Министерство образования Республики Саха (Якутия),
«Муниципальный орган управления образования»Сунтарского улуса, \МБОУ «Сунтарская СОШ №3» Сунтарского улуса (района),
“Алын кылаас үөрэнээччитин өйдөбүллээхтик ааҕарга үөрэтии үлэ көрүҥнэрэ”
Суруйда: Иванова С.М
Сунтаар 3 №- дээх орто сокуолатын алын кылааһын учуутала
с.Сунтаар,2022 с
Киириитэ.
Аныгы тэтимнээхтик сайдар олоххо оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн араас информацияны өйдөбүллээхтик ааҕан ылынар, ырыҥалыыр, туһанар үөрүйэхтэри иҥэрии - алын кылаас учууталын иннигэр турар улахан соруктартан биирдэстэрэ буолар.Оҕо оскуолаҕа киирдэҕинэ ааҕар суруйар, суоттуур уөрүйэхтэри ылынарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэбит: туох ханнык иннинэ дорҕооннору ырытан, буукубаны көрдөрөн ааҕарга үөрэтэбит, тэтимнээхтик ааҕарын ирдиибит.Оҕо ааҕар дьоҕура сайдарын кытта тэҥҥэ хас биирдии аахпыт тылын , этиитин, аахпыт тиэкиьин ис хоһоонун өйдүүр үөрүйэхтэри, сатабылы иҥэриннэҕинэ эрэ билиигэ көрүүгэ тардыһар, саҥаны интириэһиргиир, салгыы сайдар баҕалаах, инникигэ эрэллээх, ситиһиилээх, олоххо бэлэмнээх буола иитиллэн уһуйуллан тахсар.
Үлэ төрүөтэ:
- аныгы тэтимнээхтик сайдар олоххо оҕолор, улахан дьоннор араас элбэх, бэлэм
информацияны телевизортан, интернеттэн көрөн ылыналлар, үгүстүк компьютерга олороллор, телефонунан кэпсэтэллэр; Бу түмүгэр ордук оҕолор төрөөбүт тылларыттан тэйэн, толкуйдуур дьоҕурдара, билиилэрэ көрүүлэрэ, уус-уран кэпсэтиилэрэ сылтан сыл мөлтөөн иһэр.
- аныгы үйэҕэ кинигэни ааҕар оҕо ахсаана лаппа аҕыйаан ол түмүгэр бытааннык ааҕар буолан тугу аахпыттарын өйдөөбөттөр.
- аахпыт тиэкистэриттэн туһалаах информацияны, матырыйаалы сатаан булан ылбаттар.
Хас биирдии аныгы киһи олоҕор, өйдөбүллээх ааҕыы, аахпыты сөпкө ырытыы, ону тус сыалга сөпкө туһаныы улахан суолталаах.Киһи тулалыыр эйгэтэ улахан, уһун тиэкискэ майгынныыр, оттон тулалыыр эйгэ киһиэхэ биэрэр информацията, киһи бэйэтэ ылынарыгар чэпчэки, дэбигис өйдүүрүн курдук сааһыламмыт тиэкис диэн өйдүөххэ сөп.
Бу үөһэ этиллибиттэргэ олоҕуран мин үлэм сыала:
- алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ аа5ар дьо5урдарын сайыннарыыны сэргэ, өйдөбүллээхтик ааҕар усулуобуйаларын тэрийэргэ араас ньыманы үөрэтэн үлэҕэ туһаныы.
Соруктарым:
1. Төрөппүттэргэ саҥа үөрэх ирдэбилин,соруктарын билиһиннэрэн, оҕо өйдөөн ааҕан тыл суолтатын билэ үөрэнэригэр болҕомто ууралларыгар көмө оҥоруу
2.Уруокка уонна уруок таһынан ааҕыыга үөрэнээччи тэтимнээхтик өйдөөн ааҕарын курдук араас ньымалары, эрчиллиилэри туттан үөрэтии.
3. Оҕо ханнык баҕарар уруокка, дьарыкка, ханна баҕарар этиилэри, текси, тыллары интириэһиргээн, сэргээн ааҕарын курдук , өйдөбүллээх ааҕыы суолтатын маҥнайгы кылаастан саҕалаан өйдөтүү, үөрэтии, .
4. Аахпытын, саҥаны билбитин тус сыалыгар сөпкө туһанар дьоҕурун сайыннарыы.
Оҕо оскуолаҕа үөрэнэ киирдэҕинэ бастакы соруга ааҕыы буолар.Сатаан аахпат буоллаҕына ахсаан уруогар задача ис хоһоонун, усулуобуйатын, ыйытыытын өйдөөбөт онон сатаан суоттаабат, ол курдук атын үөрэх предметтэрин соруктарын толороругар ыарахаттары көрсөр: ырыа уруогар, ырыа тылын өйдүүрүгэр, уруһуй уруогар ыйытыыга сөптөөх хоруй биэрэригэр, тулалыыр эйгэ уруогар эбии билиини ыларыгар барытыгар бытааннык ааҕар, аахпытын өйдөөбөт үөрэнээччи мэһэйдэри көрсөр.Онон үөрэнээччи иннигэр хас биирдии уруокка тиэкиьи ааҕан, ис хоһоонун хайаан да өйдүүрүгэр сыал- сорук турар.Ученайдар быһаарбыттарынан үөрэнээччи ситиһиитигэр 200 араас өрүттэр дьайаллар эбит.Онтон биир саамай улахан суолталаахтара оҕо тиэкиһи сөпкө ис хоһоонун өйдөөн ааҕара буолар.Оскуолаҕа үөрэтиллэр араас предметтэргэ барытыгар уөрэнээччи ситиһиилээх буоларыгар ортотунан ааҕыы тэтимэ мүнүүтэҕэ 120-150 тыл буолуохтаах. Ученайдар ити быһаарыылара аныгы үөрэх ирдэбилигэр сөп түбэһэн, үөрэнээччи тиэкис ис хоһоонун өйдүүр буоларыгар үөрэтэргэ олук буолар.Онон үөрэнээччи тиэкиһи ааҕан, ис хоһоонун өйдөөн, кэпсиир кыахтаах, туһалаах информацияны бэйэтигэр ылынар курдук сөпкө ааҕар дьоҕурун сайыннарыы - алын кылаас учууталын иннигэр турар улахан сорук.
Өйдөөн ааҕыы ирдэбилэ өссө 1991 сыллаахха Бүтүн Аан дойдутааҕы оскуола үөрэнээччилэрин үөрэххэ ситиһиилэрин бэрибиэркэлиир тест (PISA) түмүгэр турбута.
Онон өйдөөн ааҕыы (читателская грамотность) – үөрэнээччигэ саамай улахан суолталаах үлэ көрүҥэ буолар.
Ааҕыы үөрүйэхтэринэн көрөн үс бөлөххө араарыахха сөп.
1 бөлөх – 1 кылаас
Аахпыт тиэкиһин ис хоһоонун өйдүүр, ыйытыыларга сөптөөх хоруйу биэрэр
2 бөлөх – 2 кылаас
Аахпыт тиэкиһин ис хоһоонун сиһилии кэпсиир кыахтаах, айымньы туох сыаллаах соруктааах, туохха үөрэтэрин быһаарар, түмүк оҥорор.
3 бөлөх- 3, 4 кылаас
Ырытар, толкуйдуур, айар дьоҕура сайдар, айымньыттан, ааҕыллыбыт тиэкистэн бэйэтэ туһанарыгар сөптөөх наадалаах информациятын булан ылар. Тиэкистэн ылар туһалаах информациятын икки бөлөххө арааран туһаныан сөп: бастакытынан- тус сыалга, тирээн турар сорукка туһанар информация, иккиһэ -саҥаны, сонуну билиигэ туһалаах информация диэн арааран билиэхтээх.
Оҕо аахпыт айымньытыттан персонаж уобараһын сөпкө арыйар, салгыы бастакы сүһүөх оскуоланы бүтэрэригэр уобарастары тэҥнээн, утарыта туруоран ырытар.Алын кылаас үөрэнээччитэ үөһээ ыйыллыбыт ааҕыы үөрүйэхтэрин ылынарыгар сорох сорудахтары, эрчиллиилэри толороругар ыарырҕатар.
Мин үгүс сылга үлэлээн кэтээн көрүүм түмүгүнэн ордук болҕомтобун бу аллараа соруктары толорорго ууран үгүс эрчиллиини толотторобун.
-Аахпыт тиэкистэн ыйыллыбыт информацияны булан баран бириэмэтин, сирэйин уларытыҥ диэн сорудаҕы ыарырҕаталлар
-Тиэкистэн атын атын абзацтан эбэтэр иннигэр кэннигэр баар этиилэртэн түмэн биир информацияны аҕыйах тылынан ис хоһоонун сөпө биэрэр сорук уустук буолар
-Тиэкистэн майгыннаһар суолталаах тыллары (синонимнары) булары ыарырҕаталлар
Ити ыйыллыбыт сорудахтары алын кылаас үөрэнээчилэрэ ыарырҕаппакка сөпкө толороллоругар маннык үөрүйэхтэри иҥэрэр олус наадалаах.
- Маҥнайгы кылаастан саҕалаан оҕо ааҕа да илигинэ учуутал биэрэр ыйытыытын өйдөөн истэн, сөптөөх хоруйу биэрэргэ үөрэтиэххэ
- Бэйэтин тылынан(кинигэҕэ суруллубут этиинэн буолбакка) бэриллибит ыйытыыга чопчу толору хоруйу биэрэрин ирдиэххэ. «Аһаа», «суох», «баар» эрэ диэн тылларынан муҥурдаммакка.
- Тиэкис ис хоһоонун ыйыллыбыт сирэйгэ, бириэмэҕэ сөп тубэһэрин курдук сатаан уларытарга болҕомто ууруллуохтаах.
- Тиэкис араас абзацтарыгар иннигэр кэннигэр, араас этиилэргэ баар ыйыллыбыт информацияны түмэн аҕыйах тылынан кэпсиир уөрүйэхтэри иҥэриэххэ.
Уруокка, уруок таһынан дьарыкка араас сорудахтары толкуйдаан бу үөһэ этиллибит дьоҕуру сайыннарарга үлэ араас көрүҥүн ыытыахха сөп. Алын кылаас үөрэннээччитин уйулҕатын уратытын учуоттаан учууталы кытта, бииргэ үөрэнэр доҕотторунаан куолаан үлэлиир дьарыгы тэрийэн үлэ араас көрүҥүн ыытыллар.
-Тиэкиһи ис хоһоонун билэргэ сыаллаах ааҕыы
- Тиэкиһи ис хоһоонунан көрөн абзацтарга араарыы
-Былаан оҥоруу
- Былааны көрөн тиэкиһи сааһылаан ааҕыы
- Тиэкиһи ааҕан баран ис хоһоонун сиһилии бэйэтин тылынан сааһылаан кэпсиир
- ыһыллыбыт этиилэри сааһылаан тиэкис эбэтэр кэпсээн оҥоруу
-айымньыны оонньоон көрдөрүү
-оруолларынан ааҕыы - ботугураан ааҕыы
- абзацтарынан ааҕыы
- биирдии этиинэн тус туспа ааҕыы
- ыйыллыбыт этиини тиэкистэн көрдөөн булан ааҕыы
- этиигэ охсуулаах тылы булан ааҕан ис хоһоонун ырытыы
- таба суруйуу быраабылаларыгар олоҕуран тыллары булуу
-этииттэн саамай уһун тылы булуу
- саамай элбэх сүһүөхтээх тылы буларга күрэхтэһии
1 кылааска
- аахпыт тиэкиһин ис хоһоонун өйдүүр, быһаарар гына өйдөбүллээх ааҕыы
- этии уонна тиэкис диэн тугун арааран билэр буолуохтаах
-учуутал көмөтүнэн тиэкиһи ис хоһоонунан чаастарга араара үөрэниэхтээх
-тиэкис саҕаланыытын, сүрүн чааһын, түмүгүн арааран билиэхтээх
-тиэкиһи ааҕан баран ис хоһоонуттан сиэттэрэн аатын толкуйдуур
- схема эбэтэр ойуу, уруһуй көмөтүнэн тиэкискэ былаан оҥорор
2 кылааска
- тиэкиһи кытта үлэ араас көрүҥүн сатыыр буолуохтаах
- хас биирдии этиини өйдөөн ааҕан, тиэкискэ этии турар миэстэтин чопчу билиэхтээх
- ааҕан баран сиһилии кэпсиир
- тиэкиһи абзацтарга арааран былаан оҥоруохтаах
-тиэкистэн сүрүн тыллары, тыл ситимин булар
- айымньы сүрүн геройдарын майгыларын быһаарар
- тылларга утары суолталаах эбэтэр тэҥ суолталаах тыллары булуу
- көппүт буукубалары сөпкө булан туруоруу
- Тиэкистэн сөптөөх тинформацияны булуу, ис хоһоонун өйдөөн ырытыы,сыаналааһын
- Тиэкис эбэтэр ыйыллыбыт абзац сүрүн ис хоһоонун арыйыы, чуолкайдааһын - Ыйытыыга сөптөөх хоруйу тиэкистэн сөпкө булуу, хоруйдааһын.
- Айымньы геройдарыгар тус бэйэтин сыһыанын сааһылаан этэр, ырыҥалыыр
- Тиэкис ис хоһоонун аҥардас аатыттан эбэтэр быстах ылылллыбыт аҕыйах этииттэн сабаҕалаан туох туһунан кэпсээн буоларын чопчу этэр
- Үөрэнээччи тиэкис ис хоһоонунан сөптөөх ыйытыылары биэрэр
- Тиэкис ис хоһоонунан ханнык жанр буоларын быһаарар (научнай, дьыалабыай, кэпсээн)
Тиэкис ис хоһоонун үөрэнээччигэ өйдөтөргө уруокка туттуллар эрчиллиилэр 1.Тыл суолтатын быһаарыы.Саҥа өйдөммөт тыл суолтатын быһааран этиигэ туттарга үөрэтии.Ордук алын кылааска буукубаартан саҕалаан оҕо дэбигис суолтатын өйдөөбөт тыллара үгүстэр
2.Тиэкиһи ааҕан сөптөөх ааты биэрэргэ үөрэниэхтээх.Ааты толкуйдууругар өйдөбүллээхтик ааҕарыгар сыал – сорук турар.
3.Ис хоһоонунан көрөн чаастарга арааран былаан оҥоро үөрэниэхтээх
4.Тиэкискэ сөп тубэһэр курдук ойууну уруһуйдуохтаах.
5.Тиэкиһи чаастарга арааран биирдии оҕоҕо түҥэтэн сөптөөх уруһуйу оҥорон , онно сөп тубэһэр, ойууну быһаарар этиилэри аллараатыгар суруйар.Түмүгэр уруһуйдары холбоон тиэкис ис хоһоонун ойууну көрөн кэпсииргэ быдан судургу буолар.
6.Тиэкистэн ыйыллыбыт чааһын эбэтэр тиэкистэн биир эмэ герой туһунан булан ааҕан кэпсииргэ бэлэмнэнэллэр
7.Учуутал эбэтэр үөрэнээччилэр бэйэлэрэ тиэкис ис хоһоонунан ыйытыы биэрдэхтэринэ сөптөөх эппиэти биэрэргэ ейдөбүллээхтик ааҕыы инники сорукка турар
8.Учуутал этиини ааҕарыгар тылы көтүтэр, үөрэнээччилэр ис хоһоонугар сөп түбэһэр тылы толкуйдууллар
9. Тиэкиһи, кэпсээни чаастарынан арааран кырыйталаан оҕолорго түҥэтэбин, хас биирдии оҕо ылбыт чааһын ааҕан чаастары сөпкө холбууллар. 4 кылааска сорудаҕы уустугурдан, атын кэпсээн, тиэкис чааһын эбии уган биэриэххэ сөп.Оҕолор тиэкис ис хоһоонун билэн атын чааһы булан ылан туораталлар.
10. 1-2 кылаастарга тэнийбэтэх этиилэри учуутал ыйытыытын көмөтүнэн тэнитэллэр, 3-4 кылаастарга үөрэнээччилэр этии ис хоһоонунан көрөн сөптөөх тылларынан бэйэлэрэ тэнитэн биэрэллэр
11.Айар дьоҕурдарын сайыннаран тиэкиһи салҕааҥ, эбэтэр бириэмэтин , геройун уларытан, эбэтэр оҕону бэйэтин герой оннугар туруоран салгыы хайдах, туох буолбутун салгыылларыгар сорудахтыахха сөп
12.3-4 кылааска оҕолор тиэкискэ, айымньыга ис хоһоонугар сөп түбэһэр кроссвордары оҥороллор
13.Айымньы ис хоһоонун төһө хорутан билбиттэрин бэрибиэркэлиир сыаллаах араас викторина оҥорон, оҕолор сөптөөх эппиэти талан, билиилэрин бэйэлэрэ хонтуруолланарын тэрийии
15.Тиэкистэн ылыллыбыт тылларга сөптөөх таабырыннары булуу, эбэтэр оҕолор бэйэлэр толкуйдуулларын курдук сорудахтары биэриэххэ сөп
16.Айымньы, тиэкискэ ис хоһоонугар сөп тубэһэр өс хоһооннорун булуу, толкуйдааһын.
17. 3-4 кылаастарга ыйыллыбыт тылларынан ребус толкуйдатыахха сөп.
Бу үөһээ ыйыллыбыт үлэлэри хас биирдии учуутал туттара саарбаҕа суох.Ол эрээри бу ыйыллыбыт эрчиллиилэр, араас сорудахтар утумнаахтык, кылаастарынан наарданан хас биирдии уруокка тиһигин быспакка ыытыллар буоллаҕына үлэ түмүктээх буолара саарбаҕа суох. Ити эрчиллиилэргэ эбии үөрэнээччи хас биирдии тылы өйдөөн аа5арыгар туһуламмыт эбии ооньуу- сорудахтары толкуйдаан уруоктарга, эбии дьарыктарга туттабын
Түмүк
Алын кылаас учуутала оҕону аахпытын өйдүүрүн курдук үөрэтэригэр хас биирдии оҕо уйулҕатын үөрэтэн, киниэхэ сөп түбэьэр ааҕыы методикатын туһанан, ааҕарга интириэһи үөскэтиэхтээх, салгыы өйдөбүллээх ааҕыыга тиийэрин ситиһээри араас эрчиллиилэри толотторон үгүс үлэни ыытыахтаах.Хас биирдии кылааска ыарырҕатар оҕолор баар буолаллар. Оннук түгэҥҥэ чинчийии ыытан, үөрэнээччи тоҕо, туох биричиинэттэн ыарырҕатарын эрдэ быһааран, сөптөөх методиканы туһанан, эбии дьарыктаан, төрөппүтү кытта сүбэлэһэн, бииргэ үлэлээн сүбэ- соргу биэрэн оҕоҕо сөптөөх көмөнү оҥоруохха сөп. Билиҥҥи кэмҥэ ааҕыы методикатыгар көмө матырыйаал олус элбэх. Оҕо интэриэһиргээн аахтаҕына айымньы ис хоһоонун толору өйдүүрэ саарбаҕа суох. Ол иһин уруоктарга хайаан да эбии эрчиллиилэри, оонньуу-сорудахтары туһанар көдьүүстээх.Нуучча тылын уруоктарыгар туттуллар оонньуу эрчиллии араас көрүҥнэрэ, слайдалар, презентациялар, уруоктар интернеккэ элбэхтэр.Оттон саха оҕотун ааҕарга, суруйарга үөрэтэргэ эбии көмө матырыйаал аҕыйах. Маҥнайгы кылаастан саҕалаан, сахалыы тылынан үөрэнэр оҕолорго, хас биирдии тылы болҕомтоҕо ылан, өйдөөн ааҕарга үөрэтиигэ араас эрчиллиилэри толкуйдаан оҥорбуппун туһаныахтара дии саныыбын. Аныгы олох ирдэбилинэн уруокка, уруок таһынан дьарыкка туһанарга араас элбэх презентация оҥоробун. Быйылгы үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска буукубаары үөрэтэргэ, уруоктарга өйдөбүллээх ааҕыыны ситиһэр сыаллаах хас биирдии буукубаҕа презентация оҥорон үлэбэр туһанным.Учуутал бэйэтэ кылаас төһө бэлэмнээҕиттэн көрөн презентацияны эбэн көҕүрэтэн уруокка туһаныан сөп.
Түмүкпэр, оҕо өйдөбүллээхтик ааҕа үөрэннэҕинэ үөрэҕэр, чинчийэр үлэтигэр, ааҕыы, проект күрэҕэр, араас тэрээһиннэргэ барытыгар үөрэ – көте, ситиһиилээхтик кытыннаҕына учуутал үлэтэ түмүктээх буолара саарбаҕа суох.
1.Эбии матырыйааллар оҕо болҕомтото ааҕыыга туһаайылларын учуоттаан ойуута- бичигэ
, үгүс аралдьытар кырааската суох оҥоһулунна.(см приложение)
2.Буукубаар презентациятытан дакылаакка 1 презентация угулунна (см.прил.2)
3. 1 кылааска үөрэнээччи сахалы тылынан өйдөбүллээхтик ааҕарын бэрибиэркэлиир үлэ көрүҥэ (диагностика читательской грамотности в 1 классе).(см.приложение 3) Туһаныллыбыт литература
1.Статья "Читательская грамотность как ключ ко всем видам функциональной грамотности"инфоурок
2. Материалы семинара "Приёмы формирования читательской грамотности у обучающихся".
3. Анализ художественного текста: Сб. статей / Под ред. Н. М. Шанского. М, 1975, вып. 1; 1976, вып. 2; 1979, вып.
4. Артобвлевский Г. В. Художественное чтение. М., 5.1978. Бахтин М. М. Эстетика словесного творчества.
6.Осоки н В. В. Формы общения. Томск, 1985.
7.Маетриалы вебинаров «Учи.ру»
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.