Реферат "Устин Нохсоороп"
Оценка 4.6

Реферат "Устин Нохсоороп"

Оценка 4.6
Исследовательские работы
docx
воспитательная работа
7 кл
24.04.2018
Реферат "Устин Нохсоороп"
Устин Гаврильевич Нохсоороп ыам ыйын 27 күнүгэр 1907 сыллаахха Абаҕа нэһилиэгэр Амма улууһугар күн сирин көрбүтэ.Кини кыра эрдэҕиттэн Амма улууһун биллэр-көстөр олоҥхоһуттарын Т.В.Захаров-Чээбий уонна Г.З.Артемьев олоҥхолорун истэн улааппыт уонна кинилэр олоҥхолорун толороро. Кини кыра сааһыттан бэйэтин улууһугар уонна чугастыы турар улуустарга олоҥхолоон биллибит. Ол олоҥхолуу сылдьан П.А.Ойуунускай кини олоҥхолуурун сөбүлээн Нохсооропка республиканскай олоҥхо күрэҕэр кытын диэбит. 1939 сыллаахха “Дыырай Бэргэн”диэн кини бастакы олоҥхото кинигэҕэ бэчээттэммит. Онтон 1946 сыллаахха кини тойуктуурун уонна олоҥхолуурун записьтаабыттар. 1948с. Бүтүн Союзтааҕы фольклорнай фестивальга кыттыбыта уонна лауреат урдук аатын ылбыта. Бу фестиваль кэнниттэн саха норуотун чулуу олонхоьутун мэтириэтэ СССР народнай художнига Н.Рождественскай хартыынатыгар киирбитэ. Хартыына Саха олоҥхоһута диэн ааттаах. Художники Сибири альбомҥа бэчээттэммитэ.
устин.docx
Норуот ырыаһыта, ЯАССР үтүөлээх артыыһа Устин Гаврильевич Нохсоороп ­  Үстүүн    Нохсоороп (1907­1951) олоҕо , айар үлэтэ Оҥордо: Лазарева Нарыйа, Үөһээ Бүлүүтээҕи #4 нүөмэрдээх орто оскуола 7а кылааһын үөрэнээччитэ Устин Гаврильевич Нохсоороп ыам ыйын 27 күнүгэр 1907 сыллаахха Абаҕа нэһилиэгэр   Амма   улууһугар   күн   сирин   көрбүтэ.Кини   кыра   эрдэҕиттэн   Амма улууһун биллэр­көстөр олоҥхоһуттарын  Т.В.Захаров­Чээбий уонна Г.З.Артемьев олоҥхолорун истэн улааппыт уонна  кинилэр олоҥхолорун толороро.  Кини кыра сааһыттан   бэйэтин   улууһугар   уонна   чугастыы   турар   улуустарга   олоҥхолоон биллибит. Ол олоҥхолуу сылдьан П.А.Ойуунускай кини олоҥхолуурун сөбүлээн Нохсооропка   республиканскай   олоҥхо   күрэҕэр   кытын   диэбит.   1939   сыллаахха “Дыырай Бэргэн”диэн кини бастакы олоҥхото кинигэҕэ бэчээттэммит. Онтон 1946 сыллаахха кини тойуктуурун уонна олоҥхолуурун записьтаабыттар. 1948с. Бүтүн Союзтааҕы   фольклорнай   фестивальга   кыттыбыта   уонна   лауреат   урдук   аатын ылбыта.   Бу   фестиваль   кэнниттэн   саха   норуотун   чулуу   олонхоьутун   мэтириэтэ СССР народнай художнига Н.Рождественскай хартыынатыгар киирбитэ. Хартыына Саха олоҥхоһута диэн ааттаах. Художники Сибири альбомҥа бэчээттэммитэ. 1938с   сэтинньигэ   кинини   политическай   буруйдааһыҥҥа   түбэһиннэрэн хаайыыга   укпуттара,   онтон   кини   доруобуйата   олох   мөлтөөн   тахсыбыта.   1940с. Ү.Нохсоороп Саха гостеатрыгар   Суорун Омоллоон Ньургун Боотур спектаклын туруоруутугар   режиссер   ассистенынан   улэлээбитэ   уонна   Үрүҥ   Уолан   оруолун толорбута. 1946с кинини Москва куоракка  Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Кыайыыны чиэстиир Улахан кэнсиэркэ кыттарыгар ыҥырбыттара. Бу кэнсиэркэ кини дь нүөмэри толорбута – олоҥхоттон быһа тардыыны, Улуу Кыайыы күнүнэн ырыа­тойугу   уонна   оһуохайдаабыта.   Бу   толорон   У.Нохсоороп     дьон­сэргэ, көрөөччү сэҥээриитин олус ылбыта.  Бу    Устин  Нохсоров  олонхолоро  ­   «Тойон  Дьаҕарыма», «Үрүҥ  Уолан», «Уһук   Туйгун   Бухатыыр»,   «Ат   оҕото   Дыырай   Бэргэн»   ­   Чээбийтэн   кэлбит олоҥхолор,   «Бухатыыр   Ала   Туйгун»,   «Ортоку   дойду   бухатыыр   уола   Одунча», «Модун Моой» диэн   Лыҥкыр уолуттан ылбыт олоҥхолоро. Бу бары ааттаммыт олоҥхолоруттан икки эрэ олоҥхотун тиэкиһэ уһуллубуттара – «Дыырай Бэргэн» (1937) уонна «Үрүҥ  Уолан» (1949).  Бэйэтин   талаанынан   кини   Саха   республикатын   аатырдыбыта.Бэйэтин сахатын норуотун   элбэх норуоттар ортолоругар билиниини ыларын ситиспитэ. Опера, тылынан уус­уран культура сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсибитэ. Норуот   талааннаах   ырыаһыта,  олоҥхоһута   Устин   Гаврильевич   Нохсоороп 1951с. ыалдьан өлбүтэ. Кини сырдык аата 1992с. чөлүгэр түһэриллибитэ.

Реферат "Устин Нохсоороп"

Реферат "Устин Нохсоороп"

Реферат "Устин Нохсоороп"

Реферат "Устин Нохсоороп"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
24.04.2018