Школьная газета "Чуораан"
Оценка 4.6

Школьная газета "Чуораан"

Оценка 4.6
Исследовательские работы +2
doc
Междисциплинарный 3
Взрослым
27.03.2017
Школьная газета "Чуораан"
Публикация является частью публикации:
Чуораан №1.doc
Лииндэ оскуолата _________________________________________ Бала5ан ыйын сонуннара Билии кунэ              Бала5ан ыйын 1 кунэ ­ Билии кунэ. Бу кун оскуола боруогун аан маннай атыллааччыларга, оскуоланы тумуктуур уерэх дьыллаах уерэнээччилэргэ, учууталларга, тереппуттэргэ долгутуулаах уонна уеруулээх кун. Сибэкки дьербете, манан бантик, уеруу­кетуу аргыстаах кырачаан о5олор оскуола диэки субуруЬан эрэллэрэ керуеххэ да учугэй.             Кунус 11 чаастан уеруулээх быЬыыга­майгыга торжественнай линейканы арыйыы буолла. Быйылгы уерэх дьылыгар барыта 42 о5о оскуола5а уерэнэр, онтон 3 о5о бастакы кылааска киирдэ, 6 о5о 9 кылааска. Учууталлар, тереппуттэр, детсад сэбиэдиссэйэ Надежда Александровна бэйэлэрин э5эрдэ тылларын эттилэр, сэмэй бэлэхтэри туттардылар. 9 кылаас уерэнээччитэ Ильинова Катя,  маннайгы кылааска барар о5олорго кэс тылын анаата. Маннайгы чуорааны тыаЬатар чиэс 9 кылаас  уерэнээччитигэр Петрова Настя5а уонна маннайгы кылааска сана уктэммит уерэнээччилэргэ Петрова Дарианна5а,  Ильинов Коля5а уонна Охлопкова Настя5а тиксэрилиннэ.              Уерэнээччилэргэ сана уерэх дьылыгар санаттан сана арыйыылары онтон учууталларга улэлэригэр урдук  ситиЬиилэри!                                                                                                                                           8 кылаас уерэнээччитэ  Аделина Корякина  Сайынны сынньалан… Самаан сайын барахсан о5олорго саамай куутуулээх, дьоллоох кэм.  Лаа5ырга сынньаныы, сетуелээьин,  футбол оонньуута, балыктааьын… Ким эрэ дьонугар кемелеьер, ким эрэ  куоракка барар.  Сайынны  сынньаланнарын о5олор хайдах атаарбыттарын  билээри, биьиги корреспондеммыт Юлиан Карамзин о5олортон  интервью ылла.                                                              «Березка» лаа5ыр туьунан Карамзин Юлиан: Лиандра, эн сайыны хайдах атаардын? Ханнык лаа5ырга сырыттын? Алексеева Лиандра: Мин сайыны наьаа учугэйдик атаардым. Атырдьах ыйыгар Дьокуускай куоракка баар  «Березка» диэн английскай лаа5ырга сырыттым уонна бу лаа5ыры наьаа себулээтим. Карамзин Юлиан   Алексеева Лиандра: Эдьиийбин кытта Орджоникидзе болуоссатыгар олордохпутуна элбэх да элбэх о5о кэлбитэ.  Кинилэр «Березка» лаа5ыр о5олоро эбит. Мин кинилэри керен наьаа ымсыырбытым. Сарсыныгар баран харчы  телеен баран сылдьыбытым. Манна мин 2, 3, 4 кылаастар сылдьар  III группаларыгар тубэспитим. Уопсайа 14  этибит. О5олор араас улуустартан сылдьар этилэр. Сарсыарда 10 чаастан са5алаан киэьээ 6 чааска диэри  дьарыктанабыт. Куннэ 2 уруок буолар. Онтон куулэйдиибит. Араас музейдарга, болуоссаттарга сылдьабыт,  оонньуубут. Английскай ырыалары уерэппиппит. «Адмирал» диэн ресторанна баран эбиэттиибит уонна  полдниктыыбыт. Ессе «Мисс и Мистер лагерь» диэн мероприятие буолбута. Ол онно флешмоб ункуулээбиппит.   : Хантан билбиккиний бу лаа5ыр туьунан? Кылгастык кэпсиэн дуо? 1 Бу мероприятие5а бэйэбин английскайдыы билиьиннэрбитим ессе хомустааммын «Мисс оригинальность» диэн  номинация буолбутум. Наьаа астык лаа5ыр. Эьиил эмиэ бу лаа5ырга сылдьыахпын ба5арабын. Карамзин Юлиан.: Махтал. Лиандра. Наьаа интэриэьинэй лаа5ыр туьунан кэпсээтин.                                                                         «Дружба» лаа5ыр . Карамзин Юлиан: Катюша уонна Аделина эьиги бу сайын Сочига баран кэлбиккит дии, ол туьунан кэпсиэххит  дуо?  Корякина Аделина: Кэпсээн буо. Аан бастаан бэс ыйын 3 кунугэр Дьокуускай куораттан Москва5а кеппуппут,  Моска5а 2,5 чаас сылдьыбыппыт. Онтон Москваттан Сочига кетен тиийбиппит. Эдьигээнтэн уопсайа 21 о5о  барбыта. Кураторбыт аата Кира Александровна диэн. Сочига тиийэн баран электричканан айаннаабыппыт. Онтон  автобуьунан Макапсе диэн дэриэбинэ5э «Дружба» лаа5ырга тиийбиппит. Эрдэ кэлбит саха о5олоро  «Сахаларга,  Уруй айхал» диэн керсубуттэрэ, ыьыы­хаьыы бе5ете этэ. Сонно саастарынан араартаабыттара. Биирдии  хамаанда5а вожатай биэрбиттэрэ. Мин вожатайым Светлана Сергеевна уонна Кристина Геннадьевна диэн этилэр. Ильинова Катя   илдьибиттэрэ. Ол кун аьатан баран ыраахтан кэлбиттэр диэн эрдэ утуппуттара. Сарсыарда 7 туруораллар.  Зарядкалыыбыт, завтрактыыбыт. Свободнай бириэмэ биэрэрллэр . Эбиэттиибит онтон Чернай муора5а баран  сетуелуубут, загардыыбыт. «Оррарийга» баран сынньанабыт. О5олор футболлааччыбыт, волейбол оонньуубут.  Араас экскурсияларга барааччыбыт. Наьаа ардахтаах куннэр этилэр.  :Оттон мин вожатайым Юлия Мириановна диэн этэ . Хамаанда5а араараат  корпуспутугар                                           Корякина Аделина: «Берендеево царство» сылдьыбыппыт. Ол онно водопад арааьа баар. Улахан ба5айы  хайа  урдугэр тахсыбыппыт кирилиэьинэн. Ессе долина реки Аше сылдьыбыппыт. Ол онно грузиннар концертара  буолбута, остуол бэлэмнээбит этилэр. Чебуреки сакаастаан сиэбиппит. Дельфинарийга баран дельфиннары,   моржалары, касатканы кербуппут. 12 июня День России концерт буолбута. Туерт буолан гимн России  ыллаабыппыт. Россия 1 каналга кердербуттэрэ.  Ильинова Катя: Кун аайы киэьээ 8 чаастан дискотека буолар, араас фестиваллар буолаллар. Ол онно  этэрээтинэн курэхтэьээччибит. Биир профессор уол кэлэн гипностаабыта, химическай реакциялары кердербутэ.  Уопсайынан интэриэьинэй элбэх этэ. Ардахтара 4 хонугу быьа туьэр эбит, сииктээх ба5айы дойду. Тымныйда5ына наьаа тымныйар, итийдэ5инэ аьары итийэр…  Карамзин Юлиан: Баьыыбаларын. 2 «Музыкальный Жиганск» лаа5ыр Карамзин Юлиа.: Маиза, кылгастык Эдьигээннэ сылдьыбыт лаа5ырын туьунан кэпсии туьуен да,  хас о5о биьиги оскуолабытыттан сылдьыбытай? Ильинова Маиза: Биьиги Баахынай оскуолатыттан 4 буолан сылдьыбыппыт:  Мин, Маша, Милена, Айылаана  буолан.  Карамзин Юлиан.:  Хаьан са5аламмытай лаа5ыргыт? Ильинова Маиза: Атырдьах ыйын 15 кунуттэн са5аламмыта. Ол онно араас инструменнарга уерэппиттэрэ. Мин  Машалыын центизаторга уерэмииппит. Милена флейта5а, Айылаана гитара5а. Куннэ 4 аьыыбыт. Кун аайы  сарсыардаанны аьылык кэнниттэн хор буолар. Онтон стадионна баран оонньуубут, куулэйдиибит. Эбиэт кэннэ 3  чаастан дьарыктанабыт.  Полдниктаан баран баьаатайбыт Светлана Серафимовна араас оонньуулары оонньоотор. 5ч.30 киэьээнни  аьылыкпыт са5аланар. Онтон дьиэлиибит. Карамзин Юлиан: Баьыыба, кэпсэлин иьин. «Виктория» лаа5ыр Карамзин Юлиан: Маша, «Виктория» диэн лаа5ырга сынньанан кэлбиккин уьу дии. Кэпсээ эрэ баьаалыста. Ол  лаа5ыр ханна баарый, хас буолан барбыккытый? Маша: Эдьигээнтэн уопсайа 8 о5о буолан самолетунан Дьокуускай куоракка кеппуппут. Бэйэбит баьаатайдаах этибит, Елизавета Викторовна диэн.         Аэропортан автобус керсен лаа5ырбытыгар илдьибитэ. Тиийээт хос биэрбиттэрэ. Биьиги хос 4 этэрээккэ  баар этибит.  Хоспор Нерюнгри, Алдан, Дьокуускай о5олоро буолан тубэспиппит. Сарсыарда 7 ч. 30 м. турабыт.  Суунабыт. 8.00 танцевальная зарядка буолар.    Карамзин Юлиан: Астара хайда5ый? Куннэ хаста аьыыгыт? Маша: Аьаталлара учугэй. Фрукта арааьын сиэтэллэр. Куннэ 6­та аьаталлар. Сарсыарда 9.30 завтрак,11.00 хоскор фрукта а5алан уураллар.  01.30 эбиэт, онтон 04.00 полдник, 05.30 киэьээнни аьылык. 07.30 эмиэ аьаталлар. Киэьээ 09.30 бурдук ас биэрэллэр: бэрэски, пирог инин… Онтон киэьээ 12 диэри дискотека буолар.  Карамзин Юлиан: Сарсыардаттан тугу гына5ыт? Петрова Маша: Сарсыарда аьаан баран лаа5ырбыт иьигэр «Красная площадь» диэн площадка баар, ол онно  роликтыыбыт,  куоталаьабыт, араас саха оонньууларын ооньуубут. Ункуу­ырыа уерэтэллэр.  Сынньаланна бары  мустан автобуьунан онно­манна сылдьабыт: боулинна, кинотеатрга, парка5а… Ардыгар лаа5ырбытыгар концерт буолар. Араас курэхтэьиилэр. «Планета детства» диэн республиканскай  фестиваль буолбута . Мин онно  со5ото5ун «Кун бытархайа» диэн ырыаны ыллаабытым. Сарсыныгар тумукпутун иьитиннэрбиттэрэ. Мин 3  миэстэ буолбутум. Ессе этэрээппитинэн ункуулээн 3 миэстэ буолбуппут.  Карамзин Юлиан : Хас хонук сырыттын ол лаа5ырга? Сайынны сынньаланын учугэйдик ааста дуо? Петрова Маша: 10 хонук. Сайынны сынньаланым наьаа учугэйдик ааста дии саныыбын.  «Ыллыыр мыраан» лаа5ыр           Карамзин Юлиан: Милена, утуе кунунэн. Эн иккис сайынын «Ыллыыр мыраан» лаа5ырга сылдьыбытын. Бу  лаа5ыр туьунан кэспээ эрэ. Наьаа учугэй лаа5ыр да? Алексеева Милена: Наьаа учугэй лаа5ыр.  Иллэрээ сыл эмиэ биьиги кылаастан 3 буолан сылдьыбыппыт: Аделина, Сарыалла, мин. Араас артыыстары кытта билсэ5ин. Ырыа бе5етун уерэтэллэр. Араас сирдэргэ тиийэн   концертыыгын. Сарсыарда ырыанан тура5ын. Наьаа учугэйдик аьаталлар. Биир дьиэ кэргэн о5олорун курдук  3 кереллер­истэллэр. Лаа5ырбыт салайааччыта Клим Федоров. Наьаа бэьиэлэй, биьиги кинини «папа» диэн  аттааччыбыт. «Мама», «эдьиий», «убаай» диэн барыта онно баар.                     Карамзин Юлиан: Бу лаа5ырга сылдьарга теьену телуугун? Алексеева Милена: 20000 тыьыынча. 15 хонук сынньана5ын. Бассейна, боулинна, кинотеатрга, араас сынньалан  сирдэргэ сырытыннараллар. Карамзин Юлиан:  Оо.  Ханна сылдьан концертаатыгыт? Алексеева Милена:  Кырдьа5астар дьиэлэригэр, паарка5а о.д.а.  Карамзин Юлиан:  Кэпсэлин иьин баьыыба.                                                                                                                                Кэпсэттэ: Юлиан Карамзин Улуустаа5ы семинар.                      Бала5ан ыйын 7  кунугэр 2016 с. биьиги оскуолабытыгар «Единое образовательное пространство» диэн  тиэмэлээх   улуустаа5ы   семинар   буолан   ааста.   Семинарга   уопсайа   19     киьи   кыттыыны   ылла.   Бу   семинарга учууталлар Софронова Н.В. «Агропарк в условиях арктической малокомплектной школы», Ксенофонтова А.Ф. «Инникигэ хардыы –НПК о5о сайдыытыгар оруола», Софронова Н.В. «Открытое сердце» проект, Пестерева С.Н. «Приобщение учащихся традициям предков», Болтунова Н.Ю. уонна Корякина Я.Я. «Билинни кэмнэ туелбэ5э о5ону   иитии,   сайыннарыы»,   Ильинова   Е.Н.   «Дьиэ   кэргэн   уонна   оскуола   о5ону   иитиигэ   тереппуттэр­сурун иитээччилэр», Обулахова А.В. ««Ромашка» сынньалан лаа5ыра» кыттыыны ыллылар. Бэстээх педколлектива кэлэн бэйэтин   проегын   сырдатта,   улэ   уопутуттан   бэристэ.   Ол   курдук   Бэстээх   оскуолатын   директоры   солбуйааччы Аммосова О.Н. «Школа­социокультурный центр для развития местного сообщества», Далакырова А.С. «летний оздоровительный   лагерь   «Здоровье»»,   Эверстова   А.Н.   «Спортивный   клуб   «Эрчим»»,   «Тугутчаан»   детсад иитээччитэ   Григорьева   К.Н.   «Единое   образовательно­   культурное   пространство   ДОУ   в   этнокультурном воспитании дошкольников при МО Линдинском наслеге»  диэн проегы билиьиннэрдилэр.  4 Олох уларыйар кэмигэр олорон ааспыт олохтон табыгастаа5ын туьанан, билинни буола турар быьыыны­ майгыны учуоттаан, инникини ете керен, сана уйэ киьитин иитии­ыарахан сорук. Онуоха туелбэ бииргэ  тумсуехтээх, ол ыччаты иитии.        Уеьэ этиллибиттэргэ оло5уран, оскуола коллективыгар туруоран, 2016­2017 уерэх сылыгар уерэтэр­иитэр  улэни уларытар аналлаах сорук ылынан  улуустаа5ы семинар тэрийэн сана суурээннэри сомсор, учууталлар   уопуттарын тар5атар улэ ыытылынна… Баахынай урэх урдугэр…              Бала5ан ыйыгар биьиэхэ ессе «ГЕВАН» НВК телепередача улэьиттэрэ кэлэн ыалдьыттаабыттара. Кинилэр  биьиги айыл5абытын, улэбитин­хамнаспытын, ырыабытын­тойукпутун билсэн барбыттара. Ол курдук  беьуелэкпитин уеьэттэн устубуттара, кырса иитэр ферма5а сылдьыбыттара уонна биьиги  «Болгикта» уонна  «Орончикан» ансамбыл, Милена уонна Леандра  ырыаларын устубуттара. Онон сотору Баахынай урэхпит урдугэр  уьуллубут сана клип тахсара буолуо диэн кэтэьэбит.   5 Кемус куьун.              Бала5ан ыйын 17 кунугэр "Кемус куьун" бырааьынньыга ыытылынна.  Манна араас курэхтэьиилэр  буоллулар. Ол курдук бастын ейтен суруйуу,  уруьуй курэ5э, айыл5а матырыйаалыттан  оноьук,  «куьунну киьи  кулбутунэн» остуол конкурса, авангарднай мода курэ5э буолла.  Быыстапка5а элбэх о5о улэтэ турда. 1 миэстэни оноьук оноруутугар Захаров Афоня, 2 миэстэни Карамзин Юлиан, 3 миэстэни Ильинова Маиза ыллылар. Айыл5а матырыйаалыттан авангард курэ5эр 1 м.Софронова  Дайаана, 2 м. Алексеева Леандра,  3 м. Софронова Саяна, Остуол курэ5эр 1 миэстэ 2 кылаастар, 2 миэстэ 1, 3  кылаастар, 3 м. 4 кылаастар буоллулар.                6 Баьаартан сэрэхтээх буолуу Бала5ан ыйын 19 кунугэр Баахынай нэьилиэгэр добровольнай баьаарынай хамаанда чилиэттэрэ  кыттыылаах уерэх ыытылынна. ДПК начальнига Корякин Р.И. санарар тэрил улэлиирин бэрэбиэркэлээтэ, ким  туохха эппиэтинэстээ5ин  торумнаата. Ол кэнниттэн 4 уруок буола турда5ына эвакуация  буолла. О5олор 1  мунуутэ 20 секуундэ иьинэн оскуола иьиттэн та5ыстылар.  Бу эвакуация5а быраабыланы кэьиилэр кеьуннулэр. Ол курдук кылаас сурунаалын 2 эрэ учуутал тутан  тахсыбыта кеьуннэ. 4 кылаас уерэнээччилэрэ учуутал этэрин истибэккэ уот умайа турар сиригэр о5олор киирэн  биэрээьиннэрэ баар буолла.                                                                                                                                         5 кылаас уерэнээччитэ Корякин Дьулустаан Тереппут мунньа5а. Бала5ан  ыйын  23  кунугэр нэьилиэккэ  оскуола  тэрийиитинэн  «Кросс Нации» ыытылынна.Оскуола  улэьиттэрэ, уорэнээччилэрэ  бары  актыыбынай  кытыыны ыллылар. Сууруугэ 1 миэстэни 6 кылаас уерэнээччитэ  Софронов Коля уонна 9 кылаас уерэнээччитэ Ваня Соломонов, 2 миэстэни Мирослав Руфов уонна 3 миэстэни  Дьулустаан Корякин ыллылар.  Ол кэнниттэн канат тардыьыыта, граната быра5ыыта  курдук  биирдиилээн   курэхтэстилэр.             Кыайыылаахтары грамотанан  э5эрдэлээтилэр. 7    Бала5ан ыйын 23 кунугэр  «Тереппут эппиэтинэьэ»  диэн бастакы чиэппэрдээ5и тереппут  уопсай  мунньа5а буолбута. Уопсайа 34 киьи сырытта.            Мунньахха социальнай педагог Корякина Я.Я. оскуола социальнай паспорын туьунан билиьиннэрдэ. Ол  кэнниттэн иитэр­уерэтэр  улэ5э эппиэтинэстээх Софронова Н.В. тереппуту кытта улэ уопутуттан «Я  ­ответственный родитель»  диэн презентацияны кэпсээтэ. Дириэктэри солбуйааччы научнай салаа саабыьа  Николаева Н.Н. сайынны сынньаланна  97% о5о лаа5ырынан хабыллыбытын, ким ханна сынньаммытын туьунан  сырдытта. Уерэх салаатын саабыьа Софронова Светлана Васильевна быйылгы уерэх дьылыгар туох уларыйыылар  киирбиттэрин, тереппут туохха бол5омто ууруохтаа5ын туьунан кэпсээтэ. «О5о оскуола5а нагрузката улахан,  онон о5о режимнээх буолуохтаах . Сепке уруогун аахтан, оонньоон дьиэтигэр эрдэ кэлэн утуйуохтаах»,­диэн  оскуола психолога Ильинова Е.Н.  тереппуттэр о5олорун хонтуруоллуулларын туьунан эттэ. Оскуола директора  Ефимова Л.И. о5о транспоры тутара сэрэхтээ5ин кэпсээтэ уонна боборго диэн хас биирдии тереппуккэ илии  баттатта. Ону таьынан элбэх боппуостар ырытылыннылар. Школьнай форма тула элбэх кэпсэтии буолла…  Тереппут кэмитиэтин чилиэнэ: Петрова Х.К. Кросс! Бука бары "КРОСС НАЦИЙ­2016" курэххэ кыттыбыт о5олору уорэнээччилэри, спортка ситиhиилэринэн  итиитик­ истинник э5эрдэлиибит. Ба5арабыт куруук маннык олоххо активнай позициялаах,  ыытыллар  мероприятиялары котуппэккэ кыттар буоларгытыгар.                                                                                                                                                        8 кылаас уерэнээччитэ Юлиан Карамзин Быыбар- 2016.           Биьиги оскуолабытыгар бала5ан ыйын 26 кунугэр о5о тэрилтэтин президенын талыытын быыбара  буолан ааста. Бу быыбар сурдээх тэрээьиннээхтик, эппиэтинэстээхтик буолан ааста. Уопсайа 37 о5о активнай  кыттыыны ылла. Кандидакка 3 о5о туруорунна, ол курдук Софронова Саяна­9 кылаас уерэнээччитэ, Гаврильева  Прасковья – 9 кылаас уерэнээччитэ уонна Корякина Аделина­8 кылаас уерэнээччитэ. Эбиэттэн киэьээ 4.30  чаастан оскуола президенин талыы быыбара са5аланна. Кими талар­эппиэтинэстээх куннэ, бука бары  дуоспуруннаахтык ылсан, биир уерэнээччини талан, былаанкалары толорон дьааьыкка уктулар.       8 Саамай долгутуулаа5ынан кыайыылаах быьаарыллара. Быыбар тумугунэн элбэх куолаьы ылбыт Софронова Саяна оскуолабыт президиэнэ буолар чиэскэ тигистэ. Инникитин сана талыллыбыт президент сана са5ахтары  арыйарыгар ба5арыа5ын!  8 кылаас уерэнээччитэ Сарыалла Андреева Саха Республикатын Государственноьын кунэ. Бала5ан ыйын 22­27 кунугэр Саха Республикатын Государственноьын кунугэр аналлаах нэдиэлэ буолан  ааста. Манна кылаас чаастара, уруьуй, квест­оонньуу, араатардар курэхтэрэ буоллулар.  «Мин дойдум­Саха сирэ» араатардар курэхтэригэр 13 о5о кытынна.      1 м. Корякина Аделина (8 кл.), 2 м.  Захаров Афоня (8 кл.), 3 м. Саввина Амелия (5 кл.) кылаас о5олоро ыллылар.  Алын кылааска 1м. Софронова  Дайаана 92 кл.),  2 м. Ильинова Маиза (4 кл.), 3 м. Капелькина Ангелина. «Кэскиллээх тыл этээччи» анал аат  инэрилиннэ Васильева Сандаара5а уонна Григорьева Варвара5а, «Чуор куолас» Петров Рома, «Дьулуурдаах тыл  этээччи» Карамзин Юлиан уонна Петрова Маша буоллулар. Дьууллуур субэ Ильинова Катя Карамзин Юлиан                  Капелькина Ангелина Софронова Дайаана Ильинова Маиза Бала5ан ыйын 27 кунугэр квест –оонньуу буолбута. Манна о5олор станцияларынан сылдьан араас сорудахтары  толорбуттара.  Ол онно 2 хамаанда куен керустулэр. Оонньуу тумугэр «Герб» хамаанда кыайыыны ситистэ. 9 Бэлэмнээтэ: 8 кылаас уерэнээччитэ Сарыалла Андреева 10 8 октября – День Уч ителя                  Дорогие наши учителя! Поздравляем Вас с праздником –        Днем учителя! Каждый из нас с особой теплотой и уважением помнит о своем первом учителе. Сегодня с вашей помощью миллионы детей открывают для себя удивительный мир знаний, обретают бесценный жизненный опыт, познают секреты наук. Благодарим каждого из Вас за бесценный и самоотверженный труд, верность учительскому долгу и сохранение лучших традиций отечественной педагогики. Искренне желаем Вам дальнейших успехов на нелегком профессиональном поприще, крепкого здоровья и благодарных учеников. Ваши ученики Такова судьба у учителя Вот и снова шагаю из школы домой.                          Я, наверное, вечная школьница. Всё учу, и невольно учусь, хоть самой Мне уже не семнадцать исполнится. Да. Уж годы свою наложили печать. Я уже не такая, как в юности. Но иду каждый день в свою школу опять, Чтобы снова учиться здесь мудрости. Чтобы видеть весёлые лица детей, Чтобы сделать их жизнь интереснее, Чтоб из детства никто уходить не хотел, Чтоб прекрасней был мир и чудеснее. А порою под вечер я так устаю, Что невольно глаза закрываются. Но три пачки тетрадей опять достаю, И работа моя продолжается. Говорю: «Что посеешь, то и пожнёшь», И ошибки нам всем пройти надо. И пусть труд не всегда благодарен, ну что ж, 11 Отдохнем с пользой! (Ребусы и головоломки) Задача на логику, как разделить яблоки Отдохнем с пользой! (Ребусы и головоломки) В корзине 5 яблок. Как разделить эти яблоки между пятью девочками, чтобы каждая получила по 1 яблоку Задачи на логику "Родственные и чтобы 1 яблоко осталось в корзине? отношения" Задачи на логику "Родственные отношения" 1. Отца одного человека зовут Николай Петрович, а сына —  Алексей Владимирович. Как зовут этого человека?   2. Шли по улице два отца, два сына и дед с внуком. Видят,  мороженое продают. Сколько порций им надо купить, чтоб  каждому по одной было? 3. Иван Петрович — отец Нины Ивановны, а Катя — дочь Нины  Ивановны. Кем приходится Катя Ивану Петровичу? 4. Возможно ли такое предложение: «Ты мне сын, но я тебе не  отец».   5. В семье несколько детей. Один ребенок говорит, что у него  есть брат и сестра. Другой ребенок говорит, что у него нет  сестры. Сколько в семье детей? Сколько мальчиков и сколько  девочек? 6. Иванова спросили, кто изображен на портрете в его комнате.  Иванов ответил: «Отец изображенного на картине лица является  единственным сыном того, кто это говорит». Чей это портрет?   Матырыйаалы бэлэмнээтилэр «Лииндэ» о5о прессатын беле5ун Смешные загадки с отгадками 1. Что нельзя съесть на завтрак? (Обед и ужин)  2.  Кто под проливным дождем не намочит волосы? (Лысый)  3.  В 12­этажном доме есть лифт. На первом этаже живет всего 2  человека, от этажа к этажу количество жильцов увеличивается вдвое. Какая кнопка в лифте этого дома нажимается  чаще других? (Кнопку № 1)   4. Что такое: голова есть, головы нет, голова есть, головы нет? (Хромой за забором.)   5. Что такое: самое доброе в мире приведение с моторчиком? (Запорожец.)   6. Что такое: 90/60/90? (Скорость при гаишнике.)   7. Среднее арифметическое между велосипедом и мотоциклом? (Мопед.)   8. На какой вопрос никто никогда не ответит "да"? (Спящий на вопрос: "Вы спите?")   9. Когда человек бывает в комнате без головы? (Когда высовывает ее из окна на улицу.)   10. Почему шляпу носят? (Потому что она сама не ходит.)   11. Может ли страус назвать себя птицей? (Нет, он не умеет разговаривать.)   12 12. С какой скоростью должна бежать собака, чтобы не слышать  звона сковородки, привязанной к ее хвосту? (Собака должна стоять.) 13

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"

Школьная газета "Чуораан"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
27.03.2017