Добавить материал
Войти
🕊️
Войти в кабинет
Медиатека
Курсы
Сертификация
Мероприятия
Конкурсы
Собрания
Классные часы
Новости
Ваше членство
Добавить материал
и получить до 500 000 ₽.
свидетельство СМИ
и 10 документов
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Оценка
4.6
Лазарева Чээнэ
Лазарева Чээнэ
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Оценка
4.6
Научно-исследовательская работа
doc
естествознание
8 кл
31.01.2017
Билинни кэмнэ ыал уксэ бэйэтэ тэлгэьэлээх, бас билэр учаастактаах. Угус киьи тиэргэнэ ураты, киьи хара5ар быра5ыллар, кыраьыабай кестуулээх буолуон ба5арар. Элбэх сибэкки, мас, уунээйи ууммут тэлгэьэтэ олус учугэй дыргыл сыттанар, ол иьин биьи дьиэ кэргэн тиэргэммит иьэ киьи кута-сурэ тохтуур кыраьыабай кестуулээх буолуон ба5арабыт.
холумтан.doc
Текстом
Картинками
Уеьээ Булуутээ5и М.Т.Егоров аатынан 2№ х орто оскуола «Холумтан сылааьа» улуустаа5ы кыргыттар аа5ыылара научнайпрактическай конференция Тиэргэн сылааьа – о5о дьоло. Дакылаат. Толордо: Лазарева Туйаара, М.Т.Егоров аатынан №2 орто оскуола 8 а кылаас уерэнээччитэ Салайааччы: Лазарева Ч.А., саха тылын учуутала. Уеьээ Булуу, 2014 с. Иьинээ5итэ: Киириитэ_________________________________________________3стр. 1. Баьа. Мин дьиэ кэргэним туьунан____________________________4стр. 1.1. Теруччу ейдебулэ_________________________________________4стр. 1.2. Кындыл Уйбаантан удьуордаах саха биллиилээх дьоно_________5стр. 1.3. Эбэм Томская Ф.Г. са5алаабыт педагогическай династията______7стр. 1.4. Ийэлээх а5ам – биьиэхэ утуе холобурдар.____________________9стр. 2. Баьа. Мин тиэргэним билиннитэ____________________________12стр. 3. Баьа. Тиэргэним тупсарыгар оноьуллар улэлэр________________13стр. 3.1.Аймахтарбыт утуе холобурдара____________________________15стр. 3.2.Сынньанар зона бырайыагын сметата_______________________16стр. Тумук_____________________________________________________17стр Туьаныллыбыт литература____________________________________18стр. Бырайыак то5оостоо5о: Киириитэ. Билинни кэмнэ ыал уксэ бэйэтэ тэлгэьэлээх, бас билэр учаастактаах. Угус киьи тиэргэнэ ураты, киьи хара5ар быра5ыллар, кыраьыабай кестуулээх буолуон ба5арар. Элбэх сибэкки, мас, уунээйи ууммут тэлгэьэтэ олус учугэй дыргыл сыттанар, ол иьин биьи дьиэ кэргэн тиэргэммит иьэ киьи кутасурэ тохтуур кыраьыабай кестуулээх буолуон ба5арабыт. Бырайыак сыала: О5о кыра сааьыттан кыраны да харыстыы, уурбуттуппут курдук дьаьайа, миэстэтин буллара уерэнэрэ, айыл5а5а, кэрэ эйгэтигэр чугас буолара инники оло5ор улахан сабыдыаллаа5ын ейдетуу. О5о теруттэрин туьунан билэригэр тереппут о5отун кытта ыкса сыьыана быьаарар суолталаа5ын, о5о айыл5аны кытта сибээьэ хаьан да быстыспатын ейдееьун. Бырайыак сыалын ситиьэргэ турар соруктар: о5ону кэрэ эйгэтигэр угуйуу, кыра эрдэ5иттэн айыл5аны, тулалыыр эйгэтин харыстыыр буолла5ына учугэй иитиллиилээх киьи буолан тахсарын ситиьии; о5ону улэлии уерэнэргэ, бэйэ онорбутун харыстыырга иитии; дьиэ кэргэн, чугас аймах иьинэн сылаас, эрэллээх сыьыаны олохтооьун; тулалыыр эйгэни, айыл5аны харыстааьын. 1 Баьа. Мин дьиэ кэргэним туьунан. 1.1 Теруччу ейдебулэ. История дьиэ иьиттэн, тиэргэнтэн са5аланар. Дьиэ кэргэн историята уонна норуот историята, кээмэйдэринэн, дьонунансэргэтинэн, тердунэнууьунан уратылаахтар. История диэн олоххо чахчы буолбукка, кырдьыктаахха оло5урар. Теруччу диэн терду – ууьу уерэтии, чинчийии ааттанар. Саха омук тердун – ууьун сэнээрии, билэ сатааьын бэрт былыргыттан са5аламмыт. Ол курдук бу тема5а угус ученайдар, тыл уерэхтээхтэрэ улэлээбиттэрэ, чинчийбиттэрэ. Былыргы сэьэннэргэ, номохторго оло5уран сахалар теруппут Омо5ой, Эллэй диэн билэбит. Ол норуоппут уусуран айымньыларыгар да кестер: Омо5ой баайбыт са5аттан, Эллэй убайбыт кэмиттэн… Мантан са5аламмыт а5а уустарын, ийэ уустарын теруттэрин ырытыы, чинчийии. Урут кырдьа5ас дьон баарына, кинилэр сэьэннэриттэн суруйан хаалларбыт дьон элбэх келуенэ теруттэрин билэллэр. Бу история5а да, олоххо да олус туьалаа5а биллэр суол. Билигин угус эдэр дьон бэйэлэрин тердулэрин ситэ билбэттэр. Мин эмиэ теруччум туьунан чинчийиэм иннинэ ийэм да, а5ам да еттунэн уьус келуенэ5э эрэ дылы соро5ун билэр этим. Мин бу улэни толорон баран а5ам теруччутугэр элбэх саха норуотун киэн туттар дьоно баарыттан сехтум уонна киэн тутуннум. Бары бэйэбэйэлэригэр майгыннаспат, тустуспа суолуииьи тереебут норуоттарыгар хаалларбыт ыраах аймахтарбыт туьунан угуьу да билбэт эбиппит. Теруччуну уерэтэн керуу, чинчийии олус интэриэьинэй эбит. Мин бу улэбин суруйаарыбын угус литератураны хаьыстым, уерэттим. А5ам терде Каака Кыыстан са5аланар. Бу теруччуну народнай суруйааччы Николай Якутскай бииргэ тереебут убайа Алексей Гаврилович Золотарев (19061993сс) илиинэн суруйан хаалларбыт. Бу теруччу туьунан ессе филологическай наука кандидата Гаврил Васильевич Попов 1994 сыллаахха бэчээттэммит «Хантан хааннаахпытый?: Саха народнай суруйааччыларын теруттэрэ» диэн кинигэтигэр керуеххэ сеп. Бу кинигэтигэр Г.В.Попов народнай суруйааччылар ебугэлэрин схемаларын таблицатын норуот кэпсээннэригэр, архив докумуоннарыгар оло5уран чуолкайдаан, ситэрэн суруйбут эбит. 1.2. Кындыл Уйбаантан удьуордаах саха биллиилээх дьоно. Каака Кыыстан тереебут Кындыл Уйбаан 11 о5оломмут: Бараах Уйбаан Ыбыгыр Ньукулай Бегдьеен Миитэрэй Мойот Охонооьой Елексеендере Тугутук Елексей Ыт Елексей Огдооччуйа Таатык Мэхээлэ Кыйыкаат Маарыйа Учугэйкээн Еруунэ. Бу о5олоруттан теруттэнэн саха омукка биллэр улуу дьон тереенууьаан ааспыттара. Кинилэр тустарынан билиьиннэрэр буоллахха: Улахан уола Бараах Уйбаан уола Ньалбаахаан Микииппэр элбэх сылгы, ынах суеьулээх баай ыал эбит. Киниттэн Исидор Никифорович Барахов тереебут. 19281933 сылларга Москва5а Кыьыл профессура институтугар уерэммитэ. Онтон БСК(б)П Киин Комитетыгар тыа хаьаайыстыбатын отделын Илин Сибиирдээ5и уонна Дальнай Востоктаа5ы секторын сэбиэдиссэйин дуоьунаьыгар улэлээбитэ. 1938 сыллаахха олунньуга репрессияламмыта. 1956 сылга толору реабилитацияламмыта. Кыйыкаат Маарыйа 700 суеьулээх Маспаран Арамаан уолугар Буулдьуй Микииппэргэ кэргэн тахсыбыт. Кинилэртэн Баахча Билиип диэн киьи тереебут. Баахча Билиип хос сиэнэ Золотарев Николай Гаврилович – Николай Якутскай саха биир биллэр чулуу суруйааччытын аатын билбэт, кини айымньыларын аахпатах саха киьитэ суо5а буолуо. Кини елбетсуппэт уйэлээх айымньылара биьиги норуоппут кыьыл кемус фондатыгар киирэллэр, саха уусуран литературатын киэн туттар, аан дойду туьулгэтигэр тахсыбыт бастын айымньыларынан буолаллар. Елексеендереттен уьун кэмнэ Булуу педучилищетыгар, СГУга преподавателинэн улэлээбит саха тылын учуутала, оло5о суох национализмна буруйданан 10 сыл хаайыыга, Андрей Ксенофонтович Сивцев, кинилэр теруччулэрин сыылка5а сылдьыбыт таблицатын онорбут Гаврил Ксенофонтович Сивцев уонна биллэр поэт, журналист, тылбаасчыт, «Урун былыттар», «Уруйэ тааьа», «Уеруу», «Сири истэбин», «Ааттал» уо.д.а. кинигэлэр автордара Василий Тарасович Сивцев теруттээхтэр. Тугутук (сорох суруйууларга Тукутук) Елексей сиэнэ Николай Михайлович Гоголев – Куугунуур Ньукулай Булуу тубэтигэр аатырбыт тимир ууьа эбит. Куугунуур Ньукулай сиэнэ саха народнай суруйааччыта Иван Михайлович Гоголев – Кындыл Уйбаан айбытсуруйбут улэлэрэ: «Хара кыталык», «Иэйиэхсити кэлэтии» романнар, угус сэьэннэрэ бар дьон сэнээриитин ылыан ылаллар. Учугэйкээн Еруунэ удьуорунан филилогическай наука кандидата, СГУга ер сылларга саха тылын преподавателинэн улэлээбит Георгий Романович Кардашевскай буолар. Бегдьеен Миитэрэй 2 уолламмыт: Ноттос Елексей, Хаппаанта Хабырыыл. Ноттос Елексейтен 7 о5о теруур: Алексей, Макар, Николай, Акулина, Парасковья, Домна, Акулина. Алексей биир сиэнинэн билигин Госдума депутата, сахаларга биллэр кестер Федот Семенович Тумусов буолар. Бу сэттэ о5оттон бэьис о5онон 1908 сыллаахха Парасковья тереебут. Парасковья улаатан, Гаврил Томскайга кэргэн тахсыбыт. Гаврил Томскай А5а дойду Улуу сэриитигэр ынырыллан сэрии толоонугар охтубут. Онтон Парасковья иккистээн Хоро нэьилиэгэр Иван Семенович Егоровка – Тонус Уйбаанна кэргэн тахсыбыт. Намна олохсуйбуттар. Парасковья ус кыргыттардаах. 1.3. Эбэм Томская Ф.Г. са5алаабыт педагогическай династията. ананан улэлии барбыта. Парасковья улахан кыыьа педагогическай улэ ветерана Федора Гаврильевна Томская 1942 сыл ыам ыйын 22 кунугэр Уеьээ Булуу оройуонун Харбалаах нэьилиэгэр тереебутэ. 1959с Нам сэттэ кылаастаах оскуолатын бутэрэн баран Уеьээ Булуугэ киэьээни оскуола5а уерэнэуерэнэ промкомбинакка улэлээбитэ. 1964с. Булуутээ5и Н.Чернышевскай аатынан педучилище5а туттарсан киирбитэ. Училищены алын суьуех оскуола учуутала идэлээх бутэрэн 1966с. хоту Булун оройуонугар Боро5он 8 Бу сылтан са5алаан Федора кылаастаах оскуолатыгар Гаврильевна Томскайдар – Егоровтар аймахтарын педагогическай династияларын суолун тэлээччинэн буолбута. Булунна 2 сыл улэлээн баран 1968 сылтан дойдутугар, уерэммит оскуолатыгар Намна начаалынай кылаас учууталынан улэлээбитэ. 1975с. Никифоров Степан Афанасьевичтыын олохторун холбоон, дьиэуот тэриммиттэрэ. Степан Афанасьевич салайар улэьит буоларын быьыытынан, 1976–1981 сылларга Хоро нэьилиэгэр анаммыта. Федора Гаврильевна оскуола интернатын иитээччитинэн улэлээбитэ. Оттон салгыы 1982–1983 сылларга Уеьээ Булуутээ5и 3№х, 6№х о5о саадтарыгар иитээччинэн улэлии сылдьыбыта. 1983 сылтан Нам нэьилиэгэр олохсуйаннар, орто оскуола5а интернат иитээччитинэн, начаалынай кылаас учууталынан, начаалынай кылаастарга чааьын сэбиэдиссэйинэн, социальнай педагогунан урдук таьаарыылаахтык улэлээбитэ. уерэх Федора Гаврильевна угус элбэх уерэнээччини уерэх – билии киэн аартыгар сирдээн, аа5аргасуруйарга уерэтэн угус сыратын, бол5омтотун уурбута, кинигэ – хаьыат умсул5аннаах эйгэтигэр угуйбута. Уерэнээччилэрэ араас курэхтэргэ, олимпиадаларга элбэхтик ситиьиилэнэллэрэ. Билигин угустэрэ урдук уерэхтээх улахан улэьит дьон бэрдэ буолан республика араас муннугар улэлииллэр. Федора Гаврильевна бары еттунэн талааннаах этэ, ол курдук айар улэнэн дьарыктанан, элбэх хоьооннору айан хаалларбыта. Кини эдэр эрдэ5иттэн спорду ере тутара, ол курдук хайыьарга, ытыыга разрядтаа5а, ситиьиилэрдээ5э.Улэтин утуе тумуктэрэ сыаналанан «РСФСР норуотун элбэх уерэ5ириитин туйгуна», ааттар инэриллибиттэрэ, Уерэ5ирии эйгэтин салалтатыттан туппут угус элбэх Бочуотунай Грамоталара, Махтал суруктара Федора Гаврильевна сыралаах улэтин туоьулууллар. Федора Гаврильевна уерэ5ирии эйгэтигэр 39 сыл энкилэ суох улэлээбитэ. «Нам нэьилиэгин Бочуоттаах гражданина» педагогическай улэ ветерана буолбута. Федора Гаврильевна 1994 сыллаахха тэриллибит нэьилиэккэ уонна улууска биллэр бастын улэлээх «Кемулуек» общественнай тумсуу кехтеех кыттааччыта этэ. Бу тумсуу чилиэттэрэ бу куннэ диэри нэьилиэнньэ ортотугар сэргэхсийиини таьааран, эдэр ыччаты а5а келуенэ угэстэригэр иитиигэ кырата суох кылааттарын киллэрэн, нэьилиэк оло5о бигэ туруктаах буолуутугар элбэх сыраларын биэрэллэр. Федора Гаврильевна бу тумсуу кехтеех чилиэнин быьыытынан олох уеьугэр куруук уерэкете, кэрэни кэрэхсии сылдьара, нэьилиэккэ, улууска ыытыллар общественнай, культурнай тэрээьиннэргэ мэлдьи кыттара. Федора Гаврильевна бииргэ тереебут балтылара Борисова Раиса Ивановна, Голокова Александра Ивановна уерэ5ирии эйгэтигэр ситиьиилээхтик улэлииллэр. Раиса Ивановна РФ уерэ5ириитин туйгуна, пед. ыстааьа 45 сыл. Кини кыыьа Алена Прокопьевна идэтинэн урдук уерэхтээх нуучча тылын учуутала. Нерюнгри куорат 3№х орто оскуолатыгар улэлии сылдьыбыта. Пед. ыстааьа – 3 сыл. Билигин урдук экономическай уерэ5и бутэрэн Дьокуускайга «Алмаасэргиэнбаанна» улэлиир. Александра Ивановна Намнаа5ы «Кэнчээри» о5о саадыгар методиьынан улэлиир, СР уерэ5ириитин туйгуна, 2 научнай кинигэ автора, пед.ыстааьа – 39 сыл. Кыргыттара: Наталья Афанасьевна урдук уерэхтээх педагогпсихолог, «Кэнчээри» о5о саадыгар улэлиир, 2 авторскай кинигэлээх, 14 сыл пед.ыстаастаах, «Надежда Якутии» бэлиэлээх. Ольга Афанасьевна Уеьээ Булуутээ5и 1№х «Ньургуьун» о5о саадыгар хореограбынан улэлиир, пед.ыстааьа 7 сыл. Федора Гаврильевна уонна Степан Афанасьевич ыал буолан туерт о5ону теретен, иитэнхарайан олох киэн аартыгар таьаарбыттара. Билигин тереппут о5олоро тердуен ийэлээх а5аларын ааттарын ааттатан, уерэхтэнэнидэлэнэн, олоххо миэстэлэрин булан, дьиэуот тэринэн ньирбааччы дьоьуннаах ыал буолан олороллор. Улахан уоллара Томскай Ярослав Николаевич Нам нэьилиэгэр олорор, баьаарынай чааска улэлиир. Кэргэнэ Татьяна Николаевна Намнаа5ы «Сиибиктэ» о5о саадын иитээччитэ, пед.ыстааьа 20 сыл, 3 уол о5олоохтор: Ганка, Сережа, Иосиф оскуола5а уерэнэллэр. Никифоров Борис Степанович Нам нэьилиэгэр олорор, кэтэх хаьаайыстыбанан дьарыктанар. Намна «Сиибиктэ» о5о саадын иитээччитэ, пед.ыстааьа 12 сыл, 2 кыыс о5олоохтор: Диана – 8 кылаас уерэнээччитэ, Алена 2,5 саастаах. Гаврильевна Юлия Кэргэнэ Романова Надежда Степановна Уеьээ Булуугэ олорор, идэтинэн о5о тэрилтэтин иитээччитэ (ДьПУ №2), ол кэнниттэн Москва5а «Педагог начального образования» идэни бутэрбитэ. 12 сыл пед.ыстаастаах. Билигин 6№х «Солнышко» детсад сэбиэдиссэйэ. Кэргэнэ Александр Васильевич – РЭС электрослесара, урдук юридическай уерэхтээх. О5олоро: Айна 9 кылааска уерэнэр, Аксен – 6, Аглая – 3 саастаахтар Мин а5ам Никифоров Павел Степанович, финансовай уерэхтээх, идэтинэн «Алмаасэргиэнбаан» Уеьээ Булуутээ5и дополнительнай офиьыгар клиеннары кытта улэ5э суруннуур специалиьынан улэлиир. Бала5аннаах, Манаас оскуолаларыгар математика, информатика учууталынан улэлии сылдьыбыта, пед.ыстааьа – 2 сыл. Ийэбит Чээнэ Анатольевна урдук уерэхтээх, М.Т.Егоров аатынан Уеьээ Булуутээ5и 2№х орто оскуола5а учуутал, пед.ыстааьа – 12 сыл. О5олоро: Туйаара – мин 2№х орто оскуола5а 8 «а» кылааска, быраатым Мичил – 1№х орто оскуола5а 6 «б» кылааска, балтым Нарыйаана 4№х орто оскуола5а 4 «г» кылааска ситиьиилээхтик уерэнэбит. Муннубут буетэ, эьээтин Степан Афанасьевич аатын сугэр Степушка – 1,5 саастаах. Дьиэ кэргэн бары таптыыр тутаах киьибит. Ити курдук эбэбит Томская Федора Гаврильевна са5алаабыт педагогическай династиятын ити курдук балтылара, кыыьа, кийииттэрэ салгыыллар, уопсайа – 210 сыл. Инникитин сиэннэрэ биьиги оскуоланы ситиьиилээхтик бутэрэн эбээбит ыллыктаах суолун батыьыахпыт, кини аатын ааттатар утуе улэьит дьон буолуохпут. 1.4. Ийэлээх а5ам – биьиэхэ утуе холобурдар. Дьиэ кэргэн ийэттэн, а5аттан, о5оттон турар. Маннык дьиэ кэргэн толору дьоллоох соргулаах олохтонор. Дьиэ кэргэн оло5ун дьоло бе5е тирэхтээх буоларыгар а5а оруола улахан. А5а ийэни кытта кэргэннии олох сыьыанын тэрийээччи буолар. А5а о5отугар таптала бэйэтин кэргэнигэр, ол аата ыал ийэтигэр тапталыттан са5аланар. Орто дойду оло5ор иллээх– эйэлээх, бэйэ–бэйэни ейдеьер–ейеьер ыал дьоллоох буолара чахчы. Маннык эйгэ5э улааппыт о5о дьоллоох, инникитэ сырдык буолар дии саныыбын. А5а дьиэ5э бас–кес киьи буолуохтаах. Кини олох ханнык да ыарахан тугэннэригэр субэ–ама, куус–кеме, дурда–хахха буолан дьиэ кэргэнин араначчылыахтаах. Оттон ийэ дьиэ кэргэнин тэрийээччи, бэрийээччи, кыьанааччы буолуохтаах. Оттон о5о а5а, ийэ утуе холобуругар иитиллэн учугэй киьи буола улаатыахтаах. Ийэ, а5а тапталын тэнинэн билбит, «бу мин тереебут дьиэм, дойдум» диэн ейдебулу кыра эрдэ5иттэн инэринэн иитиллибит о5о олоххо бэлэмнээх буола уунэнсайдан тахсара саарба5а суох. Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн – омук кэскилэ, дойду инникитэ буолар. Мин а5ам аата Никифоров Павел Степанович. Кини Нам нэьилиэгэр тереебутэ. А5ам ийэбинээн Манаас нэьилиэгэр билсиспиттэр. Манаас орто оскуолатыгар ийэм – саха тылын, а5ам – математика учууталынан улэлээбиттэрэ. Мин Манааска улааппытым. Эбээм аах билигин онно олороллор. Онтон 2006 сыллаахха а5ам Уеьээ Булуугэ «АлмаасЭргиэнБаан» филиалыгар улэ5э киирбитинэн манна кеьен кэлбиппит. Мин ийэлээх а5ам олус иллээхтэр. Хаьан да кыыьырсыбаттар, кыыьырбыттарын биьиэхэ кердербеттер. Биьиэхэ, о5олоругар эйэ5эстик сыьыаннаьаллар. А5ам биьигини иллэн кэмигэр, еребулугэр дуобакка, саахымакка уерэтэр, араас приемнары кердерер. Уруокпутун уерэтэрбитигэр кемелеьер, мунаарбыт сорудахтарбытын быьааран биэрэр. Араас оонньуурунан, холобур, мозаиканан, пазлынан, доминонан тэннэ оонньуубут. Соро5ор пресс хачайдыырга, хары баттаьарга, ойбонтон уулааьынна курэхтэьээччибит. Манна ийэбит эмиэ кыттыьааччы. Соро5ор а5абыт тэннэ сасыьа оонньооччу. Сайын, саас халлаан сылаас кэмигэр биьиги бары тэннэ таьырдьа улэлии тахсабыт. Сайын Намна та5ыстахпытына бары тэннэ сир астыыбыт, тэллэйдиибит. Саас хайаан да ерускэ киирэн ерус устарын керебут, бары дьиэнэн кулуупка концерт кере, норуот куулэйэ буолла5ына сынньана барааччыбыт. Мин ийэлээх а5ам дьиэ иьигэр барытын субэлэьэн, кемелеен онороллор. Ийэм еребулугэр араас аьы астаан биьигини кундулуур. А5ам иллэн буоллар эрэ ийэбэр кемелеьер. Биьигини ийэбитин утары санарбат буоларга, харыстыырга, кемелеьерге уерэтэр. Мин а5ам онуманы барытын сатыыр. Дьиэбитин иьинтаьын, сарайын, олбуорбутун барытын а5абыт убайдарбытын кытта онорбута. Балтым биьиэхэ икки этээстээх орон, кинигэбитин, оонньуурдарбытын уурарбытыгар ыскаап, танас ыйыыр ыскаап, кинигэ долбуура онорбуттара. Биьиги манна а5абытыгар туттар тэрили ылан, а5алан биэрэн илииатах буолбуппут, куьа5ан бе5усыыьы ийэбитинээн дьаьайбыппыт. Мин иллэн кэммэр ийэбэр кемелеьебун: иьит сотобун, дьиэбин дьаьайабын, ас астаьабын. Хоьум иьин бэрээдэктиибин, ийэбин уердэргэ кыьаллабын. Ийэлээх а5ам киэьэ улэлэриттэн сылайан кэлэннэр сынньанныннар диэн биьиги киэьэ хоспутугар чуумпутук уруокпутун аахтабыт, оонньуубут, бырааппытын керебут, аралдьытабыт. Киэьэ бары остуол тула олорон куннээ5и сонуммутун уллэстэбит. Онтон бары телевизорга киинэ керебут. Биьиги о5олор куннээ5и режими тутуьабыт, киэьэ 10 чааска утуйабыт. Режими тутуьуу биьигини бэрээдэккэ уерэтэр. Мин а5ам биьигини учугэй дьон буола улааттыннар диэн наар субэлиир – амалыыр, учугэйи – куьа5аны араарарга, сыаналаах – сыаната суох диэни ейдуургэ уерэтэр. Тугу эмэ сыыстахпытына маннык буолар куьа5ан диэн ейдетер. Биьиги бары а5абыт ханна эрэ барда5ына тэьийбэппит, хаьан кэлэрин куутэбит. Онноо5ор аьыырбытыгар хайдах эрэ буолааччы. Ийэм Лазарева Чээнэ Анатольевна учуутал идэлээх. Саха тылын уонна литературатын уерэтэр. Кини иистэнэрин, онуманы кырыйарын, илиитинэн онорорун ордук себулуур. Биьиги маннайгы кылаастан са5алаан араас курэхтэргэ, аа5ыыларга кыттарбытыгар сурун тэрийээччинэн ийэм буолар. Биьи о5олор уьуен уерэхпитигэр учугэйбит, ону таьынан уерэх кэнниттэн араас керуннээх курэхтэьиилэргэ, аа5ыыларга, конкурстарга кехтеехтук кыттабыт. Ситиьиибитин барытын паапка5а сааьылаан ууран иьэбит. Сыл аайы паапкабыт халыныыр, ону керен бары дьиэнэн уерэбит – кетебут. Быраатым Мичил кыра кылаастан спордунан куускэ дьарыктанар. ДЮСШ иитиллээччитэ, тустууга улууска, регионна, республика5а элбэх ситиьиилэрдээх, ессе сууруунэн, дуобатынан, футболунан дьарыктанар. Балтым Нарыйаана о5о саадыттан са5алаан ункуунэн, ырыанан улуьуйэр. Угус ырыаункуу курэхтэригэр ситиьиилээхтик кыттар. Кылааьын иьинэн нуучча норуодунай ырыаларын ыллыыр ансамблга дьарыктанар, «ДЕКО» куруьуогар бэркэ себулээн сылдьар. Кыра эрдэ5иттэн араас мозаикалары, пазллары танарын, уруьуйдуурун себулуур. Мин ДШИ –ни уруьуй кылааьын туйгун сыананан уерэнэн бутэрбитим. Кыра кылаастан шахматынан, дуобатынан улуьуйэбин. Улууска оскуолалар икки ардыларынаа5ы курэхтэьиилэргэ бириистээх миэстэлэргэ тиксээччибин. Дуобакка, шахмакка а5абыт дьиэбитигэр дьарыктыыр. Уруьуйга эмиэ элбэх ситиьиилэрдээхпин. Саамай улахан ситиьиим 2012 сыллаахха VII международнай о5о уруьуйун конкурсугар дипломунан на5араадаламмытым буолар. Дьиэбитигэр хоспут иьин уруьуйдарым киэргэтэллэр. Маны ийэм араамалаан, киэргэтэн онорон ыйыыр, керерге астык, киэн туттуу буолар, ыалдьыттарга кердерер. Мин улууска, регионна, республика5а ыытыллар араас научнайпрактическай конференцияларга, холобур: «Инникигэ хардыы», «Туур эйгэтэ», уо.д.а. кехтеехтук кыттабын. Манна ийэбинээн септеех теманы талан, литератураны хасыьан, матырыйаал булан суруйабын. Ийэм бииртэн биир интэриэьиргиир темабын булан, ыйанкэрдэн, субэлээн биэрэр. Ол курдук, кыра кылаастартан са5алаан сыл аайы улэлээбит темабын кэнэтэн биэрэн иьэбин, атын еттуттэн олоххо то5оостоо5ун кердеен, чинчийэн суруйабын. Компьютерга араас программаларынан улэлииргэ компьютерщик идэлээх буолан а5ам кемелеьер. Маннык аа5ыылартан о5о сананы билэр, санарар дьо5ура сайдар, атын о5олору истэнкерен элбэххэ уерэнэр дии саныыбын. Мин ыллыырбын олус себулуубун. Ол курдук, Николаева Мария Дмитриевна салайар «Еркен» о5о ырыатын группатыгар тердус сылбын дьарыктанабын. Биьиги араас таьымнаах конкурстарга: «Сулусчаан», «Хотугу сулус», уо.д.а. элбэхтик ситиьиилээхтик кыттабыт, лауреат аатын элбэхтэ суктубут. Маны таьынан «Ангелы Натали», «Кэрэ» муода студияларга дьарыктанабын. Манна барытыгар, танассап тигиитигэр, булуутугар ийэм куруутун кемесубэ буолар. Быйылгы уерэх сылыттан са5алаан оскуола иьинэн улэлиир «Сыккыс» пресскииннэ дьарыктанабын. Учууталым Гольдерова Любовь Васильевна субэтинэн Дьокуускай куоракка «Хотугу сулус» о5о республикатаа5ы телерадиоакадемиятын иьинэн икки тегул уерэнэн кэллим. Бу уерэх туурдарыгар сылдьан угуьуэлбэ5и биллим, телевизорга уьулуннум, элбэх до5оттордоннум. Бу сылдьыбыппар, ийэлээх а5ам «о5обут сайдыа, билиитэкеруутэ эбиллиэ» диэн ыыппыттара. Уопсайынан, уерэх, сайдыы еттутугэр дьонум биьигини теье да телебурдээх буолла5ына харчыларын кэрэйбэккэ сырытыннара сатыыллар, биьиги инникитин билиилээхсайдыылаах буола улаатыахпытын ба5араллар. Ийэлээх а5абыт биьигини ханнык ба5арар тугэннэ ейдуунсанаалыын бэлэм буоларга, кимтэн да тутулуга суох бэйэ иннин керунэргэ, улэни таптыырга, утуе суобастаах буоларга, кыраныкыамматы кемускуургэ, бэйэ улэтин, атын киьи улэтин сыаналыырга, харыстыырга, улахан дьону убаастыырга, учугэйи куьа5аны араарарга, сиэрдээх майгылаах буоларга иитэллэр, уерэтэллэр. Бу инникитин биьиги тус олохпутугар угустук кеме буолара чуолкай. Мин ийэлээх а5абын убаастыыбын, ийэлээх а5абынан киэн туттабын. Кинилэр тапталлара хаьан да уостубатын, уйэлэрин тухары бэйэбэйэлэрин ейеьеейдеье сырыттыннар, доруобай буоллуннар. Ийэлээх А5абыт наар маннык эдэр, кыраьыабай, куустээхуохтаах, мындыр ейдеех, эйэ5эс майгылаах буоллуннар! Биьиги ийэлээх а5абытын куускэ да куускэ таптыыбыт. Онон, О5о дьоллоох буолуохтаах. Дьол диэн тугуй? Дьол диэн, мин санаабар: киьи барыта арыллыахтаах, талаанын, дьо5урун кемпекке, дьонно туьаны а5алыахтаах, дуоьуйа, астына онорор, айартутар дьарыктаах буолуохтаах, элбэх алтыьар дьонноохсэргэлээх, до5оттордоох буолуохтаах. Онон, билинни уустук олоххо дьиэ кэргэн иьигэр ейдеьуу – ейеьуу, бэйэ – бэйэ5э убаастабыл – ытыктабыл баар буолуохтаах, оччо5о эрэ ыал оло5о бигэ туруктаах буолуо дии саныыбын. 2 Баьа. Мин тиэргэним билиннитэ Билинни бириэмэ5э айыл5а айгырааьына, тыынар тыыннаах баар буолара, салгын киртийиитэ саамай инники турар боппуруос буолла. Салгына суох олох суох. Итини быьаарыыга ученайдар эрэ буолбакка хас биирдии киьи теье кыайарынан бэйэтин кеметун оноруохтаах. Киьи, айыл5а, тыынар тыыннаах, космос бэйэбэйэтин кытта быстыспат сибээстээх, бары биир састааптан тураллар уонна хардары таары кемелесуьэллэр. Киьи барыта тулалыыр эйгэтэ бигэ туруктаах, кэрэ кестуулээх буолуон ба5арар, ол туьугар ба5алаах эрэ буоллахха кыаллыбаты да оноруохха сеп дии саныыбын. Киьи аймах барыта куех уунээйини олордууга сурун сорук туруорунуохтаах. Киьи, уенкейуур, кыыллар бары айыл5аны кытта ыкса, быстыспат сибээстээхпит. Уунээйи эрэ ыраас салгыны онорон таьаарар. Биьиги Уедугэй нэьилиэгэр 2008 сылга сайын са5аланыыта уьаайбалаах дьиэни атыылаьан кеьен кэлбиппит. Уьаайбабыт киэнкуон, иэнэ 2100 кв.метр. Дьиэбит кендейе эрэ баара, туннугэ, куулэтэ, тас олбуора, уьаайбатын иьигэр туох да тутуута суо5а. Ону сайын устата бе5унсыыьын ыраастаан, отунмаьын кебутэн куьун арыый да ыал олорорун курдук керуннэммитэ. Уьаайбабыт ситэри хотору, дьиэбит учугэй кестуулээх буоллун диэн 5 сыл иьигэр маннык улэлэри ыыттыбыт: 2008 сыл куьунугэр кыьын ба5ар тымныйыа диэн дьиэбит таьыгар евроремонт ыыппыппыт, Уьаайбабытын уулусса еттун эргэрбит, сууллаары гыммыт ба5аналарын сана5а уларытан, профлииьинэн буруйэн, икки улахан боруота ааннаан, калиткалаан тупсарбыппыт. 2009 сылга 5*4м иэннээх евроматырыйаал куулэ туппуппут, улахан теплица, о5уруот сирэ оностубуппут. Дьиэбитигэр газ ситимэ 2010 сылга 4*4м. баанньык туттубуппут. тардыллыбыта. 2011 сылга дьиэбит сарайын шиферин барытын металлочерепица5а уларыппыппыт. 2011 сылга биир боксалаах засыпной гараж туттубуппут, хомойуох иьин 2012 сылга оьо5уттан сылтаан умайан хаалта. 2012 сылга 2 боксалаах улахан бэрэбинэ гараж туттубуппут. Газ ситимигэр тардыбыппыт. тутталлар. Биьигини Ити курдук сылтан сыл аайы теье да элбэх ороскуоттаа5ын иьин тиэргэммит учугэй кестуулэннин диэн тупсарарга кыьанабыт. Тереппуттэрбит харчыбытын суоттаан учуоттаан харыстабыллаахтык сыьыаннаьарга уерэтэллэр. Бу улэни барытын биьиги аймахтарбыт, убайдарбыт, таайдарбыт кемелеьен ситиспиппит. Мантан кестер: аймах, уруу хаьан ба5арар бэйэ бэйэ5э кемелеьуутэ, чугас, истин сыьыана. Биьиги дьиэкэргэн хардары эмиэ ханнык ба5арар тубэлтэ5э наар кемесубэ буолабыт. о5олорун эмиэ харчыга Миигин дьонум айыл5а5а сыста5ас буоларга уерэтэллэр. Ол курдук Сахабыт сирин кылгас сайыныгар сибэкки арааьын ууннэрэбит. Ийэм сибэккилэри ууннэрэрин олус себулуур. Кинилэр тыынар тыыннаахтар диэн уерэтэр. Бытаарбыт сибэкки рассадаларын куытта кэпсэтэр, кинилэри буебэйдиир, оччо5о кырдьык хайдах эрэ уунэн бараллар. Ийэм миигин сибэккини керергехарайарга уерэтэр. Мин эмиэ сибэккилэри олус себулуубун. Сарсыарда туран тиэргэммэр та5ыстахпына сибэккилэр уерэ керселлере олус кунду, кэрэ. Сибэккилэр киьи настырыанньатын кете5еллер. Мин сибэккини кытта бииргэ улааппыт курдукпун. Айыл5а5а та5ыстахпытына наар айыл5а матырыйаалларын хомуйабын уонна хатаран гербарий оноробут. Мин дьонно сибэкки бэлэхтиирбин себулуубун. Сибиэьэй сибэкки букета олус учугэй. Планета урдунэн 500 тыьыынча араас сибэкки уунэр. Биьи эмиэ элбэх арааьы олордобут. Ол курдук, бархатцы, астра, петуния, георгин, ромашка араастарын ууннэрэбит. Сиппит сибэкки сиэмэтин хомуйан ыраастыыбыт уонна тустуьунан пакеттарга уган харайабыт, эьиилгитигэр бэлэмниибит. Сибэккилэрбитигэр араас уен кейуур мустар, сибэкки сиэмэтинэн аьылыктаналлар, нектарын иьэллэр. Бу эмиэ экология5а олус туьалаах. Маны таьынан араас о5уруот аьын себулээн олордобут. Культурнай уунээйилэргэ, хортуоппуйга тустуьунан анал сирдээхпит. Улахан теплицалаахпыт, ол тулатыгар, помидор, кабачок, перец парниктара бааллар. Сайын устата сибиэьэй о5уруот аьын аьыыбыт, ону таьынан тууьаан, кэнсиэрбэлээн, тонорон, хатаран кыьынныга хаьаанабыт. Маны онорорго ийэм миигин куруутун кеменьыма оностор, хайдах онорорго уерэтэр, субэлиир. Мин тиэргэним инникитин ессе тупса5ай кестуулээх буолуохтаах, ыраахтан учугэйдик кестуехтээх, сибэкки сытынан дыргыйыахтаах. Сибэкки сыттаах сибиэьэй салгынна дуоьуйа сылдьар, улаатар, куус ылар о5о5о уунэригэрсайдарыгар олус туьалаах дии саныыбын. 3 Баьа. Тиэргэним тупсарыгар оноьуллар улэлэр. Ол да буоллар биьиги тиэргэммит билигин да ситэ илик дии саныыбын. Ол курдук биьиги инникитин тэлгэьэбит ессе ситэри кэрэ кестуулээх буоларыгар маннык хардыылары оноробут: 1. Кырасыабай олбуордаахпыт, ол олбуорун тулатыгар элбэх хатын мас олоруон ба5арабын, мас кири, быылы инэринэрин быьыытынан элбэх маьы олордобут; 2. Ыраас салгыннаах айыл5а5а иитиллэн, улаатан тахсыахпын ба5арабын, ол иьин дьиэм таьыгар, тиэргэним иьигэр ессе элбэх араас сибэккилэри олордуохпун ба5арабын. Сибэкки арааьыттан «Георгины, астраны, бархатцыны, о.д.а.» атын сортарын талыам этэ, то5о диэтэххэ мин ийэм бу сибэккилэри себулээн олордор уонна тымныыны тулуйумтуо диэн миэхэ кэпсиируерэтэр. 3. Биьиги уьаайбабыт киэнин учуоттаан, атын уунээйилэри эмиэ олордуохха сеп. Холобур билигин ууннэрэр о5урсуу, помидор, перец, субуекулэ, моркуоп, луук, укроп, петрушка, сельдерей, уо.д.а. таьынан атын сонун о5уруот астарын олордуохха сеп. 4. Тэлгэьэбит олордор уунээйитэ элбээн, араас композициялары толкуйдаан сылтан сыл тупсаран, киэркэтэн иьиэхтээхпит. 5. Тиэргэммитигэр дьиэбит кэннинэн уунэр моонньо5он, хапта5ас, делуьуен, дьэдьэн уктарын сылтан сыл харыстаан, илдьи тэпсибэккэ кэнииллэрин ситиьиэхтээхпит. Мантан биьиги хомуйан барыанньалыыбыт, сок оностобут. Кыра да буоллар баьаам эбии хаьаас буолар. 6. Аны туран дьиэ тас бараана эрэ тупса5ай буолбакка, тас эйгэ5э харыстабыллаах сыьыан баар буолуохтаах. Ол курдук, туттуллубут уу сир анныгар утары бара турар дьааьыга, баанньык чо5о, кулэ кутуллар сирэ олохтоохтук оноьуллуохтаах. Оччо5о бех сыыс мунньуллубат, кестуутэ да учугэй буолар. 7. Угэс быьыытынан ыал аайы киьи соччо аьыйбат маласала, иьитэхомуоьа, тутар тэрилэ мунньуллар. Эргэниурбаны наардаан, чочуйан онордоххо киьи уерэ сэргиир, харахха быра5ыллар буолуон, атын еттуттэн уйэтэ уьаан туттуллар буолуон сеп. Маннык ньыманан толкуйдаан араас оноьуктары оноруохха сеп эбит. 8. Дьиэбитигэр газ киирэн улахан оьохпутун кетурэн тиэргэн иьигэр тротуар гына тэлгээбиппит. Бу тротуарбыт кытыытын ессе кэнэтэн сибэккинэн киэргэтиэхпин ба5арабын. 9. Ол курдук тиэргэним иьигэр беседка – сынньанар сир онорторуохпун ба5арабын. Беседкам тулата барыта сибэкки. Манна сайын сынньана5ын, кунтэн хахалана5ын, ыраас салгынна аьыахха сеп. Маны таьынан биьиги тэлгэьэбит улаханын учуоттаан, кыракый бырааппытыгар Степушка5а анаан олорон сынньанарга араас еннеех скамейкалардаах, хачыаллардаах, фонтаннаах, кумахтаах дьааьыктаах оонньуур, сынньанар зона оноруохха сеп. Бу былааммын бырайыактаан, ороскуотун смета5а таьааран кердум. 3.1. Аймахтарбыт утуе холобурдара Биьиги аймахтарбыт угустэрэ маннык сибэкки олордуунан, о5уруот ууннэриинэн себулээн дьарыктаналлар. Ол курдук: Манааска, таайым аах тиэргэннэрин иьэ сайын сибэкки ырайын курдук кестуулэнэр. Санаьым Лазарева Степанида Ивановна олус элбэх кэрэ сибэккилэри олордор, саас араас сибэкки, о5уруот аьын рассадатын бе5етун ууннэрэн нэьилиэгин дьонугар атыылыыр, аймахтарыгар барыларыгар бэрсэр, кыаммат, элбэх о5олоох ыалларга бэлэхтиир. Куьун оскуола аьыллыытыгар кыраьыабай сибэкки дьербелерун атыылыыр. Бу буолар «кэрэни туьалаа5ы кытта алтыьыннарыы» диэн. Билинни ырыынак уйэтигэр сатабыллаах буолуу кистэлэнэ манна сытар дии саныыбын. Онтон Намна эбээбит Борисова Раиса Ивановна тиэргэнигэр сайын сылдьыбыт эрэ бары се5ер, кэрэхсиир. Ол курдук кэрэ кестуулээх иьиттэргэ, кашполарга элбэх сибэккини олордор, сайын устата тиэргэнэ араас еннеех сибэккинэн киэргэнэн олорор. Биьи аймах о5олуунуруулуун бары манна мустан сибэкки ортотугар хаартыска5а туьэбит, дуоьуйа сынньанабыт. Уеьээ Булуугэ эдьиийбит аах Романовтар тиэргэннэригэр эмиэ киьи кутасурэ тохтуур гына элбэх сибэккилээх, о5уруот эгэлгэтин ууннэрэллэр. Эбээлэрэ Зоя Васильевна сайынны керэ кестууну сиэдэрэйдик симээри саас эрдэттэн тубугурэр, рассада бе5етун ыьар, буебэйдиир. Бу курдук утуе холобуртан киьи уерэр, элбэххэ уерэнэр. Биьиги дьиэ кэргэн аймахтарбытыттан элбэххэ уерэнэбит, угус наадалаах субэ ама ылабыт, опыт – сатабыл мунньунабыт. Нэьилиэккэ да, улууска да маннык о5уруотунан, сибэккинэн дьарыктанар биирдиилээн ыаллар а5ыйа5а суохтар. Кинилэри элбэхтик хаьыакка суруйан, телевизорга уьулан, киэн арана5а таьаартыахха, холобур оностуохха наада. Оччо5о угус ыаллар утуе холобурга тардыьыахтара, тэлгэьэлэрэ тупса5ай кестуулэнэригэр кыьаныахтара дии саныыбын. 3.2. Сынньанар зона бырайыагын сметата: Матырыйаал Беседка Хачыал Мас хачыал Кумахтаах дьааьык Фонтан Сырылыыр сыыр Буруус мас Буруус мас Бэрэбинэ Турба Быа Кырыылаах хаптаьын 18х18 3,3м*4 шт 4,4м*2 шт 10х10 4м*4 шт 2,5м*4 шт 2см 3м*3 шт 5см*20 шт 3,5м –2 шт Q32–1,5 м. 6 м. 2м – 2 шт Q32 1 м. Q15 15см2шт (тутаа5а) 2 см – 50 см 5см 4шт х 2м 5см 4шт х 2м 2см – 1м х10шт 2,5м 2 шт. 2см 3м х10шт 5см 3м х6шт Металло черепица 1мх25см х10 шт Лиис Таас Насос Подставка Кумах Тоьо5о Барыллаан сыаната 10 см 1 кг 5см 2 кг 12000 1шт 12в1шт 1 шт 5см40шт 500кг 10см24шт. 6000 4000 2000 6000 1м х 3м – 1 шт 10см 500гр 6см400гр 4см100гр 10000 Тумук Бу бырайыагы дьоммунаан субэлэьэн онордум. Бу улэни олоххо киллэрэргэ бастатан элбэх матырыйаал, литература уонна барыллаан аа5ыынан 40 000 солк. наада эбит. Онтон бу бырайыактарбытын туьанан сынньанар зонабытын быйыл сайынтан са5алаан кыракыралаан онорон барыахпыт. Бу улэ5э дьиэ кэргэнинэн ким тугу сатыырынан бары кыттыьыахпыт, бары тэннэ уеруехпут кетуехпут. тиэргэммит кестуутэ тупса5ай буоларыттан Мин нэьилиэгим, Уедугэйим хас биирдии ыалын тиэргэнэ куех уунээйинэн ке5ердун, араас еннеех сибэккинэн симэннин, ыраас сибиэьэй салгыннаах буоллун. Ыаллар бары кемелеен тиэргэннэрин тупсардахтарына эрэ нэьилиэкпит иьэ кэрэ кестуулэниэ, ол иьин ыал барыта биьи курдук элбэх уунээйини олордоллоругар ба5арыам этэ. О5олорун уунээйи керуутугэр уерэттэхтэринэ инники олохторугар туьалаах буолуо этэ. Оччо5о о5о айыл5аны кытта сибээьэ кууьуруе этэ дии саныыбын. Араас эргэ малы – салы, бе5усыыьы мээнэ куппакка, ыспакка, дьаьайа сылдьыахха. Кэлэр кэскил доруобай, куустээхуохтаах буола улааттыннар, нэьилиэктэригэр туьалаах дьоннор буоллуннар, айыл5а о5ото буолалларын умнубатыннар. Ити курдук, бу аламай кун анныгар орто дойду Оло5о олус кэрэ. Олох олорор – судургу буолбатах. Толкуйдаан кердеххе, барыта суолталаах. Туох барыта сыраттан кэлэр. Хас биирдии о5о толору дьоллоох буолара, утуе киьи буола улаатара, тереебут дойдутугар туьалаах киьи буола уунуутэ барыта – бастатан туран, дьиэ кэргэнин иьинээ5и сыьыантан улахан тутулуктаах дии саныыбын. Дьиэ иьинээ5и олох итии – истин буолара, тэлгэьэ ырааьа, кэрэ кестуулээ5э киьини уердэр, ыалдьыттары ынырар – угуйар, хаьаайыттарын туьунан сэьэргиир. Онтон сириуоту ыраастааьын, кэрэ кестуулээх оноруу, керехарайа сылдьыы кэрэмааны айыл5абытыгар, бу орто дойдуга дьоллоохтук олорорбут иьин махтаныы бэлиэтэ буолар дии саныыбын. Туьаныллыбыт литература: 1. Попов Г.В. Хантан хааннаахпытый? Саха народнай суруйааччыларын теруттэрэ. – Дьокуускай: «Бичик» НКК, 1994с. 2. Писатели земли Олонхо. Библиографический справочник. – Якутск: «Бичик» НКИ, 1995г. 3. Васильев Ю.И. Исидор Барахов теруччутэ. – Дьокуускай, 1998с. 4. Алексеев Е.Е. Барахов Исидор Никифорович: Оло5ун уонна улэтин туьунан очерк. – Дьокуускай: Кудук, 1998с. 5. Исидор Никифорович Барахов (18981938). Составители: Калашников А.А., Яковлев Э.М.; отв.ред. Николаев А.С. – Якутск: Бичик, 2009г. 6. Уеьээ Булуу, Кэскил, Кыым хаьыаттар матырыйааллара. 2013с. 7. Приусадебное хозяйство. Огород, сад, цветник, живность. №2 2005г. 8. Журналы «Далбар Хотун». 20112013гг 9. Газеты «Кыым». 20102013гг. 10. Интернетматериалы 11. Журналы «Байдам» 20122013гг.
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Доклад на тему "Наш двор в родном языке"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете
сообщить о нарушении
.
Введите ваш email
Ваш email
*
Скачать материал
Скачать
Файл готов!
Скачать
Вверх
31.01.2017
Новости
Курсы
Членство
Еще
Войти
Новости
Курсы
Сертификация
Мероприятия
Конкурсы
Собрания
Классные часы
Медиатека
Бонусы
Добавить материал
Добавить