Бүлүү улууһун Муниципальнай үрэх тэрилтэтэ
«П.А.Павлов аатынан 1 Күүлэт орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»
“Степановтыы ааҕыылар -2024” научнай практическай конференция
Хос эһэм Федотов Гаврил Афанасьевич –
Күүлэт бастакы тракториһа
Үлэни толордо: 2 кылаас үөрэнээччитэ
Афанасьева Лилияна
Салайааччы: алын сүһүөх учуутала
Саввинова Лилия Гаврильевна
Уһун с.
Иһинээҕитэ:
1. Киириитэ………………………………………………………………………стр.3
2. Хос эһэм Хабырыыл кылгас олоҕуттан……………………..........................стр.4
3. Үтүө быһыы үйэлээх.........................................................................................стр.5
4. Амарах санаалаах, элбэх оҕолоох аҕа.............................................................стр.6
5. Хос эһэм бэйэтин идэтигэр үөрэппит оччотооҕу дьонноро......................... стр.7
6. Дьон ытыктабыла…………………………………………………………….. стр.8
Түмүк.................................................................................................................. стр.9
Туһаныллыбыт литература.............................................................................. стр.10
- 3 –
Киириитэ
Сүрэхтээх-бэлэстээх,
Тостубат тулуурдаах.
Кытаанах санаалаах,
Эйэҕэс майгылаах,
Тапталлаах эһэкээм,
Хабырыыл барахсан...
Бэйэтин историятын билбэт норуот кэрэгэй дьылҕалаах диэн бэргэн этии баар. Дьэ ол иьин төрөөбүт дойдуларыгар олорон ааспыт, тыа сирин үлэһит, тутаах дьонун үйэтитэн, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиллиэхтээх.
Биһиги бүгүҥҥү дакылааппыт сыалынан буолар Күүлэт бастакы тракториһа, «В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх, «Коммунистическай үлэ ударнига» бэлиэлээх, «Үлэ бэтэрээнэ», килбиэннээх хомуньуус, 10 оҕо амарах аҕата, хос эһэм Федотов Гаврил Афанасьевич олорон ааспыт олоҕун туьунан, төрөөбүт нэһилиэгэр үлэтин-өҥөтүн сиһилии арыйыы. Бу сыалбытын ситиһэрбитигэр маннык соруктары туруоруннубут:
1.Хос эһэм туһунан суруллубут ахтыылары кинигэлэртэн көрдөөн булуу;
2. Хос эбэбиттэн, эбэбиттэн, оҕолоруттан ахтыы хомуйуу;
3.Хос эһэм туьунан кэпсиир хаартыскалары хомуйуу;
Үлэ тоҕоостооҕо: Россия президенэ В.В.Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Мин хос эһэм туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Күүлэт бастакы тракториһа, үлэни өрө туппут киһи. Кини туһунан кэпсээн үтүө аатын үйэтитии, олоххо тардыһыы үтүө суолун тутуһуу, киэн туттуу, кининэн холобур оҥостон эдэр ыччаты үлэҕэ, техникаҕа көҕүлээһин.
Материалы на данной страницы взяты из открытых источников либо размещены пользователем в соответствии с договором-офертой сайта. Вы можете сообщить о нарушении.