8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ
Оценка 4.8

8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ

Оценка 4.8
pptx
15.01.2023
8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ
Этии биир уустаах чилиэннэрэ.pptx

8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ

8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ

8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ

8 класс "Этии биир уустаах чилиэннэрэ

Тэҥнээҥ: Хонууну хаар сапта

Тэҥнээҥ: Хонууну хаар сапта

1.Тэҥнээҥ:
Хонууну хаар сапта.
Тыаны, хонууну хаар сапта.
- Бу этиилэр туох уратылаахтарый?
- Бэлиэтэммит тыллар ханнык ыйытыыга эппиэттииллэрий?
Иккис этиигэ тыллар икки ардыларыгар ханнык сурук бэлиэтэ турарый?
2.Бу хоһоонтон биир уустаах чилиэннэри булуоҕуҥ эрэ:
Манна баар муус кыаһаан, күөх чэчир,
Хахсаат тыал итиэннэ күөрэгэй,
Бу тыйыс дойдуга үлэлиир,
Олох олорор үчүгэй.

Этии биир уустаах чилиэннэрэ биир тылга сыһыаннаһаллар, биир ыйытыыга эппиэттииллэр.
- Биир уустаах чилиэннэргэ туох сурук бэлиэтэ турар эбитий? (,) 
- Уонна, итиэннэ диэн ситим тыл баар буоллаҕына... (,) турбат.
- Биир уустаах чилиэннэрдээх этиини хайдах ааҕар эбиппитий? (интонацияны тутуһан)
Биир уустаах чилиэннэр этии ханнык чилиэннэрэ буолар эбиттэрий? (барыта)

Биир уустаах чилиэннэри туруоран этиилэри ситэриҥ.
Булчуттар саһылы, ... бултууллар.
Саха сиригэр дьэдьэн, ... өлгөмнүк үүнэр.
Мин дьоһун киһи буолаары, ......


Биир уустаах чилиэн тэҥҥэ холбуур ситимнээх

Биир уустаах чилиэн тэҥҥэ холбуур ситимнээх

Биир уустаах чилиэн тэҥҥэ холбуур ситимнээх. Бу ситим араас ньымалаах:
Куолас биирдик иһиллэр дэгэттээх кэриччи ааҕыллар, кыра тохтобуллар бааллар;
Ситимниир тылынан холбонор уонна, да, оттон, ол эрээри, ол да буоллар, эбэтэр, даҕаны-даҕаны, икки-икки о.д.а;
Атын араас бэлиэлээх –лыын, -лаах сыһыарыы, кытта дьөһүөл.

Биир уустаах чилиэҥҥэ сурук бэлиэтэ хайдах турара ситим тыл баарытттан-суоҕуттан, ханна турарыттан тутулуктаах.
Биир уустаах чилиэҥҥэ соппутуой турар:
1.Ситим тыл суох буоллаҕына: 0,0,0,0;
Кылааска кыргыттар, уолаттар, учуутал баар.
2.Ситим тыл хатыланар буоллаҕына: 0 да, 0 да, 0 да;
Сайылыкка балаҕан да, ампаар да, титиик да баар.
3.Оттон, ол эрээри, ол да буоллар ситим тыл иннигэр;
Биһиэхэ отон баар, оттон моонньоҕон, дьэдьэн мэлигир.
Соппутуой турбат:
Уонна, эбэтэр ситим тыл соҕотох буоллаҕына: 0 уонна 0; 0 эбэтэр 0
Мин эбэтэр убайым барыа. Ийэм уонна эбэм үөрэ көрүстүлэр

Тургутук 1.Этиигэ биир ыйытыыга хоруйдуур уонна биир тылга сыһыаннаһар тыллар: этии биир уустаах чилиэннэрэ дэнэллэр этии тутаах чилиэннэрэ дэнэллэр этии ойоҕос чилиэннэрэ дэнэллэр 2

Тургутук 1.Этиигэ биир ыйытыыга хоруйдуур уонна биир тылга сыһыаннаһар тыллар: этии биир уустаах чилиэннэрэ дэнэллэр этии тутаах чилиэннэрэ дэнэллэр этии ойоҕос чилиэннэрэ дэнэллэр 2


Тургутук
1.Этиигэ биир ыйытыыга хоруйдуур уонна биир тылга сыһыаннаһар тыллар:
этии биир уустаах чилиэннэрэ дэнэллэр
этии тутаах чилиэннэрэ дэнэллэр
этии ойоҕос чилиэннэрэ дэнэллэр
2. Биир уустаах туһааннаах этиини бул: 
Саха сиригэр сахалар, нууччалар, эвенкилэр, чукчалар олороллор.
Мастерскойга хайытар, эрбиир, аалар, быһар станоктар бааллар.
Тыаҕа, хонууга сибэкки арааһа ууммут.
3. Тугу гынар? хайыыр? диэн ыйытыыга хоруйдуур хас да тыл кэккэтэ…
биир уустаах туһаан буолар
биир уустаах ойоҕос чилиэн буолар
биир уустаах кэпсиирэ буолар.
4. Этииттэн биир уустаах кэпсиирэлэри бул:
     Кэскил уол учугэйдик умсар.
Кэскил эрчимнээхтик, бэйэтигэр эрэллээхтик харбыыр.
Кэскил уол харбыыр, умсар уонна бэйэтигэр эрэллээх.
5.Биир уустаах чилиэннэр икки ардыларыгар ханнык сурук бэлиэтэ турарый?
соппутуой
тире
точка

Сурук бэлиэтин туруоруҥ. Арай кини куттаммыта чаҕыйбыта ааһан биэрбэт

Сурук бэлиэтин туруоруҥ. Арай кини куттаммыта чаҕыйбыта ааһан биэрбэт

Сурук бэлиэтин туруоруҥ.

Арай кини куттаммыта чаҕыйбыта ааһан биэрбэт. 2. Олохтоохтор бэйэбит испитигэр "улахан" диэн ааттыыр былыр-былыргыттан саас андылыыр кустуур сайын кыһын муҥханан балыктыыр күөллэрбит син бааллар. 3. Үөрэхтээх табаарыһа айанын былаһын тухары сөбүлүү көрбүт үүнээйилэрин үөнү-көйүүрү таастары хомуйсан тахсар. 4. Мин даҕаны булт бөҕөнү бултаабыт сырыы бөҕөнү сылдьыбыт эрэйи эҥэринэн тэлбит сору сотом ортотунан кэспит киһибин. 5. Мин Сахам сирин бөһүөлэкпин учууталлыыр оскуолабын ахтан бардым. 6. Кини университеты да институту да бүтэрбэтэҕэ. 7. Уол майгытынан да тас дьүһүнүнэн да аҕатыгар соччо маарыннаабат этэ.

Биир уустаах чилиэни түмэр тыл

Биир уустаах чилиэни түмэр тыл

Биир уустаах чилиэни түмэр тыл
Сороҕор этиигэ биир уустаах чилиэни түмэр тыл баар буолар бары (барыта, туох барыта, туох да, ким барыта, манныктар о.д.а. Биир уустаах барамайы түмэн ааттыыр тыл (холобур, үүнээйи, хамсыыр-харамай, көтөр-сүүрэр, иһит-хомуос, таҥас-сап о.д.а.) эмиэ түмэр тыл буолар.
Түмэр тыл суолтатынан биир уустаах чилиэни барытын солбуйуон сөп: эмиэ биир уустаах чилиэн курдук халыыптаах, биир ыйытыыга хоруйдуур.
Х-Р: Дьон былыр оту-маһы, сири-ууну, күнү-ыйы тыынар тыыннаах курдук саныыра. Дьон былыр тугу барытын: оту-маһы, сири-ууну, күнү-ыйы – тыынар тыыннаах курдук саныыра. Дьон былыр тугу барытын тыынар тыыннаах курдук саныыра.
Түмэр тылга маннык сурук бэлиэтэ турар:
1.Т.Т кэнниттэн б.у.ч. иннинэ икки туочука турар: Т.т.: 0,0, уонна 0.
Бу кинигэҕэ литэрэтиирэ араас көрүҥэ: кэпсээн, хоһоон уонна дыраама бэчээттэммит.
2.Б.у.ч. кэнниттэн т.т. иннигэр тириэ 0,0,0 - т.т. ....
Кыптыый, иннэ, сап - иистэнэр тэрил барыта бу маллаах иһиккэ угуллубут.
3. Б.у.ч. этии ортотугар баар буоллаҕына,т.т. кэнниттэн икки туочука, б.у.ч кэнниттэн тириэ турар ...т.т: 0,0,0 - ...
Бу быыстапкаҕа саха омук уран оҥоһуга: таҥас-сап, иһит-хомуос, ат сэбэ-сэбиргэлэ, араас мал-сал барыта баар

Биир уустаах чилиэни түмэр тыл

Биир уустаах чилиэни түмэр тыл

Биир уустаах чилиэни түмэр тыл
Сурук бэлиэтин туруоруҥ.

1. Саха сирин дьикти кыһынын хаарын кэриэтэ туус маҥаттар хабдьы куобах лааскай кырынаас. 2. Алааһы тула мас арааһа хатыҥ талах тиит үмүөрүһэн ахан тураллар. 3. Ордук мас көтөрө улар бочугурас куруппааскы түүнүн хаарга тобулу түһэн, сылаастык хонон кыстааччы. 4. Дьиэҕэ былыргы туттар араас тэрил ох саа, айа мас туос иһит-хомуос барыта баара. 5. Былыр манна кыыллартан киис саһыл кырынаас тииҥ куобах көтөрдөртөн кус хаас анды туруйа балыктартан собо мунду элбэҕэ эбитэ үһү.

Кривошапкина Валентина Семеновна
ГБПОУ «ХОК»
им.Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа

Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
15.01.2023