Сценарий мероприятия "Спасибо, Букварь!" на якутском языке
Оценка 4.9

Сценарий мероприятия "Спасибо, Букварь!" на якутском языке

Оценка 4.9
docx
20.10.2022
Сценарий мероприятия "Спасибо, Букварь!" на якутском языке
Баьыыба, Букубаар 2022.docx

МБОУ “Амгино-Нахаринская СОШ им. П.И. Яковлева”

 

 

 

 

 

 

 

БАҺЫЫБА, БУКУБААР!

Кылаас чааhа

 

 

 

 

 

Бэлэмнээтэ: Александрова Сардана Степановна

алын кылаас учуутала

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

2022 сыл

 

 

Ыытыллар кунэ: Тохсунньу 21 күнэ, 2022  сыл

Тэрээhин сыала:

-          о5о билэр-көрөр ба5атын, ситимнээн саҥарар үөрүйэ5ин үрдэтии;

-          ылбыт билииннэн киэн туттарга, дуоhуйууну ыларга усулуобуйаны тэрийии;

-          төрөппүт уонна о5о биир коллектив буоларыгар усулуобуйаны тэрийии.

Туттуллар тэрил: оскуола туhунан ырыалар, фонограммалар, “Букубаар барахсан, баhыыба!”, “торт”, Тэрээhин барыла:

1.      Киирии тыл

2.      Парад “Биhиги ситиhиилэрбит”

3.      О5олор хоһоонноро

4.      Стихи “Читалочка”

5.      Букубаар сорудахтара

6.      Ырыа “Аа5ар буолан үөрэбин»

7.      Хоьоон “Букубаар, быраьаай!”

8.      Бырааhынньыктаа5ы остуол

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

·         Киирии тыл.

Кинигэттэн билэ5ит

Араас дойду сонунун,

Кинигэттэн ыла5ыт

Олох араас оhуорун.

Туох кэрэ барыта

Кинигэ5э суруллар.

 

- Үтүө күнүнэн, күндү о5олор! Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн – бастакы кинигэбитин Букубаары бүтэрэн, быраһаайдаһар күммүт тиийэн кэллэ. Бу а5ыйах ый анараа өттүгэр кыайан аахпат, суруйбат кырачаан о5олор оскуола боруогун атыллаабыттара. Ол бэйэлэрэ номнуо букубаны барытын билэн, бүгүн эhиэхэ анаан тугу билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсээри кэлэн тураллар.

·         Парад “Биhиги ситиhиилэрбит”

(Оҕолор тураллар. Учуутал ааттаабыт оҕото хардыылыыр, учуутал оҕо ситиһиитин этэн баран, төбөтүгэр оҕо сөбүлүүр буукубатын кэтэрдэр)

-          Көрсүө5үҥ Амма-Наахара орто оскуолатын 1 кылааhын үөрэнээччилэрин: (СЛАЙД)

·         Никифорова Аяна. Кылааспыт бастыҥ кэпсээнньитэ. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 1 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, улуустаа5ы «Мин хомо5ой тылым өһүлүннэҕинэ» үһүйээн күрэҕэр 3 степеннээх дипломнаах. “Мин бастакы олимпиадам” республиканскай олимпиада кыайыылаа5а. Аяна сөбүлүүр  буукубата М.

·         Иванов Вася. Кылаааспыт бастыҥ суруксута. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 1 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, республикатааҕы межпредметнай “Новогодняя олимпиада5а” 1 миэстэлээх, улууска ыытыллыбыт “Мастерская открыток” оҥоһук күрэҕэр 1 миэстэлээх. Вася сөбүлүүр  буукубата Б.

·         Александрова Аэлита. Кылааспыт бастыҥ суотчута. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 2 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, республикатааҕы межпредметнай “Новогодняя олимпиада5а” 1 миэстэлээх, “Мин бастакы олимпиадам” республиканскай олимпиада5а 2 м. “Я знаю окружающий мир” всероссийскай олимпиада кыайыылаа5а, улуустаа5ы “Мастерская открыток” оноьук курэ5эр анал ааттаах. Всероссийскай “Символ года” уруьуй курэ5эр 1 миэстэлээх, улуустаа5ы “Мастерская Деда Мороза” курэххэ 2 миэстэлээх.  Аэлита сөбүлүүр  буукубата А.

·         Макаров Шамиль. Кылааспыт биир бастыҥ спортсмена. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 1 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, “Мин бастакы олимпиадам” республиканскай олимпиада5а 2 миэстэлээх. Улууска тустуу курэ5эр 2 миэстэлээх. Шамиль сөбүлүүр  буукубата Н.

·         Гаврильева Урсууна. Кылааспыт бастыҥ ырыаһыта. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 1 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, республикатааҕы межпредметнай “Новогодняя олимпиада5а” 2 миэстэлээх, “Мин бастакы олимпиадам” республиканскай олимпиада5а 3 миэстэлээх,  “улуустаа5ы “Мастерская открыток” оноьук курэ5эр анал ааттаах. Урсууна сөбүлүүр  буукубата Л.

·         Александров Семён. Кылааспыт түргэн ааҕааччыта. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 1 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, республикатааҕы межпредметнай “Новогодняя олимпиада5а” 1 миэстэлээх, “Мин бастакы олимпиадам” республиканскай олимпиада5а 2 м,  “улуустаа5ы “Мастерская открыток” оноьук курэ5эр анал ааттаах. Семён сөбүлүүр  буукубата В.

·         Гаврильева Ньургустаана. Кылааспыт саамай кыраһыабай буочардааҕа. Всероссийскай “Синичкин день” уруһуй күрэҕэр 2 миэстэлээх, 1 республикатааҕы фольклор күрэҕэр бөлөҕүнэн кыттан 1 миэстэлээх, республикатааҕы межпредметнай “Новогодняя олимпиада5а” 1 миэстэлээх, “Мин бастакы олимпиадам” республиканскай олимпиада5а 2м. Ньургустаана сөбүлүүр  буукубата Г.

- Хайдах курдук элбэх ситиьиилээх о5олор биьиги иннибитигэр туралларый! Биьиги онтон уерэбит, киэн туттабыт!

Ыытааччы: Букубалар – кыргыттар, (СЛАЙД)

  Букубалар – уолаттар,

  Сорохторо мэниктэр,

  Сорохторо көрсүөлэр.

  Букубалар - о5олор

  Оонньуулларын таптыыллар,

  Хам бааччы олорботтор,

  Көрүрүлүүллэр, ыллыыллар.

О5олоор, буукубалар тустарынан кэпсиибит дуо? (О5олор букваларын туьунан хоьооннорун аа5аллар)

АЯНА

Палочка и палочка

Между ними галочка.,

И понятно сразу всем:

Получилась буква М.

ВАСЯ

Буква Б – у мамы в бусах,

Буква Б – в больших арбузах,

В доброй, милой бабушке

И красивой бабочке!

АЭЛИТА

Всем известна буква “А”-

Буква очень славная.

Да к тому же буква “А”

В алфавите главная.

ШАМИЛЬ

У меня про букву “Н”

Вдруг сложилась песенка:

Н-н-н-н-н-н-н-н

Получилась лесенка.

УРСУУНА

На стремянку Л похожа

И на крышу дома тоже.

Лесом легкий лист летел

Приземляться не хотел.

СЕМЁН

Буква В – верблюд двугорбый,

Он большой и очень гордый.

У верблюда два горба,

И у буквы В их два.

НЬУРГУСТААНА

Говорю я вам друзья, без буквы Г никак нельзя,

Гвохдик, галочка, грибок,

Знать буквы надо на зубок!

        -О5олоор аа5ар үчүгэй дуу? Тоҕо?  (слайда) Ырытыы.

«Кинигэлиин доҕордоһуоҥ, элбэххэ үөрэниэҥ»

       - Ааҕар хайдах курдук үчүгэйин туһунан хоһооммутун ааҕыаххайыҥ эрэ.

Валентин Берестов “Читалочка”

 

Как хорошо уметь читать!

Не надо к маме приставать,

Не надо бабушку трясти:

“Прочти, пожалуйста! Прочти”

Не надо умолять сестрицу:

“Ну прочитай еще страницу!”

Не надо звать,

Не надо ждать,

А можно взять

И прочитать!

ЫЫТААЧЧЫ: Дьэ о5олорбут аа5а үөрэнэннэр олус үөрбүттэр эбит. Баһаалыста, баран миэстэбитигэр олоробут.

 

ЫЫТААЧЧЫ:Оҕолоор, биһиги ханнык бырааһынньыкка мустан олоробутуй? Оччо5уна ким баар буолуохтаа5ый? Букубаарбытын ыҥырыа5ыҥ эрэ. (Букубаар киирэр)

Бары: Букубаар! Букубаар!

Букубаар: Дорооболоруҥ! То5о миигин ыҥырдыгыт?

О5олор: Аа5арга, суруйарга үөрэппиккэр махтанаары!

Букубаар: Оо, бэрт эбит. Бу о5олор бары махтана5ыт дуо?

О5олор: Бары!

Букубаар: Оччо5уна мин кэпсээннэрбин, хоhооннорбун төhө билэргитин көрдөрүҥ эрэ! (Слайд)

- Саха алпаабытыгар хас буукуба баарый? (40)

-Хас аһаҕас дорҕоон баарый? (8)

- Хас дифтонг баарый? (4)

- Хас бүтэй дорҕоон баарый ? (19)

Аны мин таабырыннарбын таайыҥ эрэ: (Слайда)

Саҥа дьиэни илиибэр

Мин тутан иһэбин,

Кумааҕы дьоннор онно

Олус диэн элбэхтэр. (суумка)

Мин мас ырбаахылаахпын

Сып-сытыы муруннаахпын,

Альбом устун сүүрэлиэм,

Ыты-куһу уруһуйдуом. (харандаас)

Сороҕор мин клеткабын,

Сороҕор сурааһыннаахпын,

Эн миигин арыйан,

Суруйарга үөрэниэҥ. (тэтэрээт)

Мин нүксүйбэппин,

Мин наһаа көнөбүн,

Көбүс-көнө сурааһыны

Тардаргар көмөлөһүөм. (линейка)

Пластмасс ырбаахылаахпын,

Харандаастан атыммын.

Үөрэнээччи доҕоробун,

Кыраһыабай буочары сөбүлүүбүн. (ручка)

БУКУБААР: Таабырыннары билэр да о5олор мустубуттар эбит. Дьээрэ, төһө ааҕар буолбуккутун бэрэбиэркэлиэхпин баҕардым. Манна тыллар саспыттар. Ким түргэнник таайар эбитий? (слайд)

 

БУКУБААР: Маладьыастар! Аны ребустарбын таайыҥ эрэ.(слайд)

кур + тах =куртах

суор + ат = суорат

та+ба(ҕа)= таба

күн+дү=күндү

 

БУКУБААР: Маладьыастар! Аны мин билиэхпин ба5арабын, эһиги төһө бэркэ суруйар буолбуккутун. (слайд)

Тыа(л), ал(аа)с, (х)омус, А(мм)а

БУКУБААР: Маладьыастар!

 

Ыытааччы: О5олоор, Букубаарбытыгар махтанабыт дуо? Киниэхэ махтанан “Аа5ар буолан уерэбин”ырыабытын ыллыа5ыҥ.

Оскуола боруогун
Атыллаан киирэммин,
Букубаар ыламмын
Ааҕарга үөрэнним.
     Хос ырыата:
АБВГ диэммин
Алфавиты билэбин,
АБВГ диэммин
Ааҕар буолан үөрэбин.

 Ойуулаах лиистэргин
Арыйан үөрэбин,
Саҥаны билэммин
Ааҕарым түргэтиир.

Тапталлаах кинигэм,
Букубаар барахсан,
Өрүүтүн өйдүүбүн
Үөрэппит өҥөҕүн.

 “Букубаар, быраһаай!” хоһооммутун аа5ан иһиттиннэриэ5иҥ.

Буукубаарбыт барахсан, быраһаай!

Баһыыба бары үчүгэйгэр!

Үчүгэй кэпсээҥҥэр, сэһэҥҥэр,

Үчүгэй хоһооҥҥор, ойуугар.

Букубаар: Таптаан миигин аахтыгыт

                   Таабырыммын таайдыгыт

                   Аны араас кинигэни

                   Аа5а сылдьын эьиги

                   Ол эрээри бука бары

                   Умнаайа5ын Букубаары. (Букубаар тахсан барар)

 Эьиэхэ анаан до5отторбун Саха тылын, Литература аа5ыытын, Русский язык, Литературное чтение кинигэлэри хаалларабын.

 

ЫЫТААЧЧЫ: Оҕолоор, Букубаарбыт барда дии. Аны хайдах кинигэтэ суох үөрэнэбитий?

БиҺиэхэ ким көмөлөһөрүн биллим. Оҕолоор, этиҥ эрэ, биһиги оскуолабытыгар кинигэ саарыстыбата ханна баарый? Ол саарыстыба салайааччыта кимий? Сөп, маладьыастар!

(Надежда Аркадьевна)

ЫЫТААЧЧЫ: Саҥа кинигэлэммиккитинэн үөрдүгүт дуу?

ЫЫТААЧЧЫ: О5олоор, төрөппүттэр эһиэхэ анаан сюрприз оҥорбуттара. Билиэххитин баҕараҕыт? Сюрпризпыт 4 букваттан турар, бастакы уонна бүтэһик буквата Т. (таайбатахтарына – сюрпризпыт олус минньигэс, бырааһынньыктааҕы остуолу киэргэтэр.)

Фанфар тыаһыыр.

ЫЫТААЧЧЫ: Манан бырааһынньыкпыт сүрүн чааһа бүтэр. Барыгытын бырааһынньыктаа5ы остуолга ыҥырабыт.

 

Бырааһынньыктааҕы остуол

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Приложение

Конкурс"Самый быстрый"  ( Буквы и веревка)
К двум
буквам привязываются длинные нитки, а на концы привязываются карандаши, а можно и катушки от ниток. По команде ведущего игроки начинают их сматывать. Выигрывает конкурс тот, чья буква быстрее придет к финишу.

конкурс "Разведчики" (мас, таас, оҕо, таба, ийэ, аҕа, муус)
Игрокам прицепляются на спины по табличке с заранее написанным на них словом. Задача играющих - прочитать, что написано на спине соперника, но при этом не показать своей надписи.

конкурс "Испорченный факс"(листочки, фломастеры)
Игроки делятся на команды и встают друг за другом. Всем выдаются листок бумаги и карандаш. Последнему в шеренге ведущий показывает рисунок, а игрок должен, располагая листок на спине следующего, перерисовать эту картинку. Следующий игрок по ощущениям, которые испытавала его спина, рисует свой рисунок и так далее. Выигрывает конкурс та команда, чей рисунок в конечном итоге больше всего будет похож на оригинал.

Прилепи нос (лицо человека+ пластилиновый нос)
Нарисуйте на большом листке бумаги смешное лицо (без носа), отдельно вылепите из пластилина нос. Прикрепите лист на стену. Игроки отходят на несколько шагов. По очереди завязывают глаза, подходят к портрету и стараются прилепить нос на место. Выигрывает тот, кто прилепит нос точнее.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 


 

МБОУ “Амгино-Нахаринская СОШ им

МБОУ “Амгино-Нахаринская СОШ им

Ыытыллар кунэ: Тохсунньу 21 күнэ, 2022 сыл

Ыытыллар кунэ: Тохсунньу 21 күнэ, 2022 сыл

Киирии тыл. Кинигэттэн билэ5ит

Киирии тыл. Кинигэттэн билэ5ит

Мастерская открыток” оноьук курэ5эр анал ааттаах

Мастерская открыток” оноьук курэ5эр анал ааттаах

Да к тому же буква “А” В алфавите главная

Да к тому же буква “А” В алфавите главная

ЫЫТААЧЧЫ:Оҕолоор, биһиги ханнык бырааһынньыкка мустан олоробутуй?

ЫЫТААЧЧЫ:Оҕолоор, биһиги ханнык бырааһынньыкка мустан олоробутуй?

БУКУБААР: Таабырыннары билэр да о5олор мустубуттар эбит

БУКУБААР: Таабырыннары билэр да о5олор мустубуттар эбит

Таабырыммын таайдыгыт

Таабырыммын таайдыгыт

Приложение К онкурс" Самый быстрый " (

Приложение К онкурс" Самый быстрый " (
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
20.10.2022