Баал Хабырыыс, 11 класс
Оценка 4.9

Баал Хабырыыс, 11 класс

Оценка 4.9
pptx
15.01.2023
Баал Хабырыыс, 11 класс
Баал Хабырыыс.pptx

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Дружба с Николаем Глазковым Баал

Дружба с Николаем Глазковым Баал

Дружба с Николаем Глазковым
Баал Хабырыыс был первым якутом с которым познакомился поэт Николай Глазков, затем много переводивший якутских поэтов. Баал Хабырыыс лечился в одном подмосковском санатории с матерью Глазкова, где и произошла встреча поэтов, подружившая их на всю жизнь.
Николай Глазков был первым переводчиком стихов поэта на русский язык, перевёл четыре из шести сборников поэта.
Известно, что перед изданием сборника «Дети тайги» 1964 года, поэту понравились все переводы Глазкова, кроме стихотворения «Снегири»: слово туллуктар, настаивал поэт, переводится как пуночки, а не снегири, и это по словам поэта было «Совсем не все равно!». Ради перевода поэт согласился изменить в переводе слово март на май — пуночки появляются в Якутии в марте, а снегири в мае. Однако, в оригинале это стихотворение про пуночек, а эти птицы, являясь популярным фольклорным персонажем у северных народов, которые пуночками называют красивых женщин.

Родился в 1918 году в 1-ом Курбусахском наслеге Якутской области РСФСР в семье бедняка. Окончил Якутский педагогический институт. Работал учителем якутской литературы в школах.
Первое его стихотворение «Красная лента» было напечатано в 1938 году в «Альманахе молодых писателей». Первый сборник стихов вышел в 1945 году. Член Союза писателей СССР с 1949 года.
На русский язык стихи поэта переводили Александр Никифоров и Николай Глазков.
Умер в 1969 году в Москве, похоронен в Якутске.
Был награждён орденом «Знак почёта», медалью.

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс

Талыллыбыт айымньылар: Хоһооннор, поэмалар

Талыллыбыт айымньылар: Хоһооннор, поэмалар

Талыллыбыт айымньылар: Хоһооннор, поэмалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1968.
— 464 с.
Өлбөт мэҥэ: Хоһооннор, поэмалар (1941—1944 сс. ) — Дьокуускай: Кинигэ
кыһата, 1945. — 74 с.
Кэрэ киэһэлэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1947. — 30 с.
Аччыгый атастарбар: Кыра саастаах оҕолорго. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1949. —24 с., ил.
Мин аны улааттым: Кыра саастаах оҕолорго хоһооннор. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1951. — 34 с.
Мин көлүөнэм: Хоһооннор. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1951.— 95 с.
Доҕордоһуу тойуктара: Хоһооннор, поэмалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата,
1954. — 56 с.
Лирика: Хоһооннор, ырыалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1958. — 120с.

Сахалыы тылынан тахсыбыт кинигэлэрэ

Кривошапкина Валентина Семеновна
ГБПОУ «ХОК»
им.Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа

НЬУРГУҺУННАР Халаан уутун сүүрүктэрэ

НЬУРГУҺУННАР Халаан уутун сүүрүктэрэ

НЬУРГУҺУННАР
Халаан уутун сүүрүктэрэ Халдьыгырыы уһуннулар. Хойууккатын үүммүттэрэ Халдьаайыга ньургуһуннар.
Сайылыгым кыргыттарын Санаттылар ньургуһуннар. Баанан кээстэр былааттарын, Бөлөх-бөлөх муһуннулар.
Биһилэҕи кистэһэллэр, Битийэн атах тэпсэллэр. Оргууй аҕай кэпсэтэллэр, Уолаттары кэтэһэллэр.
Кыыртан куотар кус буоланнар Кылбарыһа сырсыахтара. Баҕар, бырыычыкалааннар Бары саһан хаалыахтара…
…Кэтэһимэҥ, ньургуһуннар, Кэлбэттэр аны уолаттар. Отучча кыс хаар уулунна, Уолаттар аҕам дьон буолтар.
 

АНДРОСОВ ВИТАЛИЙ ТИМОФЕЕВИЧ
үрдүк категориялаах терапевт-быраас, медицинскай наука
кандидата, ХИФУ доцена, мелодист, ырыаһыт. Баал Хабырыыс
«Ньургуhуннар» диэн хоhоонугар мелодия айбыта.

Баал Хабырыыс поэзиятын туhунан

Баал Хабырыыс поэзиятын туhунан

Баал Хабырыыс поэзиятын туhунан
Перейти к навигацииПерейти к поискуБаал Хабырыыс саха литературнай критикатыгар хайҕаммыт да, мөҥүллүбүт да поэт этэ. Ол эрэн, кэнники кэмҥэ кини кинигэлэрэ үксүн биһирэбили эрэ ылбыттара. Баал Хабырыыска махтанан, айымньыларын хайҕаан, быстах ааҕааччылар санааларын биллэрэр заметкалартан саҕалаан улахан соҕус обзорнай ыстатыйалар, мындыр рецензиялар, барыта сүүрбэччэ үлэ суруллубут. Олор ортолоругар ордук чорботон С.Руфов, И.Федосеев рецензияларын, Эллэй, Н.Петров, Ф.Софронов уо.д.а. ыстатыйаларын бэлиэтиир наадалаах. Ити автордар Баал Хабырыыс поэт быһыытынан сорох уратытын, кини саха поэзиятыгар оҥорбут өҥөтүн сөпкө ырыппыттар, ыйбыттар. Хомолтото диэн баар, кинилэр кэннилэриттэн 1968 сылтан ыла алта сыл тухары ким даҕаны Баал Хабырыыс туһунан боччумнаахтык суруйбатах, ырыппатах. Мин санаабар, саха поэзиятыгар кини быстах сылдьан ааспыт ыалдьыт, хонор хоноһо буолбатах этэ. Кини – төрөөбүт литературатын, поэзиятын быстыспат сорҕото, Н.Петров образтаан эппитинии, аал луук маһын биир төрөлкөй лабаата. Ол лабаа билигин да силигилии үүнэр, сайда турар: кэлин «Үһүс омурҕан» диэн нууччалыы, «Киһи суола барбыт» диэн сахалыы кинигэлэр эбии бэчээттэннилэр.
Онон поэт ытык кэриэһин иннигэр ааҕааччы иэһин төлөөн, бу дьоҕус ыстатыйаны суруйарга соруннум.
Баал Хабырыыс, кинини сирэй билэр да, айымньыларын эрэ ааҕар дьоннорго сүрдээх сэмэй, хаһан да наар бэйэтин талааныгар ирдэбиллээхтик сыһыаннаһар поэт быһыытынан биллэр. Кини онно ардыгар, араас ыарыы-сүтүү буомугар хаптардаҕына (киһи киһитэ өтөр буоллаҕа), кэмсинэр, кэриэлийэр быстах тыллары ыһыктаталыыр:

Баал Хабырыыс поэзиятын туhунан
Баал Хабырыыс саха литературнай критикатыгар хайҕаммыт да, мөҥүллүбүт да поэт этэ. Ол эрэн, кэнники кэмҥэ кини кинигэлэрэ үксүн биһирэбили эрэ ылбыттара. Баал Хабырыыска махтанан, айымньыларын хайҕаан, быстах ааҕааччылар санааларын биллэрэр заметкалартан саҕалаан улахан соҕус обзорнай ыстатыйалар, мындыр рецензиялар, барыта сүүрбэччэ үлэ суруллубут. Олор ортолоругар ордук чорботон С.Руфов, И.Федосеев рецензияларын, Эллэй, Н.Петров, Ф.Софронов уо.д.а. ыстатыйаларын бэлиэтиир наадалаах. Ити автордар Баал Хабырыыс поэт быһыытынан сорох уратытын, кини саха поэзиятыгар оҥорбут өҥөтүн сөпкө ырыппыттар, ыйбыттар. Хомолтото диэн баар, кинилэр кэннилэриттэн 1968 сылтан ыла алта сыл тухары ким даҕаны Баал Хабырыыс туһунан боччумнаахтык суруйбатах, ырыппатах. Мин санаабар, саха поэзиятыгар кини быстах сылдьан ааспыт ыалдьыт, хонор хоноһо буолбатах этэ. Кини – төрөөбүт литературатын, поэзиятын быстыспат сорҕото, Н.Петров образтаан эппитинии, аал луук маһын биир төрөлкөй лабаата. Ол лабаа билигин да силигилии үүнэр, сайда турар: кэлин «Үһүс омурҕан» диэн нууччалыы, «Киһи суола барбыт» диэн сахалыы кинигэлэр эбии бэчээттэннилэр.
Онон поэт ытык кэриэһин иннигэр ааҕааччы иэһин төлөөн, бу дьоҕус ыстатыйаны суруйарга соруннум.
Баал Хабырыыс, кинини сирэй билэр да, айымньыларын эрэ ааҕар дьоннорго сүрдээх сэмэй, хаһан да наар бэйэтин талааныгар ирдэбиллээхтик сыһыаннаһар поэт быһыытынан биллэр. Кини онно ардыгар, араас ыарыы-сүтүү буомугар хаптардаҕына (киһи киһитэ өтөр буоллаҕа), кэмсинэр, кэриэлийэр быстах тыллары ыһыктаталыыр:
Сымыйа, ханна баар талааны, Сах салаатын албан ааты! Үөдэни улахан кыраатын, Үтүө күннэрбин бараатым.(КСБ, 110)[1]

Ыарахан бөрүөнэн суруйан, Суол солуур, буор хаһар курдук,

Ыарахан бөрүөнэн суруйан, Суол солуур, буор хаһар курдук,

Ыарахан бөрүөнэн суруйан, Суол солуур, буор хаһар курдук, Тылга баар алмаз кыырпаҕын Булаары муҥу көрбүтүм, Бостуой да сырабын ыыппыппын – Баламат санаабын сөхтүм!..
(КСБ, 117).
Олоҥхоһут аатырбатым, Оннук талаан сыстыбатах. Поэт буола сатаабытым. Онтум да кыайтарбата.(КСБ, 23).
Бу поэт туох да кубулҕаттаныыта суох ис сүрэхтэн этэр тыллара. Ол эрэн биһиги, билиҥҥи ааҕааччылар, бу строкалары Баал Хабырыыс атын этиилэригэр сигээн, уопсай өйдөбүлгэ олоҕуран сыаналыырбыт наада. Оттон оннук буоллаҕына, поэт поэзия үрдүк аналын, үтүө соругун, сатаан этиллибэт кэрэ эрэйин-муҥун, дууһаны кынаттыыр дьолун-соргутун туһунан суруйара үгүс эбит.
Туох-ханнык иннинэ кини поэзия общественнай суолтатын ыйар: «Куруутун өйдүөххэ наада – поэзия тыынар салгына, тэбэр сүрэҕэ гражданскай пафос. Норуоккар, олорор олоххор туох эмэ туһаны, үтүө өйү-санааны угар иһин суруйуллуохтаах. Бу чэпчэки үлэ буолбатах» (ЭК, 1967, алт. 20 к. «Тыл барҕа баайа - норуокка»). Дьэ ону поэт хайдах ситиһиэхтээҕий?
Баал Хабырыыс поэт төһө кырдьыктаахтык бэйэтин долгуйуутун, иэйиитин хоһооҥҥо иҥэрэриттэн айымньы сабыдыала тутулуктаах диир: «Дьиҥнээх ис сүрэххиттэн эрэ иэйэн эттэххинэ, ханнык даҕаны судургу, сороҕор бороҕой да соҕус тыл киһиэхэ тиийимтиэ буолар» (ТА, 8)[2]. Ол иһин хоһоонноругар – оҕолоругар (истиҥник саныыра оччо) аадырыстаан этэр:
Этим-хааным сорҕотун, Иэйиим, сүрэҕим уотун Эһиэхэҕэ биэрбитим, -
(ТА, 383).
Уонна өссө төгүл бигэргэтэр:
Бэйэҥ умайбакка эрэ Бар дьон сүрэҕин умаппаккын! Бэйэҥ ыалдьыбакка эрэ Киһи дууһатын долгуппаккын!

Баал Хабырыыс, 11 класс

Баал Хабырыыс, 11 класс
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
15.01.2023