Иван Михайлович Гоголев-Кындыл
Саха норуодунай поэта, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957).
Бүлүү куоратыгар 1930 с. тохсунньу 18 күнүгэр төрөөбүт.
1954 с. Москватааҕы М. Горькай аатынан литературнай институуту бүтэрбит.
Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар эрэдээктэринэн уонна орто оскуолаҕа тыл уонна литератуура учууталынан үлэлээбит.
1948 с. бэчээттэммит.
1952 с. хоһооннорун бастакы хомуурунньуга тахсыбыт.
Хас да улахан поэма уонна «Күн хайата» диэн ааттаах ыччат туһунан хоһоонунан роман (1962) суруйбута. Ааҕааччы биһирэбилин прозаическэй айымньылара эмиэ ылбыттара: «Хара кыталык» роман-трилогия, «Иэйэхсити кэлэтии», «Олорор мутуккун кэрдимэ» сэһэн.
И. М. Гоголев драматург быһыытынан эмиэ биллэр. «Кыталыктар кырдаллара» музыкальнай остуоруйа пьесаны, «Хотугу сибэкки» бастакы саха опереттатын либреттотын суруйбута. Драмалара: «Ыам ыйын халлаана», «Таас таба», «Наара суох», «Өлүөнэ сарсыардата», «Саллаат сүрэҕэ» уо. д. а.
Гоголев Иван Михайлович — Кындыл
(18.01.1930, — 22.11.1998) Бүлүү
Уус уран тылбыт культуратын таһымын үрдэттэххэ эрэ, бэйэбит төрөөбүт ийэ культурабытын үрдэтэр кыахтаахпыт. Онон тыл дьылҕата норуот дьылҕатын кытта арахсыспат ситимнээх…
Иван Гоголев — Кындыл
…айылҕаны харыстаабакка эрэ бэйэбит кэскилбитин, бэйэбит олохпутун харыстыыр кыахпыт суох. Биһиги бэйэбит эмиэ тыыннаах айылҕабыт эбээт!
Иван Гоголев — Кындыл
Кындыл айымньылара театр сценатыгар
«Дыгын Дархан» («Өлүөнэ сарсыардата» айымньытынан) — П. А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай Театр, туруорааччы-режиссёр Сергей Потапов. «Өлүөнэ сарсыардата», суруйааччы биир биллиилээх айымньытын, бастаан Саха театр сценатыгар 1968 сыллаахха режиссёр Федот Потапов туруорбут. Спектакль бастакы туруоруллуутун кэнниттэн «политика өйдөтүүтүнэн» тохтотуллубут.
«Хара кыталык» — спектакль, П. А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай Театр, режиссёр Лена Иванова — Гримм.
«Мэник Мэнигийээн» — оҕолорго анаммыт спектакль, П. А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай Театр, режиссёр Руслан Тараховскай.
«Хотугу сибэкки» — оперетта, Суорун Омоллоон аатынан Государственнай опера уонна балет театра, туруорааччы-режиссёр П. Неустроев.
«Легенда о Полярной звезде» («Араҥас сулус» айымньытынан) — остуоруйа-спектакль, Республикатааҕы үҥкүү национальнай театра, туруорааччы-режиссёр Лена Иванова-Гримм.
«Кыталыктар хочолоро» — музыкальнай остуоруйа-пьеса.
«Ыам ыйын халлаана» — драма.
«Таас таба» — драма.
«Наара суох» — драма.
«Саллаат сүрэҕэ» — драма.
«Үрүҥ көмүс ийэтэ» — спектакль, Чурапчы народнай театра.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
Саха норуодунай поэта
Саха искусствотын үтүөлээх үлэһитэ
Саха комсомолун лауреата
Россия суруйааччыларын литературнай бириэмийэлэрин лауреата
Саха суруйааччыларын литературнай бириэмийэлэрин лауреата
«Бочуот Бэлиэтэ» уордьан
Бүлүү улууһун ытык киһитэ
Үйэлээх аата
1991 сыллаахха Бүлүү народнай театрыгар Иван Гоголев — Кындыл аата иҥэриллибит.
1999 сыллаахха Чочу орто оскуолатыгар И. М. Гоголев аата иҥэриллибитэ.
Сыдыбылга түмэл аһыллыбыт.
2010 сыллаахха, Кындыл 80 сааһын көрсө, Чочу орто оскуолатыгар боруонсаттан оҥоһуллубут бюст туруоруллубут.
Бүлүү куоратын биир саҥа уулуссата ааттаммыт.
Россия киин куоратыгар, Москваҕа, Гоголев — Кындыл уулуссата баар эбит.
Надежда КОЖУРОВА-МЫРЕЕВА
Саха народнай поэта, биллиилээх драматура, прозаига Иван Михайлович Гоголев-Кындыл биир саамай биллибит-көстүбүт айымньытынан «Хара кыталык» буолар. Бу трилогияҕа саха киһитэ омук быһыытынан ураты майгылааҕын уустаан-ураннаан толору арыйан көрдөрбүт. Хас биирдии дьоруойдара бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат, хатыламмат, ураты быһыылаах-таһаалаах, ис туруктаах уобарас буолалларын этэр. Трилогияҕа Иван Гоголев саха номохторун, үһүйээннэрин, сиэрин-туомун, тылын-өһүн, итэҕэлин, айылҕаны билгэлээһини — барытын саас-сааһынан киллэрэн суруйбута.
Кындыл норуот үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут «Хара кыталык» романыгар айылҕаттан айдарыылаах, дьикти дьоҕурдаах Хобороос кыыс дьылҕата ойууланар. Хобороос уонна Хабырыыс – айымньы сүрүн геройдара – тулаайах дьадаҥы Хараанай эмээхсиҥҥэ иитиллэн эрэйи-кыһалҕаны эттэринэн-хааннарынан билэн, кырыымчык олоххо үөскээн баайдары-тойоттору абааһы көрө улааталлар. Хабырыыс – Тойон Киһи, кулуба үөрэхтээх уола бэйэтин кылааһын утары турар өйдөөх-санаалаах киһи буолар. Кини дьадаҥыны-кыамматы көмүскэһэр, ыар дьылҕаларын чэпчэтэр туһугар кыһаллар. Ол эрээри олоххо суолун-ииһин кыайан булуна илик, онон бэйэтин хара кыталыкка холонор. Оттон Хобороос кыыс дьикти дьоҕура – хос куолайа бастаан оонньуу-көр доҕуһуоллаах эбит буоллаҕына, кэлин атаҕастааччыларыттан өһүн-сааһын ситиһэр батас буолар. Ромаҥҥа норуот ааспыт олоҕо чаҕылхайдык ойууланар
Символ – хара кыталык – эргэ үйэ. Àйымньы сюжетын сайдыытын көрөр буоллахха, маннык: киириитэ – революция иннинээҕи саха олоҕо, сүрүн чааһа – эргэ уонна саҕа олох, түмүгэ – саҥа олох туругуруута. "Хара кыталык" роман аата даҕаны сороҕу дьиктиргэтэр. Кыталык буолуо ини, хара буолуо ини. Ити муода аатынан автор тугу этээри, туоҕу ойуулаан көрдөрөөрү гыммыта буолуой диэн ааҕааччы ыйытар бырааптаах", – диир Г.Кардашевскай. "Иван Гоголев айымньыга норуот талааннаах, дьоіурдаах дьонноро былыргы, революция иннинээіи ыар олоххо, сөптөөх суолу тобулар кыахтара суох буолан, дьоҥҥо туһаны аҕалбат аартыгынан айанныылларын эгэлгэлээн көрдөрөр. Кинилэри "хара кыталыктарынан" ааттыыр", – диэн хоруйдуур кини ити ыйытыкка. Эппиэт хара кыталык кимин, тугун быһаччы быһаарыы кинигэҕэ бэйэтигэр баарыгар олоҕурбут. Роман бастакы уобараһа – Хараанай эмээхсин буолар. Àвтор Хараанай эмээхсининэн сирэйдээн, былыргы кэм дьадаµы дьахтарын олоҕун түмэн көрдөрөр. Àйымньы да оччотооҕу кэми көрдөрөр сыаллаах-соруктаах саҕаланар: "Манна Хараанай диэн эмээхсин ыал суоҕар ыал буолан олороохтуур. Кини хас саастааҕын ким да билбэт, эмээхсин бэйэтэ да сааһын ааҕан эрэйдэнэ барбат. Хаһан эрэ халыµ хаар дьыл төрөөбүтэ үһү, ол дьыл сайыныгар уу сут буолбут. Саха сиригэр халыҥ хаардаах кыһыннар, уу сут сайыннар элбэхтэр эбээт…" (1 кн., 6 с.). Иккис уобарас – Хараанай соҕотох кыысчаана – Хобороос: "Ийэтигэр төрүт майгылаабат. Ол биллэр. Кини дьиҥэ, иитиэх кыыс". (…) "Бу дойдуга саҥаран төннөөр", – дэтэн айыллыбыкка дылы олус чобуо барахсан. Быйыл уонун туолла".
Д.Е.Васильева Хоборооско уонна Кыһалҕаҕа маннык характеристика биэрэр: "Àйымньы сюжетын бастатан туран хамсатар күүһүнэн "торбос сону тойточчу кэппит" Хобороос кыыс дьикти дьоҕура – хос куолайынан саҥаран кими баҕарар үтүктэрэ буолар. Оччотооҕу хараҥа үйэҕэ онтуката оһол-төрүөт төрдө буолан киэҥ айдааны, улахан сүпсүгү оҥорор. Ити айымньы конфлигын сүрүн төрүөтэ. Кыһалҕа-кырыымчык олоххо үөскээн, эрэйи-муµу эттэринэн-хааннарынан билэн, Хабырыыс уонна Хобороос баай-тойон аймаҕын єөлөрдүү абааһы көрө, кинилэр кэрэгэй кэмэлдьилэриттэн кэлэйэ улааппыттара. Хобороос кыыс бастаан хос куолайынан саҥарара оонньуу-көр доҕуһуоллаах этэ, онтон кэлин атаҕастааччыларыттан өһүн-сааһын ситиһэр батас буолан ураты суолталаах дьоҕурга кубулуйбута. Кыыс дьикти дьоҕурун сайдыытын сиһилии ойуулууругар Иван Гоголев романыгар Кыһалҕа диэн ааттаах үһүс эдэр киһи обраһын киллэрэр. Хобороос уонна Кыһалҕа уһулуччу айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах, билиҥҥитэ эбитэ буоллар, бука, ааттаах артыыс буолуох дьон, хараҥа үйэҕэ төрөөн, бэйэлэрин дьоҕурдарын-талааннарын атын эйгэҕэ аныыллар. Дьиҥ сахалыы өйдөөх-санаалаах, норуот итэҕэлин, абыычайын эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит Кыһалҕа уол уонна Хобороос кыыс образтарыгар суруйааччы хаарыаннаах да талааннар урукку кэнэн үйэҕэ бэйэлэрин дьоҕурдарын ситэ сайыннарбатахтарын, улахан да талааннар халтайга хаалалларын дьүһүйэн көрдөрүт".
" Манна Хабырыыс уобараһыгар тохтоон ааһар наадалаах дии саныыбын. Кини, дьиҥэр, баай, кулуба киһи уола буолан баран, дьадаҥы, кэнэн Хараанай эмээхсиҥҥэ иитиллэр. Онон баайдары абааһы көрө улаатар. Биһиги Хабырыыс уобараһыгар кэнэн үйэ киһитэ (олох уларыйыытын кытта тэҥҥэ) хайдах прогрессивнай өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх киһи буола улаатарын кэтээн көрөбүт.
Д.Е.Васильева Хабырыыһы кэрэхсэбиллээх уобараска киллэрэр: "Иван Гоголев оччотооҕу уустук кэми ойуулууругар биир кэрэхсэбиллээх обраһынан Хабырыыс буолар. Кинини ойуулууругар реализм да, романтизм да тыыннара биллэллэр. Бу герой өйө-санаата сыыйа-баайа уһуктуутугар общественнай олох-дьаһах сайдыыта хайдах сабыдыаллаабытын автор ордук сыныйан көрдөрөр. Баай, кулуба киһи уола, тулаайах Хараанай эмээхсиҥҥэ иитиллэн, эрэйи эҥэринэн тэлэн, кэлин соҕуруу үөрэнэн, Староверов диэн судаарыскайдыын доіордоһон, аҕатын кылааһын утары турар өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатар. Олунньутааҕы революция Хабырыыһы дьол-соргу, сырдык иһин охсуһуу киэҥ аартыгар угуйар. Кини бэйэтин иннигэр маннык дьоһун соругу туруорунар: "Соҕотох киһи – таммах уута, норуот күүһэ – көмүөл күүһэ. Хабырыыс бэйэтин норуотун кытта аны куруук бииргэ буолуо. Барыахха, киһи иһин охсуһуу кыынньар үөһүгэр барыахха»
Ромаҥҥа айылҕа маанылаах көтөрө – кыталык эмиэ олоҕу кытта ыкса ситимнээх буолан тахсар. Кини оччотооҕу олоҕу көрдөрөр символ уобарас. Хара кыталык – эргэ олох, талааннарын сатаан туһамматах, олохтон кэлэйбит дьон. Тыл улуу маастарын трилогия-романа айылҕа "сытын-сымарын", "тыаһын-ууһун" иҥэриммит диэхпин баіарабын. Харахпар хараҥа түүнү ый-сулус сырдатара, күн "тэмтэйэ ойон" тахсара, Өлүөнэ эбэ налыйан-наскыйан сытара, кылбаа маҥан кыталык халлааҥҥа көҥүл көтөрө көстөргө дылы, чыычаах ырыата, хатыҥ мас суугунуура, үрүйэ сүүрүгүрэрин тыаһа иһиллэргэ дылы… Көр, киһиэхэ оннук дьайар айылгылаахтар – Кындыл Уйбаан айымньылара! Билигин, экология проблемата сытыырхайан турар кэмигэр, Иван Гоголев "Хара кыталык" романа актуальноһын сүтэрбэт.
И.Гоголев «Хара кыталык» романыгар литературнай оонньуу
1 түһүмэх. Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан айар үлэтэ
1. Иван Гоголев айар үлэтэ хаһан саҕаламмытай?
2. Иван Гоголев литератураҕа ханнык псевдонимынан киирбитэй?
3. Народнай поэт прозаҕа тиһэх айымньыта.
4. И. Гоголев 1954 с. туох үөрэҕи үөрэнэн бүтэрбитэй?
5. Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан хас кинигэни бэчээттэппитэй?
2 түһүмэх. «Хара кыталык» роман
1. Хабырыыс төрөппүт ийэтин аата
2. Хараанай эмээхсин олорор алааһа
3. Хараанай эмээхсин соҕотох ынаҕа
4. Кыталык Куо ханнык аҕа ууһугар төрөөбүтэй?
5. Тверь уобалаһыгар төрөөбүт судаарыскай аата
3 түһүмэх. Ким мэтириэтэй?
1. «Бу дойдуга саҥаран төннөөр», - дэтэн айыллыбыкка дылы олус чобуо барахсан. Быйыл уонун туолла. Бу кыараҕас бүөрэмньи алаас киэлитин кини күлэн чаҥкыныыр, ыллаан чаҕаарыйар саҥата арай сэргэхситэр. (Хобороос)
2. Үрдүк уҥуохтаах, тыҥырахтаах көтөр курдук чыпчылыйбакка эриличчи көрбүт киэҥ, арылхай харахтаах толу саха. (Тойон Киһи)
3. Тууна бааммыт куобах бэргэһэтин дьайыҥыттан уһун баттаҕын сиэл курдук хоччоххой сүүмэхтэрэ туртаһаллар… Түөһүн тылыгар тиийэ сэбирийэ үүммүт күүгэн маҥан бытыгар кыһайан, хара бараан сирэйэ ордук ыаһыйан, ордук ыараан-дьиппиэрэн көстөр. (Ордьонумаан ойуун).
4. Кинилэртэн эдэрдэрэ санныгар тиийэр хоччоххой хара баттахтаах, кыра, хатыҥыр киһи. (Испирдиэн ойуун)
5. … Эргэлээх хаҥас хараҕын быһыччы көрөр идэлээх, онон куруук тугу эрэ кыҥыы сылдьар курдук… Кыһыннары, сайыннары уларыйбат түнэ сонноох. (Мутук оҕонньор)
Кривошапкина Валентина Семеновна
ГБПОУ «ХОК»
им.Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.