Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.
Оценка 5

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Оценка 5
Работа в классе
docx
воспитательная работа
6 кл
15.03.2018
Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.
В методической разработке по теме классного часа : "Саха тылыгар, сурук-бичик кунугэр аналлаах" - " К Дню якутского языка". Цель занятия: 1.Познакомить с творчеством известного лингвиста, основателем якутского алфавита Семеном Андреевичем Новгородовым. 2. Привитие любви к богатству родного языка, развитие кругозора учащихся. Начиная с фольклора, дать задания по загадкам, пословицам, высказываниям о языке.Затем даются вопросы по 7 темам:знаменательные даты, Города и села Якутии, г.Верхоянск, Известные люди Якутии, Якутия в цифрах, фольклор, животный мир Якутии. Блиц-вопросы. Подведение итогов.
Классный час к Дню Якутского языка.docx
МБОУ «Столбинская основная общеобразовательная школа им.А.И.Новгородова» Выполнила : классный руководитель 6 класса Мигалкина Елена Илларионовна. Февраль 2018г. Кылаас чааһа;         Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл, сурук­бичик күнэ. Сыала:  1 С.А.Новгородов оло5ун туһунан билиһиннэрии.       2.Төрөөбүт тыл баайын  өйдөтүү, оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыыга  үлэ. Олунньу 13 күнэ – саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист  Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ. 1996 сыл олунньу 9 күнүттэн Саха Республикатын бастакы президенин М.Е.  Николаев ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ “Төрөөбүт тыл, сурук­ бичик күнүнэн” биллэриллибитэ. Бу күнтэн ыла сыл ахсын саха тыллаах бу  күнү уруйдаан­айхаллаан көрсөр. Саха тылын сайыннарыыга, үйэтитиигэ  аналлаах араас дьаһаллар, конференциялар, күрэхтэр ыытыллаллар. Биһиги бүгүн кылааспытыгар бу кэрэ­бэлиэ күҥҥэ аналлаах   кылаас чаааһын  ыытабыт. Презентация – «С.А.Новгородов».  Учуутал: Төрөөбүт тылбыт – саха тыла олус баай, дириҥ. Ол туоһута буолар  норуот уус­уран айымньыта. Норуот уус­уран айымньытыгар туох киирэрий?  Билэҕит дуо? (остуоруйа, өс хоһооно, таабырын, олоҥхо, үгэ).  Хомоҕой тыллаах хоһоон  төрөөбүт тылбыт биир кэрэ көрүҥэ буолар.  Биһиги оройуоммутугар элбэх  талааннаах  хаһоонньуттар, кэпсээнньиттэр бааллар.Холобур: Г.В.Дедюкин,  С.И.Юмшанов, Х.П.Горохов­Элгэстэй, М.Д.Ефимов, В.П.Стручков,  В.С.Павлов, Ю.Е.Дьячковскай, О.П.Данилова уо д а. Учуутал:  Оҕолоор, остуоруйа кэпсээччилэри ким диэн ааттыылларый? Саамай сөп. Остуоруйаһыттар диэн. 1 түһүмэх Учуутал: ким элбэх таабырын таайар эбитий? Илиитэ, атаҕа да суох буоллар барыга үөрэтэр баар үһү. (кинигэ) Муора ортотугар көмүс кытах уста сылдьар. (күн) Айыы уола көмүс курунан далбаатыыр үһү. (ча ыл ан) ҕ Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үһү. (түүн) Аҕыс атахтаах араллаан бухатыыр баар үһү. (оо уй о ус) ҕ ҕ Сайын саҕынньах кэтэр, кыһын устар баар үһү. (тыа) Атырдьах үрдүгэр тымтай, тымтай үрдүгэр мээчик, мээчик үрдүгэр ойуур  баар үһү. (киһи ата а, көхсө, төбөтө, батта а) Күкүр иһигэр күлтэс боотур баар үһү. (харах) Түөрт харахтаах түҥкэл тойон баар үһү. (түннүк) Учуутал: Маладьыастар! Элбэх билиилээх, мындыр өйдөөх, сымса буолаҥҥыт атын түһүмэҕи саҕалыыбыт! 2 түһүмэх. Тыл туһунан өс хоһооннор: ҕ ҕ ҕ Бар дьон тыла – ох, санаата – батас. Уус тыл уу күүһэ күүстээх. Ох тыл уотунан салыыр. Тыл сүрэ уот буолар. Киһи тыла уоттааҕар абытай. Тыл туһунан иһирэх этиилэр... Төрөөбүт тылын билбэккэ эрэн киһи норуотун, дойдутун таптыан, ытыктыан  сатаммат. В.А. Сухомлинскай Сахалыы саҥа Саха үөрэҕэ Салааланан сайдан Сандааран таҕыстын! А.И. Софронов Кэриэһим – кэннибэр хааларым: Кэхтибэт кэрэкэ тылларым. П.А. Ойуунускай 3 түһүмэх. Сорудахтар:   ( Хамаандалар бэйэлэрэ талаллар уонна эппиэттииллэр) Бэлиэ күннэр 1.Хаһан  Ыһыах күнүн бэлиэтиибитий?( бэс ыйын 21 к) 2. Хомус күнэ хаһан бэлиэтэнэрий?( сэтинньи 30 к) 3.Олоҥхо күнэ­дьыла? (сэтинньи 25 к) 4.Республика күнүн хаһан бэлиэтиибитий?( муус устар 27 к,1992с) 5.Төрөөбүт  торут  тыл,сурук­бичик  күнэ.(олунньу 13 к) Куораттар уонна бөһүөлэктэр 1.Саха сиригэр хас улуус баарый?(34) 2.  Севернай полушария5а саамай тымныы  точка ханна  баарый?  (Оймякон,1924г   темп­71,2 ) 3. Саха сиригэр сирдэр, куораттар ааттара үксэ ханнык тылтан  үөскээбиттэрий? ( эбэҥки,юкагир) 4.Саха сиригэр саамай улахан иэннээх оройуон, саамай кыра?( Өлөөн, Мэҥэ­ Хаҥалас) 5.Ханнык куоракка ирбэт тоҥ баара биллибитэй?( Якутск,шахта Шергина) Верхоянскай  куорат 1.Хас сыллаахха Верхоянскай куорат төрүттэммитэй?( 1638) 2.1936 сыллаахха  Верхоянскайга  бастакы борокуот кэлбитэ, ким диэн  ааттааҕый? (Саһыл Сыһыы) 3.Бастакы  гидросамолет хас сыллаахха кэлбитэй?   (1937) 4. Верхоянскайга  Краеведческай музей хас сыллаахха арыллыбытай,   директора кимий?     ( 1 ноября 1990г.  Кириллина Варвара Захаровна,  билигин Габышева Наталья Сергеевна)/ 5. Бастакы автомассыына хас сыллаахха кэлбитэй? (1938)/ Саха сиригэр биллиилээх дьоннор 1.      Кини суруйааччы,госуд.деятель.( П.А.Ойуунускай) 2.      Саха сирин бастакы президенэ. ( М.Е.Николаев) 3.      Саха сиригэр виртуоз­хомусчуттар( С.Шишигин, Ким Борисов, Альбина  Дегтярева) 4.      «Саха интеллигенциятыгар сурук» диэн айымньыны ким суруйбутай? ( А.Е.Кулаковскай) 5.      Саха сириттэн  көҥүл тустууга Олимпийскай чемпионнары ааттаталаа.  (Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин). Саха сирэ сыыппаранан 1.Өлүөнэ очуостара хас км уһуннааҕый?( 180 км) 2. Россия састаабыгар Саха сирэ хаһан киирбитэй?( 1632) 3.Хас куорат өрүс аатынан ааттаммытый?(6, Алдан,Олекминск, Ленск,  Верхоянск, Среднеколымск, Вилюйск) 4.Саха республиката 100 саастаах юбилейыгар бэлэмнэнэр, хаһан   бэлиэтиирий?( 2022 с) 5. Хас сыллаахха  Аан дойдутааҕы Үһүс Азия оҕолорун оонньуутугар  ,  Дьааҥы улууһун Киһилээх хайатыттан уоту ылбыттарай? (Бэс ыйын 23  кунугэр 2004 сыллаахха). Фольклор 1.Хомус хас  сыллаахха Гиннес кинигэтигэр киирбитэй?(2011с бэс ыйыгар) 2.Саха хомуһун космоска ким таьаара сылдьыбытай,хас сыллаахха? (Дм.Кононенко, 2012с) 3.Олоҥхо ыһыаҕа 2016 сылга ханна уонна хаһыс төгүлүн ыытыллыбытай? (Үөһээ­Дьааҥыга,10 тогулун) 4.Оһуохай хас сыллаахха Гиннес кинигэтигэр киирбитэй?(2012 с) 5.«Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхо автора кимий?( Платон Алексеевич  Ойуунускай)   Хамсыыр харамай, үүнээйи эйгэтэ 1.Аар тай5а хаһаайына, кини туһунан мэнээх тылласпаттар.(эһэ) 2.Сахаларга ытык көтөр, кини үҥкүүтүн көрбүттэр дьоллоох буолаллар диэн  итэ5эл баар.(кыталык) 3. Ханнык дьиэ кыылыттан  пантокрин диэн эми оҥороллоруй?( таба  муоһуттан) 4.Ханнык сибэкки аатынан сахалар нарын кыргыттарын ааттыылларый? ( сардана) 5.Хотугу Америкаттан кэлбит кыыл аата?( ондатра)   4 түһүмэх ­  ким тургэнник эппиэттиир эбит. Эстафета вопросов­ответов. 15  ыйытыы. 1.Биллэр саха снайпера ,СССР геройа?( Федор Охлопков) 2.Саха государственнай  Федеральнай университета  кини аатын сугэр? ( М.К.Аммосов) 3. «Якуты» кинигэ автора( Вацлав Леопольдович  Серошевский) 4.Дьааҥы  оройуонугар  бастакы оскуола  хас сыллаахха, ханна аьыллыбытай? ( 1871c.  Верхоянскайга) 5. Верхоянскай куоракка олоро сылдьыбыт революционердары ааттаталаа  (Иван  Александрович   Худяков, Иван Васильевич Бабушкин, Виктор   Павлович Ногин уо.д.а.) 6.Василий Федоров­Слободчиков диэн кимий?( Манчаары) 7.Дьааҥы оройуонун баһылыгын толору аата. (Гаврил Ильич Чириков) 8.Ийэ олонхоьут диэн кимий? ( тута хоьуйан толорооччу) 9. Владимир Христофорович Чириков  диэн кимий?( меценат,  предприниматель.) 10. Верхоянскайга   1817 сыллаахха ким диэн таҥара дьиэтэ тутуллубутай?  (Благовещенскай) 11. Моисей Дмитриевич Ефимов диэн кимий? ( Дул5алаахтан торуттээх поэт) 12.  2018 сылга Христофор Петрович Горохов (Элгэстэй ) хас сааһын  бэлиэтиибит? (80) 13. Ленские столбы­Олуонэ очуостара урукку аата( Лабыдьа) 14. Дьааҥы гимнин ким суруйбутай? (Стручков Виктор Павлович) 15. Саха сирин президенин  толору аата( Егор Афанасьевич  Борисов).   Тэрээһиммитин түмүктүүбут. Бүгүн туох күнэй? Тоҕо бу күнү талбыттарый? Ким ыйааҕынан бу күн Төрөөбүт тыл, сурук­бичик күнэ буолбутуй?  Маладьыастар. Төрөөбүт сахаҕыт тылын өрө тутуҥ. Үөрэтиҥ, билиҥ, киэн  туттуҥ! Түмүк  тахсар. Кыайыылаа5ы быһаарыы. Бэлэхтэри  туттарыллар.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.

Разработка классного часа по теме : К Дню якутского языка. 6 кл.
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
15.03.2018