Рабочая программа 2 класс Родной язык
Оценка 4.8

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Оценка 4.8
Документация
docx
чистописание
2 кл
27.02.2019
Рабочая программа 2 класс Родной язык
А. д. арааhын өйдөтүү • кылгас уо. уhун а. д. таба саҥарыы • тылы таба ситимнииргэ үөрэтии • туох эрэ дьарыктаах буоларга үөрэтии • кылгас, уhун а. д. арааран истэргэ, суруйарга үөрэтии • тыл баайын хаҥатыы ( көтөрдөр ааттара ) • дьиэ көтөрүн көрөргө, истэргэ үөрэтии • а. д. арааhын үөрэтии • тылы ситимнээх этии оҥорорго үөрэтии • үөрэххэ туттуллар тэриллэри харыстыырга үөрэтии • а. д. суолтатын өйдөтүү
Саха тыла Раб.пр..docx
Муниципальное казенное общеобразовательное учреждение  «Кобяконская средняя общеобразовательная школа  МО  «Намский улус» Республика Саха (Якутия)» «Рассмотрено» Руководитель МО начальные классы _________ Ядрихинская Я. М. «___»_________2018 г.              «Согласовано»              ЗД по УМР ________ Зырянова В.А.              «___»_________ 2018 г.            «Утверждаю»             Директор МБОУ КСОШ              ________ Иннокентьев С.И.                         «___»_________2018 г. Рабочая программа   Предмет: родной язык . 2 класс на 2018­2019 уч.г. Учебник: С. С. Семенова, Н.Н. Васильева, Т.А. Скрябина .”Төрөөбүт тыл”. Бичик, 2015. Учитель:  Ядрихинская Елена Александровна Часов: 3 часа в неделю 1 БЫҺААРЫЫ СУРУК                                                             ҮӨРЭХ ПРЕДМЕТТЭРИН СҮРҮННҮҮР БЫРАГЫРААМА Федеральнай государственнай уерэх стандарта саха оскуолатыгар: начаалынай уопсай уерэхтээьин (Федеральный государственный образовательный стандарт в якутской школе) икки чаастаах учебник / С.С. Семёнова, Н.Н. Васильева, Т.А, Скрябина;  [Н.Н. Николаева, Нь.Е. Ябловская, А.Д. Теплых ойуулара].  — Дьокуускай : Бичик, 2015.­ («Саха оскуолатын систиэмэтэ). Учебник: С. С. Семенова, Н.Н. Васильева, Т.А. Скрябина, Төрөөбүт тыл: Начальнай оскуола 2 –с кылааьыгар, ­Дьокуускай: Бичик, 2015. Үөрэх предметин өйдөбүлэ. Төрөөбүт тыл — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбуллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл — оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кырадатык билэр­көрөр, чугас дьонун­сэргэтин кытта истинник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө­санаата сайдар, өбугэтин уөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ. Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбут тылынан иитии­үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбул туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх, билинни усулуобуйа5а үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар. Саха   Республикатыгар   саха   тылын   төрөөбүт   тыл   быһыытынан   үөрэтии   1922   сыллаахтан   тиһигин   быспакка,   үгүс   оскуолаҕа   үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билинни да кэмнэ орто үөрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар­соруктарыгар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр. Билигин   төрөөбүт   тыл,   федеральнай   государственнай   үөрэх   стандартын   (ФГУОС)   ир­дэбилинэн,   уопсай   үөрэхтээһин   булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр. Ити ааттаммыт докумуон быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэҥ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт сана булгуччулаах ирдэбили — үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр. Үөрэх предметин сыала уонна соруга: Начаалынай   оскуолаҕа   төрөөбүт   тылы  үөрэтии   предметэ   атын  үөрэх   предмэттэрин   ортотугар  үөрэнээччи   тылын­өһун   уонна  өйун­ санаатын сайыннарар, сүрүн  үөрэнэр  үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас­көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети  үөрэтии 2 таһымыттан   саха   оскуолатыгар   начаалынай  үөрэхтээһин   уопсай   туруга,  үөрэнээччи   салгыы   сүрүн   оскуолаҕа   ситиһиилээхтик  үөрэнэрэ тутулуктаах. Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ­көрүүтэ, тыла­өһө уонна өйө­санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбут тылы бу кэмҥэ кичэйэн  үөрэтии — норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах. Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха свп: 1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сордотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин  сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр­көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;  2) үөрэнээччи дьону­сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сордото буоларын туһунан өйдөбулгэ тирэҕирэн, саҥа  (тыл) араас көрүнэр  (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы; 3) үөрэнээччигэ   төрөөбүт   тыл   норуот   ытык   өйдөбүллэриттэн   биирдэстэрэ   буоларын   быһыытынан   ураты   харыстабыллаах   сыһыаны инэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү. Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быһаардахха ситиһиллэр: • дьону­сэргэни кытта бодоруһар саҥа  (тыл) сүрүн көрүннэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии; • тыл  (саҥа) — бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр  (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп тубэһиннэрэн сайыннарыы; • тыл   үөрэҕин   билиитигэр,   сурук­бичик   култууратын   төрүт   өйдөбүллэригэр   олоҕуран,   үөрэнээччи   төрөөбүт   тылын   литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии; • тыл үөрэҕин сүрүн салааларын  (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии; • төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии. Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр, иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии — билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн, ФГУОС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбут тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ. Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга 3 аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии — төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала­соруга. Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ. Саха   тылын   үөрэтии   чааһа   начаалынай   үөрэхтээһини   сүрүннүүр   уопсай   үөрэхтээһин   бырагырааматыгар  (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр төрөөбүт тылынан үөрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үөрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин бырагырааматын, былаанын оносторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Онно эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии үөрэтэрэ көҥүл. Ити ыйыллар базиснай үөрэх былааныгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах төрөөбүт тыл үрдүк таһымҥа үөрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ көстөр. Ону сэргэ төрөөбүт тылы үөрэтии нуучча тылын үөрэтиигэ тирэх буоларын ситиһэр туһуттан үөрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаһыанньа үөскүүр. Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар олоҕуран, саха оскуолатын начаалынай кылаастарыгар төрөөбүт тылы үөрэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэҕэ 3 чаас бэриллэр:2 кылааска – уопсайа 102 чаас.(34 уорэх нэдиэлэтэ) I чиэппэр бала5ан ыйын 1 күнүттэн алтынньы 28 күнүгэр дылы 8 үөрэх нэдиэлэтэ уонна 2 күн баар, манна 25 чаас.  II чиэппэр сэтинньиый 6 күнүттэн ахсынньы 27 дылы 7 үөрэх нэдиэлэтэ уонна 3 күн баар, манна 22 чаас.  III чиэппэр тохсунньу ый 10 күнүттэн кулун тутар 23 күнүгэр дылы 10 уорэх нэдиэлэтэ уонна 3 күн баар, манна 31 чаас.  Бырааьынньык  кун тубэһэр : 08.03  IV чиэппэр муус устар 3 күнүттэн ыам ыйын 26 күнүгэр дылы 8 үөрэх нэдиэлэтэ баар, манна 24  чаас.  Бырааьынньык  кун тубэһэр : ( 01.05.) Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии оҕоҕо ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) инэриигэ улахан суолталаах. Киһи­аймах  үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөнөллөр. Ол  4 Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии. курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодорукуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын  быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айылҕа, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көҥүл,  кырдьык, үтүө санаа, киһи­аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбуллэр (духуобунай  сыаннастар) киириэхтээхтэр.                                                                                 Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ. Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты) Саха   тылын   оскуолаҕа  үөрэтии   кэмигэр   оҕо   маннык   ытык  өйдөбүллэри  (духуобунай   сыаннастары)  иҥэриннэҕинэ   төрөөбүт   тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп. Төрөөбүт тыл — омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр. Төрөөбүт   тыл   төрүт   айылгыта,  үйэлээх  үгэһэ,   этигэн   кэрэтэ   норуот   тылынан   уус­уран   айымньытыгар   уонна   уус­уран литератураҕасөҥмүтүн билэр. Төрөөбүт   тылын  сайыннарар,   кэлэр   көлүөнэҕэ  тириэрдэр   ытык  иэстээҕин,  ийэ   тыл  үйэлэргэ   чөл   туруктаах   буоларыгар   тус оруоллааҕын өйдүүр. Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар­сайдар тыл буоларын итэҕэйэр. Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киниттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты) Бэйэни салайынар­дьапанар сатабыл. Тылын сайыннарар сыалы­соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох­ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быка холоон билэр. Тугу билэрин­билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан  (тус   бырайыага,   коллективнай   бырайыак)  үлэлиир.  «Тылы   сэрэйэр»   дьоҕуру   (языковое   чутье,   чувство   языка)   сайыннарыы. Бэйэтин   сааһыгар   сөп   тубэһэр   тиэкискэ  үөрэппит   матырыйаалын   сүнньүнэн   тыл   литературнай   нуормата   саҥарар   эбэтэр   суруйар   киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар­өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.   Тылын   сайыннарар   баҕаны  үөскэтии   (потребность   в   совершенствовании   собственной   речи).  Төрөөбүт   тылын   барҕа   баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын­өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар. Хонтуруолланыы. Бэйэ санатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар. Билэр­көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл. 5 Үлэ сыалын­соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал­сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир. Билиини­көрүүнү  кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы.  Сахалыы  үөрэх­наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөннүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, 24 ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын­сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр­көрөр,  үөрэҕэр, чинчийэр, айар улэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет­сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкөнаардаан туһанар; тиэкиһи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуһан, көхтөөхтүк кыттар. Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний). Тобулук  өйү  сайыннарар  үөрүйэхтэр.  Төрөөбүт   тыл   оскуолаҕа   оҕону   сайыннарар  үөрэх   тутаах   салааларыттан   (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр. Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн,  өй  үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор:  тэҥнээһин  (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар. Рефлексия.  Сыалы­соругу   ситиһэр   ньымаларын   уонна   усулуобуйаларын   төһө  сөпкө  талбытын   сыаналыыр.  Үлэ   хаамыытын   хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир. Бэлиэни­символы   туһанар  үөрүйэхтэр.  Дорҕоон   (буукуба),   тыл,   этии   чилиэннэрин,   тиэкис   анал   бэлиэлэрин   сатаан   туһанар.   Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир. Бодоруһар сатабыл. Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаанданан, о.д.а).  Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр  (продуктивное взаимодействие),  биир сыаллаах­соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество). Кэпсэтэр  үөрүйэх.  Кэпсэтии уратыларын  өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ   бэйэ   көрбүтүн,   истибитин,   аахпытын   сиһилии   сэһэргиир.   Дьон  өйдөспөт,   тыл   тылга   киирсибэт   буолар   төрүөттэрин   сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөҕөннүк тобулар. 6 Кэпсэтии  сиэрин (речевой  этикет) тутуһар  үөрүйэх.  Дьону кытта алтыһыыга  кэпсэтии  сиэрин  тутуһар,  туттан­хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар. Сахалыы   дорооболоһор,   билсиһэр,   быраһаайдаһар,   көрдөһөр,   бырастыы   гыннарар,   буойар,   телефонунан   кэпсэтэр,   о.д.а.  үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар. Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар.  Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты) саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр. Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.         Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, ту­тула, этиилэрин ситимэ). Саныыр санаатын сааһылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэ­кис тутулун тутуһан суруйары сатыыр. Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоҥнооһун диэн араарар. Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы, о.д.а.) арааһын сатаан туһанар. Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын­өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар. Үөрэх предметин ис хоһооно. Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии уопсай үөрэхтээһин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үөрэх уобалаһыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үөрэтии сыала­соруга, тутула, ис хоһооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга төрөөбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үөрэтиини кытта алтыһыннаран­ситимнээн торумнанар. Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруһарга үөрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үөрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» саҥа аатынан үөрэтиллэр. Бу кэмҥэ үөрэх былааныгар төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит»   салаа   кэнниттэн   биирдэ   төрөөбүт   тыл   уонна   литературнай   ааҕыы   предметтэрэ   тус­туспа   үөрэтиллэллэр.   Ити   кэмтэн   ыла начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тыл предметин сүрүн ис хоһоонун тиһиктээхтик үөрэтии саҕаланар. Төрөөбүт   тылы   начаалынай   оскуолаҕа   үөрэтии   ис   хоһоонун   сүрүн   хайысхалара   үөрэтии   түмүк   ирдэбилин   уонна   сыалын­соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр: • Бодоруһуу култуурата. • Саҥа көрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу. • Тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис. 7 • Сурук­бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ. • Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл). Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоһоонноро начаалынай оскуола  үөрэ­нээччитин сааһын уратытын,  өйүн­санаатын кыаҕын, билэр­көрөр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар. Бодоруһуу култуурата. Дьону   кытта   бодоруһуу   араас   көрүҥэ:   кэпсэтии,   сэһэргэһии,   сүбэлэһии,   сөпсөһүү.  Тылы   бодоруһуу   сүрүн   ньыматын   быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саҥа  (вербальные средства общения)  уонна туттуу­хаптыы  (невербальные средства общения)  суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу. Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, аа5ыы, суруйуу Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэ­тии сыалын­соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун  өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран  тус   санааны  үөскэтии.  Истибиттэн  туһааннааҕы,  суолталааҕы  сурунуу,  былаан  оҥоруу,  анал  бэлиэлэри   туһанан,  ис  хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү. Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этил­лиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы. Тиэкиһи туох сыаллаах­соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүнүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр ааҕыы, сорудахтаах ааҕыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы, ойуулуур­дьүһүннүүр ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санааҕа сөп тубэһиннэрэн таба тайаныы. Саҥарыы (дор5оонноох саҥа).  Кэпсэтии   сиэрин,   саҥарыы   култууратын   тутуһуу.   Дьону   кытта   табан   кэпсэтии.   Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕулээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүктээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар­ соругар, ис хоһоонугар сөп тубэһэр сахалыы тылы­өһү, ойуулуур­дьүһүннүүр ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу­хаптыы бэлиэтин  (невербальное общение) тоҕоостоохтук туттуу. Саҥа тиибин арааһын  (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойоннооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүшүрдэн­сымнатан, үрдэтэн­намтатан, уһатан, куолас толҕонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһоҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы. Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук­бичик култууратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу  (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, 8 айылҕа,   кыыллар   тустарынан,   ону   таһынан   айымньы,   хартыына,   киинэ   ис   хоһоонун,   экскурсияҕа,   быыстапкаҕа   сырыы   туһунан   тэттик тиэкистэри суруйуу  (өйтөн суруйуу). Суругунан улэҕэ синоним тыллары, сомоҕо домоҕу, онтон да атын сахалыы ойуулуур­дьүһүннүүр ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу. Тыл үөрэҕэ. Төрөөбүт тылбыт — саха тыла.  Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла — туур тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киһи оло5ор суолтата. Дор5оон уонна таба саҥарыы.  Сана дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон араа­һын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (уһун­кылгас аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, дифтоннары, к, нь, мурун , ҕ дорҕооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы. Лексика.  Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл ураты­ларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомоҕо домох) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы. Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһун. Сахалыы сурук­бичик сайдыытын историятын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэ­тимнээхтик  илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри  (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу. Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа   чаастарын   бөлөҕө:   ааттар  (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар  (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара, саҥа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу. Синтаксис.  Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын  (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы. Сурук­бичик култуурата 9 Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук­бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕоон­нору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт   сокуоннарыттан   тахсалларын,   норуокка   үөрүйэх,   үгэс   буолбут   нуормаларыгар   олоҕуралларын   өйдөөһүн,   харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха   тылынан   бэриллэр   кыахтаах   нуучча   тылларын   сахалыы   солбугунан   биэрии.   Олохторо   нууччалыы   суруллар   киирии   тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу. Сурук бэлиэтэ.  Сурук бэлиэтэ — тыл култууратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ,   суругу­бичиги   тупсарарга   биллэр­көстөр   туһалааҕын,   тиэкис   арҕам­тарҕам   барбатын,   ыһыллыбатын,   биир   сомоҕо,   сибээстээх буоларын  хааччыйарын   өйдөөһүн.  Тылын  ордук   тупсаҕай   тутуллаах,  этигэн,  бэргэн   буоларыгар  сахалыы  этии,  сурук   бэлиэтин  арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэ­тиир) сатабыллаахтык туттуу. Ситимнээх саҥаны сайыннарыы Туох сыаллаах­соруктаах саҥарарын­суруйарын чуолкай өйдөөн  (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр­санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы­суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былаанын   оҥорор  (кылгас, тэнийбит), кэрчик   тиэмэлэргэ   бытарытыы.   Тыл   туттуллар   уратытын,   дэгэтин   учуоттаан,   сахалыы   тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур­дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын (богат). 10

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык

Рабочая программа 2 класс Родной язык
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
27.02.2019