И.Н.Барахов туьунан
Оценка 5

И.Н.Барахов туьунан

Оценка 5
Занимательные материалы
docx
воспитательная работа +1
Взрослым
24.04.2018
И.Н.Барахов туьунан
1898 сыллаахха урукку ааҕыынан тохсунньу 31, аныгынан олунньу 12, күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһунХарбалаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыалга төрөөбүт. Аҕата Бараах уола Ньалбаахаан Микииппэр (Иванов Никифор Иванович) — дьадаҥы уола, бэйэтин хара күүһүнэн уонна үлэтинэн байбыт-тайбыт киһи. Саха биллиилээх устуоруга Е. Е. Алексеев суруйарынан, байарыгар үс суолу тутуспут — хаарты, сир оҥорон бурдук үүннэрии уонна сүөһү иитиитэ. Ийэтэ Өлөөнө Өргүөт нэһилиэгин Арбаҕастаах аҕатын ууһуттан төрүттээҕэ. Бу ыал, оҕо өлүүлээх буолан, Исидор төрөөбүтүгэр, оччотооҕу сиэринэн абааһыттан куоттаран, үс сыл ийэтин аймахтарыгар Баһылай Наҕабыыһыннаахха (Чэччэйдээххэ) Өргүөккэ ииттэрбиттэрэ. Онтон ыалга иккис уол Дьуона төрөөбүтэ, оҕолоругар ханыы гынаары элбэх оҕолоох аймахтарыттан өссө биир уолу Анньыыһыны ииттэ ылбыттара.
неделя.docx
Исидор Никифорович Барахов (Иванов)  (12.02.1898—15.09.1938)    Өрөспүүбүлүкэтин   Саха үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай үлэһит. төрүттээччилэртэн   биирдэстэрэ, XIX Төрдө­ууһа   1898 сыллаахха урукку ааҕыынан тохсунньу 31, аныгынан олунньу 12, күнүгэр Үөһээ   Бүлүү   улууһун  Харбалаах   нэһилиэгэр сүөһү   иитиитинэн дьарыктанар   сэниэ   ыалга   төрөөбүт.   Аҕата   Бараах   уола   Ньалбаахаан Микииппэр   (Иванов   Никифор   Иванович)   —   дьадаҥы   уола,   бэйэтин   хара күүһүнэн уонна үлэтинэн байбыт­тайбыт киһи. Саха биллиилээх устуоруга Е. Е.   Алексеев суруйарынан,   байарыгар   үс   суолу   тутуспут   —   хаарты,   сир оҥорон   бурдук   үүннэрии   уонна     Ийэтэ Өлөөнө Өргүөт нэһилиэгин Арбаҕастаах аҕатын ууһуттан төрүттээҕэ. Бу ыал, оҕо өлүүлээх буолан, Исидор төрөөбүтүгэр, оччотооҕу сиэринэн абааһыттан куоттаран,   үс   сыл   ийэтин   аймахтарыгар   Баһылай   Наҕабыыһыннаахха (Чэччэйдээххэ)   Өргүөккэ   ииттэрбиттэрэ.   Онтон   ыалга   иккис   уол   Дьуона төрөөбүтэ,   оҕолоругар   ханыы   гынаары   элбэх   оҕолоох   аймахтарыттан   өссө биир уолу Анньыыһыны ииттэ ылбыттара. сүөһү   иитиитэ. Үөрэҕэ. Куорамыкыга Монастырев учууталга   аан   бастаан   үөрэммитэ.   Бу үөрэнэр сылларыгар убайынаан Аньыыһынныын атыыһыт Дьөгүөр (Георгий) Батаакапка   олорбуттара.   Батаакаптар   кыыстара   Мусялыын,   уоллара Серафимныын улааппыттара.   бүтэрбитэ. 12   саастаах   Исидор   1910с.   Бүлүү   куорат   начальнай училищетыгар киирбитэ. Училище 1913 сыллаахха үрдүкү училище статуһун   Бу   сылларга   аҕата   уруккуттан   билсэр ылбыт. 1914 с. атыыһыта Николай   Расторгуев дьиэтигэр   олорбута.   Исидоры   кытта оччоҕо Степан   Аржаков, Степан   Гоголев, Николай   Бубякин, Дора Жиркова, Муся Потапова, Дмитрий Очуров, Георгий Павлов, Г. А. Шадрин, А.   П.   Егоров,   Степан   Иванов   о.   д.   а.   үөрэммиттэрэ.   Училище дириэктэринэн Попов Иван Васильевич, оттон 1912 сыллаахтан математика уонна физика учууталынан А. Е. Кулаковскай (Өксөкүлээх) үлэлээбитэ. П. Х. Староватов, эдэркээн Марк Жирков учууталлыыллара. 1912 с. кылгас кэмҥэ нуучча тылын Сэмэн Новгородов үөрэтэ сылдьыбыта. 1914 с. ахсынньытыгар, үөрэҕин бүтэрэн баран, Расторгуевка үлэлээбит. Бу   сылдьан   тохсунньуга   Дьокуускайдааҕы   учууталлары   бэлэмниир сэминээрийэ   дириэктэригэр   үөрэххэ   киирэр   туһунан   көрдөһүү   түһэрбит. Күһүн Үөһээ Бүлүү быраабатыгар дьыаланы устааччынан үлэлээбит, онтон сыылынай Т.   П.   Алфер сүбэтинэн   земскэй   сэтээтэл   Г.   Ф.   Корякиҥҥа суруксутунан киирбит. Бу киһи дьиэтигэр олорбут, онтон кинини кытта 1915 с. күһүн Дьокуускайга барсыбыт уонна семинариятыгар киирбит. Сэминээрийэҕэ Максим   Аммосовы, Степан   Аржаковы уо.   д.   а.   кытта, барыта   17   буолан   киирбиттэрэ.   Биир   сыл   аҕа Платон   Слепцов (Ойуунускай)үөрэнэрэ.   Үөрэнэ   сылдьан   литература   куруһуогар   сылдьар, кэлин   салайар   эбит,   1917   сыл   саҥатыгар   Степан   Аржаковтыын   Бүлүү түмсүүтүн тэрийбиттэрэ биллэр. Оттон «Е. М. Ярославскай революционнай куруһуогар дьарыктаммыта» диэн этии билиҥҥи кэмҥэ саарбахтанар. Исидор кэлин   бэйэтэ   суруйбутунан,   «1917   сыл   олунньуга   дылы   политическай боппуруостарга   биһиктээх   кыһыл   оҕо»   эбит.   Баартыйа   дөкүмүөннэригэр Барахов бассабыык баартыйа чилиэнинэн 1917 сыл балаҕан ыйыттан буолбута туоһуланар. Уустук   кэм   кэлэн   Бараховтаах   сэминээрийэни   бүтэрэр   сылларыгар үөрэхтэрэ   быста­быста   салҕаммыта.   Үс   сыллаах   үөрэхтэрин   1918   с.   муус устарга   түмүктээбиттэрэ.   Бу   сыл,   биллэрин   курдук,   Арассыыйаҕа   Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолан, саҥа былаас дойдуга кимиилээхтик хааман испитэ. Саха Сирэ саҥа былааһы билиммэтэҕэ. Онон уларытыы күүрээнигэр киирбит эдэр   дьон,   Бараховтаах,   бастаанньаҕа   бэлэмнэнэн   барбыттара,   кистэлэҥ хаһыаты таһаараллара, сэп­сэбиргэл хомуйаллара. Тылга сыһыаннаах үлэтэ 1920­с   сыллардаахха   саха   алпабыытын,   суругун   сокуонун чуолкайдааһыҥҥа,   саха   тылын   үөрэтиигэ,   сайыннарыыга,   үрдүк   таһымҥа таһаарыыга, киниэхэ государственнай тыл анал туругун иҥэриини ситиһиигэ боччумнаах үлэни оҥорбута. Холобур, биир «Сахатытыы уонна нуучча тыла» диэн ыстатыйатыгар маннык салаалар бааллар: 1. Сэбиэскэй государcтвенность уонна тыл. 2. Бу туһунан РКП XII сийиэһэ туох диэбитэй? 3. Сахатытыы — бу партия сийиэстэрэ олоххо дьиҥнээхтик киириилэрэ. 4. Ленин бу боппуруоска туох диэн үөрэппитэй? 5. Сахалыы суругу­бичиги сайыннарыы наада дуо? 6. Нуучча тылын оруола уонна миэстэтэ. 7. Сахатытыы наадалаах. Оттон   «Тыллар   тэҥ   бырааптаах   буолуулара»   диэн   ыстатыйаҕа   Исидор Никифорович   тыллар   бырааптарын,   сахатытыы   туһунан   сиһилии   суруйар, сахатытыы — нуучча тылын үтүрүйүү буолбатаҕын бэлиэтиир. 1926   с. Алампаны уонна Күндэни кытта киин куоратыгар Бакуга буолбут Бүтүн   I сийиэһигэр кыттыбыта.   Манна   анаан   «Саха   алпаабытын   туһунан»   диэн тезистэри суруйбута.   Азербайджан Сойуустааҕы Түүр       Экономикаҕа сыһыаннаах үлэтэ 1923   с.   оҥорбут   дакылаатыгар   тыа   хаһаайыстыбатын   өрө   көтөҕүү, кустарнай   уонна   ремесленнэй   производствоны   сайыннарыы,   кыһыл   көмүһү уонна   күндү   таастары   хостооһун   туһунан,   Саха   Сирин   бордууксуйатын оҥорон   таһаарыыны   улаатыннарыыга   хаһаайыстыбаннай   бэлиитикэ   сүрүн хайысхаларын быһаарбыта. «Саха өрөспүүбүлүкэтин промышленноһа, суола­ииһэ уонна инникитэ» диэн   ыстатыйатыгар   сиртэн   хостонор   баайдары   суолу­ииһи   тупсардахха толору   көдьүүстээхтик   туһаныахха   сөп   диэбитэ.   Иркутскайтан   Уус­Кукка диэри   тимир   суол   салаатын,   Дьокуускайтан   Амуурдааҕы   тимир   суол Рухолово   (Большой   Невер)   станциятыгар   диэри   массыына   суолун бырайыактааһын   уонна   тутуу,   Дьокуускай   —   Охотскай   суолун   чөлүгэр түһэрии, Өлүөхүмэ өрүһү, күрбэ таастартан босхолоон, онон Могоча тимир суол   станциятыгар   тахсар   туһунан   боппуруостары   туруорбута.   1923   сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр Үлэ уонна Оборона Сэбиэтигэр ыыппыт суругар Өлүөнэ өрүс пароходствотын тэрийиини туруорсубута Бэлиитикэ 1921   сыллаахха   хомуньуус   баартыйа   X   сийиэһигэр   Саха   Сириттэн куоластыыр   бырааптаах   соҕотох   делегат   быһыытынан   кыттыбыта   (иккис делегат Былатыан Ойуунускай сүбэ куоластаах этэ). Бу сийиэс Москубаҕа Кириэмилгэ   кулун   тутарга   буолбута.   Киин   хонтуруоллуур   хамыыһыйа дакылаатын,   разверстканы продналогунан уларытыыны,   омуктар   ыккардыларынааҕы   сыһыаны,   баартыйа   сомоҕо буолуутун,   анархо­синдикалисткай   халыйыы   туһунан   боппуруостары дьүүллээбитэ.   Бу   сийиэскэ   Владимир   Ленин   кыттыбыта.   1921—1924   сс. партия губбюротун   АССР Совнаркомун   профсоюзтар   үлэлэрин, секретарынан,   Саха бэрэссэдээтэлинэн   үлэлээбитэ,   партия   X,   XII,   XV   сийиэстэрин   делегата, ССРС уонна Саха Сирин Киин ситэриилээх комитеттарын чилиэнэ этэ. 1926 —1928 сс. партия Саха Сиринээҕи тэрилтэтин салайбыта. 1928—1933   сс. Кыһыл   профессура   Институтугар үөрэммитэ.   Ону ситиһиилээхтик   бүтэрэн   баран,   Киин   комитет   аппараатыгар   тыа хаһаайыстыбатын   салаатыгар Илин   Сибиир уонна Уһук   Илин сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Репрессия 1938 с.   олунньу   3   күнүгэр   дьэҥдьийэргэ   уонна   хаайарга НКВД­лар ордер ылбыттара. Архыыпка баар дьыалаҕа ол кэнниттэн 146 хонук иһигэр туох   буолбута   биллибэт.   Бу   тухары НКВД хаайыытыгар   сытан   «буруйун» билиммэтэх буолан, доппуруос боротокуола суох диэн Е. Алексеев суруйар. Доппуруос   боротокуола   бэс   ыйын   29   күнүттэн   саҕаланар. 1938 с. балаҕан ыйын   15 күнүгэр   диверсийэҕэ,   үспүйүөннээһиҥҥэ, куорҕаллааһыҥҥа   буруйдаан   ССРС   оһуобай   боломуочуйалаах   үрдүкү байыаннай суута ытарга уурбута. Ол күн суут уурааҕа олоххо киирдэ диэн Барахов дьыалатыгар тигиллэн сылдьар, ол аата 40 саастааҕар ытыллыбыт. 1956 с.   алтынньы   31   күнүгэр   Исидор   Барахов   үтүө   аата   чөлүгэр түһэриллибитэ.   национализмҥа, Дьиэ кэргэнэ Кэргэнэ   Черепанова   Александра   Андреевна   1901   с.   төрүөх, Екатеринбургтан төрүттээх. Ииппит уола Ким Черепанов (кэлин Аҕа дойду Улуу   сэриитигэр   өлбүтэ)   уонна   төрөппүт   уола   Ярослав   (1929   с.   төрүөх). Ярослав   Исидорович   Андрей   уонна   Людмила   диэн   оҕолордоох.   Людмила математик,   программист.   Андрей   Ярославович   Барахов   билим   үлэһитэ, Ярослав диэн уоллаах Аатын үйэтитии Барахов   аатын   Үөһээ   Бүлүү   улууһун   киинигэр   баар   улууска   биир бастакы   уонна   ордук   бөдөҥ   оскуолалартан   биирдэстэрэ   1957   сыллаахтан сүгэр. Оскуолаҕа киниэхэ аналлаах стендэ баар, сыл аайы киниэхэ аналлаах уруоктар  ыытыллаллар.   Оскуола   туйгун   үөрэнээччитигэр   кини   аатынан стипендия төлөнөр.   Сэбиэскэй саҕана Үөһээ Бүлүү улууһун бөдөҥ совхуоһа кини аатын сүгэр этэ. Барахов аатынан теплоходу ааттаабыттара.    Төрөөбүт сиригэр Харбалаахха киниэхэ аналлаах түмэл үлэлиир. Үөһээ Бүлүүгэ уонна Харбалаахха мэҥэ­өйдөбүнньүктэр тураллар. М.   К.   Аммосов   аатынан   Хотугулуу­Илиҥҥи   федеральнай университет кини   аатынан,   ФЭИ   бастыҥ   студеннарыгар,   стипендия олохтообут 2014   сыл   муус   устар   27   күнүгэр   Дьокуускайга   (Киров   аатынан уулуссаҕа) Исидор Бараховка өйдөбүнньүк туруоруллубута.

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан

И.Н.Барахов туьунан
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
24.04.2018