Үлэм тоҕоостооҕо:
Билигин да, урут да спордунан дьарыктаныы
инники күөҥҥэ сылдьар.
Спордунан дьарыктанар киьи
бары өттүнэн сүүйүүлээх буолар.
Доруобуйа, эт-хаан сайдыыта,
быьыы-таһаа көстүүтэ, күүстээх санааланыы ,
тулуур, дьулуур, күүстээх буолуу
барыта манна түмүллэр.
Сыала:
Хотугу многоборьенан дьарыктаныы
оҕоҕо өй-санаа, күүс-уох, майгы-сигили өттүнэн дьайар күүһүн ырытыы
Соруктарым:
-хотугу многоборье туһунан матырыйаалы үөрэтии, ааҕыы, ырытыы
-хотугу многоборьенан дьарыктаныыны күүһүрдүү
-спорт бу көрүҥүн оҕолорго пропагандалааһын
Хотугу многоборье биэс көрүҥтэн турар:
- сүгэнэн ырааҕы быраҕыы
- маамыкта киллэриитэ
- сахалыы үстэ ыстаныы
- наартаны ойуу
- паалкалаах сүүрүү
Северное многоборье – технически сложный вид спорта, возникший на основе особенностей труда и обитания коренных жителей севера.
Они характеризуются широкой самодеятельностью и яркой эмоциональностью.
Основные виды
северного многоборья:
метание топора на дальность;
тройной национальный прыжок,
метание тынзяна на хорей,
прыжки через нарты,
бег с палкой по пересеченной местности.
Маамыктаны быраҕыыНууччалыы бу көрүҥ «метание тынзяна на хорей» дэнэр. Бу көрүҥ ыытыллар сирэ көбүс-көнө буолуохтаах. Эмиэ аһаҕас халлааҥҥа ыытыллар. Маамыкта киириэхтээх маһа (3 метр үрдүктээх анал ураҕас) площадка ортотугар туруоруллар. Эргиччи ханнык баҕарар радиустан быраҕар көҥүллэнэр. Манна сааһынан арахсан быраҕар метрэтэ маннык:-14-15 саастаахтарга – 13 метр-16, онтон үөһэ саастаахтарга – 15метр.
Ыарахан хаамыылаах сиринэн паалкалаах сүүрүү
Сүүрүү саҕаланыан иннинэ кыттааччы хайаан да сүүрэр сири кытта билсиэхтээх. Кыттааччы нүөмэр ылан түөһүгэр иилинэр. Старт биллэрилиннэҕинэ паалкатын туппутунан сүүрүүтүн саҕалыыр. Паалка уһуна 130 см буолар, ыйааһына хааччаҕа суох. Кыттааччылар старка биир биир бараллар, 30 сөкүүндэнэн арахсан. Сүүрэр сир сыырдаах, түһүүлээх, мэһэйдээх буолуон сөп, көнө буолбат. Дистанция уһуна кыттааччы сааһыттан көрөн эмиэ арахсар: 1000метртэн 3000 метргэ дылы.
Наарта нөҥүө ыстаныы
Наарталар 5-6 см кэтиттээх мас буруустан оноһуллаллар. Кыттааччы сааһыттан көрөн үрдүктэрэ уратылаһар:
12-14 саастаахтарга – үрдүгэ -40 см, кэтитэ – 40 см, уһуна – 100 см.
Улахан дьонно – үрдүгэ -50см, кэтитэ – 70 см, уһуна – 150-200 см.
10 наартаны бэйэ-бэйэлэриттэн 40-50 см ыраах ууруллар уонна ону төттөрү-таары ойуллар.
Сүгэнэн ырааҕы быраҕыы
Нууччалыы бу көрүҥ «метание топора на дальность» дэнэр. Бу көрүҥ таһырдьа аһаҕас халлааҥҥа ыытыллар. Бу көрүҥҥэ анал сүгэ туттуллар. Сүгэ биитин кытта угун ыйааһына холбоон 350 грамм буолара ирдэнэр. Ол иһин күрэх саҕаланыан иннинэ хайаан да сүгэни ыйааһыннааһын, маркировкатын быһаарыы ыытыллар. Сүгэни быраҕар сир кэтитэ 40 метр, уьуна 200-250 метр буолара ирдэнэр.
Бу көрүҥ киһини тыал хайысхатын көрөн учуоттаан хайдах быраҕары өйүнэн толкуйдуурга, муударай, холку буоларга иитэр.
Сахалыы үстэ ыстаныы
Атахтары холбуу тутан ыстаныллар.
Бу ыстаныыга:
-үстэ ыстаналлар
-үс холонуу бэриллэр, саамай үчүгэй түмүк аахсыллар
-миэстэттэн эбэтэр сүүрэн кэлэн ыстаныахха сөп
-судьуйа ыҥыртын кэннэ ыстанарга бэлэмнэнэргэ 2 мүнүүтэ бэриллэр
-ыстанар хамаанда бэрилиннэҕинэ эрэ ыстаныллар
-элбэҕи ыстанан баран атын холонууну көтүтүөххэ сөп, оччоҕо судьуйаны эрдэттэн сэрэтиллэр.
Хотугу многоборьенан дьарыктаныы киһиэхэ туһата
Бу спорт көрүҥүнэн дьарыктаныы киһиэхэ көдьүүһэ олус элбэх. Норуот үгэстэрин билииттэн саҕалаан
эт-хаан эрчийиитигэр тиийэр. Ол курдук:
Хотугу многоборье көрүҥнэрэ хаһааҥҥыттан үөскээн, сайдан кэлбиттэрин үөрэтэргэ;
Хотугу норуоттар абыычайдарын, үгэстэрин туһунан билиини хаҥатарга;
Уопсай физическай сайдыыга – күүс-уох, тулуурдаах буолууга, түргэн-сымса туттууга , мындырдык толкуйдааһыҥҥа;
Тус бэйэ организмын уратыларын бигэтик билэргэ;
Бэйэ күүһүгэр, дьулууругар эрэнэргэ;
Күүстээх санаалаах буоларга, характер сайдыытыгар суолтата олус улахан.
Бу күрэхтэргэ уопсайа 8 мэтээли ылары ситистим:
2 – кыьыл кемус,
4 – урун кемус,
2 – боруонса.
Көрүҥнэринэн эттэххэ: сахалыы үстэ ыстаныыга, сүгэ быраҕыытыгар, сүүрүүгэ ситиһиилэнним. Билигин мин иннибэр улахан сыал –сорук турар. Ол курдук маамыкта быраҕыытыгар уонна наартаны нөҥүө ыстаныыга күүскэ дьарыктаныахпын наада. Ол иһин хас күн аайы эрчиллэбин, сана ситиһиилэргэ дьулуһабын.
Бу көрүҥүнэн дьарыктанан тус бэйэбэр, бэйэм характерым сайдыытыгар элбэҕи туһанным. Ол курдук:
ханнык да ыарахан түгэҥҥэ тулуурдаах, киэҥ көҕүстээх буоларга,
кыраттан чаҕыйбат күүстээх санаалаах буоларга,
ситиһиллиэхтээҕи дьаныһан туран оҥорорго,
кыайтарбатаҕы хайаан да ситиһээри сыал-сорук туруора үөрэнэргэ,
күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ ситиһиллибит түмүгү чиҥэтэргэ, өссө үчүгэй көрдөрүүлэнэргэ,
инникигэ сыал-сорук туруорунарга
психологическай, ис турук өттүнэн күүстээх буоларга, о.д.а.
© ООО «Знанио»
С вами с 2009 года.