Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»
Оценка 5

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Оценка 5
Исследовательские работы +2
doc
Междисциплинарный 3
Взрослым
17.04.2018
Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»
В докладе рассказывается о жизни и творческой работе известного якутского этнопедагога, поэта В. Афанасьева-Алданского.Материалы доклада можно использовать для проведения классных часов, бесед.В докладе подробно излагается также творчество поэта, дан краткий анализ его сатирических стихотворений и их воспитательная роль.Доклад может заинтересовать библиотекарей, классных руководителей, учителей.
Доклад Алданский сатирик поэт.doc
Уус­Алдан улууьун уэрэ5ин управлениета Уьун­Куэл орто оскуолата «В.Ф.Афанасьев­Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата» Улэни толордо:  Мартынова Маргарита Егоровна,  история учуутала с. Усун­Кюель, 2018 с. Иьинээ5итэ Киириитэ 1 глава. .В.Ф.Афанасьев оло5о, педагогическай улэтэ. 1.В.Ф.Афанасьев тэруттэрэ. 2.В.Ф. Афансьев­Алданскай оло5о. 3.В.Ф.Афанасьев педагогическай уонна научнай улэтэ. 2 глава. В.Ф. Афанасьев айар улэтэ уонна сатирическай айымньыларын  ырытыы, иитэр суолталарын быьаарыы. 1.В.Ф. Афанасьев айар улэтэ. 2.Сатирическай айымньылара. 3.Сатирическай айымньыларын ырытыы, иитэр суолталарын быьаарыы. Улэ тумугэ Литература Киириитэ Быйыл     2017   сылга   биллиилээх   учуонай,   педагогическай   наука   доктора,   сатирик суруйааччы   В.Ф.   Афанасьев­Алданскай   тэрээбутэ   100   сылын   туолар.Кини   Дупсун улууьугар,   1   Эспэх   нэьилиэгэр   тэрээбутэ.   14   саастаа5ыттан   педагогическай   улэтин са5алаабыта,   литература5а   1952   сылтан   биллибитэ,   кини   айымньыларын   нуучча суруйааччыта Николай Глазков нууччалыы переводтаан кинигэ бэчээттээн киэн билиигэ таьаарбыта.Онон В.Ф. Афанасьев­Алданскай наука уонна литература эйгэтигэр киэнник биллэр Уус­Алдан улууьун биир суду киьтинэн буолар. Улэм актуальноьа:             В.Ф. Афанасьевы ордук учуонай, профессор, этнопедагог, суруйааччы быьыытынан бииргэ алтыспыт дьоно, учуонайдар учугэйдик билэллэр, онтон научнай эйгэ5э улэлээбэт дьон, оскуола о5олоро кини туьунан улаханнык билбэттэр. То5о диэтэххэ кини педагогика историятыгар   суруйбут   улэлэрэ   киэн   арана5а   тахсыбатахтара,   онтон   айымньылара литература учебниктарыгар киирбэтэхтэр, онон оскуола о5олоро Афанасьев –Алданскай диэн   суруйааччы   баарын,   кини   ханнык   айымньылардаа5ын,   оло5ун   билбэттэр.Мантан сиэттэрэн   мин   кини   юбилейдаах   сылын   туьанан   В.Ф.   Афанасьев­Алданскай   туьунан боростуой нэьилиэнньэ5э, оскуола уэрэнээччилэригэр билсиьиннэрэргэ сананным. Улэм сыала: В.Ф. Афанасьев –Алданскай оло5ун, айар улэтин, сатирическай  айымньыларын  уэрэтэн киэн арана5а таьаарыы. Улэм соруктара: 1. В.Ф. Афанасьев –Алданскай оло5ун, айар улэтин уэрэтии, билсиьии; 2. В.Ф. Афанасьев­Алданскай педагогическай улэтин билсиьии; 3. В.Ф. Афанасьев –Алданскай сатирическай айымньыларын уэрэтии, ырытыы; 4. В.Ф.   Афанасьев   айымньыларын   улахан   дьон,   оскуола   уэрэнээччилэрэ   тэьэ билэллэрин уэрэтии, ырытыы; 5. Сатирическай айыньыларын белеххе арааран ырытыы; 6. Сатирическай айымньыларын иитэр суолталарын ырытыы, быьаарыы. Улэм практическай суолтата: «В.Ф.Афанасьев­Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолталара» диэн улэбин учууталлар, иитээччилэр билсэн о5ону уэрэтэр­иитэр улэлэригэр туттуохтарын,  нэьилиэк библиотекардара   нэьилиэнньэ   киэн   аранатын   билиитигэр   В.Ф.Афанасьев­Алданскай оло5ун, айар улэтин билсиьиннэрэллэригэр туттуохтарын сеп. Ону таьынан учууталлар, кружок   салайааччылара   кылааьы   таьынан   уэрэтэр   улэлэригэр,   кылаас   салайааччылара кылаас чаастарыгар туьаныахтарын сеп. «В.Ф.Афанасьев­Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата» диэн доклад 2  главаттан тура, бастакы глава5а В.Ф. Афанасьев тэруттэрэ, оло5о, педагогическай уонна  научнай улэлэ5э улэтэ сырдатылынна.Иккис глава5а В.Ф. Афанасьев айар улэтэ уонна  сатирическай айымньыларын ырытыы, иитэр суолталарын быьаарыы киирдэ. 1 глава. В.Ф.Афанасьев оло5о, педагогическай улэтэ.                                   1.В.Ф.Афанасьев­Алданскай  тэруттэрэ. В.Ф.Афанасьев­Алданскай   аҕатынан   кыргыс   үйэтин   саҕана   аатырбыт   Сүрдээх      Дүпсүнтэн төрүттээх, онтон ийэтинэн Чэриктэй баай Поповтарын уонна Таатта аатырбыт баай Оруоhуннарыттан сыдьааннаах этэ. Сатала суох элбэх сылгынан, сүөhүнэн байбыт Кыра   Баhылай   Оруоhун   түөрт   дуулаҕа   баай   уолаттарыттан   саамай   балыстара   Дьөгүөр Оруоhун Уйбаан, Дарыбыан, Баhылай, Сэргэй диэн түөрт уолу, Маайа, Аана, Настаа диэн үс кыыhы, барыта сэттэ  оҕону төрөтөн, улаатыннаран, ыал оңортообута.      Дарыбыан­Илларион   Егорович   Рожин   (1868с.   төрүөх)   саамай   үчүгэй   ыраас дьүhүннээхтэрэ,   өйүнэн­санаатынан,   билсиитэ­көрсүүтэ   киэҥинэн,   киhи   быhыытынан майгыта­сигилитэ   үчүгэйинэн   уолаттартан   бастыҥнара   үhү.   Баай   баайы   кытта уруурҕаһарын   сиэринэн,   Дарыбыан   Дүпсүн   улууhун   Чэриктэй   нэhилиэгин   баайа   Попов Василий Петрович кыыhын Аана Баhылайабынаны кэргэн ылбыт. Попов Василий Петрович (1847­1901сс)   Чэриктэйгэ   старшина,   староста,   кэлин   1879­1882   сс.  Дүпсүн   улууһун кулубата буола сылдьыбыта  Үчүгэй  үлэтин иһин ыраахтааҕыттан икки мэтээллээх. В.П. Попов 3 уол , 2 кыыс оҕолооҕо. Аана   Баһылайабына   дьүhүнүнэн   эмиэ   ыраас   сэбэрэлээх,   ыалдьытымсах,   элэккэй    көнө   майгылаах,   турбут­олорбут,   саҥарбыт­иҥэрбит,   ырыаhыт­тойуксут,   олус   чэбэр туттунуулаах   дьахтар   эбитэ   үhү.   Дарыбыаннаах   Аана   Бүөтүр,   Тыытах   Аана,   Токооко Сүөкүлэ уонна Биэрэ диэн барыта түөрт оҕоломмуттар. Аҕалара Дарыбыан ис тиибигэр ыалдьан эдэр сааһыгар  өлбүт. Аана иккистээн Мэҥэ­Хаҥалас киһитигэр эргэ тахсыбыт. Кыыһа Тыытах Аана 7 сааһыттан эбэтигэр­эһэтигэр Чэриктэйгэ иитиллибит. Кини улаатан, сааhын ситэн, уруккута Дүпсүн улууhун I Өспөх нэhилиэгэр олохтоох, аатырар көлүөнэ баай уонна үөрэхтээх Афанасьевтар уолларыгар Сүөдэр   Сүөдэрэбис Афанасьевка эргэ тахсан, уон биир оҕону төрөппүтэ.      Оҕолоро: Федор, Василий, Анна, Виктор, Александра, Вера, Надежда, Валентин, Елизавета,   Вячеслав   уонна   Любовь.   Вера,   Надежда,   Любовь   диэн   кыргыттар   оҕо   Федор   уонна   Василий   учууталлыы   сылдьан,   эдэр саастарыгар   ыалдьан   өлбүттэр.   саастарыгар   Аҕа   дойдуну   көмүскүүр   Улуу   сэриигэ   ыңырыллан,   сэрии   толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ.   Виктор   Федорович   төрдүс   оҕонон,   1917   сыллаахха   кулун   тутар   22 күнүгэр     күн   сирин   көрбүтэ.   Оҕо   эрдэҕиттэн   көрсүө­сэмэй,   аламаҕай   уол   оҕо   сааhа Чэриктэйгэ,   Дүпсээҕэ   ааспыта.   Кэлин   дойдутун,   дьонун   күндүтүк   санаан   сураhара, ыалдьыттыыра.  Бу элбэх оҕолоох ыалтан 5 уол уонна 1 кыыс 30­40 сылларга   үөрэнэн, учуутал идэтин талбыттара кэрэхсэбиллээх. Үөрэхтээх дьон буолалларыгар Чэриктэй биир биллэр киһитэ Петр Николаевич Гуляев өҥөтө улахан.       Баай   төрүттээх   Афанасьевтар   былаас   уларыйыытыгар   кулаактааһыҥҥа түбэспиттэрэ.   Ол   курдук,   13   оҕолоох   Василий   Федорович   Афанасьев   олоҕо   суох кулаактаабытттарыгар   үөрэхтээх   киһи   буолан,   нууччалыы   докумуон  оҥорон,   Москваҕа үҥсүү ыыппыт. Дьокуускайга киирэн ыйыталаспытыгар, биир дойдулааҕа Илья Кононович Попов:”Суруккар Москваттан эппиэт кэллэ, сыыһа кулаактаабыттар. Элбэх оҕолоох киһи куоппуккун,   ыраастаммыккын.   Чэ,   үчүгэй.   Мин   көмөлөһөөччүбүттэн,   земляккыттан Никифоров   Василий   Петровичтан   докумуоҥҥун   ыл.   Эҕэрдэлиибин,”­   диэбит.   Онуоха В.П.Никифоров   кыккыраччы   аккаастаан   кэбиспит:   “Туох   да   докумуон   кэлбэтэҕэ. Билбэппин.   Миэхэ   туох   да   суох,”­   диэбит,   ытыһын   нэлэҥнэппит.   Кэлин   Никифоров Василий   Петрович   60­нус   сыллардаахха   куоракка   өлөөрү   сытан,   улахан   аньыыны оҥорбутун этээри, дьонунан илдьит ыыппыта   биллэр. Онно эппит: «Василий Федорович Афанасьевы элбэх оҕолоох киһини сыыһа кулаактаабыттарын туһунан соҕурууттан кэлбит докумуону эдэр сылдьан, дьон кигиитинэн суох оҥорон турабын. Онон улахан буруйу, аньыыны­хараны   сүкпүтүм.   оҥорбуппут.  Ону  бииргэ   үөрэммит   киһитэ   Петр  Николаевич   Гуляев   ЯЦИК­тан   тахсан   Федор   Федорович   Афанасьевы   эмиэ   кулаак  Инитин   көтүрэн,   сотон   босхолообута.   Онон   кини   оҕолоро   үөрэхтээх   дьон   буоллулар.   Гуляев биһиэхэ мэһэйдээн, кинилэр үөрэҕи ыллылар. Кинилэри эмиэ самнарар санаалаах этибит. Дьэ, ол Баһылай оҕонньор кытаанах санаата иҥэн, мин рак буолан хаанынан хотуолуу сытабын,   икки   уоллааҕым   босхоҥнор.   Онон   Баһылай   кыыһа   Нюта   кэлэ   сырыттын, анньыыбын   этиэм   этэ».   Ол   докумуона   суох   буолан,   абаҕалара   Василий   Федорович Афанасьев   1954   сыллаахха   өлүөр   диэри   кыайан   ыраастамматаҕа.   Билигин   да   аата көннөрүллүбэккэ сылдьар...                                             2.В.Ф.Афанасьев­Алданскай оло5о                             В.Ф. Афанасьев­Алданскай   бииргэ төрөөбγт 11 эбит. Аҕата   Дγпсγнтэн төрүттээх, Федор Федорович Афанасьев. Ийэтэ  Оросина Анна Илларионовна, Тааттаттан төрүттээх. Ийэтин төрдүн­ ууhун туhунан Е.Д.Андросов «Оруоhуттар» диэн кинигэтигэр суруйбута.  Аҕата   үөрэхтээх,   үчγгэй   финансист   буолан,   өр  сылларга   араас   тэрилтэлэргэ кылаабынай   бухгалтерынан   үлэлээбит.   Аҕыйах   саҥалаах,   болҕомтолоох,   көссүө–сэмэй майгылаах, олус өйдөөх киhи буолан, дьон­сэргэ ытыктабылын ылар эбит. Ийэтэ түргэн туттуулаах,   элбэх   саналаах,   үтүө  санаалаах,   чараас   сγрэхтээх   киhи   этэ.   Бииргэ төрөөбүттэрэ: Федор, Василий, Анна,   Александра, Вера, Надежда, Валентин, Елизавета, Вячеслав,   Любовь.   Икки   убайдара   Федор   Федорович   уонна   Василий   Федорович   эдэр саастарыгар учууталлыы сылдьан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ынырыллан, сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ. Вера, Надежда, Любовь диэн кыргыттар эдэр саастарыгар ыалдьан өлбγттэрэ.   Виктор Федорович 4­с оҕо этэ. Кини 1917 сыллаахха төрөөбүтэ. «Революцияны кытта   саастыы   уол»   дииллэр   эбит.   Оҕо   эрдэҕиттэн   көссүө–сэмэй.   Ону­маны интэриэhиргиир, билиигэ­ көрүүгэ тардыhар эбит. Υлэhит буолан баран, бастаан Чэриктэй 4   кылаастаах   оскуолатыгар   сэбиэдиссэйинэн   үлэлээбитэ.   Онно     киниэхэ   балта   олорон оскуолаҕа үөрэммит. Хас да сыл Горнайга   үлэлээн баран, Виктор Федорович куоракка киирбит.   Балта   Якутскайдааҕы   педучилищены   бγтэрэн     баран,   Чараҥай   оскуолатыгар үлэлээбит.  Онон биир  дьиэ­кэргэнтэн 6 оҕо, 5 уол уонна балтылара Елизавета  учуутал идэтин   талбыттар.   Онтон   биэстэрэ   үөрэммит­   иитиллибит   кыhаларыгар,   Чараҥай оскуолатыгар   эргиллэн   кэлэн   учууталлаабыттар.   Ол   курдук,   сэриигэ   барбыт   убайдара Федор Федорович 1931­1932 сс., Василий Федорович 1932­1941 сс.  үлэлээбиттэр. Виктор Федорович   1935­1936   сс.,   Елизавета   50­с   сылларга   начаалынай   кылаастарга   оҕолору үөрэппиттэр,   бырааттара     Вячеслав   Федорович   1957­1960   сс.   саха   тылын   уонна литературатын үөрэппит.  Олоҕун кэрчиктэрэ   1917 сыллаахха ахсынньы ый 12 күнүгэр Дүпсүн улууһугар Өспөх нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  1931 сыллаахха Чурапчыга педучилищеҕа учууталлар куурустарын бүтэрэн баран  Суотту, Чэриктэй оскуолаларыгар учууталлаабыта.   1937 сыллаахха Дьокуускайга кэлэн "Социалистическая Якутия" хаһыакка  корреспонденынан үлэлээбитэ.   1939 сыллаахха Дьокуускайга пединститут историческай факультетыгар үөрэнэ  киирэр. Сэрии сылларыгар Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар директорынан ананан  үлэлии барар, комсомол оройуоннааҕы комитетын I секретарынан талыллар.   1947 сыллаахха учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка история кабинетын  сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.   1948 сыллаахха Саха АССР Үөрэҕин министерствотыгар инспекторынан үлэлиир.   1953 сыллаахха педагогическай наука кандидата учуонай степенин көмүскүүр.   1960 сыллаахха Саха государственнай университетыгар старшай преподаватель.   1968 сыллаахха докторскай диссертациятын көмүскүүр. 3.В.Ф.Афанасьев педагогическай уонна научнай улэтэ.             Виктор Федорович Афанасьев педагогическай үлэтин 14 саастааҕар 1931 сыллаахха Уус­Алдан   оройуонун   Суотту   алын   сүhүөх   оскуолатыгар   учууталынан   саҕалаабыта. Чэриктэйгэ Дьөгүдэй (кырдьаҕастар аньыырҕаан Улахан Эбэ диэн ааттыыллар) аттыгар өрүс   халаана   ылбат   үрдүк   сыыр   үрдүгэр   1882   сыллаахха   Дюпсинско­Алданскай, Владимиро­Богородскай   таҥара   дьиэтэ   тутуллубута.   Таҥара   дьиэтин   Дүпсүн   кулубата Попов   Василий   Петрович   көҕүлээн   Чэриктэй,   Өнөр,   Түүлээх   нэhилиэктэриттэн   үп хомуйан туттарбыт. 1888 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр (ыам ыйын 17 күнүгэр) таҥара дьиэтигэр церковно­приходскай оскуола аhыллыбыта. Бу таҥара дьиэтэ үөрэҕи, сырдыгы тарҕатар кыhа буолбута. 1933 сыл күhүнүгэр Чэриктэйгэ уон алталаах, эдэркээн учуутал Виктор Федорович    хос эhэтэ туттарбыт таҥара дьиэтигэр­оскуолатыгар үлэлии кэлбитэ.   1933­1934сс. П.А. Ойуунускай «Кыhыл Ойуун» драматын туруоран, нэhилиэнньэҕэ   көрдөрбүтэ. Кыhыл Ойууну Босиков Андрей Дмитриевич­Көпсөкүй, онтон Саhыл Ойууну Попов   Василий   Кононович­Хойтох   оонньообуттар.   Нэhилиэккэ   ыытыллар   культурнай­ маассабай,   общественнай  үлэҕэ   кыттара.  Дьиэттэн  хотону  араарыы,  ыраас   олох,  үлэҕэ­ үөрэххэ дьону тардыы о.д.а. өйдөтөр  үлэни учууталлар ыыталлара.     Учууталлара уонна баһаатайдара Виктор Федорович Афанасьев нэһилиэккэ, оройуоҥҥа  үчүгэй уонна көхтөөх пионерскай  үлэтин иһин, “Артек“ лааҕырга сынньанар путёвканан наҕараадаламмыта. Кини Саха сириттэн Бүтүн Союзтааҕы пионерскай лааҕырга биир бастакынан барар чиэскэ тиксибитэ.                                                                                     Бастакы   таптала,   Чэриктэй   оскуолатыгар   үөрэппит   кыыhа   Свешникова   Евдокия Николаевна  I  этэ. Евдокия Николаевнаны Дүпсүнүнэн, куоратынан батыhыннара сылдьан үөрэттэрбитэ,   кэлин   холбоспуттара.   Евдокия   Николаевна   пединститукка   уонна университекка   кадр   отделын   начальнигынан   өр   кэмңэ   үлэлээбитэ.   Уолан   диэн   уол оҕоломмуттара.   Свешниковтар   эдьиийдэрин   батыhан,   Виктор   Федоровичтаахха   олорон, үөрэнэн үөрэхтээх дьон буолбуттара.          В.Ф.   Афанасьев   1950с.   Оло5ун   наука5а   аныыр   сыаллаах   РСФСР   Наукаларын   Академиятын   аспирантуратыгар   киирэн   экзаменнары   ситиhилээхтик   тутарбыта,   1952с. «Саха   сирин   оскуолалара   А5а   дойду   Улуу   сэриитин   сылларыгар»   диэн   тема5а кандидатскай   диссертацияны   көмүскээн   киниэхэ   педагогическай   наука   кандидатын учуонай   степенэ   иңэриллибитэ.   Саха   сирин   ким   да   тыытан   көрө   илик   наукатыгар   – педагогика5а   чэпчэкитэ   суох   чинчийэр   үлэтин   бүтүннүү   анаабыта.   Виктор   Федорович Афанасьев бэйэтин биир идэлээхтэригэр республика оскуолаларын историятын дириңник билиигэ ­ көрүүгэ, үөрэтиигэ, үөрэтэр – иитэр үлэ процеhын салгыы тупсарыыга көмөлөhөр сыалы   –   соругу   туруоруммута.   Учуонай   хас   биирдии   кыракый   чахчыларга,   араас докумуоннарга   тирэ5ирэн   «Саха   сиригэр   оскуола   уонна   педагогическай   өй   –   санаа сайдыыта»   диэн   теманы   иңэн   –   тоңон   чинчийбитэ   уонна   А.И.   Герцен   аатынан Лениградтаа5ы   педагогическай   институтка   докторскай   диссертацияны   ситиhилээхтик көмүскээбитэ.   Бу   үлэтн   туhунан   сыана   биэрэригэр   педагогика   историятын   бөдөң специалиhа   Ш.И.   Ганелин:   «Бу   Саха   сиригэр   оскуолалар   уонна   норуот   үөрэ5ириитин историятыгар   кэлим   ырытыыны   аан   бастаан   оңорор   табыллыбыт   уонна   иңэн   –   тоңон суруллубут дьоhун чинчийии» ­ диэн то5оhолоон бэлиэтээбитэ. ­В.Ф.   Афанасьев   Россия5а   народнай   педагогика   туhунан   теорияны   олохтооччулартан биирдэстэрэ.   Итини   1979с.   Бэчээттэппит   «Сибиир   уонна   Дальнай   Восток   олохтоох норуоттарын   этнопедагогиката»   диэн   чинчийиитэ   дакаастыыр.   Бу   үлэни   дойду   бөдөң специалистара   педагогика   –   этнопедагогика   сайдыытыгар   улахан   кылаат   быhыытынан сыананыыллара.   СССР   ПНА   хас   сыл   аайы   таhаарар   хомурунньугар   1980с.   СССР  ПНА президена  М.И.  Кондаков  дакылаатыгар  аата   дойдуга   киэңник  сура5ырар,  Г.Н.  Волков уонна   Я.И.Ханбиков   бурбук   бөдөң   этнопедагогтары   кытта   сэргэ   ааттаммыта.   Оло5ун тиhэх   сылларыгар   Виктор   Федорович   ордук   таhаарыылаахтык   үлэлээбитэ.   Кини «Повольже5а, Сибииргэ, Дальнай Востокка уонна Саха сиригэр сэбиэскэй оскуолалары тэрийиигэ Н.К.Крупская оруолун туhунан» (1987с.), «Сибиир декабристарын культурнай, сырдатар, педагогическай общественнай  үлэлэрэ» (1989с), «Учууталлар үлэлэрин үрдэтии институтун историятыттан», «Методическай сулууспа5а – уларыта тутууну», «Сибииргэ сыылынай революционердар культурнай – сырдатар, педагогическай уонна общественнай үлэлэрэ» (1991с.) диэн үлэлэрэи суруйталаабыта.Ити научнай республикаларга идэтийбит кадрдары   бэлэмнээhиңңэ   прогрессивнай   өйдөөх   –   санаалаах   дьону   сырдатар   уонна педагогическай   үлэлэригэр   –   хамнастарыгар   улахан   бол5омтону   уурбута.Педагогика историгын быhыытынан В.Ф. Афанасьев республика5а норуот үөрэ5ииритэ сайдыытыгар олохторун   бүүс   бүтүннүү   анаабыт   учуутал   –   сырдатааччылар   үлэлэрин,   опыттарын чинчийиигэ сө5үмэр үлэни ыыппыта.                       В.Ф.Афанасьев­Алданскай боростуой учууталтан Россияҕа биллэр профессорга тиийэ үүммүтэ. Олоҕун үөрэххэ анаабыт Виктор Федорович 50­тан тахса кинигэни, монографияны, 500­тан тахса научнай ыстатыйалары суруйбута.  2 наука  докторын,  22 наука  кандидаттарын  бэлэмнээн, салайан наука  киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ. Биир дойдулаахпыт В.Ф. Афанасьев­Алданскай   аата Чэриктэй оскуолатыгар   1997   сыл   муус   устар   2   күнүгэр   Саха   Республикатын   №102   уурааҕынан иҥэриллибитэ.     В.Ф.Афанасьев­Алданскай   Чэриктэй   оскуолатыгар   учуутал,   сэбиэдиссэй буолан үлэлээн, манна бастакы тапталын көрсөн, кэлин ыал буолан, уолланан, бастакы ыстатыйаларын суруйан айар үлэҕэ киирбит, дьону­сэргэни кытта алтыһан үлэлээн, өйө­ санаата ситэн, олоҕун ыччаты үөрэтиигэ­иитиигэ аныырга түөрэҕэ түспүт, олоҕун инники дьылҕатын түстээбит  кыһата буолар.    2 глава. В.Ф. Афанасьев айар улэтэ уонна сатирическай айымньыларын ырытыы,   иитэр суолталарын быьаарыы. 1.В.Ф. Афанасьев айар улэтэ.                          Виктор Федорович сыыhаны­халтыны хоhооҥҥо хоhуйан, истиэнэ хаhыатыгар таhаарар буолбут. Урут манныгы истибэтэх­көрбөтөх дьон куттанан, кыбыстан көннөрүнэ сатыыр   буолбуттар.   Онон   Виктор   Алданскай   диэн   суруйааччы   бастакы   хоhооннорун, ыстатыйаларын Чэриктэйгэ суруйбут.                                    Чэриктэй нэhилиэгэ былыр улуус саамай түҥкэтэх, хаалыыылаах сиринэн биллэрэ. Нэhилиэккэ   биир   да   үөрэхтээх   киhи   суоҕа.   1888   сыл   Дүпсүн   оскуолатын   көмөтүнэн, Чэриктэйгэ оскуола аhыллыбыта. Онтон ыла сырдык кыым кылахаччыйан барбыта. Улуу Октябрь   сыдьаайынан   нэhилиэк   олоҕо   тупсубута,   сайдыы   түргэнник   барбыта.   1931   с. начаалынай оскуола аhыллыбыта. Бу оскуоланы бутэрбит 24 киhи Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыттара. Командование сорудахтарын эҥкилэ суох толорбуттарынан иhин Алексей Матвеев,   Иннокентий   Спиридонов   бойобуой   орденнарынан   уонна   медалларынан наҕараадаламмыттара.                Хаалыылаах олох, уэрэ5э суох дьон, дьон куьа5ан быьыылара В.Ф. Афанасьевы суруйааччы буоларга уьуйбуттара.                      В.Ф. Афанасьев бастакы хоьоонноро 1938 сыллаахха “Бэлэм буол” хаьыакка бэчээттэммиттэр,   онтон   ыла   айымньылара   хаьыаттарга   бэчээттэнэр   буолбуттар.Ону таьынан   киин   “Крокодил”   диэн   ааттаах   нууччалыы   журналга   айымньылара   нууччалыы бэчээттэнэр   буобуттар.  Кини   бастакы   кинигэтэ   “Дьоллоох оҕолорго”хоһооннорун кинигэтэ   Дьокуускайга   “Сахам сирэ барахсан” хоһооннорун,   1952   сыллаахха   бэчээттэнэн   тахсыбыт.   Онтон   салгыы   Бэчээттэнэн   үгэлэрин   кинигэтэ   1959   с. тахсыбыт.Онтон  “Күҥҥэ түспүт күлүктэр”,   “Ис эриэнэ”,   “Эҕэлээх этиилэр, тыҥырахтаах тыллар”   диэн   угэлэрин, сатирическай   хоһооннорун     кинигэлэрэ   1968   с.   Кун   сирин кэрбуттэр.       В.Ф.   Афанасьев­Алданскай   1991   сылтан   Саха   сирин   суруйааччыларын   союьун чилиэнинэн ылыллыбыт.Кини суруйарын таьынан саха биллииллэх суруйааччыларын  В.М. Новикова­Кюннюк   Уурастырова,   С.С.   Васильева­Борогонского,   Г.Вешникова­Баал Хабырыыса, Г.М. Васильева айымньыларын тустарын хаьыаттарга, сурунаалларга суруйан бэчээттэтэр эбит. Нучча суруйааччыта   Николай Глазкову кытта ыкса сибээьи тутуьан, до5ордоьон  улэлээбит.                                                2.Сатирическай айымньылара. В.Ф. Афанасьев Чэриктэйгэ улэлии сылдьан бастакы сатирическай айымньыларын        суруйбут.   Онтон   салгыы   уйэтин   тухары   научнай   улэтин   таьынан   суруйар   улэнэн дьарыктаммыт   эбит.Кини   айымньылара   тэрээбут   дойдутугар,   тапталлаах   Алданын эруьугэр,   дьонугар   ­сэргэтигэр   анаммыттар.   Ол   гынан   баран   Виктор   Федорович   ордук сатирик   поэт   быьыытынан   литература5а     киэнник   биллэр   эбит.Кини   сытыы   тыллаах сатирическай хоьоонноро, угэлэрэ  «Крокодил» журналга элбэхтэ бэчээттэммиттэр.Онтон «Щетина   Деда   Мороза»   диэн   сатирическай   хоьооннорун   кинигэтэ   255   тыьыынча ахсаанынан,     онтон   да   атын   хоьоонноро,   угэлэрэ   нууччалыы   тылынан   бэчээттэнэн тахсыбыттар,   онон   В.Ф.   Алданскай   айымньыларын   араас   атын   омук   дьоно­сэргэтэ билсибит, сэргээбит.               “Виктор Федорович манна Чэриктэйгэ үлэлиирин устатыгасаҥа олох сайдарын­ тупсарын туһугар араас көрүҥнээх үлэни ыытан, тэрийсэн көмөлөспүтэ үгүс элбэх. Дьон сиэрэ суох, туктэри майгыларын сытыытык арыйан ойуулааьын сатира диэн ааттанар.Сатирическай   айымньыларга   сунньунэн   угэлэр,   сатирическай   хоьооннор, фельетоннар, памфлеттар, сатирическай заметкалар, киирэллэр.Сатира кэруннэрэ­ирония, юмор,сарказм   буолаллар.Сатира   предметинэн   киьи   омсолоох   хаачыстыбалара буолаллар.Сатирическай айымньылар ыарахан философскай боппуруостары таарыйаллар.        В.Ф. Алданскай сатирическай айымньыларын 4 кэруннэ араарыахха сеп эбит: 1.Угэлэр; 2.Сатирическай хоьооннор; 3.Куручуэктээр куппулуэттэр; 4.Э5элээх этиилэр. Сатира – диэн олох омсолоох өрүттэрин, хаалынньаҥ өйү­санааны дьүүллүүр, сэмэлиир айымньы.  Угэлэр  Бэрдимсийии Борокуот аал Кылбаьыйа Эрус уэьунэн дьондоьуйбут Быыкаа мас сыыьа Бастаан утаа Бастакы устан испит: ­Ураа!­диэбит,­ Урут устан иьэбин Уонна суолу ыйабын. Сатирическай хоьооннор Иьэ истээх Туэрт тарба5ар биьилэхтээх Туэьугэр умайар уот бэлиэлэрдээх, Моонньугар икки о5уруо кылдьыылаах, Харытыгар хас да бэ5эхтээх, Ытар5ата да ыйааьыннаах, Кыыс килбиэннээ5э курдук туттан Кынталдьыйан да сырыттар, Сэмээр ыйытан истибиппит: Ус дьиэ кэргэни аймаабыт, Улэлээбэккэ таах дьаарбайбыт, Утуэмсук киэнэ бэрдэ эбит. Куручуэктээр куппулуэттэр Утарыта улэлэр Хабыллар хабараан тымныыга Харчы кууьэ хабааны хаспыта, Ыал бэ5унэн онтукайбыт баара Ыы­быччары саас туолбута Сонумсах Санаттан сана массыына5а Сахсыр5а курдук кэппут, Техникаттан техника5а Тиин курдук ыстаммыт. Киэн ыырдаах киьи Кини тэпсэр тэлгэьэтэ Куулэйдиир туьулгэтэ­ Киин куораттар: Волгоград, Москва, Сочи, Ленинград. Ол да буоллар, Ыйдаа5ы хамнаьын аахсарыгар Ыраах Якутскайын санаан ылар. Буруо Былааны  онорууга Буруо курдук эрукуйэр, Былааны толорууга Э5элээх этиилэр       Бу угэлэригэр, сатирическай хоьоонноругар, куручуэктээх куппулуэттэригэр, э5элээх этиилэригэр   поэт   В.Ф.   Афанасьев   ­Алданскай   кыра5а­кыаммакка   сэнэбиллээхтик сыьыаннаьар,   тойон   буоллулар   да5аны   дьону   урдунэн   кэрэр,   бэрдимсик,   улахамсык, киьиргэс, сирэй кэрумсэх дьону угэргээн, хоьуйан суруйар.         3.Сатирическай айымньыларын ырытыы, иитэр суолталарын быьаарыы. Мин   В.Ф.   Афанасьев­Алданскай   1968   сыллааха   «Куннэ   туспут   кулуктэр»   уонна   1972 сыллааха тахсыбыт «ис эриэнэ» диэн тэттик 2 кинигэтигэр киирбит угэлэрин, сатирическай хобооннорун, э5элээх этиилэрин, куручуэктээх куппулуэттэрин аахтым, ырыттым, иитэр суолталарын быьаардым. Кинигэлэрин ааттара Ырытыы ис хоьооно Тахсыбыт сыллара Угэлэр Сатирическай хоьооннор Куручуэктээх куппулуэттэр Э5элээх этиилэр Барыта   хас айымньы   «Куннэ туспут кулуктэр» «Ис эриэнэ» 1968 10 23 14 47 1972 15 39 22 76 киирбитэ Тугунан сруллубуттарый Сатирическай   айымньылар сыаллара, соруктара Тэттик   хоьооннорунан, кылгас куплеттарынан Дьон омсолоох   хаачыстыбаларын сытыы тыл   дьон нэнуэ   кэрдэрэн, хоьооннорунан, Тэттик   кылгас куплеттарынан омсолоох кэннэрунэллэригэр   майгыларын Айымньыларыгар   дьон кэмэлэьуу  сирэй кэрумсэх, бэрдимсик, Арыгыьыт,   табаахсыт, ханнык  омсолоох майгылара кэстэруй сурэ5э   суох,   кыырымта5ай, улэлэригэр эппиэтинэьэ   о5олорун иитиитигэр кыьаллыбат, сыылла сылдьан   суох дьону, инсэлээх, унсуук дьону,   айыл5а5а   мэку сыар5а быатын быьааччылары,   эс   киирбэх   сыьыаны,   урдук   чыыннаах дьонно   бэрт   буолар   дьону, дьону,   улахамсык,   тойон буолла5ына   до5отторун, халбархай Туттуллубут   сатирическай премнар Сарказм, ирония, гипербола табаарыстарын умнар дьону, сиримсэх   дьону,   хай5алтан тэбэлэрун   сутэрэр   дьону, эттунэн дьонно   куус   ата5астабыллаахтык сыьыаннаьар   дьону,   дьонно сэнэбиллээхтик сыьыаннаьар дьону Сарказм, ирония, гипербола Туохха   уэрэтэллэрий, Куьа5ан   майгыттан Итириктээьин,   табаахтааьын иитэллэрий аккаастанарга, бэйэ омсолоох эруттэрин билинэн   курдук   дьаллыктартан куьа5ан   бэйэни дьарыктанарга, иитииниинэн аккаастанарга,   иитиитигэр   о5о бол5омтону кэннэрунэргэ, тэьэ да урдук дуоьунаска улэлээтэххэ утуэ   улэ5э,   уэрэххэ уурарга, эппиэтинэстээх   сыьыанна, сиэрдээх   майгыны   хаьан ба5арар эрэ тутарга   кырбааьын, дьону   уэ5уу, ата5астааьын курдук куьа5ан быьыыны тохтоторго Сатирическай   айымньылар В.Ф. Афанасьев­Алданскай 20 уйэ 30, 50, 60, 70 сылларыгар актуальностара суруйбут   сатирическай   айымньылара   билигин   да5аны актуальностарын   сутэрбэттэр,   билигин   сана   политическай система5а,   рыночнай   сыьыаннаьыыларга,   глобализация, олоххо   тургэн   тэтиминэн   сайдыы   барар     кэмигэр   дьон оло5ор   угус   элбэх   уларыйыылар   киирэллэр,   бу   кэмнэргэ дьон   эйугэр­санаатыгар,   майгытыгар­сигилитигэр   эмиэ сункэн   уларыйыылар   бараллар.Олоххо   сыьыан   уларыйар, дьон   омсолоох   быьыыта   –майгыта   сытыырхайар   Билигин ордук   коррупция   сайдан   турар,   куьа5ан   дьаллыктартан арыгылааьыны,   табахтааьыны   кытта   сэргэ   наркомания сайдан   турда.Онон   В.Ф.   афанасьев   –   Алданскай сатирическай   айымньылара   дьону   утуэ   быьыыга­майгыга иитиэхтэрин, эйдэтуэхтэрин сэп. В.Ф. Афанасьев дьону кэтээн кэрэр кыра5ы хара5а, дирин философскай эйэ­санаата,  дьон майгытын­сигилитин анаан кэтээн кэруутэ дьон омсолоох эруттэрин кулуу­элэк оностон сытыы тыллаах угэлэригэр, хоьоонноругар, э5элээх этиилэригэр сэптээхтук хоьуйбут.Кини ордук   бэрдимсик,   сирэй   кэрумсэх,   чиэьинэйэ   суох,   бэйэлэрин   урдуктук   туттар   дьону кулуу­элэк оностон айымньыларыгар хоьуйбут. Ону таьынан поэт угус айымньыларыгар арыгыьыт, табаахсыт курдук куьа5ан дьаллыктаах дьону хоьуйар. Онон В.Ф. Афанасьев сатирическай   айымньылара   суду   иитэр   куустээхтэр,   бу   айымньылары   аа5ан   дьон   мэку быьыыларын   билинэн   кэннрунэллэригэр,   майгыны­сигиини   тупсарыныы   эттугэр   бэйэни иитиинэн   дьарыктаналларыгар,   улэ5э­уэрэххэ   сыьыаны   тупсарыналларыгар,   куьа5ан дьаллыктан аккаастаналларыгар иитэр, эйдэтэр, кыа5ы биэрэр.                                                                                                                                                                                   Улэ тумугэ Бу   улэни   толорорбор   В.Ф.Афанасьев­Алданскай   оло5ун,   педагогическай   улэтин,   айар улэтин,   сатирическай   айымньыларын   кэнник   билистим,   кини   оло5ун,   улэтин   туьунан, сатиричесай   айымньыларын   туьунан   доклад,   беседа   онорон   киэн   арана5а   тиэрдэр кыахтанным. В.Ф.   Афанасьев­Алданскай   кулун   тутар   22   кунугэр   1917   сыллааха   1   Эспэх   нэьилэгэр, Дупсун   улууьугар   элбэх   о5олоох,   кыахтаах   ыалга   тэрээбут.   Кыра   эрдэ5иттэн уэрэххэ,билиигэ­кэруугэ дьо5урдаах буолан уэрэнэн 14 сааьыттан учууталлаабыт.Салгыы уэрэнэн   историк   идэтин   ылбыт,   бэдэн   учуонайга,   профессорга   тиийэ   ууммут.Бэдэн научнай улэлэрин Саха сиригэр уэрэхтээьин сайдыытын историятын уэрэтиигэ анаабыт, элбэх   научнай   ыстатыыйалары,   монографиялары   бэчээттэтэн   таьаарбыт,   Саха государственнай университетыгар улэлиир кэмнэригэр элбэх учуонайдары, профессордары иитэн,  уэрэтэн   таьаарбыт.   Хаьан  ба5арар   суду   дьоннор  элбэх  талааннах  буолаллар,   ол сиэринэн   Алданскай   сруйар   дьо5урдаа5а   эдэр   сааьыттан   биллэн   бастакы   айымньытын Чэриктэйгэ улэлии сылдьан са5алаабыт, бастакы хоьооно 1938 сыллаахха 19 саастаа5ар «Бэлэм буол» хаьыакка бэчээттэммит, онтон «Дьоллоох о5олор» диэн  бастакы кинигэтэ 1952 сыллаахха Дьокууйкайдаа5ы кинигэиздательствотыгар бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу улэни толорон маннык тумуккэ кэллим: 1. 1. В.Ф. Афанасьев –Алданскай оло5ун, айар улэтин уэрэтии, билистим; 2. В.Ф. Афанасьев­Алданскай педагогическай улэтин билистим, доклад суруйдум; 3. В.Ф.   Афанасьев   –Алданскай   сатирическай   айымньыларын   киирбит   икки   тэттик кинигэлэрин билистим, айымньыларын аа5ан, билсэн  кылгас ырытыы онордум.; 4. В.Ф.   Афанасьев   айымньыларын   улахан   дьон,   оскуола   уэрэнээччилэрэ   тэьэ билэллэрин анкета ыытан  уэрэттим, ырыттым.Анкетам тумугэ маннык буолла. Анкета5а   барыта   33   улахан   киьи,   5­9   кылааска   дылы   уэрэнэр   оскуолабыт   44 уэрэнээччитэ хабылынна. Балартан улахан дьон 56% В.Ф. Афанасьевы учуонай быьыытынан билэллэр эбит, онтон сатирик­поэт буоларын 12% билэр.айымньыларын ким да аахпатах. Оскуола о5олоро биир да уэрэнээччи В.Ф. Афанасьев­Алданскай туьунан билбэттэр эбит, кини хоьооннорун, угэлэрин эмиэ ким да билсибэтэх.Онтон В.Ф. Афанасьев­ Алданскайга   аналлаах   тэрээьини   ыытыы   тумугэр   оскуола   уэрэнээччилэри   89% кини   кимин,   ханнык   айымньылардаа5ын   биллилэр.Хоьооннорун   эйтэн   аа5ыыга барыта 28 уэрэнээччи кытынна. 5. В.Ф.   афанасьев­Алданскай   сатирическай   айыньыларын   билсэн,   ырытан   баран     4 бэлэххэ араардым;   1.Угэлэр; 2.Сатирическай хоьооннор; 3.Куручуэктээр куппулуэттэр; 4.Э5элээх этиилэр. Бу барыта сатирическай айымньылар, кинилэр олох омсолоох өрүттэрин, хаалынньаҥ өйү­ санааны дьүүллүүр, сэмэлиир айымньылар буолалларын дакаастаатым.  6.В.Ф. Афанасьев  дьону  кэтээн  кэрэр  кыра5ы  хара5а,  дирин   философскай  эйэ­санаата, дьон   майгытын­сигилитин   анаан   кэтээн   кэруутэ   дьон   омсолоох   эруттэрин   кулуу­элэк оностон   сытыы   тыллаах   угэлэригэр,   хоьоонноругар,   э5элээх   этиилэригэр   сэптээхтук хоьуйбут.Кини ордук бэрдимсик, сирэй кэрумсэх, чиэьинэйэ суох, бэйэлэрин  урдуктук туттар   дьону   кулуу­элэк   оностон   айымньыларыгар   хоьуйбут.   Ону   таьынан   поэт   угус айымньыларыгар арыгыьыт, табаахсыт курдук куьа5ан дьаллыктаах дьону хоьуйар. Онон В.Ф.   Афанасьев   сатирическай   айымньылара   суду   иитэр   куустээхтэр,   бу   айымньылары аа5ан дьон мэку быьыыларын билинэн кэннрунэллэригэр, майгыны­сигиини тупсарыныы эттугэр бэйэни иитиинэн дьарыктаналларыгар, улэ5э­уэрэххэ сыьыаны тупсарыналларыгар, куьа5ан дьаллыктан аккаастаналларыгар иитэр, эйдэтэр, кыа5ы биэрэр. Туьаныллыбыт литература: 1.Ахтыылар; 2. «Убайдарым суолларынан», ахтыы, Афанасьева Е.Ф. 3. «Оруоһуттар», Егор Дмитриевич Андросов.Дь.2000 с. 4. «Знатная личность Дюпсюнского улуса. Василий Петрович Попов и потомки рода  Поповых» ДЬ.2007 сю 5. «Дүпсүн төрүт­уус дьоно – Афанасьевтар» Елена Андреевна Лебедкина  «Мүрү саһарҕата», 2000 с.  6.Родная литература, учебнк 6 класса, Дь.»Бичик», 1992 с. 7.Интернет ресурсы.

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»

Доклад «В.Ф.Афанасьев-Алданскай  сатирическай айымньыларын иитэр суолтата»
Материалы на данной страницы взяты из открытых истончиков либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.
17.04.2018