Логопедическое занятие с элементами нейрогимнастики
Оценка 4.7

Логопедическое занятие с элементами нейрогимнастики

Оценка 4.7
docx
06.11.2023
Логопедическое занятие с элементами нейрогимнастики
Дьарык Р дор5оон.docx

Нейрогимнастика эрчиллиилээх дьарык.

 

Тиэмэтэ: [Р] дор5оону этиилэргэ чиңэтии.

Сыала: {Р} дорҕоону этиилэргэ сѳпкѳ, чуолкайдык этиттэрии

Үөрэтэр: этиини ситэрэн этэргэ үөрэтии.

Көннөрөр

- [Р] дор5оону ситимнээх саңа5а сөпкө саңарары ситиһии;

- [Р] дор5оону өйдөөн истэр дьо5уру сайыннарыы;

- салгыны сөпкө үрэргэ дьарыктааhын.

Иитэр:  тулуурдаах буоларга иитии.

Туттуллар тэриллэр: сиэркилээх остуол, кыра хартыыналар, кыра иннэлээх мээчиктэр, «Оһуор» уруһуйа.

 

1. Тэрээһин чаас. Психогимнастика: «Дорооболоһуу»

Дорообо үтүѳ күн,

Дорообо кэрэ сарсыарда

Дорообо ырыаһыт чыычаах

Дорообо күндү мичээр.

Хоһоону тэҥҥэ хатылыыллар, мичээр бэлэхтэһэллэр

2. Саңа тиэмэни билиhиннэрии.

Болҕойон иһит

Рома ракета онорор

Ракетата Роматтан үрдүк

Саамай элбэхтэ ханнык дорҕоон иһилиннэ

Саамай сѳп, {Р}- дорҕоон иһилиннэ. Бүгүн {Р}дорҕоону сѳпкѳ, чуолкайдык саҥарарга салҕыы эрчиллиэхпит. {Р}-дорҕоон дойдутугар айанныахпыт, ракетаннан кѳтүѳхпүт.

Ол иннинэ артикуляционнай эрчиллиилэри оҥоруохпут.

3. Нейрогимнастикалаах артикуляционнай эрчиллиилэр.       

«Хачыал»  Уҥа илиигинэн кыракый мээчиги ылан хаҥас ытыһын  кѳхсүнэн инин-кэннин диэки хатайдаа. Хатайдыы-хатайдыы «Хачыал» артикуляционнай эрчилиитин оҥор.  «Ат» Биир диэҥҥэ мээчиги ылан уҥа ытыспытыттан хаҥас ытыспытыгар уурабыт уонна тылбытынан туйах тыаһын үтүктэн тыаһатабыт, икки диэҥҥэ хаҥас ытыспытытттан уҥа ытыспытыгар уурабыт уонна эмиэ туйах тыаһын үтүктэн тылбытынан тыаһатабыт., «Маляр» Хаҥас илиигинэн кыракый мээчиги ылан уҥа ытыһын кѳхсүнэн иннин-кэннин диэки хатайдаа. Мээчиги хатайдыы-хатайдыы айаххын ат тиистэрин кѳстѳллѳр тылын тѳбѳтүнэн таҥалайын устун инин-кэннин диэки сотоҕун.

 «Тэллэй» Хаҥас илиибитигэр баар мээчигинэн уҥа санныбытыгар хатайдыыбыт, ол бириэмэҕэ тылбытын таҥалайбытыгар сыһыарабыт, тииспит кѳстүѳхтээх.

 «Барабаан» Уҥа илиигэр мээчиги ыл уонна хаҥас ытыскар мээчигинэн тоҥсуй, Мээчигинэн тоҥсуйа- тоҥсуйа «Д-Д-Д» диэн саҥараҕын, тиистэрин кѳстүѳхтээхтэр.

4. Салгыны үрэргэ дьарыктаныы.

·                       Чыычаахтар наһаа үөһэ көтөллөр (сапка ыйаммыт чыычаахтары үрүү). Салгыны муннубутунан э5ирийэбит, онтон бытааннык айахпытынан таhаарабыт. Үчүгэйдик сөпкө үрэр буоллахпытына, дор5оону чуолкайдык саңарыахпыт.

5.  Ракетаннан кѳтѳрбүтүгэр  быа кѳмѳлѳҺүѳ, быаны тутун уонна эрийэн иҺин.

- Тыллары хатылаан: хара, таабырын, иҥиир, эрбии, оронхарыйа, ампаар, ѳрүс, рак.

6. Ракетабыт [Р] дор5оон дойдутугар кэллэ. Суол устун барарбытыгар куубугу быраҕан хас туочука баарын ааҕан оччо хардыыны оҥорон ханнык хартыынаҕа кэлэрбитинэн ааттаан иҺэбит, чуолкайдык {Р} дорҕоону бэлиэтээн этэбит, бу хартыынабытыгар олоҕуран этии толкуйдуубут.

Кур, робот, сурук, рак, телевизор, тураах, арыы, ѳрүс, оҕуруо, улар, ардах, олбуор, ыҥыыр.

7.  Дьиэбитигэр тѳннѳрбүт наадатагар, ѳссѳ сорудахтары толоруохтаахпыт. Оонньуу "Этиини ситэр, хатылаа".

О5олор оонньуурдарын ... (хомуйаллар). Харыйа атттыгар улар ... (олорор). Сур бөрө сүүрэн ... (иһэр). Ира тэтэрээккэ сибэккилэри ... (уруһуйдаата). Вера улаатта5ына быраас буолуон ... (ба5арар). Африка5а кенгурулар, тигрдар, жирафалар ... (бааллар).

Этиилэри толору хатылаан ситэрэн биэрэллэрин ирдиибин.

8. Оонньуу «Кимиэнэй?» (тыллары сирэйинэн уларытыы). (Оҕуруо, улар, ампаар,олбуор)

- Бу тугуй? Бу – оҕуруо.

- Бу ким оҕуруотай?     Мин оҕуруом

                                         Эн …

                                         Кини …

                                         Биhиги …

                                         Эhиги …

                                         Кинилэр …

9. Икки илиинэн тэҥҥэ уруһуйдааһын

«Оһуор»

Уруһуйдуохпут иннинэ эрчиллиилэри оҥоруохпут

1.Хаҥас илиибит тарбахтарынан хоһуол муоһун оҥоробут, уҥа илиибит улахан тарбахпыт турар атыттарын хомуйабыт, онтон атастаһыннарабыт. Бастаан бытааннык, онтон ырыый түргэнник.

2. Тарбахтарбыт улахан тарбахпытын кытта дорооболоһоллор. Бастаан ханас илиибит тарбахтара хаҥас илиибит улахан тарбаҕын кытта дорооболоһоллор, онтон уҥа илиибит тарбахтарынан оҥоробут. Ол кэнниттэн икки илиибитинэн тэҥҥэ оҥоробут.

3. «Лезгинка» Хаҥас илиибит тарбахтарын токурутабыт,эрбэхпитин туруорабыт, туора тутабыт, уҥа илиибит тарбахтарын бииргэ кѳнѳтүк тутабыт, тарбахтар тѳбѳтүн  хаҥас илиибит ылгын чыҥый тарбаҕар сыһыары тутабыт, онтон илиилэрбитин атастаһыннарабыт.

 Маладьыас, тарбахтарбыт уруһуйдуурга бэлэмнэр. Оһуору икки илиибитинэн, икки ѳттүттэн тэҥҥэ саҕалаан үрдүнэн оҥоробут.

 

 

 

 

10. Түмүк. Дьэ ракетабытынан тѳттѳру дьиэбитигэр кэллибит. Миэхэ илиибэр күн уонна былыт  хартыыналара бааллар хайдах санаалаах тѳннѳн кэлбиккинэн талан ыл.


 

Нейрогимнастика эрчиллиилээх дьарык

Нейрогимнастика эрчиллиилээх дьарык

Мээчиги хатайдыы - хатайдыы айаххын ат тиистэрин кѳстѳллѳр тылын тѳбѳтүнэн таҥалайын устун инин - кэннин диэки сотоҕун

Мээчиги хатайдыы - хатайдыы айаххын ат тиистэрин кѳстѳллѳр тылын тѳбѳтүнэн таҥалайын устун инин - кэннин диэки сотоҕун

Хаҥас илиибит тарбахтарынан хоһуол муоһун оҥоробут, уҥа илиибит улахан тарбахпыт турар атыттарын хомуйабыт, онтон атастаһыннарабыт

Хаҥас илиибит тарбахтарынан хоһуол муоһун оҥоробут, уҥа илиибит улахан тарбахпыт турар атыттарын хомуйабыт, онтон атастаһыннарабыт

Маладьыас, тарбахтарбыт уруһуйдуурга бэлэмнэр

Маладьыас, тарбахтарбыт уруһуйдуурга бэлэмнэр
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
06.11.2023