Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)
Оценка 4.9

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Оценка 4.9
Научно-исследовательская работа
doc
экология
4 кл
15.02.2018
Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)
Доклад ученицы 4 класса на НПК по краеведению. В докладе исследуется корова якутской породы. Анатомические параметры, не прихотливость в уходе, качество молока и мяса. Описывается как бык спас стадо от медведя. Главная цель доклада: возрождение и сохранение коров якутской породы.
Доклад.doc
Саха  республикатын  үөрэ5ириитин  министерствота  МБТ «Нам  улууhун»  үөрэ5ириитин  управленията                              «М.В.Петрова  аатынан  Таастаах ситэтэ  суох  орто  оскуолата» «Саха  ына5а – төрүт  баайбыт» Толордо: М.В. Петрова аатынан Таастаах оскуолатын 3 кылааЬын үөрэнээччитэ  Скрябина  Лера   Салайааччы:  Баишева М.Н. 2015с. I. Киирии  тыл…………………………………………………………………………. Ис  тутула : II. Сүрүн  чааЬа………………………………………………………………………… 1). Саха    ына5а – төрүт  баайбыт……………………………………………. 2). «Хорсун  Быйан» ­ дэриэбинэ  «геройа»…………………………………. III. Түмүк………………………………………………………………………………... IV. ТуЬаныллыбыт  литература………………………………………………………. V.  СыЬыарыылар……………………………………………………………………… Киирии. Дакылаатым  темата:  Саха  ына5а – төрүт баайбыт. Чинчийии объега: Саха  ына5а. Чинчийии  сыала:    Саха     ына5ын     историятын     үөрэтии,     төрүт     өбүгэбит   сүөЬүтүн харыстаан  тыыннаах  хаалларыы. АктуальноЬа:  боруода быЬыытынан  саха  ына5а  сүтэн эрэрин  тохтотуу, билиЬиннэрии. Сонун  өттө:   Айыл5а  айгырыыр  кэмигэр, билиҥҥи  сайдыылаах  үйэ5э  саха  ына5ын үүтэ­этэ   –  киЬиэхэ туЬалаах, эмтээх. Чинчийии         ньымалара:  үлэЬитин  кэпсээнэ. Талбыт  төрүөтүм: Таастаахха  кэлбит  «Быйаҥ»   о5ус  историятын  сэргээн.  БиЬиги нэЬилиэккэ саха   ынахтарын   2008с.   а5албыттара.   Кинилэр   истэригэр     Быйан   диэн   Периодическай     бэчээт,     интернет,   «Тускул»     тэрилтэ атыыр  о5ус  кэлсибитэ.  «Быйаҥтан»  сылтаан  бу  үлэбин  са5алаан  суруйдум.           Мин  үЬүс  эрэ  кылаас  буоларым  быЬыытынан, саха  ына5ын  туЬунан  билиим а5ыйах,   сэмэй. Кэлин   улахан   кылаастарга   бу   үлэбин   сал5аан,   диринэтэн   чинчийэн барар  ба5алаахпын. Ол  иьин  эрдэттэн  бу  теманан  үлэлиэм  диэн  былаанннанным  ол иЬин   саха   ына5ар сыьыаннаах   матырыйааллары   хаЬыаттартан   хомуйабын.   Научнай терминнэри   улаханнык   өйдөөбөтөрбүн   да, кэлин   наада   буолуо диэн,   билиннэттэн мунньабын.     БиЬиги     Таастаахпытыгар:       «Тускул»     хотонно     бастаан     61     ына5ы а5албыттара. Кинилэр  истэригэр  «Быйан»  баара. 2013 с  түмүгүнэн  25  ыанар  ынах,  20 ньирэй, 5  о5ус. Уопсайынан  129 – саха  ына5а  баар. Хотонно  2  ыанньыксыт  1 – рабочай, 1  –   харабыл     уонна     сэбиэдиссэй     ­   Аргунова     Ольга     Андреевна.   «Тускул»     филиал соругунан – саха  ынах  боруодатын  элбэтии уонна  тар5атыы буолар.  Бу  үлэбин  суруйарбар  учууталым  Мария Николаевна  сүбэлээн – амалаан  көмөлөспүтэ. Кинини кытта  «Тускул»  сэбиэдиссэйин  көрсөн  иЬитиннэрии  ылбыппыт.  Кини  үлэлэрин көрдөрүүлэрин   билиЬиннэрбитэ. Саха  ынахтара  Таастаахха  кэлэн  төрөбүттэрин  кэннэ:  түнэтиллибиттэр: 20 төбө – племобъединение 20 төбө – ЯГСХА 21 төбө – «Үөкүйэ»  крестьянскай  хаЬаайыстыба 53 төбө – Чурапчы  филиала 12 төбө – Горнай   филиала 20 төбө – Амма  филиала Биир  ыйга  ньиирэй  12 кг,  суукка5а – 490 гр.  улааппыт.  Бэс   ыйыттан  алтынньга  дылы 43,9 кг  улааппыттар. Сайынын  биир ынах  576,2 л  үүтү биэрэр,  сыата  4.5 % ­ 8,4%  Ортотунан  биир  ынах  олунньуттан  от  ыйыгар  дылы 902,68л   үүтү  биэрэр. Сыалара 4,62 ­ 5.7%   Ол да  иЬин, саха  ына5ын  а5ыйах  астаах  тымныыны  тулуйумтуо,  минньигэс  эттээх, хойуу үүттээх  диэн, мин  эбэм  аах  иитэллэр  эбит. КүЬүн  идэЬэлэннэхтэринэ, дьоннор эрдэттэн сакаастаан   хама5атык  атыылаЬаллар. Сүрүн  чааЬа Саха  ына5а­ төрүт  баайбыт Саха  ынахтара  кыЬынын  хотонно  тураллар.  Сайынын  мэччийэ  тахсан  үөрүнэн   сылдьаллар.  Соро5ор  дьиэбит таЬыгар  кэлэннэр  мэччийээччилэр.  Кинилэри  таЬыттан  көрдөххө –  кыра  унуохтаах,  кылгас  атахтаах  төбөтө  кэтит   сүүстээх,  моонньо – суон,  кылгас  көхсө – көнө,  кэлин  диэкинэн  сунтуйар, улахан   истээх.  Түүтэ­ хойуу,  кыра  ба5айы  эмиийдээ,  онтунката түүнэн  бүрүллүбүт.  Улахан 50 – 60 º  тымныыга  холкутук  таЬырдьа  сылдьаллар,  түүлэрэ  мэЬэйдиир  буолан  эмийдэрэ  үлүйбэт ,  тымныыны   тулуйумтуо. Үчүгэйэ  диэн  саха  сүөЬүтэ  ­  кыра  астаах  (экономичнай). Күннэ  3  киилэ  отунан  сөп   буолар.  Былыр­былыргытан  саха  ына5а  сөрүүн  хойуу  үүтүнэн, эмис  сыалаах  этинэн  саха   омугун   иитэн – аЬатан  кэлбиттэр. Иччилэрэ тугу  санарарын  барытын  өйдүүллэр . Саха  ына5а  о5омсох  буолан,  сиргэ  баран төрүүр  идэлээх.  О5отун  салаан,  сытыр5алаан  мэлдьи  бэрийэ,  көрө­истэ сылдьар.  О5ото аттыгар  баар  буолла5ына  үчүгэйдик  иэтэр. Көнөмсөх, иччимсэх  майгылаах.  О5олоро  кэлин  улаатан  да  баран  урууларын   билинэллэр. Сайын  саха  ынахтара  хама сылдьан араас оту,  сибэкки  араас  көрүн,  тэллэй арааЬын  сииллэрин  сөбүлүүллэр,  астыналлар.  Сайын  элбэхтик  хааманнар,  сүЬүөхтэрин тэнитэллэр.  ОЬо5осторо  атын  сүөЬулэрдээ5эр  18­19 миэтэрэнэн  уЬун  буолан  ,   кыыдааннаахтымныы  кыЬыны  кыстаан  туоруурга  анаан  бэлэмнэнэн  иЬигэр  элбэх   сыаны  мунньунар. Этин  быыЬа  быычыгырас  сыа  буолан  «Мраморнай»  диэн  ааттанар.   Этэ­үүтэ – эмтээх,  «хаама  сылдьар  аптека»  диэн  ааттыыбыт. Хорсун  Быйан – дэриэбинэ  «геройа»                Хоту  Эбээн  Бытантай  улууЬун  олохтоохторо  инники  кэскили  өтө  көрөрнсаха төрүт  сүөЬүтөн харыстаан  тыыннаах  хаалларбыттара. Онтон  30­ча  борооску  Горнайга Улуу СыЬыы    көтөр   аалынан    а5алыллыбыта.  Өбүгэлэрин    төрүт   сиригэр    кэлэннэр бороскулар  тыыллан­ хабыллан  турбуттара. Ол  иЬигэр, «Быйан»  диэн  ааттаах  атыыр о5ус   баара. 2008с   «Быйан» сорох   ынахтарын   кытта   Нам   Таастаа5ар   көЬөрүллэн кээлтэрэ. Кини  биир да  атыыр  о5уска  кыайтарбат  күүстээ5инэн  албан  ааттаммыта. Харсаары  күрдьүөтээн,  хара5а  күлтэйэн,  кып­кыЬылынан  көрөн  турда5ына,  киниэхэ ким да  чугаЬаабат. Арай  иитэр­аЬатар, бостууктуур  эрэ  киЬитин  билинэр. Атын  кэмнэ туруору  сымна5ас. Кими  да  кэйбэт, куттаабат, ол эрэри  атын  дьону  үөрүгэр  чугаЬаппат. Саха     ынахтара,     ордук     мэник­тэник     торбостор   сананы     сүрдээ5ин     билэ­көрө сатыырүгэстээхтэр.     Билбэт     киьилэрин     маннай     ыраахтан     одулууллар.   Сөбүлүү көрдөхтөрүнэ   кэлэн   сытыр5алыыллар. Кыра   о5олору   ордук   дьиибэргииллэр. Ытыыр о5ону  дьээбэлээн  муннуларынан  түннэри  анньаллар уонна  тэбиэлэнэ­тэбиэлэнэ  куотан хаалаллар. Ыраатан   баран   эргиллэн   көрөн   турар   буолаллар.  Ол  торбостору  Быйан кэлэн  кэйбитэ  буолан   сэрэтии биэрэр.  Ону  истибэккэ  кэлэн  иккистээн  кэлэн  ытыы турбут  о5ону  эмиэ  түннэри  аста5ына «Быйан»  ол  торбоЬу  кэйэн  «таЬыйар». Ити  үөрэх  кэнниттэн  торбостор  анны  кыра  о5ону  дьээбэлээбэт  буолаллар. Саха   ына5ын   элбэтэр   айыл5аттан   ыйаахтаах   аатырбыт   атыыр   о5ус   «Быйан» үөрүн араас   ыраах   сирдэринэн    салайан   илдьэ   мэччитэр. Ол сылдьан    хаста да   адьыр5а кыылларга  түбэспитэ. Биирдэ  сүүнэ  улахан  эЬэ  саба  түспүтүгэр  «Быйан»   үөрүн  көмүскээн  ынырыктаах охсуЬууга     киирбитэ.     Ол     охсуьууга     анар     хара5ын     сүтэрбитэ,     өттүгүн     быЬа о5устарбыта ол эрээри  биир  да  сүөЬүтүн  эЬэ5э  таарыттарбата5а. Бу  Улуу  СыЬыыга иитиллэн     турдахтарына     буолбут     түбэлтэни     кэпсээбиттэрэ.   Ол     иЬин     «Быйан» Таастаахха     кэлэн   «Хорсун   Быйан» диэн   ааттаммыта.   БиЬиги о5олор   кинини ити хорсун  быЬыытын  иЬин  олус  убаастыыбыт, кини,  дэриэбинэ  «геройа»  аатырбыта. Түмүк. Саха  ына5а – төрүт  баайбыт.               Саха  ына5ын  харыстааьын  олохтоох  дьон  доруобуйатын  быыЬааЬын  буолар. Саха  ына5ын  үүтүн  сүөгэйин  арыытын  таЬынан  киЬи  доруобуйатыгар  туьалаах  элбэх белоктаах, туЬалаах  веществолаах  эбит. Ону  таЬынан  ордук  тотоойута  (калорийнойа) биллибит.   Өссө   тириититтэн   танас – сап,   атах   танаЬа   оноЬуллара. Саха   ына5а – национальнай  баай. Норуот     историятын     чуолкайдыырга     көмөлөөх,     омукпутун     көмүскүүр     мэнэ өйдөбүлбүт. Ол  иЬин  хайаан  да  саха  ына5ын  харыстыахха  уонна  элбэтиэххэ  наада. Саха  республикатыгар  5000  ынахха Саха ына5ын  үөрэтиигэ  бу  үлэм – са5алааЬын эрэ. Сыл  аайы  бу темабын эбии  үөрэтэн, диринэтэн  иЬиэ5им. Ол иЬин, саха ына5ар сыЬыаннаах  матырыйааллары  мунньабыт. Таастаахха   саха   ынахтара бааллара, практическай   өттүнэн кэтээн   көрөн   чинчийэргэ, олус  то5оостоох. Холобур, ыйааЬыннарын, кээмэйдэрин, үүтүн    хаачыстыбатын,  үүтүн сыатын  сыл  аайы кэтээн  крөн, мониторинг  нөнүө  көрдөрүөххэ  сөп  диэн  санаа5а  , салайааччыбынаан  кэллибит. Туhаныллыбыт  литература. 1. Периодическай  бечээт:  «Кыым»;  «Якутия»; «Энсиэли». 2. Г.П. Башарин  «Якутский скот  в  XVII в » 3. Коротов А.Н.  «Изучение якутчкого скота»

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут баайбыт" (доклад ученицы 4кл по краеведению)

Доклад "Саха ына5а - терут  баайбыт" (доклад ученицы 4кл по  краеведению)
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
15.02.2018