан Бөрө Бөтүҥнэр - Лена өрүс орто сүнньүн баһылаан олорбут бөдөҥ биис ууһа буолаллар эбит. Бөтүҥнэр Лена уонна Алдан өрүстэр тоҕойдоругар олорбуттар. Кинилэр Лена өрүс икки өттүн баһылаан олорбуттар.Алдан өрүс уҥа өттүгэр баар сирдэри эмиэ бас билэллэрэ. Бөрө Бөтүҥнэр диэн кимнээхтэрий? Историктар этэллэринэн соҕуруу диэкиттэн кэлэн олохсуйбут хотугу хуннар тобохторо эбиттэр. Лена өрүс уҥа өттүгэр Көбөкөн сиригэр Лабынха ууһа диэн эбээн омук биистэрэ олорбуттар. Кинилэр сахалартан үтүрүллэн Алдан уҥуор баран олохсуйбуттар. Бөрө Бөтүҥнэр Лабынха биис ууһун кытары буккуһан аймахтыы буолбуттар. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн  Бөрө Бөтүҥнэр билиҥҥи Амма, Бүлүү, Нам улуустарын сирдэригэр олорбут  биис ууһа буолар.Туур тылыттан тылбаастаатахха орто дойду баһылыктара диэн. Тюркскай каганат буойуннара эмиэ бөрө бөтүҥнэр диэн ааттаахтар эбит. Онон соҕуруу дойдуттан көһөн кэлэн, Лена өрүс орто сүнньүнэн олохсуйан баһылаабыттар. Бөрө Бөтүҥнэр тоҥустары кытта эйэ дэмнээхтик бэйэлэрин тулалыыр эйгэлэригэр ыаллыы алтыһан олорбуттар. Кинилэртэн  17 үйэ иккис аҥарыгар хаалбыт биис уустарыттан - Көбөкөттөр буолаллар. Көбөкөттөр булдунан, сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлара. Көбөкөттөр бииргэ төрөөбүт сэттэ уолаттар эбит: Күндүл (Чороху), ТоппоДымырдай, Дөдөкө, Дабаанча, Ньөчөрүйэ, Сабай, Чэркээччи (Сабар).Түмүктээн эттэххэ: Бөрө  Бөтүҥнэр хуннар тобохторо, кинилэр үс улуу өрүстэр Лена, Бүлүү, Алдан олохтоохторо. Бөрө  Бөтүҥнэргэ хас да аҕа ууһа киирэр эбит. Нууччалар кэлбиттэрин кэннэ хоту, илиҥ улуустарынан тарҕаммыттар.Өспөхтөр,найахылар,бороҕоттор,дүпсүннэр бөрө бөтүҥнэри кытта аймахтыылар эбит.Амма бөтүҥнэрэ Лена сахаларыттан Бөтүн биис ууһуттан арахсан тарҕаммыттар.Өбүгэлэрбит төрүт ааттара олоро сылдьыбыт сирдэригэр,историческай  докумуоннарга,үһүйээннэргэ хаалбыттар.

1.3.Бөрө  Бөтүҥ  өйдөбүл  быһаарыыта

Саха сирин төрүт былыргы ааттара история кэрэһиттэрэ диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Тыл үөрэхтээҕэ Л.И.Егорова бэлиэтииринэн бөрө бөтүҥнэр диэн өйдөбүл үс аймах биис ууһугар (Амма,Бүлүү,Нам) атын туспа суолталаахтар:

1.Бөрө Бөтүҥнэр -орто дойду хаһаайына.

2.Бөртөн -бөрө, эриэн кыылтан (змея) үөскээбит (Өлөөн   улууһа)

3.Бөртөлөөх бөрө - инники атаҕар ыас хара сурааһыннаах бөрө (Хаҥалас улууһа).

Бу барыта бөрө кыылга сүгүрүйүүттэн тахсар (тотемнара) диэн быһаараллар. Туур омуктартан үөскээбит туоһубут буолар. Бөрө диэн тылы саха биис уустара туохха сүгүрүйэлэриттэн сыһыаннаан бэлиэтээн тутталлар эбит:

-бөтүн, түн уус, бөртө, үһүөн бөрө кыылы ытыктааһынтан тахсаллар.Тыл үөрэхтээхтэрэ бу үс тылы майгыннаһаллар, биир ситимнээх тыллар диэн быһаараллар эбит.Онтон мин өбүгэлэрбэр Бөрө Бөтүҥнэргэ сыһыаннаан маннык этэллэр:

өрө - бө-куттуурга туттуллар (устрашитель),

- рө, өр -тойон (господин).

Бөрө Бөтүҥ - орто дойду тойоно  (устрашитель, наделенный властью Господа). Көбөкөттөр - хуннар тобохторо курыканнар, онон сиэттэрэн туур буойуна - бөрө бөтүн дэнэр үһү. Тюркскай каганат сэрииһитэ.

Онон Нам Көбөкөнүгэр тыл ити быһаарыыта ордук түбэһэр, нэһилиэк историятын кытта сибээстээтэххэ.

 

Түмүк

Мин  чинчийэр үлэм сүрүн сыала – төрөөбүт дойдум төрүт былыргы историятын үөрэтии, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин чинчийии буолар. Билигин Бүлүү, Амма, Нам  Бөтүҥнэрэ  Бөрө Бөтүҥнэртэн кииннээхпит диэн холбоһон ыһыах ыыппыттара хас да сылыгар барда, онно Көбөкөн нэһилиэгэ эмиэ кыттыһар.  Историческай докумуоннарга олоҕуран Бөрө Бөтүҥнэр Көбөкөттөргө  сыһыаннарын арыйдым. Архыып докумуоннара быһааралларынан: - былыргы туур омуктар сыдьааннара буоламмыт ааппытын,тылбытын илдьэ кэлбиппит.Бу барылы бигэргэтэр Л.И.Егорова үлэтэ „Различия трех тотемных образов волка у якутов“.Бу үлэбинэн бэрт интэриэһинэй чахчылары буллум, ол курдук тыл суолтата,ис хоһооно элбэҕи кэпсиирин. Көбөкөттөр өбүгэлэрэ – Бөрө  бөтүҥнэр Саха сирин биир саамай улахан биис ууһа,араас  улуустарынан тарҕанан симэлийэн хаалбыттар. Ол да буоллар ааттара,тыллара сүппэккэ билигин да туттулла сылдьаллар:

-«Бөртөлөөх күөлэ»;

-«Бөрөлөөбүт алааһа»;

-«Бөртөннөөбүт»;

Бөрө Бөтүҥнэр биис уустара бэйэлэрин олохторун, дьылҕаларын хаһаайыннара буоланнар эстибэккэ Саха сирин устун тарҕанан, Аммаҕа, Бүлүүгэ, Намҥа сыдьааннара олоробут.

 

 

 

 

 

 

 

Туттуллубут литература:

1.Васильев Н.И. История Якутии. Якутск,2004.

2.Борисов А.А.Якутские улусы в эпоху Тыгына. Якутск,1997

3.НУГА,ф.67 опись7. 

4. Олонхо -духовное наследие народа саха.Якутск,2000.

5.Петров С.А. Көбөкөн историята, рукопись 1979.

 6.Нам улууьа.Нам,2008.


 

Саха республикатын үөрэ ҕ ин министерствота

Саха республикатын үөрэ ҕ ин министерствота

Иһинээҕитэ Киириитэ.........

Иһинээҕитэ Киириитэ.........

Киириитэ Саха сирин историята билигин сайдыы атын кэрдииьигэр таҕыста

Киириитэ Саха сирин историята билигин сайдыы атын кэрдииьигэр таҕыста

К ө б ө к ө н сирдэрин ааттарыгар

К ө б ө к ө н сирдэрин ааттарыгар

I ба һ а. Б ө р ө Б ө т үҥ нэр сыдьааннара -

I ба һ а. Б ө р ө Б ө т үҥ нэр сыдьааннара -

Маны таһынан Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара

Маны таһынан Бөрө Бөтүҥнэр сыдьааннара

Нууччалар кэлбиттэрин кэннэ хоту, илиҥ улуустарынан тарҕаммыттар

Нууччалар кэлбиттэрин кэннэ хоту, илиҥ улуустарынан тарҕаммыттар

Түмүк Мин чинчийэр үлэм сүрүн сыала – төрөөбүт дойдум төрүт былыргы историятын үөрэтии, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин чинчийии буолар

Түмүк Мин чинчийэр үлэм сүрүн сыала – төрөөбүт дойдум төрүт былыргы историятын үөрэтии, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин чинчийии буолар

Туттуллубут литература: 1.Васильев

Туттуллубут литература: 1.Васильев
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
25.03.2017