Добавить материал
Войти
🕊️
Войти в кабинет
Медиатека
Курсы
Сертификация
Мероприятия
Конкурсы
Собрания
Классные часы
Новости
Ваше членство
Добавить материал
и получить до 500 000 ₽.
свидетельство СМИ
и 10 документов
Использование ИКТ на уроках КНРС(Я)
Оценка
4.6
Евстафьев Павел
Евстафьев Павел
Использование ИКТ на уроках КНРС(Я)
Оценка
4.6
Исследовательские работы
doc
окружающий мир
2 кл—11 кл
14.01.2018
Билигин оҕо үөрэххэ интэриэһэ мөлтөөбүтүнэн кини айар дьо5урун хайдах уһугуннарыахха сөбүй? Киһи социумҥа бэйэтин миэстэтин булунуутугар, аныгы информационнай технологиялары практическай үлэтигэр туһаныыта тирэх буолаллар. Олох хаамыыта көрдөрөрүнэн саҥа информационнай технологиялара суох аныгы сайдыылаах оскуоланы көрбөккүн. Саха тылын, литературатын уруоктарыгар ИКТ-ны туттуу оҕо мотивациятын үрдэтэр, айар дьоҕурун сайыннарар, сырдык эмоциональнай туругу олохтуур. Компьютеры үөрэтиигэ туһаныы эйгэтэ киэҥ.Билигин оҕо үөрэххэ интэриэһэ мөлтөөбүтүнэн кини айар дьо5урун хайдах уһугуннарыахха сөбүй? Киһи социумҥа бэйэтин миэстэтин булунуутугар, аныгы информационнай технологиялары практическай үлэтигэр туһаныыта тирэх буолаллар. Олох хаамыыта көрдөрөрүнэн саҥа информационнай технологиялара суох аныгы сайдыылаах оскуоланы көрбөккүн.
Использование ИКТ на уроках КНСР(Я).doc
Текстом
Картинками
Евстафьев Павел Васильевич, саха тылын уонна литературатын учуутала Бэстээх оскуолата Билигин оҕо үөрэххэ интэриэһэ мөлтөөбүтүнэн кини айар дьо5урун хайдах уһугуннарыахха сөбүй? Киһи социумҥа бэйэтин миэстэтин булунуутугар, аныгы информационнай технологиялары практическай үлэтигэр туһаныыта тирэх буолаллар. Олох хаамыыта көрдөрөрүнэн саҥа информационнай технологиялара суох аныгы сайдыылаах оскуоланы көрбөккүн. Саха тылын, литературатын уруоктарыгар ИКТны туттуу оҕо мотивациятын үрдэтэр, айар дьоҕурун сайыннарар, сырдык эмоциональнай туругу олохтуур. Компьютеры үөрэтиигэ туһаныы эйгэтэ киэҥ. Сыала: оҕо айар дьо5урун уһугуннарыыга, чинчийэр дьоҕурун сайыннарыыга үөрэтэргэ компьютеры туһаныы Сорук: 1. Саха тылыгар темаларынан үөрэтэр компьютернай программалары киллэрии. Онно оҕону ИКТнан үлэлэтии, билэркөрөр баҕаларын чочуйуу; 2. Технологическай үлэ ньымаларыгар үөрэтии: оҕо бэриллибит теманан сөптөөх информацияны буларыгар, таларыгар, айар чинчийиини ыытарыгар; 3. Айар толкуйу сайыннарыы; наукаҕа, культураҕа, искусствоҕа сыһыарыы, үөрэнээччи иникитин талыныытыгар профессиональнай көмө оҥоруу. Сабаҕалааһын: үөрэтиигэ ИКТны туһаныы оҕо үөрэххэ баҕатын, билэркөрөр, чинчийэр, айар дьоҕурун сайыннарыан сөп. Компьютеры уруокка туһанан манныгы ситиһиэххэ сөп: 1. үөрэнээччи билэркөрөр дьоҕурун уһугуннарар: 2. информациянан үлэлиир дьоҕурдарын чочуйар; 3. информационнай ресурсаларынан үлэлиир таһымнарын үрдэтэр; 4. кругозордарын, культураларын, бэйэлэригэр сыһыаннарын сайыннарар; 5. айар, коммуникативнай үөрүйэхтэрин сайыннарар. Тема: Тиэкиһи ырытыы. Уусуран тиэкискэ даҕааһын суолтата 6 кылаас Сыала: 1. Үөрэтэр: Саҥа компетенциятын сайыннарыы: тылынан уонна суругунан, монологическай уонаа диалогическай саҥа; Орфографическай сатабылы чиҥэтии; Лингвистикаҕа теоретическай билиини хатылааһын. 2. Иитэр: тыл иэйиитин, кэрэтин истэргэ, ылынарга. бэйэбэйэни кытта алтыһыыга, үлэлииргэ 3. Сайыннарар: Тиэкиһи ылынар үөрүйэхтэри сайыннарыы, авторы кытта кэпсэтии, кинини кытта автор буолуу; Тиэкиһи ааҕарга хас биирдии тылга болҕомтолоохтук сыһыаннаһар үөрүйэҕи иҥэрии. Тэрилэ: компьютер, экран, проектор, карточка Тэрээһин. Сыал уонна сорук. Уусуран айымньыны хоһоонноохтук ааҕыы; Айар үлэ. Тиэкиһинэн лингвистическэй үлэ; орфографическай үлэ; 1. Тиэкиһинэн үлэ: А. Искэ ааҕыы (экраҥҥа эбэтэр 1№ карточка) Тиэкиһи хоһоонноохтук ааҕыы Б. Көр (экраҥҥа “Сайыҥҥы көстүү” хартыына) (музыка) Тиэкис тематыгар хартыына сөп түбэһэр дуо? Санааҕын дакаастаа. В. Орфографическай үлэ: Сорудах: көппүт дорҕооннору туруор (2№ карточканан үлэ) бэрэбиэркэлэн (карточка эбэтэр экраҥҥа костор) Г) Лингвистическэй үлэ: Сорудах: тиэкискэ аат булуу Ыйытыыларынан үлэ: Тема диэн тугуй? Идея диэн тугуй? Сорудах: Тиэкис тиибин уонна истиилин быһаар эппиэттэри бэрэбиэркэлээһин: (Көмө карточкалар 1№ көмө карточка, 2№ көмө карточка) Д) 1№ лингвистическэй эксперимент(7№ слайд) тиэкиһи даҕааһына суох ааҕыы (7№ слайд) ыйытыыларга эппиэт сорудах: лингвистическэй темаҕа кылгас тиэкис бэлэмнээһин: “Даҕааһына суох тиэкис” Е) 2№ лингвистическэй эксперимент: даҕааһыннарга бул: 1 группа – синонимы, 2 группа – антонимы (сылабаар, карточка). Суруйбут тиэкистэри ааҕыы. (Хос быһаарыы: бу үлэни группанан, пааранан, биирдиилээн толоруохха сөп – оҕо баҕатынан). Ж) Аналитическай сорудах: ыйытыыларга эппиэттээ (кыһыҥҥы уонна күһүҥҥү көстүүлээх хартыыналар). Уусуран тиэкискэ даҕааһын туттуллуутугар уонна суолтатыгар түмүк оҥоруу: даҕааһын – художник кырааскатыгар дьүөрэ. 2. “Уусуран айымньыга даҕааһын суолтата” – ыйытыылар уонна сорудахтар (биирдиилээн, пааранан, группанан үлэ). 3. Литератураҕа даҕааһын суолтата – “эпитет”. Хоһооннортон, быһа тардыылартан эпитет булуу 4. Дьиэҕэ үлэ: айылҕа тематыгар эпитети туттан минисочинение суруйуу 5. Рефлексия
Использование ИКТ на уроках КНРС(Я)
Использование ИКТ на уроках КНРС(Я)
Использование ИКТ на уроках КНРС(Я)
Использование ИКТ на уроках КНРС(Я)
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете
сообщить о нарушении
.
Введите ваш email
Ваш email
*
Скачать материал
Скачать
Файл готов!
Скачать
Вверх
14.01.2018
Посмотрите также:
📁
Конспект урока "Все профессии важны"
📁
Критерии оценки деятельности обучающихся 2: Групповая работа
Новости
Курсы
Членство
Еще
Войти
Новости
Курсы
Сертификация
Мероприятия
Конкурсы
Собрания
Классные часы
Медиатека
Бонусы