Открытые уроки по родному языку и литературе
Оценка 4.6

Открытые уроки по родному языку и литературе

Оценка 4.6
Работа в классе
pptx
чтение
7 кл
30.01.2017
Открытые уроки по родному языку  и литературе
Публикация является частью публикации:
мастер-класс.pptx

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Проект «Саха литературатыгар  6­с кылааска  ырыҥалыыр толкуйу сайыннарар  оҕо үлэлиир тэтэрээтэ” Лазарева Чээнэ Анатольевна,  М.Т.Егоров аатынан Үөһээ Бүлүү №2 орто оскуолатын  саха тылын уонна литературатын учуутала

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Бу тэтэрээтинэн үлэлииргэ  сүрүн сыал­сорук:  Сахалыы  литератураны  сэргээн,  сатаан,  өйдөөн  ааҕарга  туһулааһын  Аахпыты бэйэ сайдыытыгар сөпкө туһанарга үөрэтии  Ийэ тыл эгэлгэтигэр үөрэтии: саҥа тыллары, өйдөбүллэри  быһаарыы,  таабырын,  өс  хоһоонноро,  айымньыттан  ох  тыллар  Суруйааччы  туһунан  таблица  нөҥүө  кылгас  чопчу  өйдөбүлү ылыы  Айымньылаахтык толкуйдуур, айар дьоҕуру сайыннарыы,  суол аһыы (синквейн)

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Маннык үлэлээн оҕолорго  үөрэх сатабылларын сайыннарыы: Тус бэйэни сайыннарар сатабыл: Билэр­көрөр сатабыл: Төрөөбүт тыл — омугу сомоҕолуур тыл буоларын  өйдөөһүн Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ,  этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус­уран  айымньытыгар уонна уус­уран литературатыгар  сөҥмүтүн өйдөөһүн Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ  тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл  туруктаах буоларыгар төһө оруоллааҕын өйдөөһүн Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар­сайдар тыл  буоларын итэҕэйии Сүрүн үөрэнэр, үлэлиир үөрүйэх Санаатын сааһылаан саҥарар, суруйар үөрүйэх Билиини­көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы  туһанар үөрүйэх Ылбыт билиитин сатаан сааһыланар үөрүйэх Билиини­көрүүнү истэн, ааҕан ылынар үөрүйэх Таблицаны, схеманы чопчу туһанар үөрүйэх Бэйэни салайынар­дьаһанар сатабыл: Бодоруһар сатабыл: Үлэлииргэ сыалы­соругу туруорунуу Сатаан үлэни былааннаныы Түмүгү оҥостуу Бэйэни хонтуруолланыы, сыаналаныы Алҕаһы көннөстүү Бииргэ үлэлииргэ (пааранан, биирдиилээн,  бөлөҕүнэн) үөрүйэх.  Бииргэ үөрэнэр доҕоттордуун сатаан алтыһар  үөрүйэх Биир сыалга­сорукка кэлэр, көдьүүстээхтик  үлэлиир үөрүйэх Кэпсэтии араас уратыларын (убаастабыл, сэҥээрии,  ылыныы, ырытыы)  өйдүүр үөрүйэх Кэпсэтии сиэрин тутуһар, сатаан сөптөөхтүк  сыаналыыр үөрүйэх

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Тэтэрээт тутулун туһунан: Үлэлиир тэтэрээппит уопсайа 10 лиистээх, 7  салаалаах.  Манна киирэллэр:  6 кылааска үөрэтиллэр айымньылар уопсай   испииһэктэрэ  Суруйааччы туһунан билиини хаҥатар таблица   Айымньыны толору ырытыыга аналлаах таблица   3 илиистээх  айымньыга тус сыһыаны, санааны  сайыннарар, ырыҥалыыр  ис хоһоонноох  сорудахтар   Айар үлэ (чиэппэринэн)  Өйтөн суруйуу (чиэппэринэн)

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Холобур маннык толкуйдатар, бэйэ  санаатын этэр сорудахтар бааллар:  Айымньыттан билбэт тыллаах быһа тардыыгын, этиигин   уһул, быһаара сатаа  Айымньыттан  эйиигин долгуппут түгэҥҥин уруһуйдаа.  Тоҕо? Быһаар.  Эн  бу  айымньыны ааҕан баран туох санааҕа кэллиҥ?  Айымньыга саамай сөбүлээбит түгэниҥ?  Айымньы ханнык чааһын ордук ордордуҥ?  Синквейн (айар үлэҕэ маҥнайгы хардыы)   Бу айымньыга майгынныыр айымньы (атын да омук  айымньыта буолуон сөп)

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Бу тэтэрээтинэн үлэнэн ситиһиллэр түмүктэр: 1 Оҕону кытта  үлэҕэ  түмүктэр  1. Сонуну, сананы биллэрии 2. Оҕо барыта кыттарын ситиһии 3. Оҕо барыта өй­санаа өттүнэн төрөөбүт  тылыгар интэриэстээх буоларын ситиһии 2 Бэйэ  үлэтигэр  түмүктэр  1. Сорудах, үлэ көрүҥэ оҕо уопсай  сайдыытын, билиитин, толкуйун   сайыннарар, оҕону умсугутар буоларын  ситиһии 2. Сорудах, үлэ көрүҥэ эмоциональнай,  кэрэхсэбиллээх буоларын ситиһии 3 Үлэ уопсай  көдьүүһэ  1. Сорудах, үлэ көрүҥэ уруок тематыгар сеп  тубэһиитэ, дьүөрэлэһиитэ 2. Үлэ былааннаах, системалаах буолуута

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Синквейн холобура: 1 аат тыл                Хаар  2 даҕааһын аат      Сырдык, ыраас 3 туохтуур             Кылбаарар, тунаарар, маҥхайар 1 этии                    Дойдубут үрдүн кэрэ көстүүтэ­ 1 аат тыл               Көбүөрүнньүк хаар

Открытые уроки по родному языку и литературе

Открытые уроки по родному языку  и литературе
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
30.01.2017