Сценарий "День Знаний" (на якутском языке)
Оценка 4.8

Сценарий "День Знаний" (на якутском языке)

Оценка 4.8
Документация +1
docx
воспитание +1
Все классы
07.11.2021
Сценарий "День Знаний" (на якутском языке)
Проведение дня знаний в школе
Билии күнүн сценарийа 2019.docx

Билии күнүн сценарийа

 

Буолар күнэ: балаҕан 1 күнэ 2019 с.

Буолар сирэ: оскуола таһа (спортзал)

Киэргэтиигэ эппиэттээхтэр: 10, 11 кылаас оҕолоро, кыл. сал. Васильева В.Д., Филиппова А.Ю.

Аппаратураҕа эппиэттээх: Николаев В.К.

Ырыа бэлэмнээһинигэр эппиэттээх: Николаева Н.А.

Сибэкки дьөрбөтүн оҥорооһуҥҥа эппиэттээхтэр: Спиридонова С.Н., Максимова Л.В.

Хаамыыта:

1.     Киирии тыл

2.     Кылаастар киириилэрэ

3.     Маҥнайгы кылаас эҕэрдэтэ

4.     Руфов В.А. эҕэрдэ тыл

5.     Эҕэрдэ тыл – Кузьмин И.И.

6.     Ырыа – 2-3 кылаас үөрэнээччилэрэ “Чуораанчык”

7.     Эҕэрдэ тыл – улуус дьаһалтата

8.     Эҕэрдэ тыл – үөрэҕирии салалтата

9.     Эҕэрдэ тыл – 11 кылаас эҕэрдэтэ

10. Эдэр учууталларга эҕэрдэ ырыа – 6 кылаас үөрэнээччилэрэ

11. Маҥнайгы чуораан тыаһатыы

12. Кылаас чаастара.

1 ыыт:

Дорообо,

Күндү оскуолам!

Аҕынным даҕаны эйигин!

Үөрэнэр кыһам миэнэ-

Олоҕум маҥнайгы хардыыта,

Үтүөҕэ баҕарар баҕам,

Дьолум бастакы сардаҥата!

2 ыыт.

Сайыны быһа чуҥкуйбут

Кылаастарын, көрүдүөрүҥ

Чуораан тыаһынан кылыгыраата,

Кирилиэһиҥ устун оҕо-аймах

Таҥнары сүүрэн көрүлүү айдаарда!

 

Сценарий

1 ыыт.Оҕо чугдаарар куолаһын, чуораан лыҥкыныыр тыаһын суохтаан, сайын устата чуҥкуйбут оскуола бүгүн эмиэ аанын тэлэччи арыйан күүтэр күндү дьонун- үөрэнээччилэрин.

2 ыыт. Күндү үөрэнээччилэр, учууталлар, төрөппүттэр. 2019-20 үрдүк билиигэ сирдиир саҥа үөрэх дьылын аһар “Дорообо, күндү оскуолам!” үөрүүлээх бырааһынньыгын саҕалыаҕыҥ.

Дохсун ытыс тыаһынан көрсүҥ Харбалаах уһуйаанын бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолорун, иитээччилэрэ Миронова Зинаида Афанасьевна, Колтовская Туйаара Трофимовна.

1 ыыт: Көрсүөҕүҥ! 2 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччытынан ананан кэллэ эдэр эрчимнээх учуутал Сардаана Валентиновна Гаврильева.

2 ыыт: Ыҥырабыт! 3 кылаас үөрэнээччилэрин, салайааччы Александра Гаврильевна Сергеева.

1 ыыт: Көрсүөххэйиҥ 4 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта Айталина Алексеевна Семенова.

2 ыыт: биир үктэли дабайан, улахан оскуола аанын арыйбыт 5 кылаас үөрэнээччилэригэр ытыс дохсун тыаһын бэлэхтиэҕиҥ! Кылаас салайааччытынан ананан үөрэх сырдык аартыгар сирдиэҕэ Дария Вячеславовна Копыленко.

1 ыыт: Ыҥырыаххайын! 6 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта Варвара Семеновна Иванова.

2 ыыт: Көрсүҥ! 7 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта Марина Алексеевна Павлова.

1 ыыт: Эһиги иннигитигэр 8 кылаас үөрэнээччилэрэ. кылаас салайааччыта Носова Зоя Дмитриевна.

2 ыыт: Ыҥырабыт! 9 кылаас коллективын. Кылаас салайааччыта Нарыйа Николаевна Спиридонова.

1 ыыт: Көрсүөҕүҥ 10 кылаас үөрэнээччилэрин. кылаас салайааччыта Алена Юрьевна Филиппова.

2 ыыт: эһиги иннигитигэр оскуолабыт быйылгы выпускниктара, 11 кылаас үөрэнээччилэрэ. Кылаас салайааччыта Валентина Даниловна Васильева.

1 ыыт: Сырдыы-үөрэ чаҕылыйа

Кэрэ сибэкки тутуурдаах

Сана суумка сугэһэрдээх

Ийэлэриниин сиэттиһэн

Кэллилэр кырачааннар!

2 ыыт: Күндү доҕоттор, дохсун ытыс тыаһынан көрсүҥ Николай Якутскай аат. Харбалаах орто  оскуолатын боруогун аан маҥнай атыллыыр бастакы кылаас үөрэнээччилэрин:

1.     Былачерова Ангелена

2.     Григорьева Самира

3.     Колтовская Туллуктаана

4.     Лазарева Светлана

5.     Николаев Марк

6.     Николаев Радомир

7.     Павлов Тулусхан

8.     Платонов Эрчим

9.     Романова Сайаара

10. Тюляхова Нина

11. Уларова Мария

12. Филиппова Аида

1 ыыт: Кинилэри арыаллаан киллэрдэ аан маҥнайгы учууталлара Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, үрдүкү категориялаах алын кылаас учуутала Наталья Валерьевна Николаева!

2 ыыт: Бүгүҥҥү күнтэн 11 сыл устата үөрэх-билии аартыгын арыйыахтара, кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһыахтара. айаннара умсугутуулаах ситиһиилээх буоллун! Аара көрсөр ыарахаттарын чэпчэкитик туораатыннар, 4 уонна 5 сыана арыаллаатын диэн туран тылы биэрэбит бастакы кылаас үөрэнээччилэригэр.

(1 кылаас үөрэнээччилэрин хоһоонноро, ырыалара)

 1ыыт. Саҥа үөрэх дьыла аһыллар үөрүүлээх түгэнигэр тыл бэриллэр оскуола директорыгар Васмар Анастасиевич Руфовка.

2ыыт. Саҥа үөрэх дьылынан эһэрдэлииргэ тыл барар нэһилиэк баһылыгар Илья Ибрагимович Кузьмиҥҥа.

1 ыыт. эһигини эҕэрдэлиэхтэрэ алын кылаас үөрэнээччилэрэ

 1ыыт.Улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ тыл барар ____________ __________________________________________________________________

2 ыыт. Үөрэх салалтатын аатыттан тыл барар Розалия Алексеевна Афанасьеваҕа.

1 ыыт: оскуолабыт быйылгы выпускниктара, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр истиҥ эҕэрдэлэрин үтүө баҕа санааларын, сүбэ –ама тылларын тиэрдиэхтэрэ. тылы биэрэбит 11 кылаас үөрэнээччилэригэр.

2 ыыт: Оскуолабытыгар 2019 -20 үөрэх дьылыгар саҥалыы билиилээх- көрүүлээх эдэр учууталлар үлэлии кэллилэр.

1 ыыт: Көрсүөххэйиҥ:Копыленко Дария Вячеславовна, маҥнайгы категориялаах омук тылын учуутала.

2 ыыт: Көрсүҥ! Сардаана Валентиновна Гаврильева, Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж выпускнига, алын кылаас учуутала.

1 ыыт: __________________________________________________________

__________________ ______________________________________________

выпускнига, физкультура учуутала.

2 ыыт: учуутал үрдүк аатын сүгэргитинэн киэн туттун!

талбыт идэҕитин сыаналааҥ!

Өйдөөҥ: учуутал – ийэ-аҕа,

учуутал – доҕор-атас,

учуутал – сырдык аартыгы арыйааччы!

1 ыыт: оскуолабыт эһиэхэ – иккис дьиэҕит буоллун,

үөрэнээччилэргитин таптааҥ,

кинилэргэ холобур буолуҥ!

2 ыыт: үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх, үтүө түмүктээх буоларыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт!

1 ыыт: эһигини эҕэрдэлииллэр 6 кылаас үөрэнээччилэрэ.

ырыа ыллыыллар, сибэкки туттараллар (Саҥа учууталларга, ветеран учууталларга).

2 ыыт: Болҕойуҥ! Болҕойун! Болҕойуҥ!

1 ыыт: үөрүүлээх түгэн саамай умнуллубат чааһа үүннэ 2019-20 үөрэх дьылын маҥнайгы чуораана чугдаарыа, оҕолору бастакы кылаас чааһыгар ыҥырыа.

2 ыыт: маҥнайгы чуорааны тыаһатар чиэс бэриллэр бастакы кылаас үөрэнээччилэригэр.

чуораан тыаһаталлар, музыка фон. 

1 ыыт: чугдаар, ыллаа, чуораан,

үөрэх дьылын саҕалаан

арый билии аартыктарын,

сирдээ саҥа чыпчаалларга!

2 ыыт: манан биһиги билии күнүгэр аналлаах тэрээһиммит түмүктэнэр.

1 ыыт: быйылгы үөрэх дьылыгар бастыҥ баҕа санааларгытын, сыалгытын-соруккутун ситиһэргэ дьулуһуҥ!

2 ыыт: билигин үөрэнээччилэри маҥнайгы чуораан лыҥкыр тыаһынан кылаас салайааччыларын кытта саҥа үөрэх дьылыгар атаарабыт!

музыка тыаһа.


 

Билии к үнүн сценарийа Буолар күнэ: балаҕан 1 күнэ 2019 с

Билии к үнүн сценарийа Буолар күнэ: балаҕан 1 күнэ 2019 с

Дьолум бастакы сардаҥата! 2 ыыт

Дьолум бастакы сардаҥата! 2 ыыт

Көрсүҥ! 7 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта

Көрсүҥ! 7 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта

Кинилэри арыаллаан киллэрдэ аан маҥнайгы учууталлара

Кинилэри арыаллаан киллэрдэ аан маҥнайгы учууталлара

Саҥа учууталларга, ветеран учууталларга)

Саҥа учууталларга, ветеран учууталларга)

музыка тыаһа.

музыка тыаһа.
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
07.11.2021