Статья "Икки үйэни уҥуордаан"
Оценка 4.7

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Оценка 4.7
Научно-исследовательская работа
doc
воспитательная работа +2
Взрослым
07.11.2018
Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"
Хайааччы диэн Малдьађар нэҺилиэгин төрүт –төбө киҺитин, кини ыччаттара ыырданан олорбут сирдэрин билии, архыып матырыйаалларыгар олођурбут нэҺилиэк төрүччүлэрин билии. Хайааччы ыччаттарын архыып докумуоннарыттан көрдөөн булуу, төрөөбүт сылларын быҺаарыы, аймах- билэ дьонннорун чуолкайдаан, кэлэр көлүөнэђэ хаалларыы. Хас биирдии ыал ађата, ыал ийэтэ бэйэтин удьуорун 7 хаан cүhүөхтээx билиэхтээђин ырытыы.
Икки уйэни унуордаан.doc
Ньурба оройуонун үөрэђириитин управлениета Бырааттыы Донускуойдар ааттарынан Малдьагар орто оскуолатын музейа Икки  үйэни уңуордаан   үөрэхтээҺин Эбии туйгуна, Саввинова Татьяна Афанасьевна.     учуутала,   СР     Үөрэђириитин                  Быйыл   кыhын   Саха   рөспүүбүлүкэтин   Национальнай   Архыыбыгар сылдьан, уобалас казначействота ыыттарбыт   ревизияларын докумуоннарыттан Ѳ ѳ Малдьађар   нэһилиэгин   т рүт   киhитэ   ­   Хайааччы   ыччаттара   сурукка киирбиттэрин  көрдөөтүм.           Тирээн турар боппуруос: Хайааччы диэн Малдьађар  нэҺилиэгин  төрүт –төбө   киҺитин,   кини   ыччаттара   ыырданан   олорбут     сирдэрин   билиибит мөлтөх,  архыып матырыйаалларыгар олођурбут нэҺилиэк төрүччүтэ суођа, үүнэр көлүөнэђэ охсуулаах буолуођа.                    Үлэм   сыала:   Хайааччы     ыччаттарын     архыып   докумуоннарыттан көрдөөн   булуу,   төрөөбүт   сылларын   быҺаарыы,   аймах­   билэ   дьонннорун чуолкайдаан,  кэлэр көлүөнэђэ хаалларыы.                 Хас биирдии ыал ађата, ыал ийэтэ бэйэтин удьуорун 7 хаан cүhүөхтээx билиэхтээх.   Ол   аата   биэс   cүhүөx   ийэ   уруутун   аймађын.   Ол   аата   бэйэтин киллэрбэккэ   туран,     ађатыттан   сађалаан   төрдүгэр   сэттэ   хаан   киhини   аађан тиийиэхтээх. Бэйэтиниин ађыс хаан буолар. Бу ирдэбил эрдии­ойохтуу буолууга хаан булкуhуута тахсыбатын диэнтэн тахсар. Сэттэ хаан иhинэн эрдии­ойохтуу буолар   сатаммат.   Бобуулаах.   Кытаанах   Сэт   уураађа   баар.   Хаан   булкуллар. Оччого удьуор төннөр. Ону тугунан да көннөрүллүбэт. Хара аньыы. Эстэр удьуор бэлиэтэ   буолар.   Ити   ирдэбил   кэhиллибэт   буолуутун   кырађытык   кэтииллэр, ирдииллэр этэ. Хаан булкуhуута суох буоларын туhуттан хас биирдии ыал ађата, ийэтэ удьуордарын билиэх тустаахтар.                        Былыргы   үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, Малдьађарга маңнай Дьэгин Батыйа   уонна   Хайахсыт   кэлэн   олохсуйбуттар.   Кинилэр,   быһыыта,   нууччалар кэлиэхтэрин  быдан  иннинэ кэлбиттэрэ сабађаланар. Хайахсыт аата да  этэрин курдук Чурапчы Хайахсытыттан төрүттээх буолуон сөп. Онтон Хайааччы диэн киһи нууччалар Туймаадађа кэлбиттэрин, дьаһаах хомуура сађаламмытын кэннэ күрээн   кэлбит   курдук   кэпсэнэр.   Кинилэр   урааңхайдартан   уустаах­төрүттээх Мэгэдьэк   түбэтигэр   олохсуйбут   дьоннор.   Кинилэр   иннилэригэр   сирдэр ааттарыттан   көрдөххө,   тоңустар   өссө     ааһа   баран   эттэххэ,     үһүйээннэргэ кэпсэнэр   тигиилээх   сирэйдээх   дьирикинэйдэр,   майааттар,   туматтар   бултаан­ алтаан, таба ииттэн олорбуттара сэрэйиллэр. Дьэгин Батыйаттан, Хайааччыттан, Хайахсыттан   төрүттэнэн,   тоңустардыын   ыал­күүс   тэринэн   киһи     төрдө   утум­ ситим салђанан испитэ чуолкай. Революция иннигэр Малдьађар нэһилиэгэр биэс ађа ууһа Эңээрдэк, Тоһуукай, Чочороон, Дьэгин, Дьуук  үөскээн­тэнийэн олорбут эбит.                          Былыргыттан   быйылга   дылы   сири­   дойдуну   киниттэн төрүттэнэн,үөскээн­тэнийэн   тахсыбыт,   дьоно­   сэргэтэ   аатын   ааттатар.       Ол курдук   бу   түөлбэттэн   үүнэн­   сайдан   тахсыбыт   республикађа,   оччотоођу Сэбиэскэй Сойуус үрдүкү салалтатыгар үлэлээн сылдьыбыт, Саха  Автономнай   бастакы Республикатын   тэрийсибит   уҺулуччулаах   салайааччыларбыт­   Республика,   бүтүн   киэң   Россия наркомнарбыт   бырааттыы   Донскойдар.   наукаларын     деятеллэрэ,   5   доктора,   9   кандидаттара   үүнэн   тахсыбыттара Киэңник   биллибит   спортсменнар   В.А.Семенов,   В.Н.   Ефремов     хапсађайдаҺан тустууга   Республикађа   хас   да   төгүллээх       чемпиона,   В.И.   Ильин   дуобакка, суруйсан оонньууга республикађа  үс төгүл  бастаан,  аан дойдуга чемпионнаан дойдуларын аатын үрдүккэ көтүппүт төрүт­уус дьон буолаллар.            Архыып докумуоннара  кэрэҺэлииллэринэн,  Дьокуускай  провинциальнай кэнсэлээрийэ   ыйаађынан   воевода   чиновнига,   бояр   уола     Егор   Кычкин     1776 сыллаахха Булуу энээрин 24 волостарыrар кииhинэн  уонна саhьлынан  төлөбүр иhин   олохтоох   нэhилиэнньэђэ   сир   биэдэмэhин   онорбут.   Кычкин   биэдэмэhин дьиннээх матырыйаала Дьокуускайдаа5ы государственнай архыыпка сыппытын ађыйах сыллаахха булбуттара; фондата 343­И, уоп. 1, ед. 124. Б.  Ити  бириэмэђэ Бүлүү   икки   ведомствођа   хайдыhар   эбит.   Yс   Бүлүү   уонна   Орто   Бүлүү ведомствота   диэн   араас   дьыалаттан   көстөр.   24   волостан   уон   ађыhа   Үөhээ Бүлүүгэ, алтата Орто Бүлүү ведомствотыгар киирсэр.  Бүлуугэ былыр ус сиргэ кыстык   (зимовье)   тэриллибит.   Үөhээ   Бүлүүгэ,   Орто   Бүлүүгэ   уонна   Бүлүү төрдүrэр.     Кыстыкка   өлбүгэ   (ясак)   хомуйар   сулууспа   дьоно   олороллор   эбит. Ыраахтаађы   былааhа сахалар олохторун   чэпчэтэр тугу да онорботођо. Арай «танарађа сүрэхтэнии» угаайыта элбэх этэ. Сүрэхтэммит киhиэхэ бастаан утаа (1700­1720 сс.) биир буут кытай табаађын, онтон (1721­1731 сс.) алтан кириэhи кытта   холуста   ырбаахы   уонна   ыстаан,   кэлин   үрүн   көмүс   кириэhи   кытта   эр дьоңңо суппуун сон уонна саппыкы, дьахталларга танастан өссө баттахха   анньынар   тараах,   огуруо   биэрэр     эбиттэр.   Харчынан   бириэмийэ   50 ураты   кэппиэйкэттэн балтараа солкуобайга тиийэ эмиэ биэрэллэр эбит. Биллэн турар, саамай   угаайыта, сахаларга  абыраллаађа  3   сылга  туhээнтэн  босхолооhун   этэ. Докумуоннартан   көрдөххө   ордук   дьаданы   өттө   дьаhаађы   төлүүр   кыађа   суох буолан нууччалыы ааты ылар эбит.  ДьаҺаах төлөбүрүттэн сылтаан  үҺүйээңңэ кэпсэнэринэн,   Хайааччы   уолун   ТоҺуукайы   тойоттор   өлөрөн   тураллар.     В.   Ф. Иванов   научнай   үлэтигэр     Бордоң   кинээҺин,   60   саастаах   Быкый   Хаянчины воевода   Ф.   Чередин,   саха   кинээҺэ   уонна   нуучча   казага   буолан   таҺыйан өлөрбүттэригэр   1763с.   айдаан   буолбутун   суруйбут.   Оттон     Хайааччы   уолун Бискэй   Хаянчины   ревизия   1762   с.өлбүтүн   бэлиэтээбит.   бэлиэтээҺиннэр биир киҺини суруйбут буолуохтарын сөп курдук.   Онон   бу   үс              Онтон   көрдөөбүтүм үһүс сылыгар 349 и фонда 1 опиһын 6052 №­дээх дьыалата   элбэђи   кэпсээтэ.   Докумуон   301   страницалаах,   Манна   киирбиттэр: Мэйик,   Тођуй,   Өргүөт,   Дьаархан   уонна   Бордоң   буоластарын   1782,1795 сыллардаађы нэһилиэнньэтэ   кинээстэринэн   араарыллан   суруллубуттар. Онон муңутуур   эрдэтээңи   кэрэһитинэн     бу     докумуон   буолла.     Докумуоммут     193 файлтан Бордоң буолаһа сађаланар.   Бу иһигэр 1795 сыллаађы ревизия эмиэ киирбит.   Биһиги   киһибит­Хайааччы,   1782   сылга   саңа   сүрэхтэнэн  Алексей Иванов   Хаянчинь  буолбут,   82   сааһыгар   огдообо   эбит,   1786   сылга   өлбүт. Уолаттара:                    1. Иван Алексеев Хаянчинь 1719 с.т. 55  сааһыгар  1774 с өлбүт.                     2. Бискяй Хаянчинь төрөөбүт сыла суох, 1762 өлбүт.                     3. Бехтюк Хаянчинь  төрөөбүт сыла суох, 1781 с. өлбүт.                     4. Михайло Егоров 1735 с.т.  1792 өлбүт.                      5. Тимофей Алексеев Хаянчинь 1738 с.т. 1792 с өлбүт.                      6. Кучуку Алексеев Хаянчинь  1743 с.т.                       7. Ботетай Хаянчинь  1745 с.т.                      8. Чекетета Хаянчинь 1748 с.т.                      9.Тимофей Хаянчинь 1770 с.т. Кыргыттара:1. Сахтай  1752 с.т.                       2. Батетах 1747 с.т.                       3. Параскева  1766 с.т. Аны   бу   уолаттар   дьиэ   кэргэттэрин   этттэххэ:     Улахан   уол­    Иван  Алексеев Хаянчин   ойођо Параскева, Дьаархан буолаһыттан    Кусаган Сырай Жаланап кинээс   киһитэ   Тулааһын   Семеновтан   халыымңа   кэлбит.  Ођолоро   :   1.  Бюлтянь Иванов     1742 с.т ойођо Моңкурдах   Дьаархан буолаһыттан Нохчук Махтукуев кинээстэн, Нельбай  Бобеевтан халыымңа кэлбит. Кысалђа, Мохсођол, Чохо диэн   уолаттардаах,   Тякятимях     диэн   кыыстаах.   2.Кытарман   Иванов   1744   с.т. ойођо  Хотун,   Дьаархан буолаһыттан Куһађан Сырай Дьалаанаптан, Богдогор Эчановтан   халыымңа   кэлбит.   2   кыыстаах.   3.Сачяхъ   Иванов   1750   с.т.     ойођо Ульяна,     Дьаархан   буолаһыттан   Кусаган   Сырай   Жаланаптан,   Байдукан Уранаевтан   Халыымңа   ылбыт.   Матуша,   Бискань     диэн   уолаттардаах.   Иккис ойођун Толун Лохурованы Дьаархан буолаһыттан  Лохур Омогоновтан халыымңа ылбыт.  4. Егор Иванов Маржаныев 1763 с.т. Бискяй  Хаянчинь,     ойођо   Асымыть   Болтугурова   1782   сылга   83   саастаах. Дьаархан буолаһыттан  Болтугу  Тебянаневтан халыымңа кэлбит. Иккис ойођун Касрасыть 40 с.,  Хаңалас буолаһыттан  Еким Тарагаев кинээс киһитэ Тинайтан халыымңа     ылбыт.     Уолаттара:   1.   Тимофей   Екимов   ол   эбэтэр     Тимофей Бискяинь.1741   с.т.   ойођо   Ксения   Иванова,   Дьаархан   буолаһыттан   Тортогор Екимовтан   халыымңа   ылбыт.   Ревизия   кэннитттэн   уолаттардаах.   Гурей,   Григорий   диэн 2. Чекять Бискеинь   1747 с.т. Бу   кэмңэ Бордоң буолаһын старшината, ойођо Эмньик   Екимова     Хаңалас   буолаһыттан     Еким   Тарагаевтан   халыымңа   ылбыт. Сегерить     1757   с   т.   уоллаахтар.   Исиряхь,   Кычель,   Маякынь,   Сапыкы   диэн кыргыттардаах. Аны 1795с.ревизияђа Чекить Бискеинь 48 саастаах, Ойођо   Эмньик   1785   өлбүт,   Кыыһа   Исиряхь   14с.,   1790   с   Хаңалас   буолаһын кинээһэ Нукуста Якимов киһитигэр Хаяны Болчуковка эргэ барбыт. Некурья диэн кыыстаађа 17 саастаах. Чекить иккис ойођун Отон Чамчинаны 33 с.,Дьаархан буолаһыттан   Абрам   Кусаган   Сырай   кинээс   киһитэ   Чамчя     Желановтан ылбыт.1782  сылга  ођолоро:  Бочоха­11 с,  Бига­10с,  Назарь­9с,  Хомпоекь­5 с. Оросу­1 с., Кыыһа Налыянь­ 12 с., Иитийэх кыыһа Басыйбыть­12с, 3.   Сонтой     Бискеинь   1749   с.т.   ойођо   Ксения   Иванова   Дьаархан   буолаһыттан кинээс Болчуяр Архантинтан Мохчот Сегонинтан халыымңа кэлбит. Григорий 4 с, Данило 3 с,  диэн  уолаттардаах, Килеркей, Баспелей диэн кыргыттардаах. 1795 с. ревизияђа: Григорий 17 с, Данило 16 с., Килеркей 15 с. 1787 с. кинээс  Баям Болчуяров киһитигэр Мохсогол Келтякянңэ эргэ барбыт, Баспелей 14 с, 1791с, кинээс Баям  Болчуяров киһитигэр Чекяек Долговка  эргэ барбыт. 4. Муровой Бискеинь.1753 с.т. ойођо Инах Сахь, Дьаархан буолаһыттан кинээс Эчекин Бюгдюковтан   Манянтан   халыымңа ылбыт. 1795 с. ревизияђа Околлой диэн кыыстаахтар. Муровой  иккис ойођун Хонтусь Кисялеинаны 26 с.,  Үөдүгэй буолаһыттан кинээс Батака  Бекчонов киһитэ  Кисиляй Ниргаянтан  ылбыт. 5.Саргырь Бискеинь, 1757 с.т.   1795с ревизияђа : Яков 4 с, Кыстырь 1 с, диэн уолаттардаах.   Федора   диэн   балтылаађа   Баям   Болчуяров   киһитигэр   Чабу Унюгясовка эргэ барбыт. 6. Салтагар, 1775 с.т. иитиэх уол. Бехтюк Хаянчень   Уолаттара: Саңа сүрэхтэнэн 1.Василий  Васильев Бехтюгянь 1743 с.т. Василий  ойођо  Мария Иванова 30 с.,  Боотулу буолаһын кинээһиттэн Болторы   Чугоевтан,   Тюлбюкин   Намылжиновтан   халыымңа   ылбыт.   1795 с.ревизиияђа   52.,   Ойођо   Мария   Иванова   30с.,   1785   с.   өлбүт.   Иккис   ойођун Ксенияны 44 с, старшина Чекеттюр Хаянчинь нэһилиэгиттэн ылбыт. Анна диэн 5 с, кыыстаах. 2.Абрам  Бехтюев 1751 .,  Абрам ойођо Далгая 44 с.,      Дьаархан буолаһыттан Быки     Сетеевтан халыымңа ылбыт. ойођо сүрэхтэнэн   Дарья­32с, 1795 сылга уолаттара:   Секетекь       Бехтюев­   21­34   с.,   Абрам   сүрэхтэнэн     Федот   Колесов буолбут,   ойођо   Бекечаль   Быржакина   18   с,     кинээс   Нукуста   Екимов   киһитэ Быржаки Холңколоевтан ылбыт.  Петр 9с., Игнатий ­5 с., кыргыттара Анна­2 с., Феодосия ­10 с,  Михайло  Егоров, ойођо Табана 37с. Дьаархан буолаһыттан Хосун Табакунуев кинээс киһитэ Нельбийтэн халыымңа ылбыт. Ревизия кэннинээђи Тимофей диэн 13 с.уоллаахтар. Кини ойођо Елена Алексеева 14 с.,  Дьаархан буолаһын кинээһэ Кусаган Сырай Жаланап киһитэ Чичах Мельжегеровтан халыымңа ылбыт. Павел, Егор  диэн уолаттардаах. Домна, Ксения  диэн кыргыттардаах. Тимофей  Алексеев  Хаянчинь,     ойођо   Феодосия   1795   сылга     63   с.,  Хаңалас буолаһын кинээһэ  Еким Тарагаев киһитэ Моржону Сахтаевтан халыымңа ылбыт. Уолаттара: 1. Богур 1751 с.т.ойођо Табана,  Дьаархан буолаһын  кинээһэ Кусаган Сырай     Жаланап     киһитэ   Таянтан   халыымна   ылбыт.   Григорий,   Данило   диэн уолаттардаах.   Данило   1778   с   өлөр.   1795   с   ревизияђа:   Уола     Игнатий   ­5 с.,Кыргыттара: Анна 18с.,  Акулина ­9с., Ульяна ­4с.    2. Хосутай   Тимофеев 30 л., ойођо   Батытыгай 20 с., Дьаархан буолаһыттан Тортогор Бискаинтан халыымңа ылбыт. Иккис ойођун Ксения Афанасьеваны 40 с.,, ити   буоластан Тюлий   Игагунуковтан халыымңа ылбыт. 1795 с ревизияђа: уола Никифор­ 10 с, Кыргыттара: Догорусь­12с., Анна­11с, Агафья­3 с.,  3. Василий Тимофеев 27 с., 4. Василий Тимофеев 9 с.,  1770 өлбүт.  5. Григорий Тимофеев 7 с., 1770 өлбүт. 6.Александр Тимофеев   19 с., Ревизия кэнниттэн   ођолоро:.   Иван   ол   эбэтэр   Бахтай   1770   с.т.,   Григорий   ол   эбэтэр Мандушка   1771   с.т.,   Данило   1777   с.т.     Кыргыттара:   Ксения   9,   Татьяна 14,Катерина 12,Анна 10 саастаахтар.     Кучуку Алексеев Хаянчинь, сүрэхтэнэн Филипп   Дмитриев,   ойођо   Ксения   Васильева   Дьаархан   буолаһыттан   Эчекин Бюгдюков кинээстэн    Тати Олгоинтан халыымңа ылбыт. Ођолоро:  1.Кырбый 16 с., 2.Тимофей 12 с.,   3. Дмитрий 8.,   Кумкый, Анна   диэн кыргыттардаах.1795 с   Ойођо   Ирина   Лапина ревизияђа: ­22с.,Дьаархан   буолаһыттан     Абрам   Кусаган   Сырай   кинээстэн   Киринеев   диэн   Кырбый   сүрэхтэнэн   Григорий­29с,    21 с., киһиттэн ылбыт.  Уола  Алексей­ 2 с, Кыыһа: Моторь­1с., Уола Дмитрий ойођо   суох.   Тимофей­   25   с,   ойођо   Сиряхтяхь   Махарина   16   с,   Дьаархан буолаһыттан  Плеян Магайдынов кинээстэн Макар Ханаевтан ылбыт.    Ботетай  Хаянчинь,   ойођо Кычибит, Дьаархан буолаһыттан   Нахар Тоноевтан халыымңа ылбыт.Уолаттара: 1. Чечигрись 12 с., 2. Барах 6 с., Батетилай диэн 14 с. кыыстаах. Чекетета Хаянчинь, сүрэхтэнэн  Афанасий Дмитриев, ойођо Табана Данилова, Дьаархан буолаһыттан Тортогор   Екимовтан халыымңа   кэлбит.1795 с. ревизия кэнниттэн   ођолоро:   Уола  Трофим  7.с,   кыыһа   Феодосия     9   с.     Икки     ревизия ­1782с, 1792с. ырытылынна.           Аны  1816 сылга ыытыллыбыт  «Ревизскэй сказка»   тугу кэпсиирий?  349 и фонда   1   опиһын   5982   №­дээх   дьыалађа   Бордоң   буолаһын   кинээһигэр   Егор Поповка (Кутерь Хотосовка)  30 № ­н суруллубут  урукку кэмнэргэ старшиналаан сылдьыбыт    Чекить  Бискеинь  68     саастаах,   сүрэхтэнэн   Василий   Тимофеев буолбут.   Ойођо   Ирина­   64   саастаах   .   Кини   уолаттара:   Бочоно   сүрэхтэнэн Лаврентий  Васильев  27­31   с, ойођо  Пелагея  34  с.,  кыргыттара: Авдотья   9  с., Меланья   6с.,   Катерина   5   с.   Уола   Степан   8­12с.,  Бига   сүрэхтэнэн   Максим Васильев   26­30с.,  ойођо  Авдотья  30с.,кыргыттара:  Анна­6с.,  Настасья  ­4   с., Анисья  ­2   с,  Назарь  сүрэхтэнэн    Андрей  Васильев  ­25­29   с.,  Хомпоек сүрэхтэнэн  Степан  Васильев­21­25   с.,ойођо   Меланья­   23с.Уола   Семен2   с., Оросу  сүрэхтэнэн  Мирон  Васильев­   17­21   с.,Федор   Васильев­8­12   с. Кыргыттара:     Анисья­40   с.   Парасковья­   35   с,   Авдотья­   17   с.,Федосья­   14 с.,Авдотья­ 13 с., Авдотья­9   с.,   Марфа   8   с.,   Иван   Алексеев   Хаянчинь   уола  Бюлтянь  Иванов Хаянчинь  бу кэмңэ тыыннаах, 73 саастаах. Ойођо Татьяна ­73 с., кыыһа­Татьяна­ 23 с., Уолаттара: 1.Кытархай Бюлтянов 42с., сүрэхтэммитинэн  Алексей.  Ойођо Мавра 38с., Уола Анисим 11с.,  кыргыттара: Мавра 18с., Мавра 13 с. 2. Мохсођол Бюлтянов сурэхтэммитинэн  Семен 38 с., 3.  Чохо  Бюлтянов  сүрэхтэммитинэн  Алексей  35   с.,     ойођо   Пелагея   32 с.,Уолаттара:   Василий­8,   Григорий­3с.,       Иван­2с.,Кыргыттара:   Татьяна   7., Пелагея   6.,   Анна   1.,  Бюлтянь   бырааттара:  1.Кытармань   сүрэхтэммитинэн Алексей Иванов Хаянчинь  буолбут, 71 с., ­Маныка диэн уола сүрэхтэнэн Алексей 21 с. 2.Дьүүл  ол   эбэтэр    Чачунь  Хаянчинь    сүрэхтэнэн   Сава   Васильев   65   с.,   5 уоллаах.  Бу ревизияђа  Чекить бырааттара : Сонтой Бискеинь   сүрэхтэнэн Егорь Тимофеев дэнэр, сааһа 62­66. Уолаттара Григорий Егоров, Данил Егоров буолаллар, Данил   Федор, Яковь, Иван диэн уолаттардаах. Муровой Бискеинь сүрэхтэнэн Михаил Тимофеев буолар. Сааһа 58­62,18,16   с.,   уолаттара   иккиэн   Михаиллар.   Кыра   Михаил   уола   Михаилтан Макар   уонна   Савва   төрөөбүттэр,   Макар   уола   Филиптан   Кыылап   Прокопий, Савваттан       халың   аймах   Саввиновтар   тарђаабыттар.  Саргырь  Бискеинь сүрэхтэнэн Матвей Васильев дэммит. Сааһа 54­58.   Уолаттара: Ековь Матвеев­ 20­24с.,  Григорий Матвеев­17­21 с, Анисимь Матвеев 7­11с.                    Чекить  Бискеин­    ођонньор   ыччаттара   төһө   тэнийбиттэрин   1851с. ревизияђа     349ф.     3 т.,   1оп. 4074.дь.     87 №­н Степан Лаврентьев   ийэтэ Пелагея   60 с., огдообо хаалбыт   эбит.  Максим  Васильев  уола   89№­н   Иван Максимов 17­39 с.,ойођо Агафья ­36 с,кыыһа Анна­2 с, Уола Петр Бютюев­8 с, Иван бырааттара: 1.Петр Максимов Габышев 12­34 с,ойођо Татьяна ­32 с,ккыыһа­ 18с., уолаттара: Василей­10 с, Степан­8 с, Захарь­5., Семен­3с, 2.Григорий Максимов 10­32 с, ойођо Татьяна 22 с,  1­кы ойођуттан кыргыттара  Татьяна­12 с, Татьяна­ 11   с,   Анна­4   с.,   1­кы   ойођуттан   уолаттара:   Афанасий­11   с,   Семен­3   с,   2­с ойођуттан  уола  Мадань  Андрей­1  с,  90­с  №­н     Андрей  Васильев  бэйэтэ  суох, ойођо Анна 54  с.  быраата Хомпоек  Степан Васильев  ­37­59 с, ойођо  Меланья 54   с,   14­36   с,ойођо   Аксинья   1.Семен   Степанов     уолаттара: 24с,кыргыттара:Варвара­6 с, Екатерина­3 с, Анна 1 с.,уолаттара:   Григорий­5 с, Егорь­4 с, Андрей­2 с,  2.Степан Степанов ­9­31с,  ойођо­26 с, кыыһа Марья­4 с, уолаттара: Василий Степанов 5 с, Андрей  Степанов­2 с. 3. Степан Васильев уола Павел 3­25 с, 91   №­н  Миронь  Васильев­33­55   с.,ойођо   Дарья­25   .,Уолаттара:   1.Степан Миронов   6­28   с.,ойођо   Татьяна­30   с,   2.   Семен   Миронов     4­26   с.,     ойођо Степанида­20 с., уола Семен­4   с., Иитиэх уола Кутуку­10 с,  3.Николай 16 с, 4. Степан  13 с., Оттон  аны  1858 с. ревизияттан булабыт: Лаврентий уола Степаны   349 и ф, 4оп.,  642 дь.  27 №­н  Степан Лаврентьев  46­54,ойођо Татьяна 46 кыргыттара: Варвара­14, Анисья­12, Анна­11, Уолаттара: 1. Федор­ 19­27, ойођо Анна­27.,кыыһа­Екатерина   уола Николай­6, 2. Тимофей­11­19, ойођо ­20, кыыһа Мария­1,   128№­н   Максимы­Бигэни булабыт:  Максим Васильев­Бигя 64­72 с, кыыһа Анисья­35 с, Уола Егор 29­37 с.,  ойођо Ксенья 25 с, иитиэх уола  Андрей­ 6., Уола Никита 26­34 с., ойођо Авдотья – 20.,  Мантан  инньэ кэлин тэнийбит ађа уустарынан   арахсан   Эңээрдэк,   ТоҺуукайтан   Мөрүөн,атын   ађа   уустара Дьэгин,Чочороон, Дьуук дэңэннэр нэҺилиэги  тэниппиттэрэ биллэр.                   Онон 4 ревизия дьонун ырытан бараммын маннык түмүккэ кэллим: Арђаа   Хаңалас     улууһун     Бэһис   Малдьађарын   киһитэ­(Ксен.Ур.Сах.   2   т.7 с.)Хайааччы     уолаттарыттан,   чуолаан   Бискэй   Хаянчинь   (ТоҺуукай)   уола Чекить   Бискеинтэн­   Малдьађар   билиңңи   нэҺилиэнньэтэ,   норуокка ааттаммытынан     Баһылай  Чиэкэптэн   элбэх         ыччат   үөскээбитин  биллим. Кини бэҺис уола Мирон 9 уолуттан  киэң аймах Мироновтар,   Максимовтар, Степановтар,   Лаврентьевтар,   Донскойдар   тарђааннар   Малдьађар   эрэ буолбакка,   республика     уонна     бүтүн   Сэбиэскэй   Сойуус     историятыгар биллэр суолу­ииһи  хаалларбыттара.                Сүрүннээн     Хайааччы   удьуор  кийиитэрин       Дьаархан     буолаҺын кинээҺэ     КуҺађан Сырай   Дьалаанап   дьонноруттан халыымңа 19,   дэңңэ Хаңалас   буолаҺыттан   4,   Боотулуттан   1,   Үөдүгэйтэн     1,     дьахтары   ойох ылбыттарын 1782 с., 1795с. ревизиялар кэпсииллэр. Уопсайа 4 ревизияны ырыттым.             Чекить Бискеинь  билиңңи Малдьађар сиригэр Мөңүрүөңңэ  1810 сс. старшиналаан сылдьыбыта, 8 окко ходуҺа сирдээђэ быҺаарылынна,               Хайааччы уола  номоххо этиллэринэн­ТоҺуукай, сурукка киирбитинэн­ (Бордоң кинээҺэ) Бискэй ­ Быкый Хаянчинь өлбүт сыллара бииринэн     бу биир   киҺи   буолара   чуолкайданна.   Онон     төрүппүт   чопчуланна,   санаабыт бөђөргөөтө.                  Инники   соруктарым:   Хайааччы   удьуора   тэнийиитин     1895,   1917 с.ревизиялартан чуолкайдааҺын. Литература:  1. Г.  Е.Федоров. Өбүгэлэрбит    өлбөт­ сүппэт   үйэлээх үгэстэрэ. Дьокуускай 2011 с. с. 32,34. 2. Н.С.Степанова  История чахчылара. Дьокуускай . 2013. С.30,31.58. 3.Тумусов Ф.С. Ыал бии билиитэ. Дьокуускай. 2001 с.С.395. 4. Попов Г.В. Хантан хааннаахпытый?. Дьокуускай. 1994 с. 5.В.Ф.Иванов.Русские письм. ист. по истории Якутии ХVІІІ­начала ХІХ в. С.73. 6. СР КГА Фондаларыттан:  фонд  349 и, оп.1, д.6052. 1782г.,1795г.. Ф.349и, оп 1, д. 5982. 1816г..   ф. 349  т.3, оп 1, д. 4074. 1851г.. Ф. 349 и, оп.4, д. 642. 1858г., Ф. 349 и, оп 1, д.6038. 1860г.

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"

Статья "Икки үйэни уҥуордаан"

Статья "Икки  үйэни  уҥуордаан"
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
07.11.2018